Георгий Прокопьевич Башарин аатынан наука музейыгар краевед, коллекционер, Саха Өрөспүүбүлүкэтин спорка музейын дириэктэрэ Михаил Егорович Друзьянов халандаардарын быыстапката учуонайдар сэҥээриилэрин ылла. “Россия историятын халандаардара” Быыстапка Саха Өрөспүүбүлүкэтин Күнүгэр ананна.
Друзьянов Михаил Егорович: “Халандаардары мунньуунан дьарыктаммытым 20-чэ сыл буолла. Сталины, военоначальниктары, маршаллары хоруотааһыннар дуоһунастаах дьону буруйдааһыннар күүһүрбүттэрин иһин ылсыбытым. Салайааччылары КГБ көҥүлүнэн былааска таһаарар кэмнэр бааллара. Репрессияҕа сыһыаннаах историческай матырыйааллары мунньабын. Маҥнайгы быыстапкабын 2010 с. бибилиотекаҕа оҥорбутум. Иккис быыстапкабын 2016 с. “Россия - Моя история” музейга тэрийбиппэр 14 тыһ. киһи көрбүтэ. Халандаардарым бу үһүс быыстапкаларын наука үлэһиттэригэр анаан туруордум.
Сөҕөрүм диэн, 1860 с., ыраахтааҕы саҕанааҕы халандаардар, Россия бастакы Конституцията, ССРС Конституцията бааллар. Халандаардарга ССРС сайдан иһэрэ көстөр. Оскуола оҕолоругар, дьахталларга, ыччаттарга, спортмсеннарга аналлаах араас хайысхалаах халандаардар элбэхтэр. Сэрии иннинээҕи 1940 с. халандаар миэхэ күндү. “Настольнай” кинигэ курдуктар. Спорка сыһыаннаах 26 халандаардаахпын. Федерацияларынан, спорт көрүҥнэринэн бааллар.
Дойду киин куораттарыгар, Москваҕа Букинистическай, коллекционердар маҕаһыыннарыттан, Черкизовскай рыноктан булаттыыбын. Барахолкаҕа сэдэх халандаардар баар буолааччылар. Төһөнөн эргэлэр, былыргылар да, сыаналара ыарахаттар. Сыаналарын кэрэйбэккэ ылабын. Холобур, 1958 с. халандаары 12 тыһ. солк. ылбытым. 1938 с. халандаар тугунан да сыаналаммат, сыаната биллибэт. Дойду үрдүнэн халандаары мунньар дьон иккиэбит эрэ. Миигиттэн ураты Уралга биир киһи баар. Историктарга наада. Ол иһин бу Гуманитарнай институкка аҕалан туруордум. Дойду историята, Ленин, Булганин, Берия о.д.а. токурутуллубакка, баар кырдьыгынан суруллубуттар.
Быыстапка аһыллыытыгар 30-ча киһи сырытта. Бары наука үлэһиттэрэ. Г.П.Башарин аатынан музей сэбиэдиссэйэ Васильев Илья Эдуардович быыстапканы салайда: “Представляем очень содержательную выставку. Это выставка календарей из коллекции М.Е. Друзьянова. Жанр печатного издания, как календарь, играет особую роль в истории российской культуры. Календарь представлял долгое время книгу, которая включала в себя главные сведения об импернаторской семье, о церковных праздниках, о государственных учреждениях. Календарь долгое время был первой книгой гражданского содержания, единственной книгой в обиходе российского человека. И мы тут вспомнили строки из Евгения Онегина: “имея много дел, иные книги не глядел”. То есть, календарь это та книга, которую мы сегодня подзабыли. Выставку мы сегодня приурочиваем к Дню Республики. Кроме того, в этом году Россия отмечает огромную дату – 300 лет Российской Академии Наук. Академия Наук имеет самое прямое отношение, потому что до 1865 года исключительное право издавать календари принадлежало именно РАН. Является неким стержнем, откуда выросли виды книг”.
Боякова Сардана Ильинична - директор института гуманитарных исследований проблем малочисленных народов Севера, доктор исторических наук: “У нас сегодня знаменательное событие. Мы открываем выставку научной книжной культуры из частной коллекции большого энтузиаста своего дела, краеведа, который отдает много времени восстановлению истории нашей страны, человека с необычным увлечением, Михаила Егоровича Друзьянова. Выставка календарей с XIX века до нашего времени. Представителям творчества будет интересно насладиться и знакомиться с календарями”.
Попов Вячеслав Егорович – заслуженный работник народного хохяйства РС (Я): “Чурапчы Арыылааҕыттан төрүттээх-уустаах М.Е. Друзьянов үлэтин, олоҕун спорка анаабыт, өрөспүүбүлүкэ спордун тэрийээччитэ, Саха сирин спордун историятын үчүгэйдик билэр. Элбэх хайысханан дьарыктанар. 1920-1930 сыллардаахха Саха АССР-тын төрүттээһиҥҥэ кыттыбыт, Алдан, Нерюнгри оройуоннарын Амурскай уобаласка бэриллиилэрин тохтоппут уо.д.а. үтүө дьыалалардаах, өлбүтүн кэннэ репрессияламмыт, П.А. Ойуунускайы, М.К. Аммосовы ааттарын кытта тэҥҥэ тутуллуохтаах Иван Николаевич Винокуров сырдык аатын тилиннэрэн, Москваҕа тиийэн Иван Николаевич сыдьааннарын, сиэннэрин булаттаан, Саха сиригэр аҕалан билиһиннэрэн, өйдөбүнньүк кинигэлэри таһаартаабыта. Иккиһинэн, М.Е. Друзьянов физкультура уонна спорт атрибутикаларын мунньар коллекциянан дьарыктаммыта ыраатта. Худуоһунньук Артем Никифоров олимпиецтэри, биллиилээх спортсменнары уруһуйдаабыт сэдэх мэтириэттэрэ, комсомол уобаластааҕы Кэмитиэтин Знамята эмиэ бааллар. Олимпиада сылынан уонна Дьокуускайга ыытыллар “Азия оҕолорун” Спортивнай оонньууларынан сибээстээн, ыам ыйын 20 күнүгэр Москваҕа Саха сиригэр физкультура уонна спорт сайдыытын туһунан быыстапканы тэрийиигэ үлэлэһэ сылдьар. Сахатын сирин историятын киэҥник көрдөрөр, билиһиннэрэр. Календардарын көрүҥүн арааһа элбэх, ис хоһоонноро дириҥ. Дьон, ыччат билиитин-көрүүтүн кэҥэтиигэ, сайыннарыыга, иитэр-өйдөтөр суолтата улахан. Туһата элбэх. Гуманитарнай институт учуонайдара чугастык ылынан, үлэлэһэргитигэр, салгыы сайыннарарга ылсаргытыгар эрэллээхпит”.
Антонов Егор Петрович - заведующий отделом истории, к.и.н., доцент, научный сотрудник института: “Что касается календарей, массовый выпуск печатных изданий начался в середине 60-х годов XIX века под влиянием политики выдающегося императора, реформатора, либерала Александра II. В том числе, выпуск таких календарей осуществлялся не только в центре, в столице, но и в провинции. Сами по себе календари – это сильнейший источник и по промышленности, и по культуре, и по этнографии, по искусству, в любой отрасли. Это памятник, источник по изучению повседневности, интеллектуальной истории. Когда эти календари выходили, в XIX веке, XX веке, они сразу становились библиографической редкостью. Поэтому низкий поклон энтузиасту, краеведу Михаилу Егоровичу Друзьянову, за то, что он сумел собрать богатейшую, очень уникальную, познавательную коллекцию, которую он посвятил нашему Институту. Поздравляю!”
Заключение
От выставки, замечательной исторической коллекции, содержащей богатый энциклопедический клад, сотрудники института узнали много новой информации. Несомненно, интересующие историки, горожане, гости столицы получат много пользы. В адрес М.Е. Друзьянова прозвучали самые горячие слова благодарности за предоставленную выставку. Саха сиринээҕи Научнай Киинтэн эмиэ кэлэн көрөн, Михаил Друзьяновы кытта кэпсэтэн, ыйыталаһан бардылар.
Выставка будет работать до середины мая в здании Гуманитарного Института проблем народов Севера.
Василий Посельский