Орто оскуоланы Ньурбаҕа бүтэрбитэ. Үтүөлээх тренер Николай Прокопьевич Ивановка тустуунан дьарыктанан, оҕолорго Россия “Спартагын” призера. Маастарга кандидат. 1996 с. Саха Өрөспүүбүблүкэтин “Бастыҥ миниистирэ”, “Барҕарыы фонда лауреата”, Россия үөрэххэ уонна наукаҕа Министиэристибэтиттэн түөскэ иилинэр бэлиэлээх, “Россия ыччакка политикатын Бочуоттаах үлэһитэ”, Саха Өрөспүүбүбүкэтин физическэй культураҕа уонна спорка Бочуоттаах үлэһитэ”, Саха Өрөспүүбүлүкэтин норуотун хаһаайыстыбатын үтүөлээх үлэһитэ. Үлэ бэтэрээнэ. Саха Өрөспүүбүлүкэтин бастакы Президенэ Михаил Николаевы кытта ыкса үлэлээбит бастакы кылаастаах государственнай сүбэһит.
Виктор Петрович олох бары эйгэтин анаарар, ырыҥалыыр ураты толкуйдаах, идеялардаах салайааччы. Россияҕа, Сойууска, аан дойдуга биллэр тустууктары бэлэмнээбит тренеригэр Николай Прокопьевич Ивановка такайыллан улааппыта. Николай Прокопьевич иитиллээччилэригэр олимпийскай чыпчааллары дабайар соругу туруорбат этэ, оҕолор эттэрин-сиинэрин алдьаппат, үрдүк таһымнаах педагог этэ диэн сыаналыыр.
Читаҕа армияҕа сулууспалыыр сылларыгар Виктор Ноговицын спортротаҕа бииргэ дьарыктаммыт уолаттарын үтүө тылларынан ахтар. Утарсааччыларын төбөлөрүн оройдорунан быраҕаттыыр айылҕаттан тустуук буолан төрөөбүт Владимир Андросовтан хапсаҕай мындыр албастарын өйдөөн хаалбыт. Илларион Федосеев хайа да бэйэлээх уһун этиилэртэн сүмэтин эрэ ылан, биир тылынан этэн кэбиһэр дьоҕурун сөҕөр. Илларион билиҥҥи тустууктар “Эттэринэн-сииннэринэн тоҥус, төбөлөрүнэн саха буолуохтаахтар” диэн эппитин, “билигин өйдөөтөхпүнэ нейропсихофизиология төрүттэрин эппит эбит”,- диир Виктор Петрович. Вячеслав Карпов чиҥ, көнө сүрүнүн, билиитин-көрүүтүн, Семен Макаров киһилии сымнаҕас майгытын, дьону сүөргүлээбэт сыһыанын, улуу тренер Д.П. Коркин чочуйан таһаартаабыт бөҕөстөрүн үтүө хаачыстыбаларыттан элбэҕи сүспүтэ.
Армияттан кэлэн, оҕо спортоскуолатыгар тренердээн эрдэҕинэ, тренерэ Николай Прокопьевич: “оҕолорго сыһыаныҥ үчүгэй, Москваҕа баран үөрэн”, - диэн сүбэлээбитэ. Ол да кэнниттэн, олоххо билиилээх-көрүүлээх дьону көрсөн, кинилэр этиилэринэн олохпун оҥостубутум диэн махтана саныыр.
1973-1977 сыллардаахха Москваҕа Ленин уордьаннаах физкультура институтугар туттарсан киирбитэ. Наука доктордара, профессордар үөрэтэллэрэ. Преподавателлэрэ тиийимтиэтик, өйдөнүмтүөтүк кэпсииллэрэ, кэниспиэктэтэллэрэ. Үөрэҕэр ылларбыта, сөбүлээбитэ. Үлүһүйэн туран физиологияны, анатомияны, антропомаксимологияны, спорт теориятын үөрэппитэ, лаборатория занятиеларыгар эти-сиини, сүрэҕи, былчыҥы чинчийэллэрэ, физиология, күрэс түһүлгэлэрин лекцияларын сэҥээрбитэ. Үчүгэйдик үөрэнэр, билиэн-көрүөн баҕалаах студены институтун декана аспирантураҕа хааллараары этэ сылдьыбытын дьиэ-кэргэнин балаһыанньатынан, уолун көрөөрү аккаастаммыта.
Үөрэҕин ситиһиилээхтик бүтэрэн, Дьокуускайга кэлэн культурнай-сырдатар училищеҕа физкультура преподавателинэн үлэтин саҕалаабыта. Үөлээннээхтэрэ бэлиэтии көрөннөр уһаппатахтара, Саха государственнай университетын физическэй иитиигэ кафедратыгар преподавателинэн анаммыта. Салгыы, идэтин үрдэтинэн Бүтүн Сойуустааҕы физическэй культура научнай-чинчийэр интитукка үөрэххэ ыыппыттара.
Хапсаҕайы дириҥник үөрэтэр сыаллаах-соруктаах, ССРС, РСФСР, Саха АССР үтүөлээх тренерэ Д.П. Коркиҥҥа анаан-минээн тиийэ сылдьыбытыгар, Дмитрий Петрович “тустууктар дьарыктанар нагрузкалара чинчийиллибэккэ турар, ону ылсыан этэ” диэн сүбэлээбитэ. Ону ылынан, кэккэ кэпсэтиилэр кэннилэриттэн, Олимпийскай чөмпүйүөннэр, дойду сүрүн тренердэрэ Иван Сергеевич Ярыгины, Валерий Максимович Онопконы, Роман Михайлович Дмитриеви кытта бииргэ үс сыл научнай чинчийээччинэн үлэлэспитэ. ССРС көҥүл тустууга сүүмэрдэммит хамаандатыгар күннэтэ үлэлэһэригэр “күөх уот” тыкпыта. Улахан специалистар, учуонайдар лекцияларын истибитэ. Сборнай тренердэрэ бары көмөлөспүттэрэ. Тустууктар сүрэхтэрин нагрузкатын сиһилии чинчийэн үөрэппитэ. Сүрэх былчыҥа улахан нагрузкаҕа 18 төгүл уларыйар хаамыытын туһанан эппиэттэх күрэхтэһиигэ эдэр бөҕөстөрү бэлэмниир былаанынан дьарыктаммыта. Виктор Петрович научнай-чинчийэр үлэтэ практикаҕа үтүө түмүктээх буолбута. Сүүмэрдэммит хамаанда бөҕөстөрө Болгарияҕа норуоттар икки ардыларынааҕы турниртан уон мэтээлтэн уон мэтээли икки сыл аҕалбыттара, ол иһигэр, алта, сэттэ кыһыл көмүс. Хамаандаҕа хааллараары этэ сылдьыбыттарын дойдутун тыына тардан, ылымматаҕа. 1988 с. «Структура нагрузок соревновательного характера в годичном цикле подготовки квалифицированных борцов» диэн тиэмэҕэ кандидатскай диссертацияны ситиһиилээхтик көмүскээбитэ.
СГУ кафедратыгар үлэтин салҕаабыта. Кэлээт, 40-ча тренердэри мунньан кандидатскай үлэтин сүнньүнэн кэпсээбитэ. Улаханнык ылымматахтарыттан хомойбута. Айар дьоҕурдаах Петр Иванович Кривошапкин уонна Михаил Степанович Скрябин сэҥээрбиттэр эрэ этэ, кэлин министерствоҕа үлэлэрэ үтүө түмүктэрдээх буолбутуттан, үөрэр, астынар, бииргэ үлэлээбит дьонугар махтанар, “дааннайдардаах” спорт дьиҥнээх специалистарынан, тренердэринэн ааҕар. “Тренер чопчу бэйэтин эрэ үлэтин хайысхатынан айымньылаахтык үлэлиэхтээх. Атыҥҥа, коммерцияҕа, булка-алка, онтон да атын көрүҥнэргэ аралдьыйыа суохтаах. Хас да дьарыктаах, санаатын атыҥҥа аралдьытар киһи биир эйгэҕэ улаханы ситиспэт диирэ оруннаах. Д.П. Коркин тустууттан, Н.Н. Кычкин дуобаттан халбарыйбакка, олус бэриниилээхтик үлэлээннэр иитиллээччилэрэ баһырхай, сүдү ситиһиилэрдээхтэр, Олимп, аан дойду чыпчаалларын дабайбыттара”,- диэн бигэтик этэр.
Россия чөмпүйүөнэ хапсаҕайдьыт Петр Еремеевич Алексеевы кытта саха хапсаҕайын албастарын тустарынан иҥэн-тоҥон кэпсэппитэ. Спорт историятын үөрэтиинэн дьарыктанар Валерий Пантелеймонович Кочневы, Майаҕа спорт музейын тэрийбит, 40 саха төрүт оонньуулара баалларын билиһиннэрбит Иннокентий Тихонович Васильевы кытта көрсүтэлээбитэ, санаа атастаспыта. Өрөспүүбүлүкэ спорка кэмитиэтин бэрэссэдээтэлэ Степан Спиридонович Татаринов ыҥыран ылан кэпсэппитигэр, спорт национальнай оонньууларын, былыргы төрүттэрбит дириҥ өйдөбүллээх дьоннор буолалларын, киһи кутун-сүрүн күүһүрдэр саха оонньууларын, боотурдары иитэргэ киэҥ далааһыннаах үлэни ыыппыттар эбит диэн кэпсээбитигэр, научнай практическай конференцияны ыытарга сорудах ылбыта. Спорткэмитиэккэ солбуйааччы бэрэссэдээтэлинэн үлэҕэ ылыллыбыта. Киэҥ ыҥырыылаах Норуоттар икки ардыларынааҕы научнай-практическай конференцияны 1990 сыллаахха үрдүк таһымҥа тэрийэн ыыппыттара. Үгүс сиртэн кэлбиттэрэ. Дакылааты Виктор Ноговицын оҥорбута. Делегаттар спорт национальнай көрүҥнэрин сөргүтүүнү улаханнык сэҥээрбиттэрэ, ис-сүрэхтэриттэн ылыммыттара. Этиилэр киирбиттэрэ. Итинтэн сиэттэрэн, Саха сирин физическэй культураҕа уонна спорка үлэһиттэрин 1-кы сийиэһэ 1991 с. ыппыттара. Физкультура уонна спорт Сокуона ылыллыбыта. Өй-санаа түмсүүтэ үөскэтиллибитэ.
Петр Егорович Попов Спорткэмитиэккэ бэрэссэдээтэллиир кэмигэр Министиэристибэ тэриллибитигэр Виктор Петрович Ноговицын миниистир солбуйааччытынан анаммыта. 1992 с. Барселонатааҕы сайыҥҥы Олимпийскай оонньуулары тиийэн көрүү, Олоҥхоҕо майгынныыр сабыллыыта, далааһыннаахтык, киэҥ хоннохтоотук үлэлииргэ көдьүүһү биэрбиттэрэ.
Ханнык баҕарар далааһыннаах хамсатыылаах үлэ чаҕылхай идеяттан саҕыллар. Идея диэн Виктор Петрович быһаарарынан – идэҕэр үлэҥ сүнньүн тутан түмүгүн көрүү. Көннөрү киһи аахайбакка да хаалыан сөптөөх бэрт кыра түгэнтэн улахан боппуруоһу үөскэтэр уонна ол түгэни дьыалаҕа кубулутан, олоххо киллэртэрэр дьүккүөрдээх. Биир сайын футболга өрөспүүбүлүкэ чемпионата тирээн кэлбитигэр, ардах курулаччы түһэн “Спартак” стадиона ууга барар кутталламмытыгар, сүрүн тренер Анатолий Михайлович Самковы кытта хас да тренер буоланнар түүннэри ууну хорбуттара. Ол сылдьан, миниистири солбуйааччы “хаһааҥҥа диэри мас тырыбыналаах, кумах-гравий суоллаах стадионнанабытый?!” ,- диэн өй киирэн, саҥа стадион, спорт дыбарыастарын тутар наадатын тобулбута. Олимпийскай эрэл училищета үлэтин саҕалыыр. Юрий Петрович Баишев начальниктаах спорка үрдүкү маастарыстыба Управлениета тэриллэр. Виктор Ноговицын, Михаил Друзьянов этиилэрин ыланан миниистир Петр Егорович Попов Иннокентий Григорьевы, Иннокентий Говоровы Арктическай оонньууларга командировкалаабыта, элбэҕи билэн-көрөн кэлбиттэрэ. Сыаллара-соруктара Хотугу Форум иһинэн Арктика университетарын студеннарын национальнай оонньууларыгар күрэхтэһии тэрийиитэ этэ.
Ити кэмҥэ, Саха АССР бирисидьиэнэ Михаил Ефимович Николаев 1993 сыллаахха ырааҕы анааран көрөр үлэһити Виктор Ноговицыны ыҥыран кэпсэппитэ, тургуппута. Ыччат, спорт, туризм миниистиринэн анаабыта.
М.Е. Николаев Хотугу форум мунньахтарыгар барарыгар делегация састаабыгар Виктор Ноговицын куруутун баар буолара. Ол сылдьан президен сорудаҕынан Анкридж куоракка Хоту дойдулар университеттарын икки ардыгар Арктические спортивные игры диэн ааттаах хотугу норуоттар национальнай оонньууларыгар күрэхтэһии тэрийэргэ дакылаат оҥорбута. Форумҥа туризмы сайыннарыы боппуруоһун көтөхпүтэ. Кэскиллээх сайдыы тутуулары ыытыыттан тутулуктааҕын, киин куоракка аан дойдутааҕы стандаарка эппиэттэһэр стадион, спорт дыбарыастара наадаларын туһунан тыл эппитин Михаил Ефимович сөбүлүү истибитэ, ылыммыта.
Үлэтин сүнньүнэн, Саха Өрөспүүбүлүкэтин Президенинэн буолбут Михаил Ефимович Николаевка үгүстүк киирэн ыччат, спорт сайдыытын тула элбэхтик кэпсэтэллэрэ. Виктор Петрович Саха сиригэр комсомол идеологиятын туһаммыт киһинэн биллэр. Саха үгэстэрин тилиннэрии, эти-сиини, өйү-санааны, куту-сүрү чэбдигирдии үлэтэ, үөрэҕинэн бэйэни сайыннарыы боппуруоһа турбута. Ыччат I Конгреһа көҕүлэнэн ыытыллыбыта, элбэх ыччат-дьон кэскиллээх тыл эппитэ. Правительство ыччаты кытта үлэлиир программа ылыммыта. Оҕо-аймах оруола үрдээбитэ. Саха Өрөспүүбүлүкэтин Президиэнэ М.Е. Николаев оҕо уонна ыччат сылын биллэрэр туһунан Ыйаахтара тахсыбыттара. Болҕомто күүһүрэн, аан дойду, Европа, Азия чөмпүйүөннэрэ тахсыталаабыттара. Урутаан эттэххэ 130-ча Аан дойду, Европа, Азия кыайыылаахтара 18 спорт көрүҥэр үөскээбиттэрэ. Саха ыччата промышленноска үлэлиир буолбута. Саҥа олоҕу тутуу политиката үөскэтиллэн, сайдыы суолугар туруммуттарга, баҕалаахтарга сөрү-сөп түбэспитэ. Былаас, систиэмэ уларыйыытыгар тахса сылдьыбыт ыһыллыы-тоҕуллуу намыраабыта. Олох көммүтэ, көнө сүнньүн булбута.
Президент өйөөһүнүнэн Дьокуускайга физкультура уонна спорт института тэриллибитэ.
Олимпийскай хамсааһын төрүттэммитэ 100 сылын көрсө туох-ханнык дьаһаллары ыыталларын ырытыспыттара, сүбэлэспиттэрэ. Үтүөлээх тренер Николай Николаевич Кычкин дуобакка Азия оҕолорун күрэхтэһиилэрин ыытар санаалааҕын истэн-билэн, Норуоттар икки ардыларынааҕы "Азия оҕолорун" Спортивнай оонньууларын ыытары торумнаабыттара. Россия Олимпийскай Кэмитиэтин вице-президенэ Владимир Сергеевич Родиченко сүбэлээн-амалаан көмөлөспүтэ. Саха сирин спорка балтараа сүүс киһилээх делегацията Атлантатааҕы Олимпийскай оонньуулары тиийэн көрбүтэ, оһуохайдаан, аал-уот оттоон арчылаабыттара. Юрий Петрович Баишев, дуобат федерациятын толорооччу дириэктэрэ Иннокентий Михайлович Андросов сүүрэн-көтөн, уот ылан лаампаҕа аҕалбыт уоттарын "Азия оҕолорун" Спортивнай оонньууларын аһыллыытыгар көгүл тустууга Россия оҕолорун абсолютнай чөмпүйүөнэ Коля Чукров уматар чиэскэ тиксибитэ. "Азия оҕолорун" оонньуулара аан дойду суолталаах бэртээхэй бырааһынньыкка кубулуйбута. 1996 с. Дьокуускайга ыытыллыбыт I "Азия оҕолорун" оонньууларыгар аҕыс дойду хамаандалара кэлэн күрэхтэспиттэрэ. Боксаҕа Георгий Балакшин, тустууга Леонид Спиридонов Оонньуулар геройдарынан буолбуттара. “Азия оҕолорун” Спортивнай оонньуулара аан дойдуга улахан сэҥээриини ылбыттара. Онон Олимпийскай хамсааһын 100 сыла Саха сиригэр дьоһуннук бэлиэтэммитэ.
Спортивнай быраастар Дмитрий Семенович Тимофеевы уонна Дмитрий Иннокентьевич Шарины кытта кэпсэтиилэргэ хоту дойду оҕолоругар гиподинамия баара биллибитэ. Сүрүн төрүөтүнэн оҕолор уһун тымныыттан хаайтараннар оскуолаҕа, дьиэлэригэр олороллоро, аанньа хамсамматтар-имсэммэттэрэ 18 чааска тиийэр диэн буолбута. Инньэ гынан, физкультура уруогун элбэтэргэ, оҕолор ороскуоттуур сэниэлэрэ 4000 ккал диэри үрдэтэргэ Президент Ыйааҕа тахсыбыта. Эдэр спортсменнары иҥэмтэлээх аһынан хааччыйар сыаллаах-соруктаах Юрий Баишевтыын Дьааҥыга куобах булдун тэрийбиттэрэ. Мэҥэ-Хаҥаластар бачыымнарынан тутуулары ыытарга өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн "2000 Үтүө дьыалалар" хамсааһыннара тэриллибитэ. Тыа сиригэр уонна куораттарга 110 спорт обьектара тутуллубуттара, спортивнай саалалар, стадионнар баар буолбуттара. Физкультура уонна спорт маассабаһа үрдээһинигэр кыахтар үөскэтиллибиттэрэ.
Спорт көрүҥнэринэн федерациялар үлэлэрэ сүрүннэммитэ. Өрөспүүбүлүкэ Президенэ Михаил Николаев тустууну, бырабыыталыстыба, миниистирдэр Руслан Шишков саахыматы, Альбина Поисеева остуол тенниһин, Василий Власов баскетболу, салайбыттара. Бырабыыталыстыба бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Егор Борисов кикбоксины салайар сылларыгар аан дойдуга тиийэ ситиһиилэр кэлбиттэрэ. “Сахаада-спорт” тэриллэн, А.Н. Ким-Кимэн күн-бүгүнүгэр диэри президенниир. Александр Керемясов, Яков Сивцев көҕүлээбит “СахаВА” волейбола өйөммүтэ. Мас тардыһыытыгар уларыта тутуу таһаарыллыбыта. Өбүгэ оонньуулара өрө тутуллубуттара. Омук дойдуларын сэҥээриилэрин ылбытара. Владимир Ильич Птицын, Иван Михайлович Андросов салайыыларынан дуобакка улахан хамсааһын таһаарыллыбыта, тренер Николай Николаевич Кычкин үлэтэ үтүө түмүктэрдээх буолбута, аан дойдуга тахсыы саҕаламмыта. Птицын Владимир Ильич сахалартан бастакынан Аан дойду дуобатын салайар таһымҥа тахсыбыта.
Виктор Петрович улахан суолтаны наукаҕа биэрэр. Спортсменнар аһылыктарыгар, тугу аһыылларыгар болҕомтону уурар. Манна учуонай быраас Владимир Григорьевич Кривошапкин киһи куртаҕар таба этэ 40 мүнүүтэнэн, сылгы этэ 3,5, ынах этэ 6 чааһынан сэниэҕэ кубулуйалларын туһунан научнай арыйыытын аҕалар. Ханнык баҕарар эйгэҕэ науката суох тугу да гыммаккын диэн этэр. Эдьигээҥҥэ тустууга аналлаах спортоскуоланы тэрийэри, үчүгэй специалистары, тренердэри ыытан үлэлэтэр этиилэрдээх.
Спорт национальнай көрүҥнэригэр үлэлэрдээх, ыстатыйалардаах. Сатабыллаах буолууну биэрэр, мэйии 70% тарбах сайдыыта, ол эбэтэр хабылык-хабысха баар буолан, дуобат эйгэтин таҥара таайдарыттан былдьаатыбыт диэн этэр. Сүр күүһүн өйү кытта дьүөрэлиир саха оонньуулара, хапсаҕай көрүҥнэрэ орто үөрэхтээһин оскуолаларыгар киирэллэригэр баҕалаах. Саха балаҕанын сэттэ сыл үөрэтэн, балаҕан аанын, буор муостатын, көмүлүөк оһоҕун суолталарын туһунан, сахалар айылҕаҕа сүгүрүйэрбитигэр, итэҕэллээхпитигэр тиийэ ураты көрүүлэрдээх, өйдөбүллэрдээх.
Михаил Ефимовичтыын 1993-2011 сылларга бииргэ, ыкса үлэлэспитэ. Элбэх оҥоһуллубута. Оҕо этэ-сиинэ, өйө-санаата сайдыытыгар туһуламмыт үлэлэр бааллар. Оҕо иитин кэҥэтэр программа суоҕун бэлиэтиир, уһуйуу, үөрэтии, такайыы программалара оскуолаҕа суохтара саха сайдыытын атахтыыр диир. Ол киирдэҕинэ биһи сахалар аан дойду омуктарыгар тэҥнэһэр балаһыанньалаах буолуо этибит. Саха сиригэр билигин сүрдээх элбэх киһи кэлээри турар. Тоҕо диэтэххэ, сирбит баайа элбэх. Ол дьону кытта күөттэһэр билиибитинэн, үлэбит тэтиминэн, өйбүтүнэн-санаабытынан пока кыахпыт суох. Оҕолорбут, сиэннэрбит, кэлэр көлүөнэ ыччаттарбыт үлэтэ суох хаалар кутталлаахтар. Онон, үөрэх олохтоохтук сайдарыгар баҕа санаатын биллэрэр.
Билигин туризмынан дьарыктанар. Саха төрүт үгэстэрин олоххо киллэрэр. Элбэх кинигэлэрдээх, ыстатыйалардаах. М.Е. Николаев итэҕэлигэр киирбититтэн астынар, бэйэтин үлэнэн дьоллооҕунан ааҕынар. Политика сөптөөхтүк ыытыллар буоллаҕына үлэ да тахсыылаах буоларын бэлиэтиир.
Баһылай Посельскай