Дьон-норуот кутун туппут, бары да таптыыр, кэтэһэр “Дыгын оонньуулара” улам чугаһаан иһэллэр

90-с сыллар ортолорун эргин маҥнайгы “Дыгын оонньууларын” үс төгүллээх кыайыылааҕа, билигин Манчаары аатынан спорт национальнай көрүҥнэригэр Киин “Модун” спорткомплексыгар тренердиир, саха многоборьетын Федерациятын чилиэнэ Иннокентий Федорович Макаровы кытта көрүстүбүт. Үбүлүйдээх 65 туолаары сылдьар Иннокентий Федорович “Модуҥҥа” уонна Дьокуускай куорат ипподромугар эрчиллэр-дьарыктанар. Күннээҕи олоҕор, үлэтигэр-хамнаһыгар күүс-уох, сэниэ ылынар. Ону аныгы спорка “тонус” ылыыта диибит. Бэйэтин кыанар, өйө-санаата тобуллаҕас. Улахан сэҥээриини ылбыт “Тыгын Дархан” уус-уран киинэҕэ сүрүн оруолу оонньообута да элбэҕи этэр.

M 7

            Биһи өрдөөҥүттэн билсэбит. Үрдүкү кылаастарга үөрэнэр, оскуола уола оччолорго да халыҥ эттээх-сиинээх, төрөлкөй уҥуохтаах этэ. Биир кэмҥэ миэхэ оҕолору эрчийэр атаҕым оонньуутугар сылдьыбыта. Хас да сылынан Киэсэ өрөгөй күннэрэ кэлбиттэрэ. Илии-атах оонньууларыгар өрөспүүбүлүкэҕэ бастаталыыр, хас да көрүҥҥэ маастар, дэгиттэр спортсмен буола, көрбүт эрэ астынар, хойуу былчыҥнардаах, кыраһыабай уоланыгар кубулуйбута. Удьуордааһын баарын бу Макаровтартан итэҕэйэҕин. Аҕата атаҕынан үчүгэй кылыыһыт, кыанар киһи, ийэтэ “Быһый Настаа” үлэни кыайар, тэтиэнэх дьон. Ыһыахтарга аҕатын Элэҥ Сүөдэри көрсөн кэпсэтээччибит, онно уолун хайҕаатахпына: “Эс, уолум Киэсэ миэхэ букатын тиийбэт, киниэхэ хотторор буоллахтарына аныгы дьон мөлтөөбүттэр да эбит” диэччи. Киэсэ көрөн-истэн, үүт-үкчү аҕатын курдук. Уҥуоҕунан эрэ намыһах.

Биирдэ эмэ Иннокентий Федоровиһы кытта бииргэ сылдьыстаххына үгүһү-элбэҕи билэҕин, сүһэҕин. Аныгылыы өйдөөх-санаалаах сээркээн сэһэнньит. Дьиэтигэр сырыттахха биир хоһо толору спортивнай снарядтар, гиирэлэр. Турник. Штанганы сытан, олорон, туран эрэ анньыалыыр, бэйэтэ оҥорбут тренажердардааҕа. Күүстээх дьон хаартыскалара ыйанан тураллар. Таһырдьа биир оннук. Сиргэ батары түһэн сытар 200 кг штанганы күннэтэ тардыалыыр. Сытан эрэ атахтарынан өссө элбэҕи өрө тэбэн таһаарар. Күн-бүгүнүгэр диэри ол үгэһин тохтоппокко оҥортуур. Хас биирдии оҥорор хамсаныыларын киһиэхэ ханан дьайар суолталарын билэр. Биирдэ, 40-лаах саастарыгар, ипподрому ааһан иһэн өбүгэлэр оонньууларыгар күрэхтэһии буолаары, дьон мустубутун көрөн, уһуну-киэҥи толкуйдуу барбакка суруттаран киирэн, 82 кг үктүүр ыйааһыннаах боотур биир күн тура тоҕус көрүҥҥэ күрэхтэһэн, бастаабыта уонна “Урал” матассыыкыл сүрүн бириис хаһаайынынан буолбута. Нөҥүө икки сыл эмиэ бастаталаабыта уонна “УАЗ” массыналаммыта.  

M 3

Арыгы-табах амтаннарын билбэт, чөл олохтоох, сиэри-туому, саха итэҕэлин тутуһа сылдьар, уу-сахалыы саҥалаах-иҥэлээх, аныгы көлүөнэ ыччакка холобурунан туһанар Иннокентий Федорович Макаровы кытта спорт, дьарык туһунан кэпсэттибит.

Иннокентий Федорович, “Дыгын оонньуулара” эйиэхэ үгүһү-элбэҕи санатар буолуохтаахтар?

            -Быйылгы “Дыгын оонньуулара” Саха АССР тэриллибитэ 100 сылыгар ананаллар. Онон уратылаахтар. Тэрээһин-бэлэмнэнии үлэлэр бара тураллар. Уһун кыһыммыт устата 12 боотурдар сүүмэрдэннилэр. Былыргы төрүт өбүгэлэрбит илиилэрин-атахтарын оонньуулара омук быһыытынан салҕанан үүнэ-сайда туралларыттан, ыччат чөл туруктаах сылдьарыттан биир бэйэм сүрдээҕин астынабын.

Аныгы “Дыгын оонньууларын” таһыма сүрдээҕин үрдээтэ.

-Идэтийбит спортсмен-уолаттар күрэхтэһэр буоллулар. Урут бэйэбит таһыммытынан син кыттар этибит. Илии-атах оонньууларыгар дьоҕурдаах ыччаттар кыттыбыппытын билигин саныырга үчүгэй. Үөрэ-көтө көрсөбүт, бэйэ-бэйэбитигэр көмөлөсүһэбит. Атас-доҕор буолан сылдьабыт. Ыччаттарбыт биһигини батыһалларын үөрэ көрөбүт. Сиэргэ-туомҥа, майгы-сигили өттүгэр сүбэ-ама буолабыт. Дьон-сэргэ сүрдээҕин сэҥээрэр. Истэ-көрө сатыыллар. Уолаттар кыһыҥҥы ыйдарга күүстээх дьарыгы оҥорбуттара. Билигин кросс өттүгэр бардылар, охторун чочуйаллар. Айылҕаҕа сылдьаллар. Бултуулларын-алтыылларын бары да сөбүлүүллэр. Сынньаналлар. Режими тутуһаллар. Бэйэлэрин тула элбэх ыччаты түмэллэр. Кинилэр курдук буолуохтарын баҕарар ыччаттар оскуоланан, орто-үрдүк үөрэх кыһаларынан, үлэлиир да ыччаттар элбэхтэр. 

M 6

Эһиги да кэмҥитигэр күүстээх, сэниэлээх уолаттар күрэхтэһэллэрэ

            -Оннук. Биир бэйэм, урукку өттүгэр кырдьык, атах оонньуутугар маастар нуорматын толортообутум. Мас тардыһыыга саҥа быраабыланан, мас-рестлинг буолбутун кэннэ маастар буолбутум. “Дыгын оонньуутугар” 38-40 саастарбар бастаталыы сылдьыбытым. Ол иһин хойукка диэри өйбүн-санаабын, эппин-хааммын тутан, дьарыктаан, элбэхтик сүүрэн-көтөн, биир дьарыкка 20-н тахса тоннаны көтөҕүтэлиирим, подходтарынан. Биһи, былыр диэххэ, икки аҥаар чаас эҥин дьарыктанар этибит. Күҥҥэ иккилиитэ иккилии чаас дьарыктанарбыт. Түөрт чаас.

Бүгүҥҥү ыччаттар дьарыктарын эн тренердиир буолаҥҥын билэн эрдэҕин?

-Билигин атына диэн методикалара – түргэн тэтимнээх. Ыччаттар объемнарын түргэнник ылаллар. Кэпсэтэ сатыы, бириэмэлэрин онно-манна ыыппакка, чаас курдугунан бүтэн бараллар. Программалаахтар, дьарык былаанын оҥостоллор. Билигин хас да көрүҥҥэ - хапсаҕайга, атах оонньуутугар, мас тардыһыытыгар маастар уолаттар бааллар. Аныгы “Дыгын оонньуутугар” 2-3 көрүҥҥэ маастар буоллаххына эрэ кыайыаххын, миэстэлэһиэххин сөп. Биир көрүҥҥэ маастар буолаҥҥын ырааппаккын. Дэгиттэр, имигэс, бэргэн, чиҥ, холку буолуохтааххын. Оннук барыта холбоһон “Дыгын” кыайыылааҕа буолаҕын. Традиционнай оххо эмиэ маастар нуормата баар, онон уолаттар итиннэ талаһаллар. Бары тэҥ баайыылаахтар. Бу киһи бастыа диэн сылыктыыр уустук. Владимир Федоров көҥүл тустууга идэтийбит маастардары кыайталыыра саха многоборецтара кыахтаахтарын итэҕэтэр.

Бириистэр туһунан тугу этиэҥ этэй?

            Бириистэр туруоруллуулара судургу буолбатах. Сүрдээх уустуктук кэлэллэр. Спонсорствонан. Пинигин Алексей Семенович бэйэтин баҕа өттүнэн көмөлөспүтэ хас да сыл буолла. Иллэрээ сыл, былырыын көмөлөһөн турар.  Быйыл эмиэ кыайбыкка 1 мөл.солк. уу-харчынан ууран биэрэбин диэн саха многоборьетын Федерациятын мунньаҕар кэлэн көмөлөһөрүн туһунан эппитэ. Федерация чилиэнэбин, төһө кыайарбынан көмөлөһө сатыыбын. Дьокуускай куорат физическэй культураҕа уонна спорка Управлениетын начальнига Константин Бурцев бириистэри булууга сүрдээҕин дьаныһан туран дьарыктанар.

M 1

“Дыгын оонньууларын” суолталарын туохха көрөҕүнүй?

            “Дыгын оонньуулара” – саха көрүҥнэрин чыпчаала диэхпин баҕарабын. Титул. Аҥардас биир эрэ көрүҥүнэн барбакка, чочуллан тахсан дэгиттэр буола сайдан, элбэх көрүҥүнэн дьарыктанан үрдүк таһымҥа тахсар буоллахтарына, “Дыгын оонньуутун” кыайдахтарына  улахан аакка-суолга тиксэллэр, дьон-норуот биһирэбилин, билиниитин ылаллар.  Саха дьоно, ыччаттара киэн туттар киһилэрэ буолаллар. Буһан-хатан, үүнэн-сайдан, өй-санаа өттүнэн дириҥээн, кэҥээн бардаҕына кини дьону батыһыннарар киһи буолуохтаах. Билиҥҥи олоххо Боотуру батыһыан баҕарар ыччат, дьон-сэргэ элбэх. Боотур диэн былыр-былыргыттан баар. Сахалар былыр аҕа уустарынан, нэһилиэктэринэн, улуустарын чиэһин көмүскүүр күөн туттар киһилээх, дьоннордоох этилэр. Билигин өрөспүүлүкэҕэ тахсан улахан түһүлгэлэргэ кыайталаан, хотуталаан дьон-сэргэ биһириир ыччаттара буолаллар. Онон буоллаҕына, кинилэр түҥ-таҥ, туора-маары тыллаһа сылдьыбаттар, майгы-сигили өттүнэн сэмэй буолаллар, быһыыны-майгыны, сиэри-туому тутуһар буолаллар. “Дыгын оонньуулара” дириҥ, киэҥ өйдөбүллээхтэр. Иитэр-үөрэтэр өрүттэрэ сүрдээх элбэх. Нэһилиэктэр киэн туттар ыччаттара кэлэн кытталлар. Бэйэлэрин бодолорун тардынан, буһууну-хатыыны ааһаннар, кыайыыны-хотууну эккирэтэн ситиһиилэнэллэригэр билигин табыгастаах усулуобуйа, тутуулар, тренажердар, талбыт туох барыта баар. Баҕа санаа эрэ наада.

Бэйэҥ тутта-хапта сылдьарын чэпчэкититтэн көрдөххө туруккун тута сылдьаҕын, билигин да күннэтэ эрчиллэҕин  быһыылаах?

            -Ыйааһыммын көрүнэбин, аҕылыырбын эҥин олох сөбүлээбэппин. Нэдиэлэҕэ түөртэ спортсаалаҕа тиийэммин хамсанабын-имсэнэбин. Тонуска сылдьарбын сөбүлүүбүн. Сүүрэбин. “Модуҥҥа” мас тардыһыытын тренерин быһыытынан күннэтэ ыччаттары кытта алтыһабын, сүбэ-ама буолабын.

M 12 12

Иннокентий Федорович, эн баҕа санааларыҥ?

            -Күөх сайыммыт этэҥҥэ кэллин, тыабыт умайбатын, буруо-тараа суох буоллун, оппут үүннүн. Тыабыт дьоно үлэлэрэ-хамнастара сайдан, оттоон-мастаан, отоммут үүнэн, чэбдиктик тыынан сырыттынар. Сулустарга эҥин тахсыбакка эрэ, сирдээҕи өйдөбүллэргэ чугаһыы сатыахтаахпыт. Сиринэн сылдьан үөрүөхтээхпит-көтүөхтээхпит. Мин баҕам итинник.

Оннук эрэ буоллун, Иннокентий Федорович!

 

Баһылай Посельскай

Поделиться:

#Новости