1924 с. ыам ыйын 8 күнүгэр Уус-Алдан оройуонугар Баатаҕай нэһилиэгэр төрөөбүтэ. Далааһыннаах физкультурнай хамсааһыны тэрийбит, спорка чыпчаал ситиһиилэр кэлэллэригэр кыахтары үөскэппит биллиилээх государственнай уонна общественнай деятель 100 сылын өрөспүүбүлүкэ киэҥник бэлиэтиир. Араас өрүттээх үйэтитэр дьаһаллар сыл устата көхтөөхтүк ыытыллаллар. Биһи ортобутугар ааспыт үйэ 50-ус сылларыгар уһулуччулаах салайааччы Николай Николаевич Тарскайы эт-харахтарынан көрбүт, истибит, олохторун спорка анаабыт аҕам саастаах дьон бааллар. Спорт Министиэристибэтин иһинэн тэриллибит хамыыһыйа былааныгар олоҕуран кэпсэттибит.
1950-60 сыллардаахха буулдьанан ытыыга өрөспүүбүлүкэ чөмпүйүөҥкэтэ, орто оскуоланы саҥа бүтэрэн олох киэҥ аартыгар үктэммит эдэр кыыс, “Спартакка” инструктордыыр, күн-бүгүнүгэр диэри судьуйалаһар Римма Павловна Алексеева: “Спорткэмитиэт бэрэссэдээтэлэ Н.Н. Тарскай ыытар планеркаларыгар сылдьарбыт. Киров уулуссатыгар Пушкин библиотекатын саҥа дьиэтин оннугар мас дьиэ баара. Онно спорт уонна комсомол бииргэ этилэр. “Союз общественных организаций” диэн ааттаналлара. Н.Н. Тарскайга солбуйааччы бэрэссэдээтэлинэн, онтон “Спартак” бэрэссэдээтэлэ, сэрии кыттыылааҕа Семен Семенович Жирков салалтатынан үлэлээбитим. Тарскайга, дууһатынан ыалдьар салайааччыбыт Тарскай туһунан куруутун сөҕө-махтайа кэпсиирэ.
Семен Семенович Жирков “Спартагы”, Иннокентий Петрович Ушницкай “Урожайы”, Бронислав Бернардович Кон “Динамоны” салайаллара. Агапит Петрович Суворов, Иван Иванович Ча бааллара. Николай Николаевич Тарскай дьону тойон-хотун диэн араарбат, тэҥҥэ сыһыаннаһара. Планеркаларыгар биһи курдук боростуой дьону эмиэ сырытыннарара. Инньэ гынан, спорду сүрдээҕин билэр этибит. Матрена Степановна Неустроева-Алексеева ыскылаакка пенсияҕа тахсыар диэри үлэлээбитэ, спортивнай атрибутиканы, спорт туһунан плакаттары оройуоннарга ыытара. Биһи агитационнай плакаттары ыйыыр этибит.
Тарскай туруорсан, аттаран, өрөспүүбүлүкэҕэ спорду саҕалаабыта, сайыннарбыта. 1956 с.Саха АССР 1-кы Спартакиадатын көҕүлээн ыыппыта. Кыһын көҥүл тустууга өрөспүүбүлүкэ чемпионатын ыыппыта. Кэлин спорткэмитиэккэ бэрэссэдээтэллээбит Семен Иванович Алексеев бастакы чөмпүйүөнүнэн буолбута. Инникини көрөн, дьоҕурдаах ыччаттары Москваҕа, Ленинградка үөрэххэ ыытара. Үөрэхтэрин бүтэрэн кэлбит специалистары көрсөрө, ыйыы-кэрдии, сүбэ-ама биэрэрэ. Дьон бары Н.Н. Тарскайы хамнатыылаах үлэни ыытар диэн хайҕаан кэпсэтэллэрэ. Тэрийэр–салайар үлэтигэр улахан суолта биэрэллэрэ. Киһи быһыытынан хайгыыллара. Дьону кытта илии тутуһан дорооболоһоро. Тылын иһитиннэрэр, эппитин толорторор, ирдэбиллээх салайааччы этэ. Убаастабылынан туһанара. Эрчимнээх салайааччыны Москваҕа Үрдүкү партийнай оскуолаҕа үөрэххэ ыыппыттарыгар, спорткэмитиэт бэрэссэдээтэлинэн Роман Романович Бурнашев анаммыта. Москваҕа да сырыттар сабыдыала , тыына баар этэ. Тугу оҥорбутун, ситиспитин туһунан куруутун кэпсэтэллэрэ. Аварияҕа түбэһэн өлбүтүн туһунан соһуччу истэммин улахан долгуйуу буолбута. Каландаришвили уулуссатыгар турар Саха театрыгар атаарбыппыт, киһи элбэх этэ. Н.Н. Тарскай 100 сыла биһиэхэ спортсменнарга улахан кэрэ-бэлиэ түгэн, бырааһынньык”.
Алексеев Афанаcий Егорович – Н.Н. Тарскай кэмигэр Саха сиригэр, Дальнай Востокка тэҥнээҕэ суох сүүрүк-быһый, кэлин өрөспүүбүлүкэ “Урожайын”, спорткэмитиэти салайбыта: “Тохсус халлаан үрдүгэр олорор Үрүҥ Аар Тойон, орто туруу дойдуга олохтоох саха норуотугар өркөн өйдөөхтөрү ыытар. Оннук киһинэн, сахатын норуотун туһугар күүһүн, кыаҕын бүтүннүүтүн биэрбит киһинэн Н.Н. Тарскай буолар. Москваҕа Сталин аатынан физкультурнай институту 1954 с. бүтэрэн кэлээтин кытта, салайар дьоҕурдаах эдэр спорт эдэр специалиһа 1955 с. Саха АССР физическэй культураҕа уонна спорка кэмитиэтин бэрэссэдээтэлинэн анаммыта. Үлэтин күүскэ саҕалаабыта. Мин Муомаҕа комсомол 1 сэкэрэтээринэн уонна физкультура бэрэссэдээтэлинэн үлэлиирим. Икки саха чулуу уолаттара – Е.Д. Кычкин өрөспүүбүлүкэ комсомолун, Н.Н. Тарскай спорду бииргэ тутуһан, таһаарыылаахтык, көдьүүстээхтик салайбыттара. Ыытар мунньахтарыгар үгүстүк сылдьыталаабытым. Иккиэн ырааҕы өтө көрөр чаҕылхай араатардар, биһи, сахалар, улуу дьоммут, дьолбут буолаллар.
Николай Николаевич Тарскай спорт элбэх көрүҥнэринэн дьарыктанара. Кэтит сарыннаах. Арылхай харахтаах, утары көрдөҕүнэ киһи кыбыстар гына көрөрө. Бэйэтигэр сөрү-сөп уҥуохтаах. Хайгыы көрөр этибит. Көҥүл тустууну, боксаны, ыарахан атлетиканы, спорт национальнай көрүҥнэрин өрө тутан олоххо киллэртээбитэ, сайыннарбыта. Саха сирин норуоттарын Спартакиадалара үрдүк тэрээһиннээхтик бараллара. Оройуоннар хамаандаларын бэлэмнээн кэлэллэрэ булгуччулаах буолбута. Уус-уран самодеятельность, культура, физкультура уонна спорт тэҥҥэ тутуллан сайдыбыттара.
Көҥүл тустуу сайдар кэмин таба туһаммыта. Оройуоннарга тренердэри ыыппыта. Румянцевы Дьокуускайга хаалларбыта. Чурапчыга Коркины, Бүлүүгэ Григорьевы ыыталаабыта. Бэйэтэ Кавказ омуктарынан, уобаластарынан, кыраайдарынан сылдьыталаабыта. Саха тустуук тарын илдьэ барара. Бөҕөстөрбүт улаханнык сайдан кэлэллэрэ. Саха норуота кыахтаах, хайаан даҕаны олимпийскай оонньуулар, аан дойду чемпионнара иитиллиэхтэрэ диэн өтө көрбүт киһи. Ол туһунан дакылаатыгар, тыл этиилэригэр куруутун этэрэ. Тустууктар эрчиллиилэригэр сылдьара.
Уһулуччута диэн, физическэй культураны уонна спорду өйөөбөт миниистирдэри кириитикэлиирэ. Инньэ гынан, Тарскайтан толлоллоро, өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн физкультураҕа уонна спорка болҕомто ууруллуута ситиһиллибитэ, маассабай спорду өрө тутуу баар буолбута.
Тэрийэр-салайар үлэҕэ кыахтаахтара биллэн, икки доҕордуулар, Тарскай Уус-Майа райсоветын бэрэссэдээтэлинэн, Кычкин партия райкомун 1-кы сэкэрэтээринэн ананан өрө таһаарыллыбыттара. Салгыы, Н.Н. Тарскайы Москваҕа Үрдүкү партийнай оскуолаҕа үөрэххэ ыыппыттара. Каникулугар кэлэ сылдьара, физкультура-спорт актыыбын, обкомолга комсомоллары мунньан, үлэни хайдах сайыннарар туһунан кэпсэтэрэ. Быһаарыллыахтаах боппуруостары ыйытара, көрдүүрэ. Туруорсара, өйүүрэ. ССРС спорка Кэмитиэтин бэрэссэдээтэлэ Сергей Павлович Павловы кытта физкультурнай институкка бииргэ үөрэммиттэр, инньэ гынан, көрсөн кэпсэтэллэрэ, сүбэлэһэллэрэ. Өрөспүүбүлүкэ Министирдэрин Сэбиэтин бэрэссэдээтэлинэн ананар үһү диэн үөрбүппүт. Хомойуох иһин, аварияҕа түбэспитэ. Улаханнык хомойбуппут, аһыйбыппыт. Саха театрыгар атаарааччы элбэх этэ. Ахтыы бөҕө оҥоһуллубута. Степан Охлопков күүстээхтик тыл эппитэ: “Кырдьыгы этэр киһи, баттаабат, көнөтүнэн сылдьар киһи, улуу киһи кэлэн олохтон барда”,- диэбитигэр ытаһыы, хараастыы улахан этэ. Хараҕым уута саба түспүтэ. Хомолто улахан этэ.
Н.Н. Тарскай салалтатынан үлэлээбитим дьолум эбит. Ыҥыран кэпсэтэрэ. Спордунан дьарыктанарбын өйөөбүтэ. Ол иһин күүскэ дьарыктаммытым. Кэлин, Саха сиригэр 29 төгүл, Дальнай Востокка уонна Сибииргэ түөртэ, Россия тыатын сирин спортсменнарыгар үрүҥ көмүс, ССРС тыатын сиригэр боруонса призер буолуталаабытым. Хамаандаҕа киллэрбиттэрэ эрээри, салгыы өйөбүл суоҕунан, тохтообутум.
Киһи төрүүр, киһи төттөрү барар. Тарскай аата үйэлэргэ ааттана туруоҕа. Саха дьолугар төрөөн ааспыта.
Алексеев Аркадий Михайлович – 50-60-с сылларга өрөспүүбүлүкэ күүстээх быһыйа, дэгиттэр спортсмена, мелодист, ырыаһыт, тренер, культура үтүөлээх үлэһитэ: “1953 с. өрөспүүбүлүкэ оҕолоругар күрэхтэһэбин, копьеҕа, сүүрүүлэргэ бастыыбын. Биирдэ, Майаҕа 7 кылааска үөрэнэр сылбар, стадиоҥҥа дьарыктана сырыттахпытына өрөспүүбүлүкэ спордун үлэһиттэрэ Н.Н. Тарскай, С.С. Жирков, В.П. Кочнев кэллилэр. 400 м сүүрдүбүттэрин, 55 сөк. кэлбиппэр сөхтүлэр. Уҥуохпунан улахаммын, эттээх-сииннээхпин. Тарскай хайҕаата, илиибин-атахпын тутан көрдө, модьу эбиккин диир. Афанасий Кирикович Софронов 1955 с Краснодарга улахан дьоҥҥо Россия күрэхтэһиитигэр илдьэ сылдьыбыта. 1958 с. хайыһарга чөмпүйүөннээтим. 1956 с. Саха сирин норуоттарын Спартакиадатыгар пятиборьеҕа рекорд олохтоотум. Копьеҕа Чурапчы киһитигэр Алексей Шадриҥҥа кыайтараммын үһүс буоллум. Ыччаттар Фестивалларыгар кыайдым. Итинник кһрэхтэһэн, “За лучшие достижения в спорте” Тарскай илии баттааһыннаах уонча грамоталардаахпын.
1958 с. Мэҥэ-Хаҥалас Томторугар физкультура учууталынан үлэлии олорон, өрөспүүбүлүкэ көҥүл тустуга чемпионатыгар улахан ыйааһыҥҥа туһуннардылар, 87 кг. Биэс утарсааччыларбын, ол иһигиэр, Илья Кондратьевы ыраастык хотуталаатым. Эчэйии ыламмын тохтообутум. Сайыҥҥы сборга ыҥыран сырытыннардылар. Н.Н. Тарскай, Е.Д. Кычкин уонна Иван Морозов диэн ССРС чөмпүйүөнэ, спорт маастара туһун, дьарыктан диэн хаайбыттарын аккаастаатым. Тустарбын олох сөбүлээбэппин. Онно Тарскайтан мөҕүллэн турабын.
1959 с. Москва институтугар үөрэххэ киирдим. Кылыы рекордсмена Петр Местниковтыын биир хоско олоробут. Анатолий Габышев эмиэ баар, үһүөбүт. Тарскай кэлэн көрүстэ, хайдах сылдьарбытын ыйыталаһар, былчыҥмытын тутан-хабан көрөр. “Седьмое небо” рестораҥҥа илдьэн аһатта. Туруу студент уолаттар тото-хана миин бөҕө истибит, торуой бөҕө сиэтибит. Итинник, спордунан дьарыктанар ыччаттары кэрийэн көрөр-истэр, олус болҕомтолоох бэрэссэдээтэллээх этибит.
1956 с. “Труд”, кэлин “Спартак” аатын ылбыт стадион туттарбыта. Букатын кута дойду этэ. Гарь куттарбыта. Матараас курдук күөгэҥнэс дойду этэ. КлименкоВасилий Иванович икки миэтэрэҕэ чугаһыыр уҥуохтаах тутуу инженерэ, стадиоммутун 90 см үрдэппитэ. Ол гаревай сүүрэр суолбутунан сүүрдээххэ, искэҕэ сирэйгэр түһэр буолара.
Тарскай кыра соҕус киһи, намыһах. Куолас да куолас. Историяҕа киирбит үлэһит. Спорт уонна физкультура тус-туспа, атын көрүҥ буолалларын быһаарбыта. Игнатьев И.Г. бырабыыталыстыба бэрэссэдээтэлин солбуйааччынан, Бурнашев Р.Р. хайыһар чөмпүйүөнэ, Чурапчыга Коркин, Шадрин буоланнар спорду көтөхпүттэрэ. Кочнев М.П. убайа спорт кэмитиэт буола сылдьыбыта, 1964 с. Россия көҥүл тустууга чемпионатыгар комментатордаабытым. Саха сиригэр спорт сайдыытыгар Н.Н. Тарскай өҥөтө улахан. Жирков С.С. Тарскайга солбуйааччынан үлэлээбитэ. Спорт, олох сайдыыта салҕанан бара турар. Инники диэки кимиилээхтик баран иһиэххэ”.
Готовцев Прокопий Прокопьевич – Россия уонна Саха Өрөспүүбүлүкэтин физическэй культураҕа үтүөлээх үлэһитэ, Уус-Алдан оройуонун уонна Баатаҕай нэһилиэгин ытык олохтооҕо: “Н.Н. Тарскайы биир дойдулааҕым быһыытынан оҕо эрдэхпиттэн истэбин, билэбин. Саха сииригэр физкультура уонна спорт сайдыыларыгар олук уурбут тэрийээччи, киһи кэрэмэһэ, киэҥ билиилээх-көрүүлээх. Төрүттэрин батан, эйэҕэс, сытыы-хотуу диэн убапйдарбыт, аҕаларбыт кэпсииллэрэ. Оннук да буолан, Москваҕа Сталин аатынан физкультура институтун бүтэрдэҕэ, спорду профессиональнай таһымҥа тахсыытын ситистэҕэ. Кыахтаахтык, күүскэ үлэлээн. Өрөспүүбүлүкэ социальнай-экономическэй сайдыытыгар сүҥкэн кылааты киллэрбитэ. Е.Д. Кычкинныын спорду чаҕылхайдык таһаарбыттара тоҕо эрэ кэпсэммэт этэ. Элбэх ахтыылар, суруйуулар, кинигэ тахсыбытын кэннэ дьэ, киэҥ билиниини ылла.
Н.Н. Тарскай Уус-Алдан оройуонун Баатҕайын нэһилиэгэр 1924 сыл ыам ыйын 8 күнүгэр төрөөбүтэ. Баатаҕайтан 16 км тэйиччи Араҥастаах алааһыгар, аҕата ийэтэ олорбут, үөскээбит сирдэригэр. Чараҥай 7 кыл оскуолатын бүтэрэн, салгыы, 1939 с. Дьокуускайга 8-с оскуолатыгар үөрэнэн, бүтэрэн, үөрэххэ Москваҕа киирбитэ. Аҕата эрдэ өлөн, Чараҥайга ийэтэ Тарскай Ньукулай-Даадаргага кэргэн тахсан, иитиллибитэ. Даадар көмөтүнэн үөрэммитэ. Сытыы-хотуу бэйэтин лаппа кыанар буола улааппыта. Оскуола лидерэ.
Улахан үлэ кыраттан саҕаланар. Чараҥай оскуолатыгар физкультура учууталынан үлэлээбитэ. Оччолорго байыаннай аҥардаах физукльтура уруоктарыгар бэйэтинэн тоҥуу хаары кэһэн, сыыллан, холобур буолан үөрэппитэ диэн кэпсииллэрэ. Дьокуускай пединститутугар тустуу секциятын тэрийэн, маат тиктэрэн саҕалаабыта. Урут кэпсэммэт этэ. Биллибэт этэ. Биллибит. Астынныбыт. Ымпыга-чымпыга биллибэт этэ.
Тарскай үбүлүйдээх 70, 80, 90 саастара нэһилиэк таһымынан бэлиэтэнэн ааспыттара. Оройуонтан кэлэн бараллара. 1991 с. Н.Н. Тарскай аата оскуолаҕа иҥэриллиитигэр, Николай Николаевич кэргэнин, оҕолорун макссыына булан Баатаҕайга таһаара сылдьыбытым. Онтон, 1996 с. оскуола дириэктэрэ Роман Прокопьевич Петров көҕүлээн ылыннарыытынан, урут оскуола дириэктэрдэрэ олоро сылдьыбыт икки квартиралаах дьиэлэригэр РОНО сөбүлэһэн Тарскай аатынан Музей тэриллибитэ. Ол аһыллыытыгар олохтоох Сэбиэт тэрээһининэн, дьонун, табаарыстарын куораттан таһаарбытым. Улахан уола Сергей, орто уола Александр, Антон диэн сиэнэ, уонна биһи убаастабыллаах тустууктарбыт, Россия, Саха сирин чөмпүйүөннэрэ Ник Гоголев, Василий Румянцев, Дмитрий Данилов, тренер Николай Николаевич Волков, Москваҕа бииргэ үөрэммит табаарыһа Валерий Пантелеймонович Кочнев буоламмыт тахса сылдьыбыппыт. Билигин ол Музей үлэлии турар. Дьиэтэ эргэрдэ. Саҥардыллара буоллар.
1952 с. Н.Н. Тарскай стадиону бэйэтэ былааннаан, бырайыактаан туттарбытын дьон-норуот билэр. 1995 с. саҕалаан саҥалыы бырайыагынан улахан таһымҥа эппиэттиир стадиону 1-кы Президеммит М.Е. Николаев туттарбыта. Аныгылыы бүрүөһүннээ сүүрэр суола, тырыбыналара хайдах буолуохтаахтарын Михаил Ефимович бэйэтинэн кэрийэ сылдьан көрөн, оччотооҕу спорт салайааччылара этэн-тыынан, стадион саҥардыллан тутуллан, 1996 с.“Дети Азии” оонньууларын аһыллыыта манна буолуохтаах диэн эппитин эт-кулгаахпынан истибтим, илэ-харахпынан көрбүтүм. Гуляев МД миниистирдии олорон Тарскай аатын “Спартак” стадионугар иҥэрбитэ.
Онон, 2024 с. бары спортивнай дьаһаллар спорт Министиэристибэтин салалтатынан Н.Н. Тарскай аатынан бараллара сөптөөх. Өрөспүүбүлүкэ, улуус таһымыгар аата ааттанан, норуот өйүгэр-санаатыгар өрөспүүбүлүкэ биир чаҕылхай салайааччыта, саха киһитэ, физическэй культураны уонна спорду тэрийээччи 1954 с. үөрэҕи бүтэрэн кэлиэҕиттэн 1959 с. атын үлэҕэ барыар диэри таһаарыылаахтык үлэлээбитэ. Ол туһунан сурукка-бичиккэ тиһилиннэ. Олимп чыпчаалыгар тиийиэхтэрэ диэбитэ, тиийдибит. Бэйэтигэр олус эрэллээх киһи үлэлээн ааспытын ама ким сөхпөт буолуоҕай. Кини курдук үлэлээбиттэр аҕыйахтар. 50-с сыллар саҕаланыыларыгар, күүстээх санаалаах киһи кэлэн ааспыта.
Суох буолуутугар араас кэпсээннэр тарҕаммыттара. 1990 с. сырдык аата иккиһин күөрэйбитэ. Физкультура испэсэлииһэ, норуокка бастакы нүөмэринэн билиниллиэн наада. Бииргэ иниституту бүтэрэн, алтыспыт дьоно суохтар, ол иһин, салҕааччылар, оҕолоро, сиэннэрэ, дьоҥҥо истиҥ сыһыанын, улахан дьыалалары оҥорбутун бэлиэтээн туран, уруйдуохпутун-айҕаллыахпытын наада.
Өрөспүүбүлүкэбит салалтата дьону үйэтитии сөптөөх хайысхаьтын тутуспута саамай сөп, биһирэнэр. Норуот хаһаайыстыбатын араас салааларыгар үйэтитии памятниктар элбээн эрэллэр кэрэхсэбиллээх. “Туймаада” стадиоҥҥа Н.Н. Тарскай памятнига туруоруллара буоллар, бар-дьон барыбыт үөрүүтэ буолуо этэ".
Н.Н. Тарскай төрөөбүтэ үбүлүөйдээх 100 сыла бэлиэтэнэр кэрэ-бэлиэ кэрдиис кэмҥэ, күн-дьыл төһөнөн ааһан иһэр да, Саха сиригэр физическэй культура уонна спорт уһулуччулаах тэрийээччитин, салайааччытын көрбүт-истибит аҕам саастаах ветераннар хайдах баарынан ахтан-санаан ааһаллара оччонон күндү.
Баһылай Посельскай