Биллиилээх государственнай уонна общественнай деятель, Саха сиригэр далааһыннаах физкультурнай хамсааһыны тэрийбит Николай Николаевич Тарскай

төрөөбүтэ 100 сылыгар самаан сайыны көрсө үбүлүөйдээх  ыһыах Уус-Алдан улууһун Баатаҕайын нэһилиэгэр бэс ыйын 8 күнүгэр үрдүк тэрээһиннээхтик буолан ааста. Николай Тарскай төрөөбүт-үөскээбит, үөрэммит Чараҥайын алааһыттан саҕалаан, Баатаҕай оскуолатын тиэргэнигэр памятник-бюст, киэҥ түһүлгэҕэ ыһыах үөрүүлээхтик аһыллыылара, музейы көрүү, кинигэ сүрэхтэниитэ, илии-атах оонньуулара, норуот тапталлаах ырыаһыттарын, үҥкүү ансаамбылларын кэнсиэрэ, оһуохай  болҕомто киинигэр турдулар, ыһыах дьонун сүргэтин көтөхтүлэр. Истиҥ эҕэрдэлэр этилиннилэр, Николай Николаевич Тарскайы үйэтитэр дьаһаллар өрө тутулуннулар.

C0306.MP4 snapshot 00.05.946 1 1

        Чараҥай

Ыһыахха анаан-минээн кэлбит күүтүүлээх ыалдьыттары, өрөспүүбүлүкэ спорка ветераннарын, Баатаҕайтан биир көс кэриҥэ бэттэх баар Чараҥай сиригэр-уотугар нэһилиэк баһылыга Михаил Белолюбскай, Н.Н. Тарскай аатынан оскуола дириэктэрэ, музей салайааччыта  Алеана Алексеевна Бурнашева сахалыы симэнэн таҥныбыт ыччаттарын кытта көрүстүлэр, кымыстаах алаадьынан күндүлээтилэр.

IMG 6765.MOV snapshot 00.03.093 3 3

Аҕа дойду Улуу сэриитин кыттыылаахтарыгар, тыылга кыайыыны уһансыбыт, сэрии сылларын оҕолоругар, элбэх оҕолоох ийэлэргэ, Чараҥайтан төрүттээхтэргэ, уруккута “Барыллыалаах”, кэлин Карл Маркс аатынан холхуос туруу үлэһиттэригэр анаан оҥоһуллубут  монумент-стелланы көрдөрдүлэр. Н.Н. Тарскай үөрэммит Чараҥай начаалынай оскуолата 1929 с. аһыллан үлэлээбит. Арыый тэйиччи, уруккута оскуола турбут, мас  сулустаах, күрүөлэммит сиригэр, арыллыбыт сүүнэ бетон кинигэ күөнүгэр Тарскай олорбут  паартата, “Чараҥайбыт оскуолатыгар махтал!” суруктаах кылаас дуоската, Н.Н. Тарскай 1990 с. оҥоһуллубут бастакы бүүһэ,  бааллар. Музей дьоһун экспонатынан буолбут бу үйэтитиллибит ытык сири Баатаҕай оскуолатын 2004 с. бүтэрбит, билигин сытыы-хотуу, бас-көс үлэһит дьоно Михаил Михайлович Белолюбскай, улуус депутата Алексей Яковлевич Троев  үөрэиммит кылаастарын күүһүнэн тиит, хатыҥ мастары олордубуттара үүнэн-силигилээн ырааппыттар.

IMG 6774.MOV snapshot 00.38.642 3 3

Чараҥайтан төрүттээх, сыллата сайылаан олорор, пенсионер Нафанаилов Петр Петрович нэһилиэк спорка баай историятын  кэпсээтэ. 1947 сыллааҕы ыһыахтыыр сири отуттан-маһыттан ыраастаан, чөлүгэр түһэрэн, реставрациялаан, күрэхтэһиилэр ыытыллар, ыһыах ыһыллар бэртээхэй көнө хонуулаах, спортивнай балассааккатын туппуттар. Биэс Олимпийскай көлүөһэлэрдээх “Недалек тот день, когда якутские спортсмены будут чемпионами России, Советского Союза, мира и Олимпийских игр” диэн Н.Н. Тарскай суруйбут, илии баттааһыннаах памятнигын уонна Тарскай тренер Д.П. Коркины Ленинградка ыытан үөрэттэрэн, элбэх тустууктар иитиллибиттэрин, олор истэригэр РСФСР, ССРС тыатын сирин чөмпүйүөнэ, Аркадий Аманатов тахсыбытын, аан дойдуга ситиһиилэрдээх аныгы кэм дэгиттэр спортсменнара Иван, Екатерина Белолюбскайдар хаартыскалардаах панно-стиэндэ Чараҥай ыһыахтыыр түһүлгэтин киэргэтэр. Аан дойду биэс төгүллээх чөмпүйүөнүн Али-Алиевы муоска тутан, ССРС-ка төрдүс миэстэлэммит Семен Дмитриев эмиэ Чараҥай киһитэ. Петр Рафаилов элбэҕи кэпсээн иһитиннэрдэ.

               Сэрээккэ 

Үбүлүөйдээх ыһыах буолар күнүн Тамара Иннокентльевна Босикова сэбиэдиссэйдээх ”Күнчээн” оҕо уһуйааныгар түһэн, хонон, үрдүттэн аһаан, бэрт сынньалаҥнык утуйан турбут аҕам саастаах спорт ветераннара, Н.Н. Тарскайы кытта ыкса алтыспыт 89 саастаах Афанасий Егорович Алексеев, Михаил Михайлович Жирков, үөрэх салаатын ветерана Анатолий Андреевич Никифоров, төрүт Баатаҕай ытык олохтооҕо, лапсалаах кус миининэн күндүлээн көрсүбүт  Прокопий Прокопьевич Готовцев, Майа музейын салайа сылдьыбыт Анна Ивановна Петрова, Өрөспүүбүлүкэ спорка музейын дириэктэрэ Михаил Егорович Друзьянов, Саха норуотун артыыһа Владимир Заболоцкай, суоппарбыт Николай Клавдиевич Михайлов буоламмыт сарсыарда алта чааска күммүтүн сэрээккэттэн саҕалаатыбыт.

C0314.MP4 snapshot 00.03.838 13 13

Физическэй культура уонна маассабай спорт Управлениетын отделын салайааччыта Зинаида Егоровна Афанасьева чэбдигирии араас сонун хамсаныыларын оҥортордо уонна түмүгэр, барыбытыгар скандинавскай хаамыы торуоскаларын бэлэхтээн улаханнык сэргэхситтэ. Баатаҕайга баран кэлиини массыына биэрэн хааччыйбыт Р.М. Дмитриев аатынан Олимпийскай эрэл училище дириэктэригэр Семен Сергеевич Чердоновка улахан махталбытын тиэрдэбит!

C0341.MP4 snapshot 00.01.397 14 14

                 Музей

Киэҥ программалаах ыһыах дьаһалларын, умнуллубат кэрэ-бэлиэ түгэннэрин оскуолаҕа баар Н.Н. Тарскай музейыттан саҕалаатыбыт. Уһулуччулаах салайааччы баай ис хоһоонноох экспонаттара болҕомтону тардаллар. Музей 1996 с. балаҕан ыйын 28 күнүгэр аһыллыбыт. Саха сирин күүстээх бөҕөстөрө, СГУ профессора, история билимин доктора Николай Антонович Гоголев, физическэй культура уонна спорт үтүөлээх үлэһитэ, бухатыыр-бөҕөс Василий Гаврильевич Румянцев, педагоика билимин доктора, профессор Валерий Пателеймонович Кочнев, Үөһэ-Бэстээх дьаһалтатыгар баһылыктыыр орто уола Александр Николаевич Тарскай эҕэрдэлээбиттэр.

C0342.MP4 snapshot 00.18.313 16 16

Музейга киирээти кытта Саха сирин спордун салайааччыларын мэтириэттэрэ, бастакы көлүөнэ тустууктар, үтүөлээх тренердэр, Д.П. Коркин, Олимпийскай чөмпүйүөннэр, Уус-Алдан бастыҥ бөҕөстөрө, Тарскай 1948-1954 сс. Москваҕа Сталин аатынан физкультурнай институкка студеннаабыт, балтын көрөөрү икки сыл тохтуу сылдьыбыт, учууталлаабыт  кэмэ, күнүн чэбдигирдэр сэрээккэттэн саҕалыыра, спордунан дьарыктана сылдьар түгэннэрэ, наҕараадалара, институту туйгуннук бүтэрбит, физкультура учуутала идэтин ылбыт  диплома, айымньылаахтык уонна таһаарыылаахтык үлэлээбит, спорду тэрийбит-салайбыт сыллара, үөлээннээхтэрэ, чугас доҕотторо, Н.Н. Тарскай бирииһигэр көҥүл тустуу чемпионаттара, кыайыылаахтары чиэстээһиннэр, үбүлүөйдээх кэрчик кэмнэр түгэннэрэ, П.П. Готовцев аҕалан туттарбыт “Азия оҕолорун” Спортивнай оонньууларын факела, кинигэлэр, ыстатыйалар, “Дьиэ-кэргэн”, “Тапталлаах кэргэнэ Людмила Петровна Серкина”, “Чараҥай оскуолата”, “Чугас аймахтар, оҕолор, сиэннэр”, “Олоҕун тиһэх сыллара” түһүмэхтэртэн таҥыллыбыттар. “Баҕа санаа” альбомугар элбэх киһи суруйан илии баттаабыттар.

C0361.MP4 snapshot 01.08.854 17 17

Дьоһун музейы 1996 с. саха тылын уонна история учуутала Ксения Иннокентьевна Румянцева маннык үтүө киһи төрөөн-үөскээн ааспытын билэн, көҕүлээн  тэрийбит. 90-с сыллардаахха Н.Н. Тарскай аата чөлүгэр түспүтүгэр, 1994 с. матырыйаал хомуйуутун саҕалаабыт. 1996 с. оскуола кэлэктиибин көмөтүнэн музей аспыттар, сырдатар, пропагандалыыр үлэни сүүрбэччэ сыл ыытан кэлбит. Научнай-практическай конференциялары, үбүлүөйдээх төгүрүк сылларга нэһилиэк, улуус таһымнаах үбүлүөйдэри, ыһыахтары ыыппыттар. Ксения Иннокентьевна Тарскай сырдык аатын үйэтитэргэ сыратын ууран үлэлээбит, төһө да пенсияҕа таҕыстар, күн-бүгүнүгэр диэри сүбэ-ама буолар.  Баатаҕайдар тумус туттар, улуу киһилэрин 100 сылынан өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн улахан болҕомто ууруллубутуттан, үгүс үлэ баран, үйэтитиллибититтэн улаханнык үөрэрин, махтанарын биллэрэр. Билигин үөрэнээччитэ, оскуола дириэктэрэ Алеана Алексеевна музей үлэтин салайар.C0387.MP4 snapshot 00.00.688 16 16

C0372.MP4 snapshot 00.12.915 6 6

               Памятник-бюст

Н.Н. Тарскай аатынан Баатаҕай оскуолатын тиэргэнигэр памятник-бюст аһыллыытыгар Саха Өрөспүүбүлүкэтин бырабыыталыстыбатын бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Сергей Местников, Ил Түмэн депутата Геннадий Васильев, Саха Өрөспүүбүлүкэтин физическэй культураҕа уонна спорка миниистирин солбуйааччы Гаврил Мохначевскай, улуус баһылыга Василий Аммосов, нэһилиэк баһылыга Михаил Белолюбскай, РФ физическэй культуратын үтүөлээх үлэһитэ Афанасий Алексеев биһирэбил тыллары эттилэр. Бүүс оҥоһуута табыллыбыт, Тарскай илэ-бэйэтинэн олорор.

C0382.MP4 snapshot 00.00.532 9 9

Бэртээхэй бүүһү художественнай училищены бүтэрбит, скульптор идэтин баһылаабыт, сахаттан бастакы быраас П.Н. Сокольников курдук, уо.д.а. элбэх скульптурнай оҥоһуктардаах, Уус-Алдан Мүрүтүн олохтооҕо Геннадий Оллонов чочуйбут үлэлэрэ. Н.Н. Тарскай памятнигын уонна бүүһүн оҥорорго сакаастар киирбиттэрин оҥортообут. Еннадий Оллонов спортиҥҥа, буулдьанан ытыыга спорт маастара, өрөспүүбүлүкэ чөмпүйүөнэ, призера, улуус федерациятын бэрэссэдээтэлэ. Тренер быһыытынан стендэбэй ытыыга икки спорт маастардара иитиллээччилэрдээх. Ытыы спордугар Олимпийскай чөмпүйүөннэри таһаарар бүччүм санаалаах.

C0442.MP4 snapshot 01.36.000 23 23

               Үбүлүөйдээх ыһыах

Ыһыах сценарийа олус табыллыбыт. Ыраас, чөллөркөй куоластаах диктордар Анна Федорова, Александр Гоголев ыһыаҕы “Николай Тарскай оҕо сааһа” кэмпозициянан саҕалаатылар. Уһулуччулаах физкультурнай-спортивнай хамсааһын салайааччытын биорафиятын сүрүн оҥкуллара кэпсэнэр кэмигэр, оҕолор туһуннулар, күрэхтэстилэр. Сэттис кылаас үчүгэй үөрэнээччитэ Коля Тарскай Москваҕа күүлэйдиир путевканан наҕарааламмыта кэпсэннэ. “Н.Н. Тарскай саха спордун аҕата” иккис түһүмэххэ, транспарааннаах, Тарскай мэтириэттээх колонна киириитэ, Н.Н. Тарскай салалтатынан Саха сиригэр физкультура уонна спорт маассабайдык сайдыылара, спартакиадалар;

C0408.MP4 snapshot 00.55.901 29 29

“Олимпиецтэри” түстээһин үһүс түһүмэххэ Советскай Сойууска, Европаҕа, аан дойдуга, Олимпийскай оонньууларга спортсменнарбыт бастааһыннара; “Уйгу сирэ Уус-Алдан” түһүмэххэ нэһилиэктэр хаамсан киириилэригэр спорка ситиһиилэр, бастыҥ спортсменнар ааттара дуораһыйда, спортивнай оскуолалар, физкультураны уонна спорду “үйэтитээччи” суруналыыстар, “спортивнай дьиэ-кэргэттэр” улуус спортивнай олоҕун, бүтүн историяны хабан, арыйан көрдөрбүттэрэ бэрт интэриэһинэй буолла.  Василий Парников салайар Найахытааҕы “Кэнчээри” ырыа ансаамбыла “Азия оҕолорун” гимнин толороннор, улуус культуратын специалиһа Туйаара Ларионова салалтатынан аныгы көлүөнэ имигэс, түргэн оҕолорун-ыччаттарын күүстэринэн пирамида, гимнастика, аэробика сөҕүүнү-махтайыыны үөскэттилэр.

C0435.MP4 snapshot 00.04.718 25 25

“Дыгын оонньууларын” сэттэ төгүллээх кыайыылааҕа, Баатаҕайдар киэн туттуулара Иван Белолюбскай ыһыах ытык дуоҕатын нэһилиэк баһылыгар туттарда. Үбүлүөйдээх ыһыах күндү-мааны ыалдьыттарын, ыһыах дьонун эҕэрдэлээн, олохтоох хаһаайын, Баатаҕай нэһилиэгин баһылыга Михаил Белолюбскай ыһыах саҕаланар бэлиэтин дуоҕаны киин түһүлгэ көстүүлээх сиригэр дохсун ытыс тыаһынан доҕуһуоллатан туруорда.

C0441.MP4 snapshot 01.10.080 20 20

Саха Өрөспүүбүлүкэтин бырабыыталыстыбатын бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Сергей Местников, улуус баһылыга Василий Аммосов, Ил Түмэн депутата Геннадий Васильев,

C0461.MP4 snapshot 03.59.275 33

Саха Өрөспүүбүлүкэтин физическэй культураҕа уонна спорка миниистирин солбуйааччы Гаврил Мохначевскай, улуус депутаттарын бэрэссэдээтэлэ Иннокентий Аммосов, улуус спорка кэмитиэтин бэрэссэдээтэлэ, өрөспүүбүлүкэ күүстээх-бухатыыр бөҕөһө Евгений Алексеев, Саха Өрөспүүбүлүкэтин спорка Албан аатын музейын дириэктэрэ Михаил Друзьянов Н.Н. Тарскай үлэтин суолтатын бэлиэтээтилэр, эҕэрдэ тыллары эттилэр, наҕараадалары туттардылар.

C0452.MP4 snapshot 01.17.670 27 27

Баатаҕай оскуолатын физкультураҕа учуутала, оҕолорго саха төрүт оонньууларын тэрийэн ыытар Николай Адамович Николаев “Гражданскай килбиэн” бэлиэнэн наҕараадаланна.

                Күрэс түһүлгэтэ

Ыраахтан-чугастан ыһыахха түмсүбүт күүстээхтэр-быһыйдар илин-кэлин түсүһүүлэрин, хаһан да буоларын курдук үгүс көрөөччү төбүрүөннээн олорон, ыһыытаан-хаһыытаан, астына-дуоһуйа ыарыйда.

C0487.MP4 snapshot 00.09.158 30

100 м сүүрүүгэ Ярослава Софронова (Баатаҕай), Саргылан Семенов (Мүрү); ветераннарга Виктория Афанасьева (Мүрү), Иван Иванов (Танда); хапсаҕайга 75 кг Очиржапов Очир  (Хаӊалас), 75 кг үөһэ Леонид Попов  (Таатта), муҥутуур бастыыр иһин хапсыһыыга Евгений Алексеев (Мүрү) 100 тыһ.солк; мас тардыһыыга 75 кг Никифоров Андрей (Мүрү), 75 кг үөһэ Атласов Егор (Уһун Күөл), абсолютнай Атласов Егор (Уһун Күөл) убаһанан биһирэннэ; таас көтөҕүүгэ Соловьев Михаил (Дүпсүн), саха многоборьетыгар Николай Обоев (Ньурба), Адамова Евгения (Баатаҕай) кыайаннар 100-түү тыһ.солк. наҕараадаланнылар. Бириистэри Баатаҕайдар бэйэлэрэ туруорбуттара кэрэхсэниэн эрэ сөп.

                    Түмүк

Н.Н. Тарскай төрөөбүтэ 100 сылынан өрөспүүбүлүкэ үбүлүөйдээх ыһыаҕар физкультура уонна спорт уһулуччулаах салайааччытын сырдык аатын үйэтитэр дьаһаллар ортолоругар “Н.Н. Тарскай аатынан “Туймаада” стадионугар Тарскай олоҕун, үлэтин кэпсиир анал муннук баар буолуоҕа; “Саха” НКИХ документальнай киинэни дьон киэҥ араҥатын көрүүтүгэр таһаарыаҕа; Саха театрын артыыстара Тарскай олоҕун, үлэтин туһунан испэктээкили туруоран көрдөрүөхтэрэ;  “АЛРОСА” алмааһы оҥорор хампаанньа Н.Н. Тарскай аатын Саха сирин алмааһыгар иҥэрэр туһунан быһаарыы ылынна; Баатаҕайга саҥа таас оскуола тутуутун бырайыагын оҥоруу саҕаланна;

IMG 6762 2 31

Лөгөй 2-с Хомустааҕыттан - Танда Хомустааҕар диэри айан суолун Өрөспүүбүлүкэ оҥорорун туһунан Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Дархана А.С. Николаев бэйэтин Поручениетыгар киллэрбит, онон, Баатаҕайдар ардах диэнтэн куттаммат буолуохтара. Ити курдук, сыл устата, онтон да кэлэр сылларга, Н.Н. Тарскайга анаммыт өрөспүүбүлүкэ таһымнаах элбэх тэрээһиннэр,үгүс дьаһаллар ыытыллыахтара, Н.Н. Тарскай төрөөбүт-үөскээбит Баатаҕайа чэлгийэ сайдыаҕа! 

Баһылай Посельскай

Поделиться:

#Новости

В селе Мяндиги Амгинского улуса открыли новый спортивный зал

Для жителей Мяндигинского наслега прошел один из радостных дней — открытие нового…

Программа Кубка Ивана Ярыгина — 2025

22-27 января в Красноярске пройдет международный турнир по вольной борьбе — Кубок Ивана…