Саха сиригэр физкультура уонна спорт сайдыыларыгар улахан хамсааһыны

таһааран сайдыыга аҕалбыт, Саха АССР Миниистирдэрин Сэбиэтин физическэй культураҕа уонна спорка Кэмитиэтин бэрэссэдээтэлинэн үлэлээбит Николай Николаевич Тарскай төрөөбүтэ үбүлүөйдээх 100 сыла киэҥ далааһыннаахтык, өрө көтөҕүллүүлээхтик бэлиэтэннэ. Н.Н. Тарскай 1924 с. ыам ыйын 8 күнүгэр Уус-Алдан улууһун Баатаҕайын нэһилиэгэр күн сирин көрбүтэ.

TAR 2 2

     Быыстапка

Пушкин аатынан библиотекаҕа Н.Н. Тарскай олоҕун, айымньылаах үлэтин көрдөрөр быыстапка туруорулунна. Уһулуччулаах тэрийээччи, салайаачы орто уола Александр Тарскай, сиэнэ Людмила, чугас аймахтара Кулагиннар кыттыыны ыллылар. Билигин Москваҕа олорор, үлэлиир уола Александр Николаевич санаатын кытта үллэстэригэр, аҕата Н.Н. Тарскай “Байыаннай-физическэй өртүнэн бэлэмнээһиҥҥэ ситиһиилэрин иһин” наҕараадаламмыт 1945 сыл атырдьах ыйын  30 күнүгэр, 1957 с. балаҕан ыйын 18 күнүгэр “Саха сирэ Россия государствотыгар киирбитэ 325 сылынан Саха АССР промышленноһа, тыатын хаһаайыстыбата уонна культурата сайдыытыгар үтүөлэрин иһин Саха АССР Верховнай Советын Президиумун Почетнай грамоталарынан наҕараадаламмытын көрдөрдө.

TAR 1

Оҕо сылдьан Каландарашвили 8 уулуссатыгар икки квартиралаах мас дьиэҕэ олорор эрдэхтэринэ аҕата командировкалартан китайскай теннис мээчиктэрин аҕаларын, күһүҥҥү хараҥа халлааҥҥа спутниктар көтөһөн ааһалларын, Уус-Майаҕа олорор кэмнэригэр Муокуйа үрэҕэр киирэн уот оттон кус үтэн сиэтэрин, күөгүлүүллэрин, хапсаҕай  албастарыгар үөрэтэрин, убайа Сергейдиин, быраата Николайдыын баскетболунан, гимнастиканан, тустуунан, спортивнай ориентированиенан дьарыктаммыттарын, күн-бүгүнүгэр диэри сэрээккэлиирин, хамсанарын-имсэнэрин кэпсээтэ.

Н.Н. Тарскай быыстапката кэрэхсээн көрбүт, сылдьыбыт дьоҥҥо үгүс үтүө өйдөбүллэри сахта, дириҥ ис хоһоонноох историяҕа тиһиллэр үйэлэргэ өлбөөдүйбэт чахчылары кытта билиһиннэрдэ

TAR 15 15

         Сэрээккэлэр

Николай Николаевич Тарскай төрөөбүт ыам ыйын 8 күнүгэр Кыайыы Болуоссатыгар сарсыардааҥҥы чэбдигирдэр сэрээккэлэр көхтөөхтүк ыытылыннылар. Болуоссат сэрээккэлээччилэринэн туолбута көрөргө үчүгэй буолла! Тэтимнээх музыка, үөрүүлээх дьаһалы ыытааччылар эрчимнээх куоластара сэргэхситиини үөскэттилэр. Физическэй культура уонна спорт миниистирэ Леонид Спиридонов, Дьокуускай куорат баһылыга Евгений Григорьев  сэрээккэһиттэри эҕэрдэлээтилэр. Евгений Григорьев бэйэтин сөбүлүүр хамсаныыларынан сэрээккэни ыытта. Салгыы, сэрээккэни “ГТО оонньууларыгар” Россия абсолютнай чөмпүйүөнэ Игнатий Чомчоев, “Профессионалларга” Россия үрүҥ көмүс призера Александра Барашкова, Россия кыһыл көмүс медалистара Леонид Зырянов, Дьулус Бубякин күн устата үчүгэй туруктаах сылдьыы хамсаныыларын көрдөрдүлэр. Университет преподавателэ Лия Дмитриевэ флешмобу салайан ыытта.

TAR 18 18

Элбэх дьон санааларын кытта үллэһиннилэр. Дьокуускай куорат дьаһалтатын баһылыга Евгений Григорьев куорат үрдүнэн сайын устата күннэтэ 28 балассааккаларынан, болуоссаттарынан, стадионнарынан чэбдигирдэр сэрээккэлэр ыытыллалларын, бигэ туруктаах сылдьар инниттэн гимнастиканан, тимиринэн дьарыктанарын, киин куорат олохтоохторун эмиэ физкультуранан уонна спордунан дьарыктаналларыгар, чөл олоҕу тутуһалларыгар ыҥырда. Скандинавскай хаамыы салайааччыта Матвей Лыткин уонна  хаамыы инструктора Владимир Иванов Саха сирин тыйыс айылҕалаах усулуобуйатыгар эти-сиини бөҕөргөтөр наадатын, “Стимул” хаа ыам ыйын 25 күнүгэр  хаамыыга буолар күрэхтэһиигэ, оҕолорго холобур көрдөрүөхтээхпитин; Дьааҥыттан Полина Домнина “Стимул” салайааччылара Лыткиннаах Иванов ыраах хоту тиийэ сылдьаннар хаамыыны тарҕатыыга үлэ бөҕөнү ыыппыттарын, “Доруобай нэһилиэктэр” үксүүллэригэр баҕа санааларын тиэртилэр.

TAR 5 5

Уус-Алдан улууһун Баатаҕайын баһылыга Михаил Белолюбскай нэһилиэгиттэн төрүттээхтэри, олор истэригэр, “Дыгын оонньууларын” сэттэ төгүллээх кыайыылааҕа Иван Белолюбскай, уонча киһи кэлэн сэрээккэлээтилэр.

TAR 3 3

Сарсыардааҥҥы сэрээккэлэргэ эрчимнээх хамсаныылар тымныы, тыаллаах күнү билиннэрбэтилэр, сэргэхситиини үөскэттилэр, үтүө өйү-санааны сахтылар

tar 36

      Сибэкки дьөрбөтүн ууруу

“Туймаада” стадион киириитигэр турар Н.Н. Тарскай памятник-бюһугар сибэкки дьөрбөтүн ууруу долгутуулаах түгэнигэр киин куорат олохтоохторо, ыалдьыттар, спорт ветераннара, өрөспүүбүүкэ спортивнай общественноһа, Н.Н. Тарскай  хаан-уруу аймахтара сырыттылар. Ил Түмэн бэрэссэдээтэлин 1-кы солбуйааччы Александр Николаевич Жирков,

TAR 23 23

физическэй культура уонна спорт миниистирэ Леонид Николаевич Спиридонов, Уус-Алдан улууһун баһылыгын 1-кы солбуйааччы Илья Артамонов, Н.Н. Тарскай төрөппүт уола Александр Николаевич Тарскай эҕэрдэ тыллары эттилэр. Чуолаан, Александр Жирков, Тарскай төһө да кылгас олоҕу олордор, физкультура уонна спорт маассабай буолууларын ситиспитин; таһаарыылаах үлэтэ уос номоҕр киирбитин; кыра ычалаах дьон сырдык аатын өлбөөрдө сатаан, өрөспүүбүлүкэ тустууга чемпионатын тохтото сылдьыбыттарын утары турунаннар, Олимпиецтар Роман Дмитриев, Павел Пинигин, Александр Иванов,  киэҥ общественноһы туруораннар, Тарскай аатынан тустуу чемпионата хаттаан сөргүтүллүбүтүн; Н.Н. Тарскай дьыалатын үйэтитэргэ Саха Өрөспүүбүлүкэтин президеннэрэ, В.А. Штыров Николай Николаевич Тарскай 80 сылыгар, Е.А. Борисов 90 уонна А.С. Николаев үбүлүйдээх 100 сылыгар туһуламмыт Ыйаахтары таһаарбыттарын; “Туймаада” стадионугар Н.Н. Тарскай аата иҥэриллибитин, бюст-памятнига, Бороҕоннооҕу спорт Дыбарыаһын иннигэр скульптор В.В. Бочкарев чочуйан оҥорбут Тарскай хааман иһэр памятнига туруоруллубутун;  

TAR 25

физкультураҕа уонна спорка ырааҕы өтө көрөр этиилэрэ олоххо киллэриллибиттэрин, өрөспүүбүлүкэ олоҕор дириҥ суолу-ииһи хаалларбыт чаҕылхай салайааччылар ааттара умнуллубаттарын чорботон бэлиэтээтэ.

TAR 31

     Төгүрүк остуол

2-ис нүөмэрдээх Бырабыыталыстыба Дьиэтигэр Н.Н. Тарскай 100 сылыгар аналлаах үөрүүлээх мунньахха Н.Н. Тарскай олоҕун, үлэтин билиһиннэрэр түгэннэр видео-киинэ улахан экраныгар көрдөрүллэн болҕомтону тартылар. Үөрүүлээх дьаһалы физическэй культура уонна спорт миниистирин солбуйааччы Гаврил Мохначевскай салайда. Александр Николаевич Жирков, Леонид Николаевич Спиридонов

TAR 19 19

Илья Юрьевич Артамонов, РФ физическэй культураҕа уонна спорка үтүөлээх үлэһитэ Афанасий Егорович Алексеев, Саха Өрөспүүбүлүкэтин культуратын үтүөлээх үлэһитэ Аркадий Михайлович Алексеев, университет физкультураҕа уонна спорка институтун дириэктэрэ Николай Ефимович Гоголев, Тарскай уола Александр Николаевич Тарскай, өрөспүүбүлүкэ спорка музейын дириэктэрэ Михаил Друзьянов Н.Н. Тарскай туһунан тыл эттилэр, Н.Н. Тарскайы үйэтитиигэ үлэлэспит дьону эҕэрдэлээтилэр, махталларын биллэрдилэр.

tar 39 39

Чуолаан, Уус-Алдан улууһун Баатаҕайын нэһилиэгин баһылыга Михаил Белолюбскай, тыһыынчанан туруйулар тоҕуоруйан ааһар киэҥ сыһыылардаах, үүнүүлээх алаастардаах кэрэ айылҕалаах Баатаҕайга Күүстээх Уйбаан, Күүстээх Муотаанай, Ууһут Бүөтүскэ диэн кэпсээҥҥэ киирбит дэгиттэр кыахтаах дьоннордоохторун; Прокопий Прокопьевич Готовцев курдук өрөспүүбүлүкэ таһымнаах салайааччынан, ини-бии Сергей, Иван, Екатерина Белолюбскайдар курдук спорка ситиһиилэрдээх спортсменнарынан киэн тутталларын; Н.Н. Тарскай төрөөбүт Араҥастаах алааһыгар Олимпийскай чөмпүйүөннэр Роман Дмитриев, Павел Пинигин сэргэ туруоруутун сиэригэр-туомугар сылдьыбыттара кэрэ-бэлиэ түгэнинэн буолбутун; Тарскайдар олорбут балаҕаннара сөргүтүллүөхтээҕин; үөрэммит Чараҥайын оскуолата музей буолан үлэлиирин; Н.Н. Тарскай учууталлаабыт кэмигэр байыаннай-патриотическай иитиигэ оҥортообут окуопаларын, байыаннай-спортивнай тэриллэрэ саҥардыллыахтаахтарын; бэлиэ стелла туруоруллуохтааҕын уонна бэс ыйын 8 күнүгэр Н.Н. Тарскай  100 сылынан өрөспүүбүлүкэ таһымнаах үбүлүөйдээх ыһыах тэриллэрин, билиһиннэрэ-өйдөтөр тэрээһин үлэлэр инникитин салгыы ыытылла   туруохтарын тустарынан эттэ.

TAR 27 27

Саха сирин спордун 1977-1986 сс. салайбыт, РФ физическэй культураҕа уонна спорка үтүөлээх үлэһитэ, Н.Н. Тарскай салалтатынан үлэлээбит Афанасий Алексеев саха аан дойдуга тахсыахтааҕын туһунан ыра санаатын остуоруйа курдук истибиттэрин, ол этиилэрэ олоххо киирбиттэрин, “Н.Н. Тарскай” кинигэтин таһаарбыт ааптардарыгар оҕону олоҥхоҕо уһуйуу маастар-педагогар Наталья Иннокентьевна Мордовская-Тарскаяҕа, “Дьулурҕан” хаһыат редакторыгар Петр Семенович Павловка махталын биллэрдэ, кыһыл көмүс мэтээллэри туттартаата уонна  Н.Н. Тарскайы өр сылларга үйэтитиинэн дьарыктанар Петр Семеновичка Д.П. Коркин бириэмийэтин лауреатынан туруорсарга санаатын эттэ.

TAR 28 28  

1950-1960 сылларга өрөспүүбүлүкэ күүстээх быһыйа, дэгиттэр спортсмена, норуот артыыһа, Саха культуратын үтүөлээх үлэһитэ Алексеев Аркадий Михайлович Н.Н. Тарскай илии баттааһыннаах уон грамоталарын кэпсээн көрдөрбүтэ сэҥээриини үөскэттэ.

TAR 30 30

Өрөспүүбүлүкэ спорка музейын дириэктэрэ, спорт историятын үөрэтэр Михаил Егорович Друзьянов Н.Н. Тарскай “Ыстаҥа” туһунан ыстатыйата тахсыбыт 1954 с. “Физкультура и спорт” сурунаалын, Н.Н. Тарскай 1955-1956 сс. “Список специалистов и переписка с комитетами о наборе в физкультурные учебные заведения РСФСР” диэн олохтоох кадры үүннэриигэ күүскэ үлэлээбитин, сабыллаары гыммыт Дьокуускайдааҕы педучилищены саптарбатаҕын туһунан уо.д.а. докумуоннардаах паапкатын Н.Н. Тарскай уолугар Александр Николаевичка бэлэхтээн туттарда. Баатаҕайга таас оскуоланы тутар болдьоспутун, Чараҥайга бэлиэ турарыгар, спорт Министиэристибэтэ шефтэһэр  үлэни ыытарыгар, Тарскай дойдутугар суолта биэрэргэ этиилэри киллэрдэ.

TAR 26 26

Үөрүүлээх быһыыга-майгыга буолбут үөрүүлээх мунньах Н.Н. Тарскай туһунан үгүс үтүө өйдөбүллэри үөскэттэ.

      Кинигэ сүрэхтэниитэ

Н.Н. Тарскайга анаммыт үөрүүлээх мунньах үгэнигэр, “Айар” кинигэ издательствотыгар “Республика чулуу дьоно” сериянан саҥа тахсыбыт “Николай Тарскай” кинигэ сүрэхтэниитэ буолла. Кинигэ ааптардара Наталья Мордовская уонна суруналыыс Петр Павлов кинигэ хайдах оҥоһуллубутун туһунан кэпсээтилэр.

tar 37 37

Саха Өрөспүүбүлүкэтин культуратын туйгуна Наталья Иннокентьевна Мордовская  саха саарына Тарскайы билиһиннэрэ кэм кэлбитин; П.С. Павловы кытта уһуннук матырыйааллары. Хаартыскалары хомуйан, уһуннук үлэлээбиттэрин, Н.Н. Тарскай биир дойдулаахтарын таһынан, үөрэнээччилэрин, соратниктарын ахтыылара, дакылааттара, Тарскай ыстатыйалара киллэриллибиттэрин, Баатаҕайга Тарскай музейын төрүттээбит К.И. Румянцева сүбэлээн көмөлөспүтүн, Бырабыыталыстыба үбүлээн кинигэ тахсыбытын кэпсээтэ.  

tar 38 38

“Дьулурҕан” хаһыат редактора, Саха Өрөспүүбүлүкэтин Бэчээтин туйгуна Петр Семенович Павлов – “Айар” кинигэ кыһатыгар махтанан туран,  физкультура уонна спорт эрэ актыыбынан муҥурдаммакка, үгүс дьонун-сэргэтин, ыччаттары, оскуолалары, өрөспүүбүлүкэ киэҥ эйгэтин хабарга; Тарскай оҥорон хаалларбыт дьыалата баар буолан спортсменнарбыт спорт үрдүк чыпчаалларыгар тахсалларын; Тарскайы үйэтитиинэн 1988 сылтан үлэлэһэрин; “Эдэр коммунист” хаһыакка Софрон Осиповка интеврью биэрэн, аан бастаан Тарскай аата биллэн барбытын, өрөспүүбүлүкэ общественноһыгарР.М. Дмитриев этиитэ өйөнүллүбүтүн; дьылҕата наһаа судургута суоҕун; дьаһаллар өрөспүүбүлүкэ таһымнаах буолалларыгар баҕа санааларын биллэрдэ.

tar 34

Биллиилээх государственнай уонна общественнай деятель, Саха сиригэр физическэй культура уонна маассабай спорт хамсааһынын төрүттээбит талааннаах тэрийээччи, салайааччы, ССРС физическэй культуратын туйгуна Николай Николаевич Тарскай төрөөбүтэ 100 сылыгар аналлаах дьаһаллар, төрөөбүт ыам ыйын 8 күнүгэр үөрүүлээх быһыыга-майгыга, өрө көтөҕүллүүлээхтик ыытылыннылар.

Үтүө ааттар умнуллубаттар, дьоһун дьыалалар салҕаналлар!

Баһылай Посельскай

Поделиться:

#Новости

Ассоциация «Сахаада-спорт» выбрала лучших за 2024 год

В Республиканском центре национальных видов спорта имени В.Манчаары 5 декабря состоялось…

Минспорт Якутии и Сахатранснефтегаз будут развивать корпоративный спорт

Это первый проект в развитии корпоративного спорта среди работников промышленной сферы