Сайын устата айылҕалыын алтыһан, оттооһун-мастааһын, сир-астааһын буолла, ыраас көй салгыҥҥа сүүрдүбүт-хаамтыбыт. Көмүс күһүнү, чугаһаан иһэр кыстыкпытын сэниэлээхтик, эрчимнээхтик көрсөргө кыһалынныбыт.
Бу ардахтаах, сөрүүн күннэргэ, “дьахтар быттанар” чаҕылхай күннэх сарсыардаларга, эдэрдиин-эмэнниин, чэбдигирдэр сэрээккэлэргэ көхтөөхтүк тахсаллар. Хас биирдиилэрэ бэйэлэрин сөбүлүүр хамсаныыларын оҥороллор, тренажердарга дьарыктаналлар, сүүрэллэр, “скандинавскайдыы” уонна көннөрү хаамааччылар бааллар.
Сир ахсын, ол иһигэр киин куораппыт уулуссаларыгар, спорткомплекстар тэлгэһэлэригэр, болуоссаттарга тренажердар бөҕө туруорулланнар, дьон-сэргэ улаханнык сэргэхсийдэ. Араас идэлээх дьон, оҕолор-ыччаттар, аҕам саастаахтар стадионнарга, балассааккаларга түмсэннэр сыл устата сүүрэллэр-хаамаллар, хамсаналлар-имсэнэлэр, доруобуйаларын, туруктарын бөҕөргөтүнэр буоллулар. Көрөргө олус үчүгэй. Тулаҥ сырдыырга дылы гынар.
“Юность” стадиоҥҥа элбэх сэрээккэлээччи баар. Россия, аан дойду түһүлгэлэригэр күрэхтэһэ бараары “Триумф” спорт уораҕайыгар эрчиллэр-бэлэмнэнэр түмсүүгэ олорор тустууктар, боксердар, турнирдарга кыттыыны ыла кэлбит ыалдьыттарбыт тренердэрин кытта сэрээккэлииллэр.
Спортсмен ыччаттар, аҕам саастаах үлэ-спорт ветераннара, пенсионердар бэйэлэрин иннигэр араас сыалы-соругу туруоруналлар. Кыһыннары-сайыннары дьарыктаналлар, эрчиллэллэр.
Сааһын тухары тутуу үлэһитэ, болуотунньук, дьиэ-уот бөҕөнү күн-бүгүнүгэр диэри дьэндэтэн таһаарар Егор Петров, “эһэлии хаамарын” сөбүлүүр: “Сэрээккэ туһата элбэх, бастатан туран, күннээҕи олохпор, үлэбэр. Сэрээккэм көмөлөһөн үлэлиибин. Больничнай ыла иликпин, бириэмэбин көдьүүстээхтик туһанабын. Сэрээккэ 15 көрүҥүн оҥоробун. “Эһэлии хаамыыны” Геннадий Петровтан ылбытым, сөбүлээтим. Былчыҥнарым барыта үлэлииллэр, тыынарым да тубуста, аҕылаабат буолаҕын. Стадиону эргийээччибин. Спортсменнартан холобур ылыахха сөп, кыраһыабайдар, эрчимнээхтэр.
Кыылтан-сүөлтэн чуучаланы оҥорор, бултуурун, айылҕаҕа сылдьарын сөбүлүүр таксидермист идэлээх Анатолий Макаров: “Урут аһары хамсыыр давлениелаах этим, сэрээккэлээммин, ол буулаабыт кыһалҕабын суох оҥордум. Хамсанным даҕаны ол күн сэниэлээх сылдьаьбын. Онтон сэрээккэбин көтүппүт күммэр хайдах эрэ нукаай курдук буолааччыбын. Күһүҥҥү булпар диэммин хамсаныыларбын арыый эбэн биэрэбин. Чуучаланы оҥоруунан дьарыгырбытым лоп-курдук 50 сыл буолла. Дойдубар Элгээйи музейгар үйэ чиэппэрэ үлэлээн бараммын, Университет зоологическай музейын тэрийэн үлэлэппитим, номнуо 25 сыл буолла. Онон, тулууру, күүһү-күдэҕи эрэйэр идэлээхпин”.
Эндокринолог-быраас Владимир Гагарин киҥинэйэн ыллыы-ыллыы хаамарын ордорор: “Итинник дьарыктанаммын Казань куоракка Бүтүн Россиятааҕы фестивальга кыттаммын лауреат аатын ылан турабын. Ыллыыр тыынар уорганнарга туһалыыр, сатаан тыынарга үөрэтэр. Хаамыы эти-хааны эрчийэр, сүһүөхтэрин хамсыы-имсии сылдьар буоланнар сааһырыыны тэйитэр, эдэр курдук сананаҕын”.
Географ-учуутал идэлээх, Саха Өрөспүүбүлүкэтин Общественнай Палататын чилиэнэ Сергей Сюльскай таһырдьа аан-туманынан оргуйар -50 тымныыттан толлубат, Сайсары күөлү эргийэ хаамар: 2020 с. ковидка ыалдьаммын тыҥабар улахан проблема буолбута. Турарбын да ыарырҕатар буолбутум. Тыҥабар эрэ буолбакка, уопсай турукпар дьайбыта. Сүрэхпэр, хаан баттааһыныгар (давление). Билигин да баарын биллэрэр эрээри, хаамыы, сэрээккэ турукпун сүрдээҕин чэпчэтэр. “Сарсыарда хамсаннахпына чэбдик санаа киирэн, күнү быһа сэргэх сылдьабын. Ол үлэҕэр сүрдээҕин көмөлөһөр. Доруобуйаҕын көннөрүнэҕин. Доруобай да эрдэхпинэ маннык элбэхтик хаампат этим. Хаамыыбын, бэл, 10 км тиэрдитэлээтим. Илии-атах, тараһа (пресс), имигэс буолуу хамсаныыларын оҥортуубун. Күнү быһа чэгиэн, чэбдик, настарыанньалаах сылдьабын. Сэрээккэлээбэтэхпинэ тугу эрэ толорботох курдук буолабын”.
Сэрээккэ инструктора, СВО байыастарыгар “сетка” оҥоруутунан дьарыктанар волонтер, имбэлиит, ГТО-ҕа “кыһыл көмүс” бэлиэлээх 77 саастаах Декабрина Попова: “Эдэр саастарбар физкультура диэнтэн куота сылдьар этим,хаһан даҕаны спорка тардыспатаҕым. Онтон, эчэйэммин, төбөбүн өлөрөммүн, сиһим ыалдьар буолан, илиим-атаҕым эмиэ тостубута, сүрэҕим ыалдьар, хараҕым мөлтөхтүк көрөр буолан, онтум-мантым барыта куһаҕан буолан, сааһыран бараммын, 64-эр, ютубунан, инстаграмынан сэрээккэлэри көрөн, кинигэ ааҕан, ону-маны үөрэтэммин, бэйэм турукпун бөҕөргөтөөрү элбэх хамсаныылар комплекстарын сыымайдаабытым. Бэйэбэр туһалыыры, үчүгэйи оҥорору талан ылбытым уонна “скандинан” дьарыктаммытым. Бары былчыҥнарын, сүһүөхтэрин, ис уорганнарын барыта үлэлииллэр. Матвей Лыткиҥҥа Саха сиригэр барар наһаа үчүгэй дьарыгы саҕалаабытыгар махтанабын. Сиһим тостуулардаах, хайдыылаах. Бөҕөргөтүнэммин “Мышечнай корсеттаах” сылдьабын. Ити ыарыыларбыттан сэрээккэ наһаа туһалаата. Бэйэм сааспар туругум үчүгэй. Хамсаныы, сэрээккэ күүстэринэн”.
Оҕолорун батыһыннарбыт төрөппүттэр кэлэн сэрээккэлииллэр. “Кэнчээри” оҕо уһуйаанын иитээччитэ Яна Антонова 4 № оскуола 3-с кылааһыгар үөрэнэр сиэнин Дамиры кытта футбол мээчигин тэбиэлии, сүүрэ-көтө сылдьаллара көрөргө наһаа үчүгэй: “Сэрээккэлииргэ, хамсанарга эһээбит Геннадий Иванович Петров уһуйар. Сайсары күөл тула сүүрүү бөҕө буолабыт. Бу сиэммит 2 сааһыттан сэрээккэлэһэр, аны улаатан футбол оскуолатыгар киирэн футболист буоллубут”. “Футболга түргэнник сүүрэҕин, мээчигинэн арааһынай трюктары оҥоробут уонна мээчигинэн оонньуубут. Навыкпын сүтэримээри эбээбин кытта эбии эрчиллэбин”,- диэн санаатын кытта үллэстэр Дамир Устинов.
Сарсыардааҥҥы чэбдигирдэр сэрээккэ киһи туругун тупсарар, күннээҕи сэниэни биэрэр суолтата сүҥкэн. Күһүҥҥү сөрүүн салгыҥҥа хамсанаммыт үүнэр күммүтүн эрчимнээхтик саҕалыаҕын!
Баһылай Посельскай