Биһиги көлүөнэ ааспыт үйэ 60-70 сылларыгар Саха государственнай университетыгар үөрэнэрбитигэр

спорт туругуран туран сайдыбыт кэмэ этэ. Студент-ыччат спордунан көхтөөхтүк дьарыктанара.  Факультеттар икки ардыларыгар күрэхтэһиилэр хото ыытыллаллара. Үлэлэригэр бэриниилээх тренердэр үлэлэрэ үтүө түмүктэрдээҕэ. Хайыһар көрүҥэ эмиэ киэҥник тэнийэн сайдыбыта. Разрядтаахтар элбээбиттэрэ, маастардар кэккэлэрэ хаҥаабыта.

Uni 14 

1969 сыл олунньу 12-15 күннэригэр Саха государственнай университетын студеннара  Пермь куоракка Дальнай Восток, Сибиир, Урал, Орто Азия уонна Казахстан V-c Универсиадатыгар хайыһарга күрэхтэспиттэрэ. Историческай факультетка үөрэнэр ССРС спордун маастара Семен Черноградскай 15 км уонна 30 км иккиэннэригэр чөмпүйүөннээбитэ, инженернэй-техническэй факультет студена Семен Прокопьев боруонса мэтээллэри ылаттаабыта, тыа хаһаайыстыбатын факультетыгар үөрэнэр Алексей Евграфов төрдүс уонна бэһис миэстэлэммитэ.  4х10 эстафетаҕа Алексей Прокопьев, Семен Черноградскай, Семен Прокопьев, Алексей Евграфов састааптаах хамаанда үһүс бириистээх миэстэҕэ тиксибиттэрэ. Студенка кыргыттар эмиэ бэккэ кыттыбыттара. Биологическай факультекка үөрэнэр Мария Крылова-Кулаковская 10 км үрүҥ көмүс, 5 км боруонса мэтээллэри ылаттаабыта, биолого-географическай факультекка үөрэнэр Мария Соловьева бэһис, алтыс, 4х5 эстафетаҕа кыргыттар хамаандалара иккис үчүгэй көрдөрүүлэммитэ. Хамаанданан түмүккэ Саха университетын эр дьоҥҥо хамаандатын хайыһардьыттара бастакы миэстэни ыланнар, Улахан Кубогынан наҕараадаламмыттара. Кыргыттар хамаандалара иккис миэстэлэммитэ. Саха сирин хайыһарга спордун историятыгар бастакы чаҕылхай уонна хатылана илик көрдөрүү ситиһиллибитэ. Хамаанданы тренер Ким Степанович Золотарев дьарыктаабыта. Чахчы, уһулуччулаах кыайыы этэ!

Дьэ, ити өрөгөй түгэнин кэнниттэн, лоп-курдук, 55 сыл ааста. Ити ааттаммыт хайыһардьыттартан үгүстэрэ, уолаттар өттө, хомойуох иһин, бүгүн биһиги кэккэбитигэр суохтар. Оччолорго, университет араас факультеттарын студеннарын хамаандатын хайыһардьыттара “Эллэй Боотур” Муус Дыбарыаһыгар баар спорка албан аатын Музейыгар көрүстүлэр, истиҥник кэпсэттилэр, ахтыһан-санаан ыллылар. Бэрт сэргэх, сэдэх түгэннэри иһитиннэрдилэр. Бары да эдэр-эмэн, эрчимнээх саастарыгар хайыһар спордун өрө туппут дьон.

Uni 4

Төгүрүк остуол тула олорон кэпсэтиини, 1969 сыллааҕы РСФСР Универсиадатыгар кыттыбыт СГУ хамаандатын чилиэнэ, 1967-1972 сылларга физико-математичекай факультет студена, хайыһарга Саха АССР ыччаттарга үрүҥ көмүс призера, билигин суруналыыс Филипп Петрович Пестряков көрсүһүүнү үүннээн-тэһииннээн, салайан ыытта. Хайдах-туох кыттыбыттарын кэпсээтэ, кыайыы суолтатыгар тохтоото, көрсүһүүгэ кэлэн олорор 1960-70 сылларга өрөспүүбүлүкэ күүстээх хайыһардьыттарын билсиһиннэрдэ, хардарыта тыл биэрэн истэ.

Uni 13

Семен Ильич Черноградскай - Универсиада үс төгүллээх  чөмпүйүөнэ, Саха сирин 26 төгүллээх чөмпүйүөнэ, хайыһарга ССРС спордун маастара. Хаартыскалары көрөдөрө-көрдөрө кэпсээтэ: “1969 сыл мин олохпор дириҥ суолу хаалларбыта. Тоҕо диэтэххэ, 1968 с. бүтэһигин юниордаабыт сылым этэ. Бүтүн Сойуустааҕы турнирга Камчаткаҕа ССРС сүүмэрдэммит хамаандатын хайыһардьыттарын кытта уҥа-хаҥас бырахсыы кэмэ баара, дойду улахан маастардарын кэнниттэн тохсус миэстэ буобутум. “Юниор ситиһиитэ” диэн хаһыакка таһаарбыттара. 1969 с. улахан дьоҥҥо тахсан, эппиэтинэс үрдээбитэ. Пермҥэ күүстээх састаабы кытта күрэхтэспиппит. Биир нэдиэлэ иннинэ, бастаан Красноярскайга стаартаан, олус үчүгэйдик күрэхтэспиппит. Онно Атос Кулаковскай тымныйан хаалан, Пермҥэ кыттыбатаҕа. Атос кыттыбыта буоллар, биһи Пермь күрэхтэһиитин лаппа баһыйыахтаах этибит. Кыргыттар эстафетаҕа кып-кыранан хотторон, иккис буолбуттара. Уолаттар үһүс буолбуппут. Атоспут баара буоллар, олох, бастакы миэстэ биһиэнэ буолуохтааҕа. Ити түгэн мин өйбөр сотору-сотору киирэн кэлэн аалар. Тоҕо тренербитигэр “Атоһу эстафетаҕа кытыннарар туһунан эппэтэхпиний”,- диэн. Атос бастакы этаабы олох кимиэхэ да биэрбэт этэ. Төһө да ыалдьа сылдьар буоллар, онно сүүрүө этэ диэн өйдөбүллээхпин. Дьэ, оччоҕо, биһи эстафетаны ыларбыт хаалбыта дуу, ким да өй укпата диэммин, ити түгэн билигин да миигин аалар. Олохпор саамай улахан ситиһиибинэн итини ааҕабын.

60 сааспар оҕолорум “Достигая мечты” (“Баҕа санааны ситэ сатаан”) диэн кинигэ суруйан таһаарбыттара. Бу кинигэҕэ саҕаланыытыттан бүтүөр диэри спорка олоҕум, ситиһиилэрим,  Саха сирин 14 сыл көмүскээбитим испииһэктэнэн, барыта сурулла сылдьаллар, 30 төгүл сылдьыбыт эбиппин, ол иһигэр, үс төгүл СГУ чиэһин көмүскээбиппин. Дьэ, ол “Баҕа санаабын ситэ” сатаан, саха киһитэ элбэх омуктары кытта күрэхтэстэхтэринэ, ортолоругар сылдьыахтара дуу, ортотуттан иннигэр, эбэтэр, кэннигэр сылдьыахтара дуу диэммин толкуй бөҕөҕө түһэр этим. Дьэ, ол толкуйум туолла. 50 сааспын туолан баран, Финляндияҕа тиийэммин 24 дойду марафонугар күрэхтэспитим. Онно биэс фин, биир швейцарец кэннилэриттэн сэттис буоламмын, аатым стадиоҥҥа туруоруллубутулахан электро-табло экраҥҥа  суруллан, уон киһиэхэ диэри суруллар, онтон уларыйан иһэр. Итини аан дойдуга да күрэхтэспиппинээҕэр улаханнык сыаналыыбын. Тоҕо диэтэххэ, ити сэттис миэстэ миэхэ улахан суолталааҕа. 1999 с. Россия хайыһардьыттара аҕыс международнай күрэхтэһиигэ кыттыбыттара. Олортон Чернов диэн Москва киһитэ Германияҕа алтыс буолбут. Инньэ гынан, аҕыс марафон тухары иккис көрдөрүү. Итинник сүүрээрибин 60 кыраадыс тымныыга дьарыктанар этим.

Спорка эдьиийдээх күтүөппүн батыһан кэлбитим. Эдьиийим Татьяна Черноградская Саха сиригэр 31 төгүл, күтүөтүм Борис 21 төгүл, кыыстара Наташа улаатан баран хайыһарга биэс төгүл чөмпүйүөннээбиттэрэ. Үһүөн холбоон 57 төгүл бастаабыт дьиэ-кэргэн. Аҕам 5-6 куобаҕы быһа тэбэн ылара, Нам Көбөкөнүгэр сүүрүк атыыры ситэн, сиэлиттэн харбаан тутара. Ийэм уон сэттэтэ оҕоломмута. Уоллара Россия иккис миэстэлээҕэ. Күтүөппүт тайаҕы үүтээнигэр үүрэн аҕалан охтороро.

Тус бэйэм 23 көрдөрүүлэрим (результаттарым) хатылана иликтэр, олортон биэһэ 55 саастарын туоллулар, олортон биирдэстэр Универсиада буолар. Ситиһиилэрбитин биһи киэн туттар баайбыт диибит. Бу мустан олорорбутуттан сүрдээҕин астынабын, дуоһуйабын! Оҕолорбут, сиэннэрбит билэ-көрө сылдьыахтара”.

Uni 6 6

Мария Семеновна Крылова-Кулаковская –физмат факультеты 1971 с. бүтэрбит педагогическай үлэ ветерана, Уус-Алдан Майаҕаһа, хайыһарга ССРС спордун маастара Атос Кулаковскай кэргэнэ: Биһи хамаандабыгырар уон киһи баарыттан Филипп Пестряков, Семен Черноградскай, Мария Соловьева, Альбина Корнилова уонна мин Уус-Алданнар этибит. Ол кэмнэргэ элбэх традициялаах, ситиһиилэрдээх, спорду өрө тутар оройуон этибит. Биһи бэйэбит дьиэ-кэргэҥҥэ аҕабыт сэрии ветерана буолан, от-мас, холхуос-сопхуос үлэтигэр иитиллэммит, спортивнай дьиэ-кэргэн буолан тахсыбыппыт. Тоҕус бииргэ төрөөбүттэн, алтабыт хайыһарга Саха сирин  сүүмэрдэммит хамаандатыгар сылдьыбыппыт. Ону саҕалаабыта убайбыт Крылов Прокопий Семенович. Кини оскуолаҕа үөрэнэригэр Иван Жиркову, Виталий Сыромятниковы кытта өрөспүүбүлүкэ оҕолоругар  бастыыллара. 1959 с. өрөспүүбүлүкэҕэ 50 км чөмпүйүөннээбитэ. Кыра бырааппыт уонна кыра балтыбыт Римма Семеновна Крылова-Костромина 1979 с. маастарга кандидаты толорбуттара. Биһи Крыловтар дьиэ-кэргэҥҥэ бырааппыт Семен Семенович физкультура учуутала буолан тахсыбыта, биатлоҥҥа, билисэпиэтинэн сүүрүүгэ сборнайга киирэрэ. Уус-Алдан хайырдьыттара Семен Черноградскай, Атос Кулаковскай, Иван Жирков, Семен Семенович Крылов 1972 с. эстафетаҕа 20 хамаанданы кыайаннар, Уус-Алдан спордун историятыгар кылааттарын киллэрбиттэрэ. Күтүөттэрбит Николай Николаевич Костромин маастарга кандидат, СГУ сборнайыгар элбэхтик хайыһардаабыта. Мин кэргэним Атос Реасович Кулаковскай аата элбэхтик ааттаммыта. Атос биһиэхэ иккис тренер курдук сылдьан хайыһардарбытын маастаан, оҥорон биэрэрэ. Дистанцияҕа сүүрэрбитигэр морс, бульон курдук күүс-сэниэ биэрэр битэмииннээх аһылыгынан аһатара. Мин кыайыыларым кини көмөтүнэн ситиһиллибиттэрэ. Универсиадаҕа тиийбиппитигэр номох баара: “Урал хайалара наһаа үрдүк сыырдаахтар, кыыла-сүөлэ элбэх, кэнники хаалбыт дьоҥҥо бэдэр кыыл тииккэ олорон киһи үрдүгэр ыстанар үһү”,- диэн. Ол иһин хаалымаары куттана-куттана, кыһаллан эрчиллэрбит. Кыайыыга саамай олук уурааччыбыт Мария Соловьевабыт, кини Дальнай Восток чөмпүйүөҥкэтэ, призера, олус түргэн тэтимнээҕэ. Эстафеталарга наар бастакы этаапка сүүрэрэ уонна куруутун бастакынан кэлэрэ. Универсиадаҕа Мария эстафетаны эмиэ бастакынан аҕалбыта, Альбина Корнилова, Бакулина Людмила иккиһинэн аҕалбыттарын мин эмиэ иккиһинэн түмүктээбитим. Сүүрбэччэ хамаандаттан.

Спорт түһүлгэлээх дииллэрин курдук, түһүлгэм кыратык  түһэн биэрбитэ. Личнэй зачекка 5 км сүүрүүгэ, түөрт хайыһар суола арахсыыларыгар, суолбун бутуйан, мунаараммын, кэннибэр иһээччилэри кэтэһэммин, мүнүүтэ кэриҥэ тохтоон турбутум. Биэтэк ханна баарын иһиллээбитим. Онтум, тыа иһигэр баар ырааһыйаҕа баара-суоҕа 200 м сиргэ финишпит бу турар эбит. Инньэ гынан, 2 сөк кыайтараммын иккис миэстэ буолан хаалтым. 10 км үһүс миэстэ буолбутум. Университеккэ физическэй иитиигэ кафедрабыт сэбиэдиссэйэ Леонид Николаевич Кычкин 2005 с. таһаартарбыт “Тренер в учениках” диэн кинигэтигэр биһи Универсиадаҕа кыттыбыт хамаандабыт туһунан суруйуутугар “Их отличала дисциплинированность, организованнсоть и инициативность” диэн бэлиэтээбитэ үрдүк сыанабыл оҥорбута, ситиһиибитин үйэтиппитэ”.  Биһи көрдөрүүбүт Универсиада күрэхтэһиилэригэр хатылана илик”.

Uni 9 9

Соловьева Мария Егоровна – 1970 с. БГФ бүтэрэн, биолог идэлээх, РСФСР үөрэҕин туйгуна, учууталлар Учууталлара, Саха Өрөспүүбүлүкэтин Бочуоттаах ветерана, хайыһарга ССРС маастарыгар кандидат: “Хас биирдии киһи туох эрэ туһалааҕынан дьарыктанар, тугу эрэ оҥорор хас биирдии киһи аналбыт, пропагандалыыр иэспит. Мин университекка киирэрбэр сүүрүк кыыс киирбит диэн сөҕөллөрө. Олус көхтөөх этим. Факультетым оҕолорун барыларын мунньаммын, “Якутский университет” хаһыат бирииһигэр эстафетаҕа бэлэмнээбитим. Сарсыарда аайы 6 чааска туруортааммын, ипподромҥа зарядкалатарым. Кулагин Вася, Иванов Дима курдук күүстээх сүүрүктэрдээх физматтары кыайаммыт, рекорднай көрдөрүүлээх бастаабыппыт.  Сенсация бөҕө буолбута. Спортивнай “ХБ”  форма биэрбиттэрэ. Эһиилигэр биһи бачыыммытын батыһаннар факультеттар бары эрчиллэр, зарядкалыыр буолбуттара. Бэйэбит оҕолорбутун спорка көҕүлүүбүт. Холобурдар элбэхтэр.

Биһи спортивнай дьиэ-кэргэммит. Ийэбит-аҕабыт сэрии сылларыгар икки төгүл игирэ оҕоломмуттара. Спордунан дьарыктыыллара. Уйбаан Соловьев көҥүл тустууга биллиилээх спорт маастара. Уолун Ивамары тустууну таптааччылар билэллэр. Матрена Найахыга спорду пропагандалыыр, физкультура учуутала. 30-чча сыл түөлбэ начальнига, спонсордаан, мэтээллэри оонньотор. Мин эмиэ Баатаҕайга түөлбэ начальнигабын. Быйыл Н.Н. Тарскай 100 сылын бэлиэтиэхпит, бэлэмнэнэбит. Нэһилиэкпититтэн П.П. Готовцев, Н.Н. Охлопков, А.Б. Слепцов курдук үтүөлээх тренердэр тахсыбыттара. Үтүө дьон батыһааччылардаах буолаллар. Аны сиэннэрбит спорду көҕүлүүллэр. Күүстээхтэр күрэхтэһиилэрэ сэҥээриллэр. Ат сүүрүүтүгэр саха боруодалара, комбинированнай эстафетата көҕүллэриттэн тутуллаллар. Оҕолорбут, сиэннэрбит Евгений Сидорович саха оонньуутун күрэхтэһиитигэр аҕыс матассыыкылы оонньотто. Соловьев Миша уонна Эрсан “Саха” НКИХ күрэхтэһиитигэр кытыннылар. Спорка аналлаах кинигэлэри мунньуунан дьарыктанарбын билэннэр, бэлэхтииллэр. СГУ хаартыскаларыттан, хаһыаттартан кырыйан  альбом оҥорон иһэбин. Тренербит К.С. Золотарев олус кыраһыабай, киэҥ билиилээх, сымнаҕас, киһи этэ. Сааһыран олорон, "имбэлиит оҕолоох буоламмын эһигини өрө туппатаҕым" диэбитэ. Өссө таһаартыыра кыаллыбатаҕын эппитэ. Григорьев Гоша, Атос Реасович, Алексей Евграфов сатыы сылдьан дойдутугар Чурапчы Хайахсытыгар кырыы учаастактары кэрийэ сылдьан бэтэринээрдээн, Прокопьев Алеша СПТУ дириэктэрэ, медицина наукатын кандидата Дмитрий Тимофеев, научнай үлэһит, биатлоҥҥа республика хас да төгүллээх чөмпүйүөнэ Карл Макаров, Россия үтүөлээх учуутала Петров Валерий, экономическай наука доктора Василий Дарбасов,  Ситников Ваня үтүөлээх учуутал, генерал-майор Василий Анастатов, үтүөлээх учуутал Анна Петр Босикова-Жиркова, кэргэнэ Иван Данилович Дүпсүҥҥэ космонавтика музейын төрүттээбитэ, хас да кинигэлэри таһаарбыттара, Бакулина Людабыт Универсиадаҕа эстафетаҕа кыттыбыта, Николаева Роза Томскайдааҕы Универсиадаҕа сылдьыбыта. Ф.П. Пестряков ыстатыйаларын мунньан илдьэ сылдьабын. Филипп Петрович биһигини көҕүлээн түмэриттэн махталбыт улахан”.

Uni 10 10

Керемясова Анастасия – Мэҥэ-Хаҥалас Табаҕата, хайыһарга оҕолорго өрөспүүбүлүкэ чөмпүйүөҥкэтэ, 3 км Ленскэй, Алдан оҕолорун кыайан учууталларын үөрдүбүтэ. 47 сыл стаажтаах саха тылын учуутала: “Универсиадаҕа барарбытыгар факультеппытыгар күрэхтэһэн эҥин, үчүгэйдик бэлэмнэммиппит. Профилакторийга аһаталлар, талонуцнан. Чочур-Мырааҥҥа бары автобуһунан тиийэн дьарыктанарбыт. СГУ-ка 1967 с. киирбитим. Керемясовтар былыргы оонньууларга күүстээх-быһый дьоннорунан биллэллэр. Аҕам миэхэ хайыһар оҥорбута, бэйэтэ сорсуннаах булчут. Дьиэбиттэн оскуолаҕа сатыы уонна хайыһарынан сылдьарым. Сүрдээх бойобуой этим. Игнатьев Александр Васильевич физкультурнай  үөрэҕи бүтэрэн кэлэн, гимнастиканан дьарыктаабыта. 1 р толорбутум. Республика “Урожайын” бэрэссэдээтэлэ Анатолий Петрович Стручков куртка, кыһыл өҥнөөх мастерскай форма бэлэхтээбитэ. Иннокетий Тихонович Васильев Саха сирин бастакы хайыһардьыта биһигини дбарыктыыра. Оннук бэлэмнээх СГУ-кэ киирдим. Атос Кулаковскай, Семен Черноградскай, Филипп Пестряков бааллар, кэргэним табаарыстара. Кыайан-хотон үөрүү-көтүү бөҕө буоларбыт. Наһаа үчүгэй дьон тулалыыр дьоллоох киһинэн ааҕынабын. Күһүҥҥү кросстарга кыттабыт. Дальнай Востокка сүүрбүтүм, Красноярскайга 3м буолбуппут. Хайыһар ыарахан көрүҥ. Уолум Яковлев Лазарь хамаандатыгар эрчиллэн, миэстэлэһэллэрэ. Кыргыттарым үҥкүүлүүллэр, волейболлууллар, оҕунан ытар сиэннээхпин. Оҕолорум университекка үөрэнэн, спордунан дьарыктаналлар. Балтым хайыһарга “Бэлэм Буол” хаһыат бирииһигэр бастаан, “Смена” фотоаппаратынан наҕараадаламмыта. Хас да кинигэлэрдээхпин. Быраас, горняк, учуутал, юрист сиэннэрдээхпин, хос сиэннэрдээхпин. Маннык көрсүһүү наһаа наадалаахэбит”.

Uni 7 7

Пестряков Филипп Петрович – математик идэлээх, сэбиэскэй-партийнай үлэһит, суруналыыстар Департаменнарын салайааччыта: “Маастардарга тэҥнээтэххэ, ситиһиим сэмэй. 1968 с 1 кууруска үөрэнэ сылдьан өрөспүүбүлүкэ чемпионатыгар 15 км Семен Черноградскай кэнниттэн 2м буолбутум. Үһүс миэстэни Алдан уола Софронов ылбыта.

1969 с. 15 км төрдүс, 30 км алтыс буоламмын, аныгылыы термининэн эттэххэ, “Топ 6” иһигэр киирбитим. СГУ кэнниттэн хайыһарбын тохтоппотоҕум. Армияҕа икки сыл дивизия сүүмэрдэммит хамаандатыгар киирэммин Иркутскайга Забайкальскай байыаннай уокурукка күрэхтэспитим. Сахалартан армия сылларыгар икки сыл субуруччу байыаннай уокурукка хайыһарга күрэхтэспит саха киһитэ баара дуу, суоҕа дуу? Аммаҕа үлэлиир сылларбар хайыһарынан эмиэ дьарыктанарым, оройуон чөмпүйүөнэ буола сылдьыбыттаахпын.

1969 с. кыайыы Универсиаданан эрэ түмүктэммэт. Тохсунньу ыйга Сибиир, Дальнай Восток үрдүө үөрэхтэрин кыһаларын күрэхтэһиитигэр хамаанданан үһүс буолбуппут. Пермҥэ хамаанданан бастаатыбыт. Онтон, салгыы, муус устарга республикаҕа хамаанданан бастаабыппыт. Ол уһулуччулаах кыайыы этэ. Онно, Красноярскайга уонна Пермҥэ күрэхтэспиппит таайбыта. Дьокуускай, Алдан, Ленскэй, Өлүөхүмэ, Уус-Майа, Уус-Алдан, Чурапчы курдук хамаандалары кыайан 24 хамаандаттан, биһи СГУ хайыһардьыттара бастаабыппыт. Семен Черноградскай, Алексей Евграфов чөмпүйүөннээбиттэрэ. Уонна саамай умнуллубат кыайыыбыт 4х10 км эр дьон эстафеталарыгар ситиһиллибитэ. Атос Кулаковскай, Алексей Евграфов, Семен Прокопьев, Семен Черноградскай хайдахтаах курдук күүстээх хамаанда этэй! Ити 1969 сыл ситиһиилэр Университекка муҥутуурдар. Ол кэнниттэн тарҕаспыппыт.

Этиэм этэ, 1968 с. Томскай Универсиадатыгар төрдүс буолбуппут. Нөҥүө сыл Пермҥэ бастыыбыт. Москва, Новосибирскай, Томскай, Пермь курдук улахан университеттарын иннилэригэр түспүппүт. Оччолорго Саха университета алта эрэ факультеттааҕа. Онно, кырдьык, сөхпүттэрэ. Мин 19 саастаах ыччат юниордарга сүүрбүтүм, ол хамаандаҕа наадалаах очкону биэрбитэ. Биири бэлиэтээн этэбин, ол сүүмэрдэммит хамаанда чилиэннэрэ тус олохторугар,  үлэлэригэр улахан ситиһиилэрдээхтэр. Ханнык баҕарар көлүөнэҕэ холобур буолар дьон. Атос Кулаковскайы Саха сирэ бүттүүнэ билэр, Алексей Евграфов Чурапчылар киэн туттуулара, Семен Черноградскай оһуохайдьыт, олоҥхоһут бэрдэ, Семен Прокопьев физико-математическай наука кандидата, Алеша Прокопьев 14-СПТУ уһуннук дириэктэрдээбитэ, Альбина Корнилова Россия уонна Саха Өрөспүүбүлүкэтин үтүөлээх бырааһа, Мария Соловьева, Мария Кулаковская, Анастасия Керемясова үлэлэрин бүтүннүүтүн оскуолаҕа оҕону иитиигэ анаатылар, үөрэҕирии туйгуннара, учууталлар Учууталлара, Людмила Бакулина Подольскайга олорор, суруналыыс, “Саха” НКИХ үлэлээбитэ.

Нуучча өһүн хоһооно баар “Большое видится на расстоянии” диэн, туох барыта сыл-хонук ааһан истэҕин аайы ыраахтан сүдүтүйэн, улуутуйан көстөр.  55сыл ааста. Биһи тренербитигэр Ким Степанович Золотаревка махтанабыт. Биһи бу хамаандабыт туһунан: “Мин университекка үлэлээбитим тухары саамай күүстээх хамаанда этэ. Эһигини наһаа улуутуппатах, наһаа өрө туппатах эбиппин. Буруйдаахпын”,- диэн хомойбут курдук эппитэ. Онон, мин саамай эдэрдэрэ буоларым быһыытынан, эһигини кытта бииргэ сылдьыбыппынан, тэҥҥэ алтыспыппынан, доҕордоһорбунан, киэн туттабын. 

uni 1

Дьэ, итинник, 55 сыллааҕыта Пермнээҕи РСФСР V-ис Универсиадатын кыайбыт оччолорго эдэркээн хайыһардьыттар, билигин аҕам саастаах үлэ, спорт ветераннара үгүһү-элбэҕи ахтыһан кэпсэттилэр, эдэр-эрчимэн кэмнэрин эргиттилэр. Эҕэрдэлиибит!

Баһылай Посельскай

Поделиться:

#Новости