Саха уонна Айкидо

Дайто-рю айкибудо диэн көрүҥүнэн үлүһүйэн, ылларан туран дьарыктанар Георгий Ефимов туһунан уонча сыллааҕыта суруйан турабын. Кини кэлин Күнтэн Тургун Охоноой Уола диэн сахалыы ааты ылыммыт.

Эмиэ урукку дьоруойум, Монголияҕа бэлисипиэтинэн тиийэ сылдьыбыт Уйбаан Ундаар: “Күнтэн Тургун дөрүн-дөрүн Японияҕа бара-бара дьарыктанар бэрт интэриэһинэй киһи”, – диэн төлөпүөнүнэн кэпсэтэ сылдьыбыта. Онон кинини кытта бассаабынан сибээстэспиппэр киһим: “Мицухиса Тахара по-русски не знает”, – диэн суруйбута. Ону дайто-рю айкибудо көрүҥүнэн дьарыктанарыгар ылыммыт аата дии санаабытым.

Сыыһа өйдөөбүт эбиппин, Күнтэн Тургун бу сырыытыгар Йокогама олохтооҕо, маастар Мицухиса Тахараны Дьокуускайга илдьэ кэлбит. “Тылбаасчыт суох буоллаҕына, сэнсэй Тахараны кытта үчүгэй кэпсэтии тахсыбата буолуо, онон эрэдээксийэҕэ бэйэҥ кэлэн кэпсиэҥ буоллаҕа”, – диэн кэпсэппиппит. Болдьоспут чааска Күнтэн Тургун Мицухиса Тахараны илдьэ кэллэ. “Дьиэҕэ соҕотоҕун хаалыаҕынааҕар кэлсибитэ ордук”, – диир.

Дьэ, онон Күнтэн Тургун кэпсээнин истиэҕиҥ:

 Айкидо, карате, Екатеринбург

– Үөһээ Бүлүү сэлиэнньэтигэр улааппытым, оскуолаҕа үөрэммитим. Сурунаалларга айкидо диэн көрүҥ туһунан суруйуулары сэргээн ааҕарым, хаһан эрэ өйбөр бигэтик киириэ диэн уурунарым. “Айкидоҕа кыра, хачаайы да киһи буулаҕа бухатыыр күүһүн “утары туһанан” суулларыан, кыайыан сөп”, – диэн суруйалларын бэркэ сэргиирим. Оччолорго бэйэм кыра, хачаайы уолчаан буоллаҕым. Оскуолаҕа байыаннай дьыала учуутала Иннокентий Иванов каратеҕа “Вьетнам истиилэ” диэн көрүҥҥэ дьарыктыы сылдьыбыта.

Кэлин Екатеринбург куоракка баран тутууга үлэлээбитим. Үлэм быыһыгар Вячеслав Козлов диэн тириэньэр дайто-рю айкибудо диэн көрүҥҥэ дьарыктыыр сиэксийэтигэр сылдьарым. Дьокуускайга кэлэн “Эллэй Боотур” успуорт дыбарыаһыгар сиэксийэ аһан үлэлэппитим. Ону сөбүлээн, ыстаакка ылан үлэлэтээри гынан баран, анал үөрэҕэ суохпуттан иҥнибиттэрэ.

Ыра санаа арыыта – Хоккайдо

Таптыыр көрүҥмүнэн дьарыктанарбар ити мэһэйдииһи дии санаан, ХИФУ успуорка институтугар кэтэхтэн үөрэнэ киирбитим. Ол кэмҥэ “Нижнеленскэй” тэрилтэҕэ үлэҕэ киирэн баахта ньыматынан Анаабырга үлэлиирим. Дайто-рю айкибудо туһунан араас литэрэтиирэ миэхэ хара баһаам буоллаҕа дии. Онон Хоккайдо арыы Абасири куоратыгар “Дайтокан” диэн тэрилтэ баарын бэркэ билэрим. Биирдэ Дьокуускай кыраайы үөрэтэр түмэлэ Абасири куорат түмэлин кытта хардарыта сибээстэһэллэрин туһунан хаһыакка аахпытым уонна үөрбүтүм аҕай.

Дьокуускайга кэлээт, түмэл дириэктэрэ Егор Шишигиҥҥэ барбытым. Хомойуом быатыгар, Егор Спиридонович Абасири түмэлин үлэһиттэрин кытта билиһиннэрэртэн кыккыраччы аккаастаммыта. Кыра-хара киһи буоламмын дуу, илиҥҥи көрүҥнэри интэриэһиргиир спортсмен буоламмын дуу сөбүлээбэтэ дии санаабытым. Онон суруналыыс эдьиийбиттэн түмэл дириэктэрин кытта кэпсэтэригэр, тылын ылыннарарыгар көрдөспүтүм. Егор Спиридонович эппит тыла биир, киниэхэ эмиэ кыккыраччы аккаастаабыт этэ. Онно олус хомойбутум.

14e0b339 1872 44e1 9303 c08c5d00f94a

Койшикава-сан, Такада-сан

Ол сылдьан Монголияҕа бэлисипиэтинэн тиийбит Уйбаан Ундаар туһунан хаһыакка ааҕабын. Миэхэ хайаан да көмөлөһүө, сүбэлиэ-амалыа диэн киниэхэ тиийбитим. Уйбаан Ундаар Осуши Накада диэн Япония олохтооҕун кытта сибээстэспитэ. Накаданы кытта син өр электроннай буостанан кэпсэтэн, кэмниэ кэнэҕэс ыҥырыы туппутум. Ити 2009 сыллаахха этэ. Ыллым да бардаҕым дии. Кэргэним, оҕом суох, баахта ньыматынан үлэлээбит харчыбар атыыласпыт дьиэлээхпин.

Хоккайдоҕа тиийэн “Накагава Кинэн Будокан” дьарыктыыр кииҥҥэ Кимихиро Койшикава диэн тириэньэргэ эрчиллибитим. Ол сылдьан хас сүүстэ аахпыт, 1993 сыллаахха күн сириттэн күрэммит ытыктыыр киһим Токимунэ Такада-сан туһунан ыйыталаһабын. “Такада-сан дьарыктаабыт саалата ол турар”, – диэн, быраҕыллан турар дьиэни ыйан көрдөрбүттэрэ. Бу дьиэни кини үөрэнээччилэрэ былдьаспыттар да, ким да бас билиитигэр киирбэтэх. Манна дьарыктыыр киһи Такада-сан тус нэһилиэнньигин курдук көстөр буоллаҕа. Ол иһин. Кэлин сылдьарбар биир истиэнэтэ сиҥнэн түспүт этэ. Долгуйа-долгуйа дьиэ иһигэр киирэ сылдьыбытым. Батастар, саабылалар олох тыытыллыбакка тураллара. Өйдөбүнньүк буоллун диэн, бэйэбэр кыра мас үлтүркэйин ылбытым.

Додзё өйдөбүлэ дириҥ

Быраҕыллыбыт саалаҕа итинник ытыктабыллаах сыһыаны, сүгүрүйүүнү сорохтор өйдүөхтэрэ суоҕа. Японияҕа дьарыктанар, эрчиллэр саалаларын додзё диэн ааттыыллар. Ол гынан баран итини эрчиллэр эрэ саала курдук өйдүүр тутах. Дайто-рю айкибудо Япония култууратын, итэҕэлин, бөлүһүөпүйэтин кытта быстыспат сибээстээх. Дьон додзёҕа эт-хаан өттүнэн эрэ сайда кэлбэт, өйүн-санаатын эмиэ сайыннара, төрүт култуураҕа сыста, дьиссипилиинэҕэ, бэрээдэккэ үөрэнэ кэлэр. Онон додзё киһи туох баар хаачыстыбаҕын тупсарынар, үүнэр-сайдар, үтүөҕэ-кэрэҕэ тардыһар миэстэтэ. Оннук сиргэ эн сүгүрүйүөхтээххин, ытыктабыллаах сыһыан наада. Анал литэрэтиирэни аахтахха, додзё бастааҥҥы өйдөбүлэ чыҥха атын – синтоизм уонна буддизм курдук итэҕэллэри кытта ыкса сибээстээх эбит.

Японияҕа иккиһин 2012 сыллаахха барбытым. Ити сырыыбар Абасириттан 45 килэмиэтир тэйиччи сытар Киосатоҕа бэлэсипиэтинэн айаннаабытым. Кэлэ-бара 90 килэмиэтир буоллаҕа, ардах түһэ турара. Ол баран аан дойдуга киэҥник биллэр дайто-рю айкибудо туһунан үөрэтэр киинэ уһуллубут саалатын сыныйан көрбүтүм.

Хоккайдо дэйбиирэ

Иэс бөҕөҕө киирбитим, ол иһин Дьокуускайга кэлээт, дьиэбин атыылаат, дойдубар -- Үөһээ Бүлүүгэ төннүбүтүм. Саас этэ, туох да үлэ суох. Арай эмискэ “физругунан кэл” диэн биир уһуйаан ыҥырда. Уһуйааҥҥа үлэлээбиппин олох кэмсиммэппин. Олус үчүгэй кэлэктиип, хамнаһа да сиэр быһыытынан этэ.

Түөрт сыллааҕыта дьиэм умайбытыгар Дьокуускайга төттөрү кэлбитим. Онтон сотору буолаат, Японияҕа баран үс ый буолбутум. Сэнсэй Токимунэ Такада-сан үбүлүөйдээх сыла буолан, араас тэрээһин ыытыллыбыта. 2009 сыллаахха Японияҕа аан бастаан барарбар Уйбаан Ундаар сахалыы оһуордаах-мандардаах дэйбиири биэрэн ыыппытын додзёҕа бэлэхтээбитим. Ону эркиҥҥэ ыйаан кэбиспиттэрэ. 2012 уонна 2015 сыллардаахха ити додзёҕа сылдьарбар дэйбиир сол миэстэтигэр турара.

Эһиилигэр, 2016 сыллаахха, “Чолбон” бассыайыҥҥа успуорт устурууктарынан үлэҕэ киирбитим. 2018 сыл тохсунньутугар Япония Хамамацу куоратыгар ыҥырбыттара. Тиийэн “Хамамацу додзё” диэн кииҥҥэ икки нэдиэлэ устата дьарыктаммытым. Онно олус үчүгэйдик көрсүбүттэрэ, бэл: “Эһиил анал ыҥырыы ыытыахпыт, Японияҕа олоруоҥ, манна үлэ булуохпут”, – диэбиттэрэ. Ол эрээри кинилэр дьарыктанар истииллэрин соччо өйдөөбөтөҕүм да, ылымматаҕым да. Бу иннинээҕи дьарыктаммыт истиилбиттэн олох чыҥха атын этэ. Онон кэлин кинилэри кытта сибээстэспэтэҕим.

FB IMG 1456715495442

Йокогаматтан сурук

Былырыын фейсбук социальнай ситиминэн Японияттан сурук туппутум. Суругу Йокогама куорат олохтооҕо Мицухиса Тахара ыыппыт этэ. Төлөпүөнүнэн эмиэ кэпсэтэ сылдьыбыта. Тылы үчүгэйдик билбэт буоллаҕым, онон өйдөспөтөхпүт. Кини мин туспунан Япония үгүс куоратыгар тарҕанар “Нихон дайто-рю айкибудо” диэн сурунаалга аахпыт этэ. Мицухиса Тахара-саны кытта сыл курдук суруйсубутум.

“Япония сириттэн-уотуттан тахса илик киһибин, – диэн суруйара. – Онон билбэтим-көрбөтүм да, дьаарханарым да элбэх. Ол эрээри омук сиригэр үлэлиэхпин, дайто-рю айкибудо көрүҥҥэ дьону дьарыктыахпын баҕарабын”.

Ити курдук суруйсан, бу күһүн Йокогама куоракка тиийэн киниэхэ олорбутум. Мицухиса Тахара 44 саастаах, дьону дьарыктыырынан аһаан-таҥнан олорор. Өссө кинилиин эт саастыыбыт. Йокогамаҕа балтараа нэдиэлэ кэриҥэ буолбутум, ол тухары “Дайто-рю Айкибудо Сохонбу” диэн ааттаах кииҥҥэ дьарыктаммытым. Манна атын омуктартан, Арассыыйаттан соҕотох этим. “Нихон дайто-рю айкибудо” тэрилтэ чилиэнэ, Японияҕа элбэхтик кэлбит-барбыт киһи буолан – атын омуктары соччо-бачча киллэрбэт сирдэригэр дьарыктаммытым. Тахара-сан Италияттан кэлбит дьону туһунан саалаҕа дьарыктыыра.

Кини Дьокуускайга таһаҕаһын буостанан эрдэ ыыппыта. Мицухиса Тахара Саха сиригэр кэлиэн олус толлоро. Эрдэ суруйсарбытыгар: “Эн бандьыыт буолбатах инигин?”; “Эһиэхэ мафия баар дуо?” – диэн чопчулаһара. Мин хайдах киһибин син үөрэттэҕэ дии. Ол иһин итэҕэйэн, миигин кытта Саха сиригэр барсыбыта. Малын-салын хааланарыгар айаҥҥа илдьэ сылдьар көлүөһэлээх улахан чымадааммын уларсыбытым.

“Санаабын түһэрбэппин”

Дьокуускайга бииргэ кэлбиппит. Манна кэлээт, элбэҕи сөҕө көрбүтэ. Японияҕа уопсастыбаннай тырааныспар элбэх этии-сэрэтии, биллэрии кэнниттэн аа-дьуо хоҥнооччу. Оттон манна оптуобус эмискэ хоҥнуутугар охто сыспыта, соһуйбута аҕай. Аны эргиирдэргэ эмискэ тосту салайыылары, суолбут нэксиэтин, мөлтөх туругун эбэн кэбис. Мархаҕа атыыласпыт учаастакпар быыкаа дьиэ туттубутум. Көҕүрэттэр сир, биллэн турар, таһырдьа. Онно олоробут.

Ол да буоллар санаабын түһэрбэппин: ити учаастакка икки этээстээх дьарыктанар дьиэ, хас да массыына киирэр гарааһын туттуохпун баҕарабын. Целестин Цюхцинскай саалатын хайдах туппутун көрбүтүм, бэл, тутуспутум ээ. Онон санааны уурдахха, ити былааным кыаллыа.

Тахара-сан бу ый бүтүүтэ дойдутугар төннүөхтээх. Ол кэнниттэн үлэ визатын эҥин оҥорторон, Дьокуускайга төннүөҕэ.

Федор РАХЛЕЕВ, Kyym.ru

Поделиться:

#Новости