Төрөлкөй уҥуохтаах, киһи хараҕа хатанар, хайгыы көрөр киһитэ тыа ыччатын сиэринэн, эт-сиин өттүнэн бэйэтин кыанар, тэтиэнэх буолан, оҕо саастарыттан сүүрэн-көтөн, сүүрүү, волейбол, баскетбол курдук спорт көрүҥнэринэн умсугуйан дьарыктаммыта. Ол саҕана спортивнай саала суоҕа, оскуола кыараҕас көрүдүөрүгэр дьарыктаналлара. Волейболга, чэпчэки атлетикаҕа оройуонун хамаандатыгар киллэриллэн, өрөспүүбүлүкэ үөрэнээччилэрин спартакиадатыгар иккис миэстэлэммиттэрэ. Биир дойдулаахтара спорка уһуйулларыгар төһүү күүһүнэн буолбуттара.
Спорт сайдыыта биирдиилээн чаҕылхай түгэннэртэн саҕаланар. Нэһилиэк оскуолатыгар спорка сүрдээх дьоҕурдаах уолаттар бааллара. Өспөх нэһилиэгин Дыгдаалыттан Володя Готовцев диэн айылҕалаах уол сүүрүү, ыстаныы көрүҥнэригэр, атах оонньуутугар “баардааҕын” биллэрбитэ. Үрдүгү ойууга 1 м 55 см үрдүккэ туруоруллубут ураҕаһы “перешагиваниенан” көтөн соһуппута. Ол иннинэ оскуола саамай үрдүк уҥуохтаах уола Гоша Неустроев 150 см көтөн чөмпүйүөннүүрэ. Улахан кылаас уолаттарын кыайталаан сөхтөрбүтэ. Талааннах көлүөнэ тахсан иһэр тыына оччолорго биллибитэ. Володя Готовцев өрөспүүбүлүкэ үөрэнээччилэрин спартакиадатыгар бастаабыта. Оройуонун рекортарын куоһарталаабытын таһынан, атах оонньуутун уһулуччулаах маастардара Николай Санниковы, Иван Гороховы кытта кылыйсан өрөспүүбүлүкэҕэ миэстэлэһэрэ, улахан дьоҥҥо уһуну ойууга өрөспүүбүлүкэ рекордун олохтообута. Баара-суоҕа 20-ҕэр ыарахан ыарыыттан туораабатаҕа буоллар, көрдөрүүлэрэ өссө эбиллэн иһиэ этилэр.
Уус-Алданнар Атос Кулаковскай, Семен Черноградскай курдук кынаттаах хайыһардьыттара, киһи эрэ көрөн сөҕөр гына, көтөн иһэр курдук кылбаҥнатан бараллара. Дэлэҕэ, Олимпийскай чөмпүйүөннэр павел Колчин, Галина Кулакова, Вячеслав Веденин Бороҕоҥҥо кэлэ сылдьыахтара дуо. Оҕолорго, ыччаттарга өтөр-наар умнуллубат өйдөбүлү сахпыттара. Владимир Слепцов, Анатолий Заболоцкай, Татьяна Черноградская тэтимнээх, кыраһыабай сүүрүүлэринэн умсугуталлара. Оччотооҕу көлүөнэ ыччакка холобур буолбуттара. Спорткэмитиэт бэрэссэдээтэлэ Андрей Андреевич Протопопов ураты тэрээһинэ, күрэхтэһиилэр хаамыыларын төлөннөөхтүк комментатордаан кэпсиирэ-сырдатара, хамсатыылаах дьаһаллары бэйэтинэн сүүрэн-көтөн ыыталыыра.
Физкультура учууталларын бэлэмниир Дьокуускайдааҕы 1 № педучилищеҕа үөрэммит сыллара Егор Неустроевка элбэҕи биэрбиттэрэ. Физкультурнай отделение сэбиэдиссэйэ Вера Петровна Масагутова ийэлии истиҥ сыһыанын ордук чорботон бэлиэтиир. Билигин өрөспүүбүлүкэ спордун салайааччыларынаан Михаил Дмитриевич Гуляевтыын, Александр Николаевич Ким-Кимэнниин, Дмитрий Николаевич Платоновтыын, чэпчэки атлетика күрэхтэһиилэригэр, Кыайыы эстафетатыгар куруутун судьуйалыыр Александр Иларьевич Ивановтуун бииргэ үөрэммиттэрин, эрчиллибиттэрин астына-дуоһуйа ахтар. Сытыы-хотуу ыччаттар тэрийээччи, салайааччы буолар чинчилэрэ оччоттон биллэрэ. Көҥүл тустуу маастара Алексей Мокрощуповы, гимнаст Павел Москвитины кытта үһүөн төһө да үс аҥы спорт көрүҥнэринэн дьарыктанналлар, өйдөһөн олорбуттара. Сүүрэрин, хайыһардыырын таһынан волейболу өрө тутан оонньообута. . Сүүрүү уонна атах оонньуутун тренерин, биир дойдулааҕын Прокопий Прокопьевич Готовцевы наставнигынан ааҕынар, икки төрөлкөй волейболистар биир хамаандаҕа оонньууллара. 184 см үрдүктээх эрчимнээх студен-ыччат училище хамаандатыгар сүрүн быһааччы, көмүскээччи быһыытынан төһүү күүһүнэн буолбута. Улахан дьоҥҥо өрөспүүбүлүкэ хамаандатыгар оонньоһор тренердэрэ Виктор Цыбыкович Надмитовка бэркэ сөбүлээн уонна табыллан дьарыктаммыттара. Дальнай Восток, Сибиир орто-аналлаах үөрэхтэрин кыһаларыгар бастаталыыллара, Россия финалыгар тиийэ күрэхтэспиттэрэ. Амматтан бырааттыы волейболистар Федор, Василий Романовтар өрөспүүбүлүкэ дьиэ-кэргэн күрэхтэһиилэригэр бастыыллара, хамаанданы күүһүрдэллэрэ. Виктор Надмитовы кытта күнбүгүнүгэр диэри билсэллэр, өрөспүүбүлүкэ волейболга турнира тэриллэр.
Үөрэҕин бүтэрэн, үлэтин бэрээдэктэрэ мөлтөҕүнэн аатырар ыарахан үөрэх кыһатыгар 14 № ГПТУ-га физкультура учууталынан ананар. Онно киһи сөҕөр атлетическай көрүҥнээх, Манчаары оонньууларын мас тардыһыытыгар абсолютнай чөмпүйүөнэ Андрей Егорович Захаровтыын олус тапсан үлэлээннэр, бигэ туруктаах кэлэктииби үөскэппиттэрэ.
1970-80-с сыллардаахха спорт туругуран сайда турар үтүө кэмэ этэ. Тыа сирин бастыҥ ыччаттара Олимпийскай оонньуулар, аан дойду, Сойуус чыпчаалларын дабайталыыллара. Өрөспүүбүлүкэ “Урожайын” бэрэссэдээтэллэринэн суруналыыс Анатолий Петрович Стручков, Аркадий Михайлович Алексеев курдук киэҥ билиилээх-көрүүлээх, Москва институтун бүтэрбит, идэлэрин күүскэ баһылаабыт үрдүк таһымнаах физкультура-спорт специалистара тэрийээччилэринэн, салайааччыларынан үлэлииллэрэ. Аркадий Алексеев спорт миниистирэ да буолар толору кыахтааҕа диэн сыаналыыр. Спортивнай дьаһаллар көҕүлэнэн, үрдүк таһымҥа ыытыллаллара. Дьону түмэр дьоҕурдаах салайааччылар үлэтин саҥа саҕалаан эрэр эдэр дьоҥҥо көмө-тирэх буолбуттара. Егор Егорович Неустроев физрук идэтигэр үөрэнэригэр, “Урожайга” үлэтин саҕалыырыгар ити умнуллубат дьоро кэм оруобуна сөп түбэспитэ. Үгүһү сүспүтэ.
ГПТУ кэнниттэн, куорат спорка кэмитиэтигэр инструктардаабыта, онтон салгыы, тыа-хаһаайыстыбатын техникумугар 1992 с. диэри физруктаан, физкультураны-спорду сэргэхситэн, үрдүк таһымҥа таһаарары ситиспитэ. Ыччаттары, учууталлары кытта уопсай тылы дэбигис булара. Зоя Афанасьевна Пестерева, сууккатааҕы сүүрүүгэ норуоттар икки ардыларынааҕы кылаастаах спорт маастара Николай Николаевич Матчитовы, мас тардыһыытын тренерэ Федор Матвеевич Дегтяреву техникумҥа, гиирэ спордугар Россия призера Василий Николаевич Дьячковскайдыын техникумҥа спорт өрө тутуллар буолуутун ситиспиттэрэ. Үлэлиир кэмигэр техникум спорка көрдөрүүлэрэ улааппыттара. Техникум спортсменнара ыам ыйын 9 күнүнээҕи Кыайыы эстафеталарыгар бастыыллара. “Спартак”, “Урожай”, “Динамо”, “Водник”, “Трудовые резервы” спортивнай обществоларын кытта олус күүрээннээх күрэхтэһиилэр буолаллара. 17 тэрилтэ куорат “Урожайыгар” киирэрэ. “Урожай” бэрэссэдээтэлэ Татьяна Афанасьевна Корнилова наставник быһыытынан үөрэтэрэ-такайара. “Спартагы”, “Динамоны” кытта хатыһаллара. Тыа хаһаайыстыбатын техникумун спортивнай саалатыгар сотору-сотору көхтөөх спортивнай дьаһаллар көҕүллэриттэн тутуллаллара. “Сахава” волейбола, “Көмүс мас” курдук өрөспүүбүлүкэ таһымнаах күрэхтэһиилэр таас техникум киэҥ спортивнай саалатыгар буолуталыыллара. Оччолорго спортсаала кэмчи этэ. Тэрээһин үлэлэр түмүктэринэн, бастыҥ спортсменнар, спорт тэрийээччилэрэ, салайааччылар 1980 с. Москваҕа буолбут сайыҥҥы Олимпийскай оонньуулары тиийэн көрөр чиэстэммиттэрэ. Италия, Франция курдук омук дойдуларыгар бары сылдьыбыттара.
Физкультура учууталын быһыытынан Егор Егорович үөрэтэр оҕолоругар, ыччаттарга истиҥ сыһыанынан, ирдэбиллээҕинэн, сыалы-соругу таба туруорарынан, тылын ылыннарарынан, убаастабылынан туһанара. Үөрэппит оҕолоро дьоҥҥо сирдэрбэт үлэһит буолан тахсалларыттан үөрэр, астынар. Физрук идэтин баһылаабыттар эмиэ бааллар. Боксаҕа аан дойду чөмпүйүөнэ Василий Васильевич Васильев, Василий Петрович Алексеев, Андрей Тимофеевич Ноговицын, Дмитрий Иванович Тихонов курдук улуус, нэһилиэк баһылыктара, тыа хаһаайыстыбатын миниистирэ Артем Александрович Александров, тай-боксаҕа аан дойду чөмпүйүөнэ Дмитрий Ушканов курдук үөрэнээччилэринэн киэн туттар.
Саҥа XX үйэ 2010-с сылларын эргин Өрөспүүбүлүкэ “Урожайын” физкультурнай-спортивнай тэрилтэтигэр бэрэссэдээтэллии олорон, үтүө үгэскэ кубулуйан ыытыллар Новосибирскайга буолан ааспыт Россия тыатын сирин спортсменнарын күрэхтэһиилэригэр Саха сирин хамаандатын салайарыгар бииргэ сылдьыбыппыт. Онно 2017 с. дойду 58 регионнарыттан 1000-н тахса тыа сиригэр үлэлиир, олорор, физкультуранан уонна спордунан дьарыктанааччылар, ол иһигэр өрөспүүбүлүкэбит спортсменнара спорт аҕыс көрүҥнэригэр ситиһиилээхтик күрэхтэспиттэрэ. Олус хатыһыылаах күрэхтэһиилэргэ, ордук табыллан, механизатордартан васидлий Явловскай, ыанньыксыттартан Айыына Петрова, хайыһардьыттар, дуобаччыттар, саахымаччыттар, Бүлүүттэн Степан, Галина, Сеня Федоровтар спортивнай дьиэ-кэргэн , Мэҥэ-Хаҥаластан Аммосовтар спортивнай дьиэ-кэргэттэрэ бириистээх миэстэлэргэ тиксибиттэрэ. Хамаанданан түмүккэ иккис үчүгэй көрдөрүүлэнэн, Кубогынан наҕараадаламмыттара. Хамаанданы түмэн аҕалбыт Егор Егорович Неустроев улуус дьаһалталарыгар, спорт уонна тыа хаһаайыстыбатын министиэристибэлэригэр махталын биллэрбитэ.
Киһи быһыытынан сэмэй, дьыала туһугар кыһаллар, үөрүнньэҥ, судургу, киэҥ-холку майгылаах салайааччы буолан, туруоруммут сыалын-соругун ситиһэн тэйэр уратылаах. Бэйэтин спортивнай олоҕор ситиспэтэҕинэн, маннык гыммытым буоллар диэҥҥэ, “толору усулуобуйалаах соҕуруу киин куораттарга үөрэммитим буоллар, спортсмен, физкультура да учууталын быһыытынан, ол сиэринэн, ситиһиилэрим да үрдүк, элбэх буолуохтара этэ диэн ааҕар”. Үөрэҕи-билиини, үчүгэй усулуобуйалаах, сайдыылаах сиргэ үөрэниини, дьарыктаныыны өрө тутар. Ол этэрэ оруннаах. 40-чалаах саастарыгар Москваҕа Ленин уордьаннаах физкультурнай институкка идэни үрдэтинэр икки ыйдаах кууруска сылдьан, спорт Дыбарыаһыгар көрүҥнэр аайы спортивнай саалалар баалларын, дьарыктанар, күрэхтэһэр усулуобуйалара сайдыытын сөҕөн турар. Оннук үлүгэрдээх киһи хараҕа халтарыйар, сөҕөр усулуобуйалаах спортивнай саалатыгар үрдүгү ойууга кынат үүммүт курдук сананан, санаатын күүһүнэн, миэтэрэ халыҥнаах маат тэлгэтиллибит, 1 м 70 см үрдүккэ туруоруллубут, киһи эрэ көтүөх курдук, хайдах эрэ намыһахтык туруоруллубут, бэйэтэ тахсар планканы сүрдээх кэбэҕэстик ылбытын сөҕөр-махтайар. Дьэ, ити курдук, сааһырыыны билиммэккэ, тус-бэйэтин спортивнай олоҕор үрдүк кирбиини ылбыт, тус-бэйэтин рекордун олохтообут! “Арай эдэр-эмэн, ойор-тэбэр саастарым, эрчимнээх, күннээн күрэхтэһэр, тииһэр-тааһар кэмнэрим буоллун!”,- диэн үөрэ-көтө сэһэргиир, бэрт сэргэх үлэлээх-хамнастаах физкультура учуутала Егор Егорович Неустроев.
Туйгун спортивнай туругун күн-бүгүнүгэр диэри тута сылдьар. Хаамар-сиимэр. “Талааннаах киһи барытыгар талааннаах” дииллэрэ Егор Неустроевка олус сөп түбэһэр. Бу аҕыйах хонуктааҕыта С.А. Зверев-Кыыл Уола аатынан Национальнай үҥкүү театрыгар буолан ааспыт “Браво, танцор!” Саха Өрөспүүбүлүкэтин народнай артыыһа Афанасий Афанасьев тэрийэн ыытар үҥкүүһүттэр VII өрөспүүбүлүкэтээҕи конкурустарыгар бөлөҕүнэн бастааннар лауреат аатын, улахан Кубогы ылбыттарын таһынан, 2024 с. сайыныгар Өлүөнэ очуостарыгар путевканан наҕараадаланнылар! Үҥкүү спортааҕар сылаалааҕын үгүстэр билэллэр.
Санаа күүһүн сөҕүмэр кыаҕын Егор Егоровичка баарын итэҕэйэҕин .
Баһылай Посельскай