Улуу тренер Д.П. Коркин эркин курдук эрэнэр, күннэтэ алтыһар үөлээннэрдээх, чугас доҕоттордоох, сүдү дьыалатын өйдүүр уонна өйүүр

дьонноох-сэргэлээх, кэллэктииптээх буолан, үрдүк көдьүүстээхтик, айымньылаахтык уонна таһаарыылаахтык үлэлээбитэ. Иитиллээччилэрэ Олимп, аан дойду чыпчаалларын дабайбыттара. Коркин биир саамай чугас, тыл аҥарыттан өйдөһөр доҕоро,  соратнига Алексей Спирдонович Шадрин этэ.

sh 9

Саха Өрөспүүбүлүкэтин үтүөлээх учуутала, ССРС уонна РФ физическэй культураҕа уонна спорка туйгуна, “Урожай” общество бочуоттаах чилиэнэ, Саха сиригэр XX үйэ спорка лауреата, Чурапчы улууһун бочуоттаах олохтооҕо Алексей Спиридонович Шадрин 1929 с. кулун тутар 19 күнүгэр Чурапчы Аччаҕарын нэһилиэгэр төрөөбүтэ. Сахаҕа бөдөҥ, төрөлкөй уҥуохтаах, сүүс киилэттэн быдан тахсаны үктүүр ыйааһыннаах, өрүкүйэ сылдьар хойуу баттахтаах, халыҥ баппаҕайдаах, күүс-уох өттүнэн лаппа “баардааҕа биллэр”, киэҥ көҕүстээх, холку, сэмэй  киһи быһыытынан биллэрэ. Эдэр-эрчимэн саастарыгар үчүгэй хайыһардьытынан биллэрэ, өрөспүүбүлүкэ “Колхозник” обществотыгар 30 км сиргэ бастыыра, копьену быраҕыыга ыччаттар фестивалларыгар рекорд олохтообута.

Былаһын тухары үөрэх систиэмэтигэр үлэлээбитэ.  Хаһаайыстыбаннай үлэлэргэ, тутууга сыһыаннааҕын көрдөрбүтэ. Горнай Бэрдьигэстээҕэр уонна Булун оройуонун Күһүүрүн оскуолаларыгар дириэктэрдиир сылларыгар спортивнай саалалары туттартаабыта. Ханна да тиийдэр, сытыары сымнаҕас майгытынан дьон билиниитинэн, тапталынан туһанара.

Ити туһунан, бииргэ үлэлээбит үөлээннээхтэрэ, үөрэнээччилэрэ үтүө өйдөбүллэринэн  ахталлар. 

sh 1 1

Алексеев Афанасий Егорович – 1963-1987 сылларга өрөспүүбүлүкэ “Урожайын” бэрэссэдээтэлэ, Саха АССР физическэй культураҕа уонна спорка Кэмитиэтин бэрэссэдээтэлэ:  “Алексей Спиридонович Шадрины үчүгэйдик билэбин. Табаарыстаспыппыт. Наһаа үлэһит. Төһө да улахан үлэҕэ сырыттар, спорт эйгэтигэр чугас, ханна күрэхтэһии буолар да, онно барар. Тустууну улаханнык сэҥээрэрэ. Кэпсэтиибит, биир-үксүн, ол тула барара. Коркин туһунан “таһаарыылаахтык үлэлии сылдьар” диэн куруутун кэпсиирэ.

Райсовет солбуйар бэрэссэдээтэлинэн үлэлии сылдьан, “Дмитрий Петровиһы кытта үлэлии Чурапчыга барабын, тустууну таһаарыахпыт” диэбитэ. Спортоскуолаҕа дириэктэрдииригэр күүһүн-уоҕун барытын биэрбитэ. “Урожайга” олордохпуна Коркин “хамнаһа суох үлэлии сылдьар, штат биэрэриҥ буоллар” диэн  көрдөспүтүн ылыммытым. Ол кэнниттэн Дмитрий Петрович бэйэтэ эмиэ киирэ сылдьыбыта. Тахсыахтарын сөптөөх күүстээх уолаттар бааллар диэбитэ. Кинилэр этиилэрин өйөөммүн Чурапчыга 4-5 үлэһиттээх оҕо спортоскуолатын тэрийбитим. Үлэ күөстүү оргуйбута. Оҕо бөҕө кэлбитэ. Аан дойду, Олимпийскай оонньуулар чөмпүйүөннэрэ үөскээбиттэрэ.

Тустуук уолаттара оскуоланы бүтэрэ-бүтэрэ  армияҕа бараллара. Дмитрий Петрович бэргээн, ыарытыйара биллэн барбыта. Ол иһин куоракка көһөрөн киллэрбиппит. Москваны кытта кэпсэтиилэр түмүктэринэн аҕыс штаттаах спорка үрдүкү маастарыстыба оскуолата тэриллибитэ. Коркин туруорсуутунан, райсовет солбуйар бэрэссэдээтэлинэн үлэлии сылдьар Алексей Спиридонович Шадрин дириэктэринэн, М.Е. Друзьянов завуһунан анаммыттара. Дмитрий Петрович бэйэтэ сүрүн тренеринэн үлэлээбитэ. Иккиэннэригэр түөртүү хостоох таас квартира бэрдэрбитим. Интэринээт арыллыбыта. “Динамо” обществоҕа сыһыарбыппыт, инньэ гынан, армияҕа сулууспалыыр курдук Москваны уонна Дьокуускайга байыаннай чааһы кытта кэпсэппиппит. Онон, үлэлииргэ бары усулуобуйа тэриллибитэ. Тустууктар бөҕө тахсыбыттара. Алексей Спиридоновичка ытыктабылым улахан. Тустуу сайдыытыгар бөдөҥ кылаатын киллэрбитэ. Кини аатын уулуссаҕа иҥэриэххэ.  Чурапчылар өрө туталлара сөп. Умнубаппын, мэлдьитин өрө тута сылдьыаҕым”.

sh 2 2

Лукина Екатерина Семеновна – математика учуутала, 94 саастаах:“Алексей Спиридович Шадрины 1947-1948 үөрэх дьылыгар Чурапчытааҕы педучилищеҕа үөрэнэ киирэн баран көрбүтүм, кинилэр ол сыл бүтэрбиттэрэ. Үрдүк уҥуохтаах улахан киһи этэ, спортсмен. Копьену быраҕыыга республика рекордун олохтообута. Дьэһиэйгэ учууталлата ыыппыттара. Оччолорго 18 саастаах боччумнаах ыччат буолан оскуола дириэктэринэн анаммыта. Дьон сөбүлүүр, ытыктыыр киһилэрэ этэ. Тутуу бөҕөнү ыыппыта. Учууталлар олорор уопсай дьиэлэрин, спортсааланы. Оконешников Егор Тарасович маастардаан. Тутууга дьоҕурдааҕа, үчүгэйдик билэрэ. Үөрэнэр оскуолабытын оройуон туппута. Дьиэ-уот кэмчи этэ. Үксүбүт онтон-мантан кэлбиппит. РОНО сэбиэдиссэйэ Василий Егорович Дьячковскай “тирэх буол” диэн Дириҥҥэ үлэлии сырыттахпына миигин математика учууталынан анаабыта. Рома Дмитриев, Сахаачча, Володя Андросов-Андрос, Саша Аргунов, Рома Шамаев бааллара. Үчүгэй тустуук уолаттар математикаҕа эмиэ үчүгэй этилэр. 10-с кылааска 20 уол үөрэммитэ. Бэрээдэк, дьиссипилиинэ туһунан кэпсэтии турбат этэ. Учууталларын наһаа ытыктыыллара. Ыарырҕаппатаҕым. Сахааччалаах Рома куруутун мэтээллээх кэлэллэрэ. Кэтэһэрим. Үчүгэйдик саныыбын. Тустууга ыҥырар-угуйар маҥнайгы сулустар этилэр. Алексей Спиридонович киэҥ көҕүстээх. Тутууга сыһыаннаах буолан, бултуу сылдьан суон тиити ымсыыра көрөрө үһү. Ол да иһин буолуо, оҕотун Степаны тутуу инженерин үөрэҕэр биэрбитэ, математикаҕа способнай оҕо этэ.

sh 11

Ийэтэ Ирина Степановна Степатын мин кылааспар көһөртөрбүтэ.  Коля Кульбертинов математикаҕа эмиэ үчүгэй этэ. Шадрин салалтатынан оҕо спортоскуолата төрүттэммитэ, республикаҕа туруорсан, тэриллэрэ наадалааҕын туһунан этэн. Коллектив дууһата этэ. Оннук үчүгэйдик салайбыта, үлэлээбитэ. Биир санаанан үлэлээбиппит. Тустуу сайдарын туһугар кэлэктииби түмүтэ. Дмитрий Петрович Коркин тула түмсүбүппүт, өйөөбүппүт. Күрэхтэһэ барар оҕолорго сорудах биэрэрбит, кэллэхтэринэ зачет тутарбыт. Оҕолор баҕаран туран тусталлара, үөрэҕи тэҥҥэ туталлара. Ол иһин тустууга ситиһиилэр кэлбиттэрэ. Дириэктэрбит Алексей Спиридонович үгүс саҥата-иҥэтэ, айдаана-куйдаана суох, мөккүөр да суох буолара. Үөрэ-көтө үөрэтэ барарбыт. Куоракка “Якуттяжстрой” тутуу тэрилтэтин кытта шефтэһэн, спортивнай снарядтары аҕалтарара. Үөрэх миниистирэ Н.И. Шарин чугас табаарыһа-доҕоро буолан, өйөбүлүнэн туһанара,  оҕолорбут күрэхтэһиилэргэ хааччаҕа суох бараллара-кэлэллэрэ. Техүлэһиттэргэ, баспытааталларга, учууталларга, үөрэнээччилэргэ олус үчүгэй сыһыаннааҕа, тэҥҥэ тутан сыһыаннаһара. Аһы-үөлү дэбигис булара. Аптарытыатынан, билиитинэн-көрүүтүнэн оскуолатын туһугар үгүс кэпсэтиилэри ыытара. 1977 сыллаахха куоракка барбыттарыгар “хоос” гынан хаалбыппыт, кураанахсыйан хаалбыппыт. Хата, Константин Сергеевич  Постников тулаайахсыйбыт санаабытын уһаппатаҕа, салгыы үчүгэйдик салайан, билиннэрбэтэҕэ.  Түргэнник орун-оруммутун булбуппут. Алексей Спиридонович Д.П. Коркины улаханнык өйөөбүтэ. Ыпсаран-хопсорон, кэпсэтиилэргэ кыайыылаах тахсара. Олус ытыктыыр, сөбүлүүр, ылынар салайааччыбыт. Биирдэ да мөхпөтөҕө. Киһини өһүргэппэт гына кэпсэтэрэ. Спортивнай оскуола сайдарыгар акылаат ууран, улахан төһүү күүһүнэн буолбута. Дьэ, астык киһи этэ”.

sh 3 3

Иванов Александр Николаевич – көҥүл тустууга 1976 с. Монреаллааҕы Олимпийскай оонньуулар үрүҥ көмүс призера:“Шадрин Алексей Спиридонович үлэтэ улахан суолталаах. Д.П. Коркин таһаарыылаах үлэтин, үлэтэ үтүө түмүктээх буоларын туһугар оскуола-интернакка, оройуон администрациятыгар, республикаҕа тиийэ киэҥ өрүттээх үлэни ыыппыта. Соратниктарын көмөлөрүнэн, биир өйүнэн-санаанан, олус бэриниилээхтик, табыллан түмсүбүттэрэ. Учууталлар, баспытааталлар, ньээҥкэлэр, остолобуой үлэһиттэрэ, бука бары биир киһи курдук, тустууну таһаарар сыаллаах-соруктаах үлэлээбиттэрэ. Мин 1969 сыл күһүн кэлбитим. Оскуола-интернат аата-суола ырааппыт, олохсуйбут этэ. Бэлэмҥэ тиийбитим. Дьарыктанан киирэн барбытым. Коркинныын бииргэ олус өйдөһөн үлэлииллэрэ. 9-10 кылаастарга барыы-кэлии элбэх. Тустуук уолаттар күрэхтэһиилэргэ, сбордарга дьиэтээҕи сорудах ылан барарбыт. “Самоучканан” үөрэнэн кэлэрбит, зачет туттарарбыт. Үөрэхпитигэр ситиһиилээх буоларбыт, хаалбыт оҕо суох буолара. Сүрүн болҕомтобутун дьарыкка уонна үөрэххэ уурарбыт. Оскуола уонна тренировка икки ардыларыгар оннук ситимнээһин, дьүөрэлээһин баара. Оскуоланы бүтэрбиттэри институттарга ыыталлара, сөбүлүүр үөрэхтэригэр бараллара уонна киирэллэрэ. Сахаларын сиригэр эргиллэллэрэ, ситиһиилээх үлэһиттэр буолбуттара. Коркиннаах Шадрин оскуола-интернаты сомоҕолооннор, үлэлэрин түмүгэ итиннэ сытар. Соратниктар быһыытынан, Д.П. Коркин, К.С. Постников уонна А.С. Шадрин айымньылаах үлэлэринэн  тустууну таһаарбыттара”.

sh 4 4

Ноговицын Виктор Петрович – тустуук, учуонай, спорт миниистирэ, өрөспүүбүлүкэ 1-кы Президенэ М.Е. Николаев сүбэһитэ, көмөлөһөөччүтэ, А.С. Шадрин туһунан научнай ыстатыйа ааптара:“Спорт, тустуу тула кэпсэтэр, сэһэргэһэр этибит. Дьоҥҥо сыһыана наһаа истиҥ этэ. Булун оройуонугар Күһүүргэ оскуола дириэктэринэн үлэлиир сылларыгар, байыаннай чаас генералларын кытта билсэн, аһынан-табаарынан Москваттан быһа хаайчыттарбыт. Дьокуускай таһыгар хоту сир оҕолоро сынньаналларыгар анаан спортивнай лааҕыр тэрийбитэ. Д.П. Коркин ыҥыран, Чурапчыга барарыгар, Күһүүр дьоно бүттүүнэ кытылга киирэннэр, теплоход расписаниетыттан икки чаас хойутуор диэри атаарбыттар, теплоход көстүбэт буолуор диэри мотуорканан эргийэ сылдьыбыттар. Махтаммыттар. Чурапчыга кэлэн Коркинныын спортивнай оскуоланы тэрийбиттэр. Өрөспүүбүлүкэ Бырабыыталыстыбатын бэрэссэдээтэлэ С.З. Борисов үөрэх миниистиринэн оҥороору гыммытын аккаастаммыт, бэйэтин оннугар Ленинградка бииргэ үөрэммит, Орто-Харымаҕа оскуола дириэктэринэн үлэлиир олорор табаарыһын “Н.И. Шарин миигиттэн быдан ордук үлэһит киһи, кинини анаа”,- диэн аккаастаммыт. Николай Иванович кэлин дойдуга биллэр кыахтаах миниистир буолбута. Оскуола-интэринээккэ кэлэн, Алексей Спиридонович Дмитрий Петрович Коркины дьиэтигэр олордон үлэлэтэр, кэргэнинээн Ирина Степановнатынаан, быарынан ыалдьарын билэр буоланнар, диетанан аһаталлар. Субоотниктаан, дьиэтин маһын бэлэмнээн, дьиэ тутан биэрэр. Бары биир киһи туһугар үлэлиибит диэн, учууталлары, үлэһиттэри коллективнай өйгө-санааҕа түмпүт. Сытыары-сымнаҕас киһилии майгытынан оҕолорго, учууталларга куолаһын соноппотох, кыыһырбатах, албыннаспатах, дьүһүнүнэн, бодотунан, киһи эрэ ылынар салайааччыта. Ньиэмэс социолог-учуонайа бэлиэтээбитинэн, итинник дьон киһи-аймах сайдыытыгар улахан көмөлөөхтөр. Саха спордун уһун кэмҥэ Олимпиецтар тахсар кэмнэригэр салайбыт Семен Иванович Алексеев этэринэн, Алексей Спиридонович Д.П. Коркины кытта бииргэ  үлэлээн, материальнай база, хаһаайыстыба курдук тэрээһин бары боппуруостарын быһаарара, улахан оройуон, өрөспүүбүлүкэ салайааччыларын кытта кэпсэтэр үрдүк таһымнаах салайааччы. Айылҕаттан ис-иһиттэн кыахтаах, өй-санаа, эт-сиин өттүнэн эргиччи сайдыылаах, сырдык ыра санаалаах, духуобунастаах, бэйэтин билиммэтэх,  өрө тутумматах, киһи эрэ ылынар салайааччыта”.

sh 5 5

Друзьянов МЕ – Д.П. Коркин иитиллээччитэ, ССРС спордун маастара, 70-с сыллартан өрөспүүбүлүкэ спорка кэмитиэтин үлэһитэ, билигин спорт музейын дириэктэрэ, историяны чинчийээччи: “А.С. Шадрин дириэктэрдээх Чурапчытааҕы спортивнай оскуола-интэринээккэ 1967 сыллаахха үөрэнэ киирбитим. Алексей Спиридонович сахаҕа улахан уҥуохтаах, дуоспуруннаах киһи этэ. Эдэр саастарыгар Лениград чөмпүйүөнэ, хайыһардьыт, копьеһут. Коркинныын Ленинградка бииргэ үөрэммиттэр. Дмитрий Петрович бииргэ үлэлиэххэ диэн ыҥыран ылбыт. Коркин улуу тренер буоларыгар элбэҕи оҥорбута. Тоҕо эрэ дьоһун аата-суола иһиллибэт буолан хаалбыта. Бу аҕыйах хонуктааҕыта Чурапчыга “Постниковскай ааҕыыларга” тиийэн кыттыбытым. Шадрин аата ааттаныахтаах диэн тыл эппитим. Коркин, Постников, Шадрин ыкса ситимнээхтик бииргэ үлэлээбиттэрэ. Айбыттара, оҥорбуттара, тустууну Олимпиадаҕа таһаарбыттара. Дьокуускайга аан бастаан аһыллыбыт “ШВСМ” сүрүн тренеринэн Коркин, дириэктэринэн Шадрин, мин завуһунан ананаммыт бииргэ үлэлээбиппит. Коркин этиитинэн. Чурапчыттан 25 тустуук оҕолорун бэйэтин кытта аҕалбыта. Үлэлиир, үөрэнэр, олорор усулуобуйа тэриллибитэ. Алексей Спиридонович Читаҕа баран кэлбитэ. Коркиннаах Шадрин туруорсууларынан спорт рота аһыллыбыта. Инньэ гынан, оскуоланы бүтэрбиттэр дьарыктана-дьарыктана Дьокуускай байыаннай чааһыгар сулууспалаабыттара. Олохтоохторго махтал, А.С. Шадрин аатын сөргүппүтэригэр”.

sh 7 7

sh 6 6

Улуу тренер Д.П. Коркин чугас доҕоро, соратнига, Алексей Спиридонович Шадрин төрөөбүтэ 95 сыла туолуутун, биир дойдулаахтара, үлэлээн ааспыт оскуола-интэринээтин томторун дьоно-сэргэтэ, Чурапчытааҕы Д.П. Коркин аатынан Республиканскай спортивнай оскуола-интэринээт педколлектива үөрүүлээхтик бэлиэтээтилэр. Үтүө ааттар, дьоһун дьыалалар умнуллубаттар, үйэтитиллэр аналлаахтар.

Баһылай Посельскай

Поделиться:

#Новости