Саха АССР культуратын үтүөлээх үлэһитэ, ССРС физическэй культуратын туйгуна, Россия “Урожай” обществотын бочуоттаах чилиэнэ Афанасий Кирикович Софронов уонна Саха АССР үтүөлээх учуутала, ССРС, РСФСР, Саха АССР, үтүөлээх тренера, «Бочуот знага» уонна “Өктөөп Өрөбөлүүссүйэтин» уордьаннар кавалера, “Саха Сирин ХХ үйэ киһитэ» бэлиэ хаһаайына Дмитрий Петрович Коркин 95 үбүлүөйдээх сылларын түмүктүүр үөрүүлээх дьаһаллара Чурапчыга үрдүк тэрээһиннээхтик ыытылыннылар. Аҕам саастаах спорт ветераннара үөрүүлээх дьаһаллары киэргэттилэр.
Дьоһун дьаһаллар
Ыаллыы сытар Амматтан улуус баһылыгын солбуйааччы Ньургуйаана Ивановна Илларионова салайааччылаах, Афанасий Кирикович кыыһа Лена Афанасьевна, балтылара, сиэннэрэ, өрөспүүбүлүкэ спордун үйэтитиинэн дьарыктанар Михаил Васильевич Алексеев, Мэҥэ-Хаҥаластан марафон маастара, өрөспүүбүлүкэ рекордсмена Афанасий Илларионов уо.д.а. кэлбиттэр. Үөрүүлээх дьаһал “Боотур Уус” стадиоҥҥа киирии ааркатын таһыгар турар А.К. Софронов бюст-памятнигар сибэкки дьөрбөтүн уурууттан саҕаланна.
Улуус спордун историятын үөрэтиинэн дьарыктанар, Д.К. Коркин иитиллээччитэ, физкультура учууталынан, үөрэх-спорт эйгэлэригэр тэрийэр-салайар үлэлэргэ үлэлээбит Виктор Семенович Дьяконов “Чурапчы – бу дьоллоох түһүлгэ” кинигэтин сүрэхтэниитэ “Айылгы” культура-сынньалаҥ киинигэр истиҥник-иһирэхтик ааста, спорт сайдыытыгар кылааттарын киллэрбит ветераннарга кинигэлэр бэлэхтэннилэр. Үгүс киһи махтал тыллары эттэ. Кинигэ физкультурнай хамсааһын 100 сылын бүтүннүүтүн хабар, физкультурнай хамсааһыны төрүттэспит дьон тустарынан, архыыптан ылыллыбыт докумуоннардаах, хаартыскалардаах, А.К. Софронов, Д.П. Коркин үлэлэрэ, турнирдар, Чурапчы салаайааччылара, өрөспүүбүлүкэ спордун салайбыт А.К Софронов, М.Д. Гуляев, А.П. Керемясов, М.Д. Друзьянов, Г.Г. Сивцев; өрөспүүбүлүкэ спорка федерацияларын салайбыт Е.А. Борисов, А.И. Федотов, А.И. Поисеева, И.К. Макаров, М.Д. Гуляев, М.Н. Матвеев, А.И. Попов, В.И. Чичигинаров, И.М. Гурьев; өрөспүүбүлүкэ сүрүн тренердэринэн үлэлээбит П.М. Стасов, П.П. Харитонов, А.Е. Феофанов, В.П. Керемясов, В.Н. Кириллин, А.С. Оконешников, С.А. Захаров, Е.Т. Пономарев; Чурапчы спортивнай оонньуулары, көҥүл тустууга “Ветеран сулустар” түһүлгэни, Манчаары оонньууларын ыытыылара, кыттыылара киллэриллибиттэр. Спорт инники көлүөнэлэрин дьоно кэлэннэр элбэҕи ахтан-санаан аастылар, махталларын биллэрдилэр.
Эбиэттэн киэһэ буолбут үөрүүлээх түгэҥҥэ “Айылгы” көрөөччүлэргэ аналлаах саалата урукку уонна аныгы спортсменнарынан туолла. Физкультура уонна спорт 100 сыллаах сайдыытын туһунан дириҥ ис хоһоонноох дакылааты улуус спорка кэмитиэтин бэрэссэдээтэлэ Дьулустаан Егоров оҥордо. Улуус баһылыга Степан Саргыдаев, улуус депутаттарын сэбиэтин бэрэссэдээтэлэ Яков Оконешников, Саха Өрөспүүбүлүкэтин физическай культураҕа уонна массабай спортка управлениетын начальнига Роман Оконешников, Саха Өрөспүүбүлүкэтин спорка солбугу бэлэмниир киин салайааччытын э.т. Александр Андреев,
Саха Өрөспүүбүлүкэтин спорка бэтэрээннэрин сэбиэтин бэрэссэдээтэлэ Гаврил Сивцев, Чурапчы улууһун спорка бэтэрээннэрин сэбиэтин бэрэссэдээтэлэ Герасим Платонов, баһылыктар ассоциацияларын бэрэссэдээтэлэ, Чурапчы нэһилиэгин баһылыга Владимир Сивцев, нэһилиэктэр баһылыктара эҕэрдэлээтилэр, наҕараадалары туттардылар.
1960-1970 сс. оройуон күүстээх теннисиһэ, волейболиһа, тэрийээччитэ-салайааччыта, Саха Өрөспүүбүлүкэтин үтүөлээх учуутала, РСФСР норуотун үөрэҕириитин туйгуна Виталий Михайлович Неустроев, остуол тенниһигэр, волейболга өрөспүүбүлүкэ сүүмэрдэммит хамаандатын хапытаана,
өрөспүүбүлүкэ норуотун хаһаайыстыбатын үтүөлээх үлэһитэ Альбина Поисеева, өрөспүүбүлүкэ саха многоборьетыгар федерациятын президенэ,
«Прогресс» ХЭТ генеральнай дириэктэрэ, меценат Алексей Пинигин кэлбит ыалдьыттар, ветераннар ааттарыттан харда эҕэрдэ тыллары эттилэр.
Физкультураҕа уонна спорка үрдүк көрдөрүүлэрдээх оҕунан ытыы федерацията “Бастыҥ федерация” (сал. Александр Дьяконов), охчуттар Эльвира Ефимова, Александр Дьяконов, Гаврил Яковлев; Болугур нэһилиэгиттэн Денис Третьяков “Бастыҥ инструктор”; Чурапчы орто оскуолатыттан Владислав Кривошапкин “Бастыҥ физкультура учуутала” ааттары ылаттаатылар.
2023 сыл түмүгүнэн “Уон бастыҥ спортсменнара”: Бүтүн Россиятааҕы, Аан дойдутааҕы турнирдар кыайыылааҕа, призера, Чурапчытааҕы физкультура уонна спорт институтун 4 курсун студена Константин Капрынов, тренерэ Егор Терентьевич Пономарев; остуол тенниһигэр өрөспүүбүлүкэ чөмпүйүөнэ, Бүтүн Россиятааҕы турнирдар хас да төгүллээх кыайыылааҕа, призера Ольга Тихонова, тренерэ Светлана Николаевна Башарина; көҥүл тустууга Бүтүн Россиятааҕы уонна норуоттар икки ардыларынааҕы турнирдар кыайыылаахтара, призердара, Чурапчытааҕы физкультура уона спорт институтун 3 курсун студена Олег Фомин, тренерэ Иннокентий Семенович Посельскай; хотугу многоборьеҕа Россия спордун маастара Михаил Соловьев, тренерэ Альберт Федорович Иванов; төрүт оҕунан ытыыга Манчаары оонньууларын чөмпүйүөнэ, Бүтүн Россиятааҕы турнирдар призера, өрөспүүбүлүкэ чөмпүйүөнэ Эльвира Ефимова, тренерэ Павел Константинович Попов; волейболга Дальнай Восток үрүҥ көмүс призера, Росссияҕа бастыыр иһин күрэхтэһии кыттыылааҕа, өрөспүүбүлүкэ турнирдарын кыайыылааҕа, призера Альберт Корякин, тренерэ Альберт Павлович Бродников; олорон эрэ волейболга өрөспүүбүлүкэ күрэхтэһиилэрин кыайыылааҕа, призера Анна Заровняева, тренерэ Афанасий Эдуардович Кузьмин, дуобакка Россия уонна аан дойду спордун маастара, “64” уонна “100” дуобакка Россия призера, аан дойдутааҕы спорт маастара Аяника Колодезникова, тренерэ Николай Николаевич Кычкин-II; гиирэ спордугар “Сахаада” маастара Мая Брызгалова, тренерэ Василий Николаевич Дьячковскай; национальнай многоборьеҕа өрөспүүбүлүкэ турнирдарын призера Юрий Копырин, тренерэ Владимир Владимирович Абрамов спорт лауреаттарынан буоллулар.
Улуус комплекснай спартакиадатыгар Хадаар, Төлөй, Кытаанах кыра нэһилиэктэргэ, Чурапчы, Болугур, Хоптоҕо улахан нэһилиэктэргэ, туһааннааҕынан, бастакы, иккис, үһүс миэтэлэргэ тигистилэр уонна спортивнай имбэнтээр ылыналларыгар 100-түү тыһыынчалаах сэртэпикээттэринэн наҕакраадаланнылар.
Бастыҥнар кэпсииллэр
Үбүлүөйдээх дьаһаллар кыттыылаахтара санааларын кытта үллэһиннилэр.
Маҥнайгы көлүөнэ охчут, П.М. Стасов иитиллээччитэ, Манчаары спартакиадатын абсолютнай кыайыылааҕа, Дальнай Восток үс төгүллээх кыайыылааҕа, ССРС “Урожайын” чөмпүйөҥкэтэ, Саха Өрөспүүбүлүкэтин доруобуйатын харыстабылын уонна фармация туйгуна Ульяна Морфунова лоп-кудук үбүлүөйдээх 75 сааһын туолан, үөрүүтэ улахан: “Бүгүн миэхэ дьол түгэнэ. Оскуолаҕа үөрэнэ сырыттахпытына биһи оҕолор, Павел Михайлович таһаарбыт биллэриитинэн оххо кэлбиппит. Украинаҕа оҥоһуллар охторунан, дюралевай оноҕосторунан дьарыктаммыппыт. Бурятиялар ох сайдыытыгар улахан өҥөлөөхтөр. Павел Михайлов, ол курдук, Даши Эрденеевтиин доҕордоһоллоро, сылдьыһаллара, оҕунан ытыы техникатын көрдөрөллөрө. Украинанан, Бурятиянан күрэхтэһэрбит. Кеглини ытарбын наһаа сөбүлүүрүм. Спорт киһини түмсүүлээх, хамаанданан сыһыаны, таһаарыылаах үлэһит оҥорор, бириэмэҕин сыаналыырга үөрэтэр. Үбүлүөй наһаа үчүгэйдик тэрилиннэ, салайааччыларбыт Степан Анатольевич, Яков Павлович киһиэхэ үчүгэй эрэ санааны биэрэллэр, үлэлэрэ-хамнастара да оннук. Махтанабын!”
Россия физик-учууталларын куонкурустарын кыайыылааҕа, боксаҕа өрөспүүбүлүкэ чөмпүйүөнэ, аҕыйах хонуктааҕыта традиционнай оҕунан ытыыга Россияҕа чөмпүйүөнүн үрдүк аатын ылан кэлбит Гаврил Михайлович Яковлев: “Өтөрдөөҕүтэ оройуон спартакиадаларыгар, ыһыахтар түһүлгэлэригэр сөҕө-махтайа көрбүт убайдарбыт, эдьиийдэрбит күрэхтэһэ сылдьаллара харахпытыгар бу баар курдук көстөллөр. Спорт диэн киһиэхэ улахан туһалааҕын өйдөөн кэлэҕин. Оҕунан ытыы биһиэхэ, сахаларга, чугас эбит диэммин, дьарыктаммытым үс сыл буолла. Сүрдээх үчүгэй кэлэктиипкэ түбэһэммит, ох оҥорор дьону буламмыт уонна дьиэбэ-уоппар эмиэ үчүгэй усулуобуйа баар буолан, сарсыардаттан киэһэ хойукка диэри дьарыктанабын. Быраастар “сынньаныан этэ” диэхтэригэр диэри дьарыктаммытым. Бэлэмим үчүгэй буолан, Россияҕа кыайыыга эрэллээх барбытым. Былырыын Россияҕа төрдүс буолбутум. Саамай ыарахан киирсиим финал ¼ бииригэр буолла. Жаргалов диэн Забайкальеттан сылдьар былырыыҥҥы чөмпүйүөн, бурят маастарыныын тэбис тэҥҥэ кииристибит. Ахсааммыт тэбис-тэҥ - 2:2, 3:3, 4:4, 5:5. Инньэ гынан, биирдии оноҕоһунан “перестрелка” диэни оҥордулар. Ытарга 20 сөкүүндэ биэрэллэр. Киһим уопуттаах баҕайы киһи, билэр, кириһин тардан баран турар. Мин кини хаһан ытарын кэтэһэбин. Бастакы ытар киһиэхэ ыарахан буолара биллэр. 6 сөкүүндэ хаалбытыгар ыһыы-хаһыы бөҕө буолла. Мин охпун да өрө көтөхпөккө турабын. Кэлин, Жаргалов этэр: “Алта сөкүүнэ хаалбытыгар киһим оҕун да ылбакка турарыттан соһуйаммын, хайдах эрэ долгуйдум, кыһыйдым уонна ыллым да, ытан кэбиспитим, “9” түспүтүгэр үөрдүм”,- диир. Кыайдым дии санаан, үөрэн, баран истэҕинэ, аны мин ытабын. Оҕум “10” түһэр! Оо, дьэ, ыһыы-хыһыы бөҕө оргуйа түстэ!!! Адьас, дьон бары “Старик – машина!”, “Компьютер!”, “Робин Гуд якутский!”, “Титаник!” дии-диилэр ыһыы-хаһыы бөҕөлөр. Онтон, арыый да уоскуйан, финалга холкутук киирсэн бастаатым”.
Волейболга өрөспүүбүлүкэ “Урожайын” чөмпүйүөнэ, гиирэ спордугар, мас тардыһыытыгар, атах оонньуутугар “баардааҕын” биллэрбит, “Чэбдигирии” кулууп салайааччыта, Саха Өрөспүүбүлүкэтин физическэй культураҕа уонна спорка үтүөлээх үлэһитэ Захар Иванович Федоров: “Ис сүрэхтэн тэриллибит үбүлүөй хаһан баҕарар үчүгэй буолар. А.К. Софронов кэлиэҕиттэн физкультура уонна спорт күүскэ сайдыбыта. Афанасий Кирикович баар буолан, биһи үрдүк кирбиилэргэ тиийдибит диэн сааһырбыт дьон бары билинэбит. Оччотооҕу оройуоммут салалтата И.П. Листиков, М.Е. Пермяков, Р.Р. Бурнашев, А.Е. Филиппов, В.М. Неустроев спорт туһугар наһаа да кыһаллаллара. Сүүрүк-быһый Иван Егорович Захаров саха киһитигэр кылбаҥнатан түһэн, туттан-хаптан сүүрэрин көрөр кэрэ да буолара! Оччотооҕу дьон биһиги ону көрбүт дьоллоохпут. Алексей Алексеевич Собакин атах оонньоон кыыраҥнатара үчүгэйин! Феофанов Егор Михайлович 1500, 3000, 5000 м абытай үчүгэйдик сүүрэн, тэппит атаҕын кубулуппакка биэтэккэ кэлэрэ үчүгэйин! Волейболга бырааттыы Григорий, Василий Оконешниковтар кыраһыабайдык оонньуулларын көрөөрү эмиэ дьоннор кэлэллэрэ, тоҕуоруһа мусталлара, ыалдьаллара. Спартакиаданы көрөн, ол өйдөбүлүнэн, окко киирии буолара, дьон таһаарыылаахтык үлэлиирэ. Кыһыҥҥы көрүҥнэргэ хайыһардьыт Иван Николаевич Попов курдук бэриниилээх тренер аҕыйах буолуо дии саныыбын. Тэрийэр, салайар үлэттэн олус тутулуктаах. Спорт киһиэхэ үчүгэйи эрэ биэрэр”.
Кытаанах Килэҥкитин курдук уһук тыа сириттэн буулдьанан ытыыга Россияҕа бастыыр, миэстэлэһэр ыччаттары таһаартыыр дьоҕурдаах общественнай тренер, история учуутала Николай Федорович Смирников: “Ытыы көрүҥэ саха хааныгар баар диэн санааттан бэйэм баҕа өттүбүнэн оҕолору дьарыктаан киирэн барбытым. Үлэ буолан баран күүрээннээх, эппиэтинэстээх. Оҕолорбун оскуолаҕа, сайынын лааҕырга дьарыктаан, баара-суоҕа 70 оҕолоох оскуолаттан кылгас кэм иһигэр аҕыс спорт маастарын иитэн таһаардым, ол иһигэр, Россия улахан дьоҥҥо Кубогын кыайыылааҕа, аан дойдутааҕы күрэхтэһии кыайыылааҕа, бэстилиэтинэн ытыы спордун маастара Николай Миронов, Дальнай Восток түөрт төгүллээх чөмпүйүөнэ Михаил Аржаков, Манчаары оонньууларын, Саха сирин норуоттарын спортивнай оонньууларын чөмпүйүөнэ, спорт маастара Уйусхаан Захаров, уо.д.а. ситиһиилэрдээх оҕолордоохпун. Ол аата, биһи сахалар, Олимпийскай үрдэллэргэ тахсыахтаахпыт диэн бигэтик эрэнэбин. Кыра хардыылар хааллылар. Билигин ытыы спордугар өрөспүүбүлүкэҕэ болҕомто ууруллан сир аайы ытыы комплекстара тэриллэллэр. Фанаттар бааллар. Буулдьанан ытыы хайаан да чыпчаалы дабайыаҕа”.
Атах оонньуутугар Манчаары спартакиадатын абсолютнай чөмпүйүөнэ, физкультура үтүөлээх учуутала, төрөөбүт-үөскээбит Чакырыттан харыс да халбарыйбакка олорон үүнэр көлүөнэ ыччаты эт-хаан өттүнэн ииппит Николай Николаевич Адамов ыйытыыларга хоруйдаата: “Оҕо эрдэхпиттэн кыайтарарбын сөбүлээбэт этим. Дирин оскуолатыгар П.С. Посельскай, И.Е. Захаров, Дьокуускай педучилищетыгар П.П. Готовцев, Н.А. Санников курдук үтүө дьоннорго дьарыктанаммын Манчаары чөмпүйүөнэ буолбутум. Спорт, атах оонньуута олоҕу дьоһуннук олорорго көмө буолар. Физкультура учууталынан Чакырбар пенсияҕа тахсыахпар диэри толору үлэлээтим. Оҕо илиитин-атаҕын былчыҥнарын сайыннарыы, эт-хаан өттүнэн толору бэлэмнээх буолуутун, бэйэтин кыанар, кыахтаах буолуутун хааччыйыы сыалын-соругун толорон кэллим. Ханнык баҕарар спорт көрүҥүнэн дьарыктанар, тулуйумтуо буолар. Киһиэхэ саамай күүһү-уоҕу биэрэр айылҕа буолар. Оҕону сылаас дьиэҕэ хаайар олох табыллыбат, онон айылҕаҕа таһаарыахха наада. Уолбун Каайы оҕо эрдэҕиттэн бэйэбин баһыйыа диэммин программалаан эрчийбитим. “Туйахпын хатарбытыттан”, бэйэбин баһыйбытыттан, үрдүк көрдөрүүлэриттэн үөрэбин. Салгыҥҥа элбэхтик хамсаныҥ, чөл олоҕу тутуһуҥ!”.
Үбүлүөйдээх дьаһаллар үтүө өйдөбүлү хааллардылар. Россия үтүөлээх тренерэ Н.Н. Кычкин эппитинии “Өҥ буордаах сииргэ бурдук хото үүнэр, үтүө дьонноох дойдуга спорт күүскэ сайдар!”.
Баһылай Посельскай