Марфа Троева Саха сиригэр маҥнайгытын ыытыллыбыт сүүрүктэр ыһыахтарын үрдүк таһымнаахтык тэрийдэ

От ыйын 16 күнүгэр, Үс Хатыҥ биир кэрэ туонатыгар чэпчэки атлетикаҕа Арассыыйа успуордун маастара, «Сулус спорт» диэн СӨ Эрэгийиэннээҕи уопсастыбаннай успуорт сүүрүү түмсүүтүн төрүттээччи, энтузиаст, урбаанньыт, уопсастыбанньык, тренер Марфа Троева Саха сиригэр маҥнайгытын ыытыллыбыт сүүрүктэр ыһыахтарын үрдүк таһымнаахтык тэрийдэ.   Ол курдук, сүүрүүнү олохторун арахсыспат аргыһа оҥостубут биир интэриэстээх дьон эдэрдиин-эмэнниин кэлэн астына-дуоhуйа сынньаннылар, ыһыах сиэринэн алгыс ыллылар, күрэхтэстилэр, оонньоотулар-көрүлээтилэр. Кэлбит дьоҥҥо анаан тардыллыбыт минньигэс астаах сандалы тула олорон аһаан-сиэн, санаа атастаһан, кэнсиэр көрөн сүргэлэрэ көтөҕүлүннэ. Хас биирдии ыалдьыт өйдөбүнньүк мэтээли тутан, сорохтор киирии билиэттэринэн оонньоммут сыаналаах бириистэргэ тиксэн үөрдүлэр-көттүлэр.

-- Марфа, бэйэҕин билиһиннэр эрэ...

-- Горнай улууһун Бэрдьигэстээҕэр төрөөбүтүм. 4-с кылааска үөрэнэ сылдьан чэпчэки атлетика куруһуогар киирбитим. 7-с кылаастан Дьокуускайга успуорт оскуолатыгар дьарыктанан иһэн, доруобуйам туругунан тохтообутум, 10-с кылааска оскуолаттан сыыйыллыбытым.  Доруобуйабынан. Оччолорго “Азия оҕолорун” оонньууларыгар кыттар баҕалаах этим. Ол ыра санаам туолбатаҕа эрээри, Таатта улууһугар тиийэн «Дружба» оҕо үҥкүү ансаамбылга кастиҥ ааһан оонньуу култуурунай чааһыгар кыттар чиэскэ тиксибитим. Ол олус үөрүүлээх этэ, сыалбын ситиспитим.

Оскуола саҕаттан кытаанах эрэсиимнээх этим. Үрдүкү кылаастарга үөрэнэр эрдэхпинэ кыһынын сарсыарда 6 чааска быраатым биһиэхэ анаан успуорт саалатын арыйаллара, оттон дьыл сылаас кэмигэр таһырдьа сүүрэрбит. 8 чааска үөрэнэ барабыт, салгыы -- бибилэтиэкэҕэ уруок ааҕыыта, үҥкүүбэр репетицията... Дьиэбэр киэһэ биирдэ кэлэрим. Ити курдук кытаанах режим миигин бигэ бэрээдэккэ үөрэппитэ, сааһылаабыта. 2009 с. дойдубут килбэйэр киинигэр Москва куоракка олоробун, 3 оҕолоох ыал ийэтэбин, улахан дьону сүүрүүгэ эрчийэбин. Бу дьарыгым миэхэ ис кыахпын, күүспүн  арыйарга көмөлөһөр.

Александр Роговтуун

--Олоххо бэйэҥ тус көрүүҥ, былааныҥ туһунан сырдаппаккын ээ...

-- Бэйэбин араас эйгэҕэ холонорбун сөбүлүүбүн. Ол курдук, 2005 с. «Куот» диэн киинэҕэ сүрүн оруолу толорбутум.  

Успуордунан дьарыктаныан баҕалаах, кыахтаах эрээри матырыйаалынай өттүнэн ыарырҕатар оҕолорго анаан пуонда арыйыахпын баҕарар этим. Билигин ону олоххо киллэрээри үлэлэһэ сылдьабын. Маны сэргэ, Арассыыйа таһымнаах улахан тэрээһини оҥорор баҕа санаа баар.

“Баҕа баар буоллаҕына, киһи бэйэтин холонон көрөрө сөп”, -- дии саныыбын. Тугу эмэ сөбүлээтим даҕаны ону мүччү туппаппын.

--Тэрээһиҥҥит хайдах ааста?

-- Бэрт өрдөөҕүттэн ыла чэпчэки атлетикаҕа туох эрэ сүдү, улахан суолталааҕы оҥоруохпун баҕарарым. Сүүрүктэр ыһыахтарын тэрийии ол баҕа санаабын толорорго биир улахан хамсаныы, хардыы буолар. Онон “любительскэй” успуорт сайдарыгар тус кылааппын киллэрэргэ кыһаллабын. Бэйэм эмиэ “любитель” сүүрээччи буоларым быһыытынан саҥа саҕалыыр сүүрээччилэргэ хайдах курдук ыараханын өйдүүбүн.

Сүүрүүнү өрө тутар, сөбүлүүр дьоҥҥо анаан биир санаалаахтарбын кытта бырааһынньык тэрийбиппититтэн олус үөрдүм. Ыһыах ыһар туһунан былаан эрдэттэн баара, онон тэрийиитин аҕыйах нэдиэлэнэн ситэрдибит-хотордубут. Дьоллоох Дьокуускай куораппытыгар, Үс Хатыҥ туонатыгар аан бастаан ыытыллыбыт сүүрүктэр ыһыахтара үрдүк таһымнаахтык ааста. Ылсыбыппын тиһэҕэр тиэрдэргэ кыһаллабын. Ыһыахха «Северные волки», «Мы из СССР», «Stayer», «Run master» «Leader run», «Факелы победы», «Баайаҕа run», «Таатта» кулууптар, ону таһынан Чурапчыттан, Мэҥэ Хаҥаластан, Горнайтан, Дьокуускайтан сүүрүүнү өрө туппут дьон кэлэн кытыннылар.

--Сүүрүүнү таптааччылары кытта үлэҥ туһунан истиэхпитин баҕарабыт...

-- Оҕо эрдэхпиттэн успуордунан күүскэ дьарыктаныахпын баҕарар этим да быраастар боппуттара. Ол эрэн бэйэм сүүрэр, эрчиллэр этим. 2012 с. Арассыыйа спордун маастарын нуорматын толорбутум. Онон чөл олоҕу, сүүрүүнү бырапагаандалыахпын уруккуттан да баҕарарым. Ол сиэринэн, 2015 с. доруобуйа туһугар дьарыктанар дьону эрчийэн барбытым. 2016 с. сүүрүктэр кулууптарын арыйбыппыт.

       «Туймаада» стадиоҥҥа дьарыктана сырыттахпына, успуорду умсугуйар, күрэхтэһиилэргэ кыттыан баҕарар, кыахтаах эрээри бэйэлэрин сайыннаралларыгар, үчүгэйдик эрчиллэллэригэр усулуобуйалара суох оҕолорго анаан пуонда арыйар санаа киирбитэ. Холобур, айылҕаттан дьоҕурдаах оҕо усулуобуйа, өйөбүл суох буолан хаалан хаалара – кыһыылаах. Ону бэйэм эппинэн-хааммынан билбит буолан олус чугастык ылынабын. Холобур, төрөппүттэрим сүүрэрбин биһирииллэр этэ эрээри, салгыы сайдарга, барарга-кэлэргэ элбэх уустуктар бааллара.   

--Тэрийээччи быһыытынан уопутурдаҕыҥ аҕай дии?

-- Успуорт көмөтүнэн мин араас эйгэҕэ сайдабын. Бу маны олуһун сөбүлүүбүн. Ханнык баҕарар кыра да, улахан да тэрээһин ситиһиилээхтик ааһара дьону кытта алтыһыыттан, кэпсэтииттэн улахан тутулуктаах. Дьон туораттан көрөрүгэр холку, наҕыл баҕайытык сылдьан оҥорор курдугум буолуо эрээри, элбэх тургутууну ааһабын, чаҕыйан-самнан хаалбат туһугар бэйэбин кытта элбэхтик үлэлиибин. Кэлин уопутуран, маннык тэрээһиннэри оҥорору улаханнык ыарырҕаппаппын. Ол курдук иккис оҕобун төрөөрү ыарахан сылдьан, иккитэ төхтүрүйэн, киэҥник биллэр Ирина Хакамаданы, онтон эһиилигэр Александр Рогов диэн “сулустар” истилиистэрин ыҥыран аҕалталаабытым. Бу бырайыактары тэрийииттэн олохпор элбэх уопуту, үөрүйэҕи ылбытым.

кыыспынаан

--Сүүрүүнү таһынан, успуорт ханнык көрүҥүн умсугуйаҕын?

-- Фехтование мин олохпор эмиэ улахан суолталаах. Биир эмиэ олус кыраһыабай, олимпийскай успуорт көрүҥэ. Дьиҥинэн, бу биһиги курдук тымныы, уһун кыһыны быһа дьиэҕэ олорор дьоҥҥо олус чугас көрүҥ. Ханнык баҕарар саала иһигэр киһи хайдах баҕарар дьарыктаныан, эрчиллиэн сөп. Тымныыга таһырдьа сүүрэр курдук буолуо дуо... Бу сайын оҕолорго икки тренер ыҥыран лааҕыр тэрийэн үлэлэттибит. Салгыы сайыннарар былаан баар.

--Онлайн тиһигинэн үлэлииргин билэбит...

-- 2015 сылтан онлайн көрүҥүнэн үлэлээн барбытым. Оччолорго ол сонун этэ. Кэлин хамсык кэмигэр дьон бары онлайн форматыгар көспүттэригэр, мин онно үөрүйэх буолан элбэҕи сүүйбүтүм, уустуктары көрсүбэтэҕим.

Мин кыра оҕо сылдьан успуорт маастара буолар, олимпиадаҕа кыттар туһунан ыраламмат этим. Эппитим курдук, дьулуурдаах-тулуурдаах, баҕалаах буоллаххына ситиһии бэйэтэ кэлэр. Билигин мин бэйэм хамаандабар 20 киһини эрчийэбин. Араас дойду дьоно бааллар: Арассыыйа эрэгийиэннэрэ, АХШ, Кытай, Франция, Финляндия, Румыния, Канада.

Оҕолортон ураты, саастарыттан тутулуга суох кими баҕарар дьарыктыыбын. Инникитин оҕолору эрчийэр былаан баар. Онтон сүүрүүбүт кулуубугар 100-чэкэ киһи киирэр. Аныгы үйэҕэ төлөпүөн көмөтүнэн Дьокуускайга олорон төһө баҕарар ыраах баар киһини кытта ситими-сибээһи тутуохха сөп. «Сулус спорт» диэн СӨ Эрэгийиэннээҕи уопсастыбаннай успуорт түмсүүтэ үлэлиир. Бу түмсүүбүтүгэр сүүрүү араас кулууптарын түмэбит. Ким баҕалаах биһиги кулууппутугар киириэн сөп.

--Үлэҥ сүрүн сыала-соруга туохханый?

-- Сүүрүү бырапагаандата, маассабай успуорду көҕүлээһин, сүүрүүнү сөбүлүүр дьону түмүү.

Успуордунан сөпкө уонна утумнаахтык дьарыктаныы, хамсаныы – бөҕө доруобуйа, чөл олох бигэ тирэҕэ.   Хайаан да кыайар эбэтэр миэстэлэһэр туһугар сүүрэр наадата суох. Биллэн турар, күрэхтэһиигэ кыттан “собуоттаныахха”, эньиэргийэ ылыахха сөп бөҕө буоллаҕа. Ол киһи толкуйугар эмиэ дьайар. Успуордунан сөпкө, дэмин билэн дьарыктаныы – өйү-санааны сайыннарар, олоҕу тупсарар.

--Харчыга хайдах сыһыаннааххыный?

-- Харчыны сөпкө туттуу, улаханы атыылаһыы -- бэйэни кыайыы биир көрүҥэ. Мин бырайыактарбын ис сүрэхпиттэн дьоҥҥо анаан оҥоробун. Матырыйаалынайга охтубаппын, бастатан туран, киһи иитиэхтии сылдьар ыра санаатын ситиһиэхтээх. Харчы уонна успуорт, мин санаабар, майгынныыллар. Иккиэннэрэ киһи туругун уларыталлар. Элбэх аан арыллар. Киһи көҥүл буолар.

Киһи бэйэтигэр анаан эрчиллэрэ, сүүрэрэ -- профессиональнай успуорт буолбатах. Ол эрээри, оннук дьарыктанан да элбэҕи ситиһиэххэ сөп. Холобур, профессионал спортсмен, хамнас ылар буолан, мотивацията букатын атын.

Мин тус бэйэм олохпун успуорт көрүҥүн кытта ханыылыы көрөбүн. Быһата, сыал-сорук туруорунан баран ону ситиһэргэ дьулуһабын. Син ол тэҥэ, киһи матырыйаалынай сыала-соруга аһара намыһах буоллаҕына, олоҕун сыала эмиэ ол таһымынан буолуон сөп.

Успуорду таһынан, мин бэйэм «Марс» диэн дьиэ атыылыыр, өрөмүөннүүр, дьиэ тутар ааҕыныстыбалаахпын. Атын эйгэҕэ бэйэни холонуу, онно арыллыы успуорду кытта “балаансаны тутарга” олус көмөлөһөр. Холобур, успуорт биэрбит кыаҕынан быйыл дьиэ ылынным. Дьонум куоракка дьиэлэрэ суох этэ, онон бу улахан ситиһиим. Успуорду уонна харчыны таба туһаныы улахан суолталаах.

Үлэлэһэр дьоммун кытта чопчу сыал-сорук туруорабыт уонна ону хайаан да ситиһэн тэйэбит. Эппитим курдук, успуорт – олох араас түһүүлэрин-тахсыыларын кыайарга уһуйар бигэ тирэх. Киһи этин-хаанын эрчийдэҕинэ бэйэтин эбии атын өттүттэн билэр, арыйар. Ол курдук, дьарыктана илик уонна дьарыктанар буолбут дьон – адьас атын-атын дьон. Үлэ чааһын кэннэ «Туймаада» стадиоҥҥа сүүрэбит. Онно «Leader run» кулууп тириэньэрэ Роман Саввин дьарыктыыр. Өрөбүл күн сарсыарда 8 чааска стадионтан Бүлүү аартыгар диэри сүүрэбит. Ардах да буоллун, тыал да буоллун, мэлдьи 20-ччэ киһи буолабыт.

IMG 0313

--Чугастааҕы былааннарыҥ?

-- Атырдьах ыйын 19 күнүгэр марафон-эстафета буолар. Манна ким баҕалаах, 6 киһиттэн турар хамаанданы туруоран, кыттыан сөп. Сайаапканы атырдьах ыйын 13 күнүгэр диэри тутабыт.

Ону сэргэ, туруоруммут сыалы хайдах ситиһиэххэ сөбүн туһунан онлайн-куурус оҥорор былааннаахпын. Миэхэ кэлэн “төһө эрэ дистанцияны сүүрүөхпүн баҕарабын” диэтэхтэринэ, ону булгуччу ситиһэбит. Дьон онтон бэйэтэ да соһуйан хаалааччы. Биллэн турар, дисциплина баар буолара хайаан да ирдэнэр.

Успуорт психологын быһыытынан, “спортсмен дьарыгын тус бэйэтэ сайдар инструменын курдук ылыныахтаах” диэн бигэ өйдөбүллээхпин. Сорох дьон успуордунан дьиҥ иһин билбэккэ эрэ дьарыктаналлар, хаһан баҕарар быраҕан кэбиһиэхтэрин сөп. Оттон мин санаам атын: киһи үөрүүгэ да, хомолтоҕо да успуордунан дьарыктаныахтаах. Олоххо кыайыылаах, хотуулаах, ситиһии “педьесталын” үрдүкү үктэлигэр тахсар туһугар.

Барҕа махталбын “Сулус спорт” сүүрүү түмсүүтүн кыттыылаахтарыгар Виктория Баишеваҕа, Любовь Слепцоваҕа, Роман Савиҥҥа уонна Марианна Васильеваҕа тириэрдэбин.

--Кэпсээниҥ иһин махтал, инникитин да бу курдук дьону успуорка, чөл олоххо көҕүлүү, ыҥыра, угуйа, дьарыктыы тур... Чэгиэн доруобуйаны, дьиэ кэргэҥҥэр дьолу-соргуну!

Сандаара Гаврильева, Sportyakutia.ru 

 

Поделиться:

#Новости