Былыр сымса туттуу-хаптыы, кыраҕы харах, холку быһыы-майгы, инникини ырыҥалыыр дьоҕур бэркэ сыаналанара. Онтон хабылык, хаамыска тарбаҕы сайыннарар, тулууру, сымсаны эрчийэр буоланнар, саха дьоно бэркэ сөбүлүүрэ. Олунньу 6 күнүгэр Уус Алдаҥҥа улуустааҕы сахалыы остуол оонньууларын федерацията биирдиилээн бастыыр иһин хаамыска, хабылык күрэҕин тэрийэн ыытта.








