Саха Өрөспүүбүлүкэтин физическэй культураҕа уонна спорка үтүөлээх үлэһитэ, хайыһарга Саха АССР спордун маастара

“Учууталллар учууталлара”, “Гражданскай килбиэн” бэлиэлэр хаһаайына, Маргарита Григорьевна Куличкина Бүлүү улууһун уонна Бүлүү куорат ытык олохтооҕо.

 Историяҕа бэлиэтэнэринэн, Россия ыраахтааҕытын ыйааҕынан дойду сирин үөрэтэр-чинчийэр, холбуур сыаллаах-соруктаах нуучча айанньыт-буойун казактара Бүлүү сүнньүн  17-с үйэҕэ кэлбиттэрэ уонна ньүөл сири сөбүлээннэр олохсуйбуттара. Олохтоох сахалары кытта буккуһаннар, сахатыйбыттара. Көстөр тас көрүҥнэринэн нуучча курдуктар эрээри, уу-сахалыы сахалыы саҥараллара. Оччоттон баччааҥҥа диэри “бааһынайдар” диэн ааттаналлар. Кырдьаҕас Бүлүү куората түөрт сыллааҕыта төрүттэммитэ 385 сылын үрдүк таһымҥа бэлиэтээбитэ. Эһиил 390 сыла.

kul 3

Олоҕун бүтүннүү физкультура уонна спорт эйгэтигэр анаабыт  “казашка” Маргарита Григорьевна Куличкина (Протопопова) 1940 сыллаахха Бүлүү учууталларын дьиэ-кэргэнигэр күн сирин көрбүтэ. Нуучча казактарыттан сыдьааннаах буолан, кыраһыабай, сырдык хааннаах. 1962 с. Дьокуускайдааҕы 1 № педучилищены бүтэриэҕиттэн, Өймөкөөҥҥө физкультура учууталынан үлэлээн баран, 1963 сылтан 1982 сылга диэри Бүлүү оскуолатыгар физкультура учууталынан үлэлээбитэ, онтон райсовет бэрэссэдээтэлэ Кирилл Егорович Павлов дьаһалынан спорткэмитиэт бэрэссэдээтэлинэн ананан оройуонун спордун салайбыта.

Оройуон үөрэҕин салаатыгар сэбиэдиссэйдиир аҕаларын Григорий Гаврильевич, учуутал ийэлэрин Анна Иннокентьевна Протопоповтар чугас аймахтара, күтүөттэрэ Улуу Аҕа дойду сэриитин кыттыылааҕа, суруналыыс-буойун, Сэбиэскэй Сойуус Геройа Николай Алексеевич Кондаков спордунан дьарыктанарга аан бастаан уһуйбута. Дьиэ-кэргэттэринэн сылдьыһаллара. Николай Алексеевич оҕолору тэлгэһэҕэ, уулуссаҕа оҕолору сүүрдэр идэлээҕэ. Былаачыйа, гармошка кэһиилээх буолара. Үчүгэйдик сүүрбүттэргэ хампыат биэрэрэ. Инньэ гынан, Протопоповтар кырачаан аҕас-балыс кыргыттара Маргариталаах  Галя дьээдьэ лэрэ кэлэрин кэтэһэллэрэ. Урутаан эттэххэ, Маргарита Чурапчы уолунаан Николай Куличкинныын билсиһэн, таптаһаннар, сыбаайбалара Кондаковтар Хатыҥ-Үрэххэ баар даачаларыгар буолбута. Николай университекка географ идэтигэр, Маргарита педучилищеҕа физкультурнай отделениеҕа биир кэмҥэ үөрэнэр сылларыгар аллар чугас дьүөгэтэ, кэлин өрөспүүбүлүкэ спордун биллиилээх салайааччытынан буолбут Татьяна Афанасьевна Корнилова сүрдээҕин кыһаллан, билиһиннэрэн, холбооттообута.

kul 4

Маргарита Куличкина сүүрүүнү, спорду кытта доҕордоһон “ангина” диэн уһуннук буулаабыт ыарыытын суох оҥорбута. Дьокуускайдааҕы 1 № педучилище физкультурнай отделениетын үөрэнэн бүтэрэн, эдэр специалистар Маргарита Өймөкөөҥҥө, ол биир сыл иннинэ эрдэлээн Николай Орто-Халымаҕа ананнар учууталлаабыттара,  онтон Бүлүүгэ кэлбиттэрэ.  Маргарита Григорьевна Бүлүү 1 № оскуолатыгар 20 сыл физкультура учууталынан, онтон 30-ча сыл оройуон физкультураҕа-спорка кэмитиэтигэр 2010 сыллаахха пенсияҕа тахсыар диэри бэрэссэдээтэллээбитэ.

Бэйэтин төһө да “улахан спортсменка буолбатах этим” дэннэр, оройуонун чиэһин сүүрүү, хайыһар, волейбол көрүҥнэригэр  көмүскээн күрэхтэһэрэ. Тэрийээччи, салайааччы дьоҕурдааҕын бэйэтин бар-дьонугар итэҕэтиилээхтик көрдөрдө. Оройуонугар ыытар дьаһаллары таһынан, өрөспүүбүлүкэ таһымнаах турнирдары, икки төгүл  1985 с. X уонна 2009 с. XVIII Манчаары Спартакиадаларын Бүлүүгэ үрдүк таһымҥа ыытыллалларын ситиспитэ. Культурнай-спортивнай, социальнай суолталаах объектар бөҕө тутуллубуттара. Оҕолору, ыччаттары, аҕам саастаахтары кытта ийэлии истиҥник сыһыаннаһан алтыһарын ытык иэһинэн ааҕар. Ол да иһин солбуллубат салайааччы быһыытынан төрөөбүт-үөскээбит тапталлаах Бүлүүтүн дьоно-сэргэтэ ис-сүрэхтэриттэн ылынар буоланнар, үйэ аҥаара кэм усталаах-туораларыгар физкультура уонна спорт үүнүн-тэһиинин тутан салайбыта. Көмө, тирэх, өйдөөһүн уонна өйөбүл, эрэнии улахан төһүүнэн буолбуттара.

kul 12 копия

Маргарита Григорьевна дьону хамсатар, киэҥ актыыбы сатабыллаахтык туһанар, түмэр  уратылаах. Орто оскуоланы, оҕо спортоскуолатын, педучилищены, спорткэмитиэти барыларын түмэн, тылын ылыннаран, дьаһайан кэллэ. Спорт ветераннарын сэбиэтин бэрэссэдээтэлэ Федор Федорович Павлов сүбэлээбитэ-амалаабыта элбэх. Бииргэ алтыһан үлэлээбит киэн туттар дьонун ааҕан сиппэккин. Кинилэр ортолоругар, улууска баһылыктаабыт, норуот хаһаайыстыбатын үтүөлээх үлэһитэ Анастасия  Кирилловна Павлова; билигин Саха сиригэр бэрт үчүгэйдик биллэр меценат, “Киэргэ” көмүс фирма салайааччыта, мэтээллэри, спорт атрибутикаларын оҥорор мандар уус Александр Кириллович Павлов оскуола бастыҥ волейболиһа, баскетболиһа, атах оонньуутугар спорт маастара, спорка миниистирдээбит, билигин аан дойдуга мас тардыһыытын салайааччыта Иннокентий Юрьевич Григорьев, Владимир Иванович Иванов, Светлана Федоровна Павлова курдук физрук идэтин баһылаабыт “туйаҕын хатарбыт” Маргарита Куличкина бастыҥ үөрэнээччилэрэ. Айылҕалыын алтыһарын сөбүлүүр  Сергей Николаевич Винокуров маҥнай утаа туризмы салайбыта, учууталлаабыта, куорат мээрэ буолта, билигин улуус баһылыгынан хаһыс да төгүлүн талыллан  үлэлиир. Оҕо спортоскуолатын дириэктэрдэрэ, Бүлүүнү соргулаахтык ааттаппыт, Саха сирин  биллиилээх спортсменнара, мас тардыһыытыгар уонна хапсаҕайга абсолютнай чөмпүйүөнэ, боксаҕа өрөспүүбүлүкэ чөмпүйүөнэ Иван Иванович Евсеев, хапсаҕайга  абсолютнай чөмпүйүөн Леонид Романович Николаев, билигин Өрөспүүбүлүкэ Адаптивнай киинигэр хабылык-хаамыска инструктора, оччолорго   Халбаакы оскуолатын физруга Элеонора Николаевна Николаева  уо.д.а. Маргарита Григорьевна сорудахтарын аккаастаабака, болдьоҕор толороллоро. Н.Г. Чернышевскай аатынан Бүлүүтээҕи педучилищеҕа физкультура уонна спорт салаатын өр сылларга салайбыт дьүөгэтинээн Мария Ивановна Абрамовалыын үгүстүк бииргэ тутуһан тэрээһин дьаһалларга сүүрбүттэрэ-көппүттэрэ. Спорткэмитиэккэ отучча сыл үлэлииригэр бэйэтин солбугун эрдэттэн бэлэмнээбитэ, ол курдук, Хампаттан ыҥырыллан кэлбит Гаврил Степанович Евсеев спорткэмитиэккэ уһуннук солбуйааччынан үлэлээн баран, салгыы уон түөрт сыл бэрэссэдээтэллээн кэллэ.

Эдэр-эрчимэн саастарыттан оскуолаҕа физруктуур сылларыттан саҕалаан, оройуон физкультураҕа уонна спорка кэмитиэтин кытта күн-бүгүнүгэр диэри бииргэ  үлэлэһэр.  Учууталлыыр маҥнайгы күннэриттэн “Чэбдигирии” кулуубу салайбыта. Сүүрүүнэн-хаамыынан, араас хамсаныыларынан дьарыктаммыттара. Маргарита Григорьевна дьону үтүө хамсааһыннарга түмэр, чэгиэн-чэбдик олох аргыстаах.

лыж 11 11

Сааскы сылаас, ылааҥы күннэргэ хайыһарынан ыраах айаннары тэрийэллэрэ. Историяҕа тиһиллэр Комсомол 60 сылыгар анаан Бүлүү-Хохочой-Бэрдьигэстээх-Дьокуускай хайысхатынан хайыһар десанын оҥорбуттара. Мэҥэ-Хаҥалас, Уус-Алдан, Үөһээ-Бүлүү ыччаттара кэлэн кыттыспыттара. Ый аҥаарыттан ордук кэмнээх айаҥҥа сылдьыбыттарын наһаа астына-дуоһуйа кэпсиир.  Аара, тыа сирин нэһилиэктэринэн тохтоон-өрөөн, кэнсиэрдээн, субуотунньуктаан, ол быыһыгар фермаларга  ынах ыаһан, ынах төрөтөн, мас тардыһыытыгар, хапсаҕайга, дуобакка, саахымакка, мээчик көрүҥнэригэр күрэхтэһэн, сорохтор ыарырҕатан, төннөөрү да гынналлар, өйөһөн, көмөлөлөсүһэн, ыраах айаннарын ситиһиилээхтик түмүктээбиттэрэ, үтүө өйдөбүл. Дьокуускайга тиийэннэр өрөспүүбүлүкэ хайыһарга спартакиадатыгар кыттыбыттара, чиэстэммиттэрэ-бочуоттаммыттара.kul 26 26 копия

Үөрэх салаатыгар уһуннук үлэлээбит, Саха Өрөспүүбүлүкэтин норуотун үөрэҕириитин үтүөлээх үлэһитэ, тапталлаах кэргэнэ Николай Петрович Куличкин хомолтолоохтук эрдэ олохтон туораан, Маргарита Григорьевна пенсияҕа тахсан баран, оҕолоругар, сиэннэригэр чугаһаан, Дьокуускайга кэлэн олохсуйан олорор. Үгэһинэн, дьарыга суох таах олорбот. Чэгиэн-чэбдик олоххо дьону дьарыктыыра өрөспүүбүлүкэҕэ тиийэ биллэр буолан, физическэй культура уонна маассабай спорт управлениетын начальнига Матвей Иванович Лыткин хаба тардан ылан, этии киллэрэн, Мира Григорьевна Шишигина дириэктэрдии олорон дэбигис үлэҕэ ылан, онтон салгыы, Анастасия Семеновна Михайлова начальниктаах Адаптивнай спорт киинигэр “Самородок” спорткомплекс саалатыгар “Чэбдигирии” бөлөҕү күн-бүгүнүгэр диэри салайар. Сүрүн девизтэрэ “Хамсаныы – олох төрдө!”. Сайынын алтынньы 1 күнүгэр диэри “Кыайыы болуоссатыгар “ сэрээккэлииллэр. Үксэ сааһырбыт кэрэ аҥардар. Быраастар, учууталлар, тыа хаһаайыстыбатын, культура үлэһиттэрэ уо.д.а. бааллар. Нэдиэлэҕэ иккитэ дьарыктаналлар. “Дыхание Стрельникова” оҥороннор астма, бронха, тыҥа ыарыылары аһардаллар. Ковиды чэпчэкитик аһардыбыттар. Иккилии чаас тыыныахха сөп, ону сүрүн өттүн көрдөрөн, өйдөбүлүн биэрэр, салгыы дьиэлэригэр дьарыктаналлар. Араас хамсаныыларынан сүһүөхтэрин-былчыҥнарын имитэллэр-хомуталлар. “Скандинавскайынан” хаамаллар, бассейҥҥа сөтүөлүүллэр, сауналаналлар. Айылҕаҕа тахсаннар сынньаналлар, үҥкүүлүүллэр, ыллыыллар-туойаллар, сүүрэллэр-көтөллөр. Олоххо интэриэстэрэ элбэх. 20-25 киһи куруутун сылдьар. “Кылаабынайа, “общениета”, сэлэһиитэ-кэпсэтиитэ, үөрүүтэ-көтүүтэ. Үчүгэй настарыанньа  ылаҕын. Бэйэбэр да үчүгэй, зарядката суох сатаммаппын”,- үөрэ-көтө сэһэргиир Маргарита Григорьевна.

fd8166ac a4eb 42a0 a022 ef9dac3dcedb

Бүлүүтээҕи кэмнэригэр, чэбдигириигэ аналлаах “Активисты женского физкультурного движения Вилюйской земли”, “25 лет клубу “Здоровье”, “Клуб “Здоровье” 30 лет вместе” брошюралары суруйталаан таһаартарбыта. Онуоха, наставнигын быһыытынан махтанар, сыаналыыр, Бүлүүгэ командировкаҕа тиийэ сырыттахха, аттыгар мэлдьитин баар буолар дьоһун киһи, дэлэй сэһэннээх-сэппэннэх Федор Федорович Павлов “өйөбүл-тирэх буолан, улаханнык көмөлөспүтэ, билигин биһи кэккэбитигэр суох, “барбыта” балтараа сыл буолла”,- диэн Маргарита Григорьевна курутуйан ылар. Дьокуускайга кэлэн уон сыл чэбдигирии бөлөҕүн салайан үлэлиир кэмигэр “Движение – залог активного долголетия”  бэртээхэй кинигэни суруйан таһаартардылар. Кинигэҕэ “Комсомольцы-добровольцы” ырыа матыыбынан чэбдигирии бөлөх ыллыыр гимнэ киллэриллибитэ болҕомтону тардар.kul 23 23

Маргарита Григорьевна баҕа санаата: “Физкультуранан уонна спордунан оҕо эрдэххититтэн дьарыктаныҥ, эккит-сииҥҥит үөрэнэн, улаатан истэххит аайы ылларан, сөбүлүүр буолан иһиэххит. Билигин хамсана сылдьарга талбытын барыта баар. Хамсана-имсэнэ сырыттаххытына  кыра ыарыыны халтарытыаххыт. Уһун үйэлэнии бэйэбититтэн тутулуктаах. Кытаатыҥ!”. Өрөспүүбүлүкэ спорка Музейын экспонаттара элбээннэр, ыскылаакка мунньуллан сыталлар, онон кэҥэтэргэ уонна Саха сирин спордун үйэтитиигэ үгүс сыратын биэрбит Валерий Пантелеймонович Кочнев аатын иҥэрэргэ этиилээх. 

Куличкиннар дьиэ-кэргэн уоллаах-кыыстаахтар, сиэннэрдээхтэр. Учууталлар династияларын Дьокуускай куорат 6 № оскуолатын дириэктэрэ Маргарита Николаевна салгыыр.

Баһылай Посельскай

Поделиться:

#Новости