Мэҥэ-Хаҥалас Лоомтукатыттан төрүттээх-уустаах Юрий Петрович Баишев үлэтин Ленин аатынан совхоз оробуочайынан, армияҕа сулууспаттан саҕалаабыта

Оскуолатааҕы саастарыгар Спиридон Яковлевич Павлов диэн бэртээхэй физкультура учууталыгар үөрэнэн, спорт үгүс көрүҥнэригэр оройуонугар инники күөҥҥэ сылдьыбыта. Тустан бастыыра. Физкультура уонна спорт эйгэтигэр уһуннук үлэлээтэ, үлэлии да сылдьар. Өрөспүүбүлүкэ таһымнаах салайааччы. Анал физкультурнай үөрэхтээх, педагогическай наука кандидата, 1992 сылтан спорт миниистирдэрин барыларын кытта үлэлэстэ, кэлин уон сылларга икки төгүл Ил Түмэн депутатынан  быыбарданан физкультура уонна спорт сис кэмитиэтин үүннээтэ-тэһииннээтэ.  Саҥаны киллэрэр, ырыҥалыыр, айар-тутар уратылаах.

1975 с. Красноярскайдааҕы пединститут физкультурнай салаатыгар үөрэххэ киирэн, Олимпийскай оонньулар икки төгүллээх чөмпүйүөнэ Иван Ярыгин, тустуу профессора, ССРС тустууга федерациятын президенэ, уон Олимпийскай чөмпүйүөннэри ииппит Россия Үлэтин Геройа  Дмитрий Георгиевич Миндиашвили, үтүөлээх тренер Владимир Леонидович Гусев курдук уһулуччулаах   дьону кытта ыкса алтыһан, спорт ымпыктарыгар-чымпыктарыгар улахан уруогу ааспытынан киэн туттуон туттар.

BAI 2

Улуу дьонтон дириҥ билиини иҥэриммитэ. Маастарга кандидат нуорматын толорбута. Дьиҥинэн, билигин да хары баттаһыытыгар кыахтааҕыттан сылыктаатахха,  кырата маастар эҥин буолуон сөп эбитэ буолуо да, болҕомтотун үөрэх-иитии хайысхатыгар туһаайбыта.

Ылбыт физкультура учууталын идэтинэн Майа орто оскуолатыгар үлэлээн, эдэр эрчимнээх специалист быһыытынан бэйэтин көрдөрөн, куоракка ыҥырыллан, биллиилээх сүүрүк-быһый, мелодист-ырыаһыт, тэрийээччи-салайааччы, тэрийэр-салайар дьоҕурдаах Аркадий Михайлович Алексеев бэрэссэдээтэллэх өрөспүүбүлүкэ “Урожайыгар” ыҥырыллыбыта. “Урожай” иһинэн үлэлиир оҕо спортивнай оскуолатыгар завуһунан, онтон дириэктэринэн,  салгыы,  бэрэссэдээтэли солбуйааччынан үлэлээбитэ. 1981-1987 сс. өрүс нөҥүө, айылҕатынан сүүрэргэ-көтөргө олус табыгастаах сиргэ турар Төхтүр бөһүөлэгэр тустуу базатын көҕүлээн, туппуттара. 1985 с. Дьокуускайга ыытыллыбыт көҥүл тустууга ССРС чемпионатыгар өрөспүүбүлүкэ сүүмэрдэммит хамаандатын бөҕөстөрө ити дьоһун базаҕа бэлэмнэммиттэрэ. Үрдүк мырааннаах, кытылга кумахтаах база дьарыктанарга олус табыгастаах этэ. Сибиэһэй иҥэмтэлээх ас-үөл толору хааччыллан, совхоз өттүттэн дьарыктанарга өйөбүл оҥоһуллан, тыа сирин усулуобуйатыгар бэртээхэй көмө тэриллибитэ. 

баи 10

Айар дьоҕурдаах, өрүүтүн саҥаны тобулан олоххо киллэрэ сатыыр салайааччытын Аркадий Михайловиһы учууталын курдук ытыктабыллаахтык ахтар. Икки элбэх идеялардаах салайааччылар олоххо киллэрбиттэрэ үгүс. Намҥа Тыа сирин спортивнай оонньууларын балааккалары туруортаан, үрдүттэн олорон, күрэхтэһэн, араас культурнай-маассабай дьаһаллары, күрэхтэһиилэри олус сэргэхтик ыыппыттара. Аммаҕа буолбут Манчаары спартакиадатыгар стадион тутуллубута. Оҕолорго эмиэ өйдөбүнньүк мэтээллэрдээх, атрибутикалаах тыа сирин оонньуулара көҕүлэммиттэрэ. Онон, тэрийэр-көҕүлүүр үлэлэргэ Юрий Баишев өрөспүүбүлүкэ таһымнаах киэҥ өрүттээх дьаһаллары ыытыыга улахан үөрүйэҕи ылбыта.

Кэм ирдэбилинэн, спорка саҥаттан-саҥа тэрээһиннэр, уларыйыылар бараллара. Саҥа салайар араҥа үлэһиттэр кэлэллэрэ. 1987 с. спорка үрдүкү маастарыстыба оскуолата уонна олимпийскай эрэл училище  холбононнор, Юрий Баишев тэрийэр дьоҕурдааҕын көрдөрөн, дириэктэринэн анаммыта.  Спорт миниистирэ Виктор Петрович Ноговицын кэмигэр, 1993 с. спорка үрдүкү ситиһиилэр Управлениета тэриллибитигэр дириэктэрдээбитэ. Дойдуга тахсар былаас, систиэмэ уларыйыытынан, үп-харчы кырыымчык этэ. Хамнас кэлэн биэрбэтинэн, ас-табаар да аҕыйаабытынан, олоххо-дьаһахха, үлэҕэ-хамнаска ыарахаттар бааллара. Итинник кытаанах быһыыга-майгыга олорон биэрбэтэхтэрэ. Бэйэлэрин кыахтарынан туох кыаллары оҥоро сатыыллара. Спортсменнар  аһылыктарыгар болҕомто ууруллубута. Куобаҕы  бултааһыҥҥа биригээдэ тэриллибитэ, Байанай “мичик” гыммыт булда спортсменнарга  түҥэтиллэрэ. Сүүмэрдэммит хамаанда иҥэмтэлээх аһынан-үөлүнэн хааччыллыбыта.

Спорка үрдүкү маастарыстыба оскуолатыгар кэпсэтиилэргэ, тустуук уолаттар армияҕа тиийэн сулууспалыыр кэмнэрин мүччү туппакка,  салгыы сайдалларын ситиһэр сыаллаах-соруктаах ыытыллыбыт үлэ сүнньүнэн, өрөспүүбүлүкэ бырабыыталыстыбатын бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Климент Кириллович Корякин Забайкальскай байыаннай уокуругу кытта кэпсэтэн, өрөспүүбүлүкэ военкома Виталий Николаевич Попову кытта түһэрсиллибит дуогабарга сөп түбэһиннэрэн, уолаттар сулууспалыыр чаастарыгар  экспериментальнай бөлөх тэриллибитэ. Ол көдьүүстээҕэ көстүбүтэ. Петр Юмшанов Европаҕа миэстэлэспитэ, Кирилл Павлов, Алексей Варламов норуоттар икки ардыларынааҕы турнирдары кыайталаабыттара. Артур Федоров ССРС Сэбилэниилээх Күүстэригэр чөмпүйүөннээбитэ. Хамсааһын таһаарыллыбыта.

Саха Өрөспүүбүлүкэтин Президенэ М.Е. Николаев өйөбүлүнэн спорт үрдүк таһымҥа тахсыбыта. Олимпийскай оонньуулар 100 сылларыгар 1996 с. Атлантаҕа буолбут Олимпийскай оонньууларга  150 киһилээх Саха сирин делегациятын Юрий Баишев уонна дуобакка “Рейтинг-плюс” салайааччыта Иннокентий Андросовтыын салайан илдьэ сылдьыбыттара. Артур Федоров уонна Владимир Торговкин тустаннар, Олимпиада күүрээнин, тыынын билбиттэрэ. Сүүрэн-көтөн, эндирдэрдээх туруорсууларынан, “Азия оҕолоро” уотун Олимпийскай чөмпүйүөн Р.М. Дмитриев уматан, лампаадаҕа ылан, пилоттар кабиналарыгар уган, көҥүллэтэн, элбэх хонтуруолу, бэрэбиэркэни ааһаннар, Дьокуускайга аҕалбыттара.

баи 13

Ити сыл, “Норуоттар икки ардыларынааҕы “Азия оҕолоро” көҕүлэнэн, 1-кы Оонньуулар Дьокуускайга үрдүк тэрээһиннээхтик ыытыллыбыттара. Оонньуулары ыытыы идеятин Михаил Ефимович сахпыта, өрөспүүбүлүкэ спорка миниистирэ Виктор Петрович Ноговицын, миниистири солбуйааччы Михаил Егорович Друзьянов, “Азия оҕолорун” оонньууларын Дирекциятын салайааччыта Иннокентий Юрьевич Григорьев уонна спорка үрдүкү маастарыстыба управлениетын начальнига Юрий Петрович Баишев Оонньуулар ыытыллыыларын олоххо киллэрбит толорооччулар этилэр. Физическэй культура уонна спорт өрө тутуллан, государственнай политиканан буолбута.

Тустуу федерациятын салайааччытынан М.Е. Николаев  бэйэтинэн ылынарга сөбүлэспитэ.  Бырабыыталыстыба  бэрэссэдээтэлиттэн, бэрэссэдээтэли солбуйааччылартан саҕалаан, бары миниистирдэр, биирдиилээн спорт көрүҥнэринэн федерациялары салайбыттара.  2000 сыллаахха федерациялары түмэр М.Е. Николаев салайааччылаах спорт өрөспүүбүлүкэтээҕи Ассоциацията тэриллибитэ. Солбуйааччынан Юрий Петрович Баишев анаммыта. Итинник Ассоциациялар улуустарга, оройуоннарга эмиэ тэриллибиттэрэ. Дьон-сэргэ баһыйар үгүс араҥата тардыһар, санаатын табар, биир сыалга-сорукка түмэр  чөл олоҕу, физкультура уонна спорт эйгэтин өрөспүүбүлүкэ улаханнык өйөөбүтэ.

BAI 4

2003 с. Госкомспорт бэрэссэдээтэлинэн үлэтин саҕалаабыт Михаил Дмитриевич Гуляев ыҥырыытынан, Саха Өрөспүүбүлүкэтин Президенэ Вячеслав Анатольевич Штыров ыйааҕынан Юрий Петрович Баишев Госкомспорт бэрэссэдээтэлин 1-кы солбуйааччынан анаммыта. Биир өйүнэн-санаанан, спорт эйгэтигэр саҥа сүүрээннэр олоххо киллэриллибитинэн барбыттара. Олимпийскай программа ылыллыбыта. Сүүмэрдэммит хамаандаҕа киллэриллибит спортсмен-инструктордар хамнастаммыттара. Саха сирин норуоттарын Спортивнай оонньуулара, Манчаары оонньуулара, “Азия оҕолорун” оонньуулара өрөспүүбүлүкэни салгыы өрө көтөхпүттэрэ.  Азия дойдуларын кытта сылаас, истиҥ-иһирэх сыһыан  күн бүгүн оруола сүҥкэн. Спортивнай оонньуулар, Манчаары оонньуулара социальнай, культурнай-экономическай сайдыыга тиэрдэр суолталаахтарынан, оройуоннар, улуустар бэйэлэригэр ыла сатыыр буоланнар, былдьаһыылаах, улахан куонкурустар ыытыллыылара үтүө үгэскэ кубулуйда. Миэстэҕэ дьон-норуот сэҥээрэр күрэхтэһиилэрэ, дьаһаллара ыытыллаллара кэрэхсэнэр, биһирэнэр. Оонньуулар үлэ-олох сайдыытын бары хайысхаларынан  хамсааһыны таһаараллар.

Таһаарыылаах, хотоойу үлэлээх Юрий Баишев 2007-2011 сылларга Дьокуускай куорат дьаһалтатын баһылыгын солбуйааччынан үлэлээн, куорат уокуругун баһылыга Евдокия Ивановна Евсиковалыын 45 спорт балассааккаларын туттартыыры ситиспиттэрэ. Балассааккаламмыт оскуолалар физкультура уруоктарын ыытыыларыгар улахан төһүүнэн буолбуттара.  Оҕолорго сайыҥҥы спортивнай сынньанар лааҕырдара тэриллибиттэрэ. 2011 сыллаахха өрөспүүбүлүкэ Президенэ Егор Аанасьевич Борисов ыҥырыытынан Юрий Петрович Госкомспорт бэрэссэдээтэлэ А. Г. Подголов солбуйааччытынан ананан кэлбитэ. Көҥүл тустууга Россия чемпионата “Эллэй Боотур” Муус дыбарыаһыгар үрдүк тэрээһиннээхтик ыытыллыбыта.

BAI 1

2013-2023 сылларга Юрий Петрович Ил Түмэҥҥэ депутатынан икки төгүл талыллан, дьиэ-кэргэн, ыччат, физическэй культура уонна спорт сис кэмитиэтин салайыста, бюджет кэмитиэтигэр үлэлээтэ, кэккэ сокуоннары  таһаарыста. Физкультура уонна спорт сокуонун, өссө, спорт миниистидэрэ П.Е. Попов, В.П. Ноговицын саҕана 1992 с. ылынан тураллар. Ол кэмнэргэ, Россия итинник сокуона 1996 с. ылыллыбытын санатар тоҕоостоох. Онон, “өй укпуттара” диэххэ сөп. Хорсун идеялардаах үлэһиттэрдээх Сахабыт сирэ дойду спордугар билигин да холобурунан туһанар. Оҕо спордугар, спорт национальнай көрүҥнэригэр, тренердэр тустарынан, Олимпийскай оонньууларга, аан дойду, Европа, Россия чөмпүйүөннэрин материальнай өйөөһүҥҥэ сокуоннары бэлэмнэстэ.

Өрөспүүбүлүкэ спордун араас салааларыгар, эппиэттээх үлэлэригэр ханна да ананнар,  хамсатыылаах дьаһаллар тахсалларыгар өй-санаа саҕааччы быһыытынан уһуннук үлэлэстэ. Баар проблемалары таба көрөн быһаартарар, хамсатыылаах дьаһаллары ыллартарар мөккүөрдээх. Кэккэ улахан дьаһаллары олоххо киллэртэрэн, таһаартаран да кэллэ.

Оруннаах этиилэр күөдьүйэн тахса тураллар. Ону Юрий Петрович Баишевтан бэйэтиттэн билиэххэ  сөп:

  • “Проблемалар хаһан баҕарар бааллар. Спортоскуолалар, спортивнай обьектар бааллар курдук, ол эрээри олорго үөрэхтээх специалистар, үлэһиттэр тиийбэттэр. Холобур, 31 тыһ. нэһилиэнньэлээх Мэҥэ-Хаҥалас курдук тыа сирин улахан улууһа икки эрэ спортоскуолалаах. Ити биллэн турар, ситэтэ суох. Итинник хартыына өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн баар. Ол маассабаска охсор.
  • Гиподинамия баара дьиксиннэрэр, куорат оҕолоро дьарыктамматтар, эр киһилии хаачыстыбаларын сүтэрэн эрэллэр. Эдэр ыаллар оҕоломмотторо нэһилиэнньэ аҕыйааһыныгар, демографияҕа охсор. Оҕо доруобуйата инники күөҥҥэ тутуллуохтаах. Проблема дириҥээн иһиэн сөп. Олохпут сайдыыта эр киһиттэн тутулуктааҕын өйдүөх кэриҥнээхпит.
  • Физкультуранан уонна спордунан дьарыктаныыга үгүөрү үбү-харчыны көрүөххэ сөп этэ. Проблема хоту оройуоннарга баар, онно социальнай тутуулар аанньа барбаттар.
  • Эһиил “Азия оҕолорун” ыытаары олоробут. Тренер бөҕө үлэлиир эрээри, Россия таһымыгар улахан спорка көрдөрүүбүт сэмэй. Д.П. Коркин күҥҥэ икки дьарыгы ССРС-ка аан бастаан киллэрбитэ. Оҕолорун тустууларын анализтыыра, бэйэлэринэн ырыттаран кэпсэттэрэрэ. Икки дьарыктаах оҕо биир дьарыктаах оҕону кыайара эрэбил. Россияҕа бастыыр, миэстэлэһэр эрэ буоллахпытына, оҕолорбут көрдөрүүлэринэн үөрдүөхтэрэ. Хаһан-ханна даҕаны талааннаах, айылҕа биэрбит дьоно результат көрдөрөллөр, Виктор Лебедев курдук.
  • Пандемия кэмигэр дьарыктары тохтотон олорон биэрдибит. Ити сыыһа. Красноярскай, Дагестан, Осетия дьарыктарын тохтоппокко, күүскэ үлэлээтилэр. Инньэ гынан, көрдөрүүлэрэ харахха быраҕыллар.
  • “Азия оҕолоругар” диэри сылы кыайбат кэм хаалла. Россияҕа миэстэлэһэр оҕолору бэлэмниэхпитин наада. Азия дойдуларыгар оҕолорун күүскэ бэлэмнээбиттэрэ ыраатта. Биһиги, биллэн турар, тэрээһинин, культурнай-маассабай өттүн кыайыахпыт. Ол эрээри, сүрүн сыал-сорук туолуута спортивнай күрэхтэһиилэр түмүктэринэн буолуоҕа.
  • Баар объектар 250 тыһ. нэһилиэнньэлээх куоракка эппиэттээбэттэр. Өссө тутуохха наада. 10 обьект тутуллуохтаах эрээри, үбүлээһин тиийбэт, улуустар бары туруорсаллар.
  • Ыра санаам диэн, Чочур Мырааҥҥа баар ирбэт тоҥҥо, аттыгар “Пятизвездочнай” гостиницалаах, хайыһар базата тутуллара буоллар диэн. Аан дойду барыта кэлиэ этэ. Бырайыактаахпыт буоллар, Россия тутан биэриэ этэ. Биһиэхэ сири хаһар техникабыт элбэх. Бөҕөргөтөн, вентиляциятын оҥорон, тоҥ сиргэ хаар проблема буолбатах. Физкультура-спорт сайдыытын программатыгар  киллэртэрдэххэ, кыаллыа этэ.

Билигин Россия “Газпрома” дойду үрдүнэн 22 объегы тута сылдьарыттан, Саха сиригэр үс объегы тутар. Нерюнгригэ тутулунна, Ленскэйгэ тутуллуохтаах. Үһүс объект Дьокуускайга аэропорт аннараа өттүгэр Можайскай аатынан уулуссаҕа катоктаах уонна бассейннаах “Сулус” диэн аатынан сүрэхтэммит чэбдигирдэр физкультурнай-спортивнай комплекс баар буолла.  Олунньу 1 күнүттэн үлэлии турар. Тыһыынчанан куорат олохтоохторо сылдьыбыттара ыраатта.  Дириэктэринэн Юрий Петрович Баишев ананан үлэтин саҕалаата.

Баһылай Посельскай

Поделиться:

#Новости

Ассоциация «Сахаада-спорт» выбрала лучших за 2024 год

В Республиканском центре национальных видов спорта имени В.Манчаары 5 декабря состоялось…

Минспорт Якутии и Сахатранснефтегаз будут развивать корпоративный спорт

Это первый проект в развитии корпоративного спорта среди работников промышленной сферы