Саха Өрөспүүбүлүкэтин V-ис Кыһыҥҥы Спартакиадата көмүстээх Алдаҥҥа спорт сэттэ көрүҥнэригэр уонна таас чохтоох Нерюнгригэ

спорт үс көрүҥнэригэр биэс күн тилэри үрдүк тэрээһиннээхтик ыытыллан түмүктэннэ. 29 улуустартан, оройуоннартан 600-чэкэ кыттааччы киэҥ-нэлэмэн Сахабыт сириттэн түмсэн аастылар. Кубулҕаттаах кулун тутар ый, күүстээх, хаардаах тыалынан сирэйи-хараҕы быһыта биэртэлиир күнэ-дьыла күрэхтэһээччилэри кытаанахтык тургутта.Кичэллээх, үчүгэй бэлэмнээхтэр, утумнаах дьарыктаахтар кыайыы үөрүүтүн биллилэр.

f 9

Хайыһар

Алданнар киэн туттуулара, спорт маастардара Михаил Соснин, Анастасия Дубова, Инна Рыбкина, Нерюнгриттэн Алексей Распутин “классическай ньыманан” сүүрүүгэ, “сприҥҥэ” уонна 4х5 км эстафетаҕа, ону таһынан, биатлоҥҥа 3-4-түү кыһыл көмүс мэтээллэри аҕалтааннар Спартакиада дьоруойдарынан буоллулар! 1,4 км стаарт аайы алталыы кыттааччы салгыы кыттар быраабы, онтон хаалбыттар туораан иһэр “сприҥҥэ” кытаанах куоталаһыылар буоллулар. Туох бааргынан түһүнэр, олус түргэн тэтимнээх, күлүмэх абытай сүүрүүлэргэ, 1-2-лии сөкүүндэнэн быысаһан  Михаил Соснин (Алдан), Никита Шестаков (Амма), Александр Филиппов (Нерюнгри); уолаттарга Алексей Распутин (Нерюнгри), Алдантан Александр Процук иккис, Вадим Ширяев үһүс; дьахталларга Анастасия Дубова (Алдан), Екатерина Соснина (Алдан), Евгения Сергеева (Дьокуускай); кыргыттарга Инна Рыбкина (Алдан), Людмила Бронникова (Нерюнгри), Регина Петрова (Нерюнгри) биэтэккэ утуу-субуу бастакынан, иккиһинэн, үсүһүнэн кэлитэлээтилэр.

I-кы бөлөххө Алдан, Нерюнгри, Дьокуускай; II-кэ Нам, Амма, Уус-Алдан; III-кэ Кэбээйи, Өймөкөөн,  Үөһээ-Дьааҥы инники күөҥҥэ сырыттылар.

f 13

Биатлон

Мүччүргэннээх, сытыы түгэннэр түһүлгэни киэргэттилэр. Алдантан Михаил Соснин уонна биатлон маастара, Сахалиннааҕы “Азия оҕолорун” кыһыҥҥы оонньууларын геройа Амма ыччата Николай Максимов икки ардыларыгар хатыһыылаах, ыһыылаах-хаһыылаах киирсиилэрэ күрэхтэһии күүрээнин үөскэттэ. Үсүһүнэн стаартаабыт Михаил Соснин бинтиэпкэнэн уон ытыылартан алтата сыыста, сэрэбиэйин быһыытынан, уон биириһинэн стаартаабыт Николай Максимов үстэ сыыста. Хастыыта сыыспыттарынан 150 м “ыстарааптыыр эргиирдэри” оҥортоотулар. Төһө да биир тэҥҥэ стаартаабаталлар, хамаандаларын бэрэстэбиитэллэрэ аара ким-хайдах иһэрин “ыйа-кэрдэ” турар буоланнар, икки маастардар кымньыылананнар, абытай сүүрүүлэри көрдөрдүлэр. Николай Максимов “эккирэтэр” балаһыанньатын мүччү туппата, биэтэккэ кэлиигэ 1 сөк ордук бириэмэни көрдөрдө, күүстээх утарсааччытын  баһыйан, Спартакиада чөмпүйүөнүнэн буолла!

f 4

Николай Максимов: “Ааспыт спартакиадаҕа эмиэ хаардаах, тыаллаах күн-дьыл этэ. Куһаҕан күҥҥэ-дьылга “везучайбын” диэххэ сөп, сөбүлүүбүн. Трассаҕа бүтэһик эргииргэ ыарырҕаппытым. Киһим атаҕынан күүстээх. “Рубежтан” тахсарбар 43 сөк кыайан иһэр этим. 3 км үлэлээммин, биир сөкүүндэнэн кыайдым. Инникитин, тэтими түргэтэргэ уонна күүс өттүгэр болҕомтону туһаайыахха наада. Ытар “рубежпар” ыксаабакка, табар туһугар наҕылыччы ытыалаатым. Дьиҥинэн, түргэнник ытыахтааххын. Хамаандам бэрэстэбиитэллэрэ “ыйа-кэрдэ” сырыттылар. Дьон ыһыытын-хаһыытын, “ыалдьарын” истэ иһэр олус үчүгэй, туһалаата. Спартакиадаҕа кыттыыбын “4” сыаналыыбын. Иккиһинэн кэлбитим буоллар, “3” диэм этэ”. Тренерим Сафаров Альберт Талгатович”.

I-кы бөлөххө Нерюнгри, Алдан, Мэҥэ-Хаҥалас; II-кэ  Нам, Горнай, Чурапчы; III-кэ  Өймөкөөн, Үөһээ-Дьааҥы, Орто-Халыма.

f 8

Шорт-трек

Бу кыһыҥҥы спорт саҥа көрүҥэ биэс спартакиадалар программаларыгар барыларыгар баара. 2014 сыллаахха шорт-трек оскуолата аан бастаан арыллыбыта. Сочитааҕы Кыһыҥҥы Олимпийскай оонньууларга Корея спортсмена Виктор Ан 14 кыһыл көмүс мэтээли ылаттаан, онтон ыла күүскэ көҕүлэммитэ. Күн бүгүнүгэр диэри сыыйа сайдыыны ылар. Шорт-трек оскуолалара Дьокуускайга уонна Мииринэйгэ үлэлиллэр. Чурапчы, Мэҥэ-Хаҥалас, Уус-Алдан студен-ыччаттара “Эллэй Боотурга” дьарыктаналлар. Спартакиадаҕа  Ленскэйдэр, Нерюнгрилар кэлэн күрэхтэстилэр.

f 7

“Эллэй Боотур” Муус дыбарыаһыгар шорт-треккэ тренердиир Прокопий Павлов сүрүн судьуйанан үлэлээтэ: “Күһүҥҥү, кыһыҥҥы, сааскы сезоннарга өрөспүүбүлүкэ таһынааҕы күрэхтэһиилэргэ сылдьабыт. Дальнай Востокка кыайабыт, миэстэлэһэбит. Бүтэһик күрэхтэһиибитигэр аҕыс мэтээли аҕалбыппыт. Ситиһиилэр бааллар, оҕолор разрядтары толороллор. Бүтүн Россиятааҕы турнирдарга кыттабыт. Шорт-треккэ ситиһии 70 % хаҥкы үчүгэйдик барара, оскуорас быһаарар, онтон атына спортсменнартан бэйэлэриттэн тутулуктаах. Шорт-треккэ азиаттар үчүгэйдэринэн, сахалар эмиэ барсыахпытын сөп диэн өйдөбүлгэ олоҕураммыт дьарыктанабыт. Кытайы кытта хардарыта сылдьыһан үлэлэһэбит”.

Быйылгы Спартакиада Алдан куорат “Ледовая Арена” спорткомлексыгар ыытылынна.  Аҕыс хамаандаттан 27 кыттааччы илин-кэлин түһүстүлэр. 1000 м эр дьоҥҥо Роман Филиппов (Дьокуускай), Алексей Тарасов (Мииринэй), Иван Дьячковскай (Чурапчы); уолаттарга Семен Павлов (Дьокуускай), Аскалон Павлов (Дьокуускай),  Андрей Жамбалов (Мииринэй); дьахталларга Алена Архипова (Дьокуускай), Вероника Сологуб (Мииринэй), Айталина Кугдарова (Чурапчы); кыргыттарга Ярослава Федорова (Чурапчы), Виктория Хромова (Алдан), Сайаана Андреева (Мэҥэ-Хаҥалас), туһааннааҕынан, бастакы, иккис, үһүс миэстэлэннилэр. Бастыҥнар 500 м улахан дьоҥҥо Дьокуускайтан Алена Архипова (Дьокуускай), Роман Филиппов; ыччаттарга Ярослава Федорова (Дьокуускай), Аскалон Павлов (Чурапчы) бастаатылар. 1500 м эмиэ ити курдук куоталастылар. Инньэ гынан, хамаанданан түмүккэ Дьокуускайдар бастаатылар, Чурапчылар иккис, Мэҥэ-Хаҥаластар үһүс миэстэлэри ылаттаатылар. География кэҥээн иһэр.

f 3

Спортивнай ориентирование

Хайыһардаах сүүрүү биир эмиэ интэриэһинэй көрүҥэ. Тыаҕа кистэммит  “Бэлиэлэри” түргэнник булууга үс күн күрэхтэстилэр. Эстафетаҕа Мэҥэ-Хаҥаластар бастаатылар. Бүтүн Россиятааҕы категориялаах сүрүн судьуйа Юрий Иванов быһаарарынан, ориентировщик үчүгэйдик толкуйдуур, тэтимнээхтик сүүрэр, хайыһардыыр, ол эбэтэр, өйдөөх, эт-хаан өттүнэн сайдыылаах буолуохтаах. Матвей Попов (АГАТУ), Федор Лавров (Майа), Анна Бугаева (Төҥүлү, Тумул), Майя Софронова (Майа) “сорудахтардаах карталарын сөпкө толортообуттарын, бу көрүҥүнэн ыччаттар эмиэ сөбүлээн дьарыктаналларыгар” ыҥырдылар.

Ориентирование үс көрүҥэр эр дьоҥҥо Виктор Алексеев (Дьокуускай), дьахталларга Анастасия Войделовская (Алдан), уолаттарга Николай Копырин (Уус-Алдан), кыргыттарга Майя Софронова (Мэҥэ-Хаҥалас) кыайыылары ситистилэр.

I-кы бөлөххө Дьокуускай, Мэҥэ-Хаҥалас, Алдан; II-кэ Амма, Горнай, Чурапчы, III-кэ Үөһээ-Дьааҥы, Орто-Халыма, IV-кэ Аллайыаха.

f 11

Кыһыҥҥы многоборье

Улахан дьоҥҥо буулдьанан ытыыга, тардыныыга, хайыһар эстафетатыгар эр дьон, уолаттар 5 км уонна дьахталлар, кыргыттар 3 км сүүрдүлэр.  Хардарыта хотуһуулардаах, эрбии-тииһини эрийсиилээх куоталаһыыга, кыайыылаахтары  хайыһарынан сүүрүү быһаарда. Күн-дьыл күрэхтэһээччилэри эмиэ тымныынан, хаардаах тыалынан курбуулаан тургутта. Эр дьоҥҥо Николай Зыков (Мэҥэ-Хаҥалас) дистанциятын бастакынан түмүктээтэ уонна 6 очколаах чөмпүйүөннээтэ. Иван Ховров (Уус-Алдан) биэтэккэ бэсиһинэн кэлэн 8 очколанан иккис үчүгэй көрөдрүүлэннэ, Илья Алексеев (Горнай) алтыһынан кэлэн 11 очколаах үһүс буолла. Дьахталларга Екатерина Соснина (Алдан), Ирина Тамбовская (Ленскэй), Мира Павлова (Мэҥэ-Хаҥалас); ыччаттарга Даниэль Окороков (Дьокуускай), Александр Саввин (Алдан), Эрхан Никифоров (Горнай), Ксения Стебловская (Алдан), Нелли Захарова (Ньурба), Екатерина Петрова (Мэҥэ-Хаҥалас) бастакы, иккис, үһүс миэстэлэри ылаттаатылар.

I-кы бөлөххө Алдан, Дьокуускай, Мэҥэ-Хаҥалас; II-кэ Горнай, Чурапчы. Амма; III-кэ Орто-Халыма, Үөһээ-Дьааҥы, Кэбээйи; IV-кэ Муома.

f 1

Фигурнай хаҥкылааһын. Хоккей.

Фигурнай хаҥкылааһыҥҥа Дьокуускайтан Диана Гоголева уонна Кирилл Буев ыччаттарга, Татьяна Борисова уонна Михаил Коваленко улахан дьоҥҥо бастаатылар. Мииринэй, Нам миэстэлэстилэр; хоккейга Нерюнгри, Дьокуускай, Мииринэй хамаандалара үстүү бастыҥнарга киирдилэр.

f 20

Хотугу троеборье.

Нерюнгригэ ыытыллыбыт көрүҥнэргэ хотугу многоборьеҕа абсолютнай чөмпүйүөнүнэн 888 наартаны  ойон бастаабыт Георгий Софронов абсоютнай чөмпүйүөн үрдүк аатын ылла.

f 19

Үстэ “куобахтааһыҥҥа” 11 м 41 см түһэн өрөспүүбүлүкэ рекордун хатылаабыт Егор Терентьев (Мэҥэ-Хаҥалас) иккис, Булунтан Николай Бубнов үһүс бириистээх миэстэлэргэ тигистилэр. 

f 2

Түмүк

Спорт кыһыҥҥы көрүҥнэригэр Саха Өрөспүүбүлүкэтин V-ис Спартакиадата үрдүк тэрээһиннээхтик ыытыллан үөрүүлээх быһыыга-майгыга түмүктэннэ. Бэртээхэй спорт бырааһынньыга буолла. Былааннаммыт бары дьаһаллар туоллулар. Биирдиилээн көрүҥнэргэ хамсааһын баар, сайдыы бара турара көһүннэ.

f 21 21

f 16

I-кы бөлөххө Дьокуускай, Нерюнгри, Алдан; II-ис бөлөххө Чурапчы, Нам, Горнай; III-үс бөлөххө Өймөкөөн, Үөһээ-Дьааҥы, Орто-Халыма;  IV-үс бөлөххө Муома, Аллайыаха, Анаабыр.

f 17

f 18

Түмүктэр үөрдэллэр, спорт кыһыҥҥы көрүҥнэрэ кэскиллээхтэр. VI-ыс Спартакиада эҥкилэ суох үчүгэй базалаах сиргэ Алдаҥҥа ыытыллыаҕа.

Баһылай Посельскай

f 14

Поделиться:

#Новости