Дьокуускай далбар хотуттара Ольга Семенова уонна Ангелина Петрова бу сайын от ыйыгар Дьокуускайтан Мииринэйгэ диэри бэлисипиэтинэн айаннаабыттара

Дьокуускайтан Мииринэйгэ диэри 1 175 килэмиэтир. Ити эттэххэ эрэ дөбөҥ. От ыйын өҥүрүк куйааһа, ааспат-арахпат оҥоойу, түһүү-тахсыы, чай таастаах уонна көпсөркөй кумахтаах учаастактар... “Айаммытыгар чопчулаатахха 13 хонук, 14 күн барбыта”, – дииллэр айанньыт далбар хотуттар.

Чэ, үгүс киирии тыла суох, айанньыт дьахталлар бэйэлэрин кэпсээннэрин истиэҕиҥ. Ольга Семенованы “О”, оттон Ангелина Петрованы “А” диэн бэлиэтээтибит.

– Кимтэн кииннээххититтэн, хантан хааннааххытыттан саҕалыахха.

О: – Уус Алдан Суоттутуттан төрүттээхпин. Кэптэнититтэн эмиэ диэххэ сөп. Кэргэннээхпин, үс оҕолоохпун. Урбаанньыппын. Таһаҕас аҕалыынан, ыытыынан дьарыктанабыт.

А: – Нам Көбөкөнүттэн төрүттээхпин. Онно төрөөбүтүм, олорбутум. Кэргэннээхпин, үс оҕолоохпун. Учууталынан үлэлии сылдьыбытым, билигин риелторынан үлэлиибин.

– Хас саастааххыт кистэлэҥ буолбата ини? Ааҕааччыларга да интэриэһинэй буолуо, иккиэн үстүү оҕолоох ыал ийэлэрэ эбиккит.

О: – Мин 48-м.

А: – Оттон мин баара эрэ биир ыйынан 50 сааспын томточчу туолуохтаахпын.

kSI8jC6lZx8

– Бэлисипиэтинэн уһун айан туһунан хаһааҥҥыттан ыраламмыккытый?

А: – “Үргэл” диэн СГУ хайыһардьыттарын десанын туһунан истибиккит буолуо. Бэрт өрдөөҕүттэн күн бүгүнүгэр диэри баар хамсааһын. 1998 сыллаахха “Үргэл” чилиэннэринэн буолбуппут. Чугас улуустарга хайыһарынан айаннар тэриллэллэрэ. Ол онтон ыла биһиэхэ, нууччалаатахха “дух авантюризма” үөскээбитэ.

О: – 1998 сыллаахха “үргэллэрбитин” кытта Дьокуускайтан Хаҥалас Улахан Ааныгар тахса сылдьыбыппыт. Бэлисипиэтинэн айаҥҥа онно ылларбыппыт диэххэ сөп. Оччолорго тус бэлисипиэттэрбит суохтара, “тимир аттарбытын” Тулагыга анаан-минээн тахсан уларсыбыппыт.

А: – Ол сыл мин кэргэн тахсыбытым, эһиилигэр Оля. Онтон, кырачааннарбыт күн сирин көрбүттэрэ.

– Олох өрдөөҕүттэн, устудьуоннуур эрдэххититтэн дьүөгэлиилэр эбиккит дии?

О: – Оннук, биир хоско олорбуппут, бэлэмнэнии куурсугар бииргэ үөрэммиппит. Отуттан тахса сыл устата дьүөгэлиилэрбит. 2007 сыллаахха бэлисипиэтинэн Суоттуга тахса сылдьыбыппыт.

А: – Түөрт буолан тахса сылдьыбыппыт. Бастаан иккиэн эрэ айанныырбытыттан салла саныыр этибит.

О: – Бастаан наар дьону ыҥыра, угуйа сатааччыбыт. Итинник айаннарга бөлөҕүнэн эрэ бара сатыырбыт.

– Успуорка сыһыаннаах дьоҥҥут быһыылаах?

О: – Устудьуоннуу сылдьан СГУ чэпчэки атлетикаҕа сүүмэрдэммит хамаандатын састаабыгар баар этибит. Кылгас дистанцияларга сүүрэрбит.

А: – Уһун дистанцияларга сүүрүүнэн дьарыктанар буолбуппут икки сыл буолла. Бастаан бэйэбит дьарыктаммыппыт, иккис сылбытыгар тириэньэргэ дьарыктанабыт. 5, 10 килиэмиэтирдэргэ сүүрэн баран – марафон аҥаарын (полумарафон) сүүрбүппүт. Онтон, марафон дистанциятын.

ZdxSYWg0o28

– “Мииринэйгэ айанныахха” диэн санаа хаһан киирбитэй?

О: – Былырыын Бүлүүгэ диэри бэлисипиэтинэн айаннаабыппыт. Ол кэнниттэн итинник санаа саҕыллыбыта.

А: – Бүлүүгэ өссө 2020 сыллаахха айанныахтаах этибит. Ол гынан баран бэлэмэ суох курдук этибит. Уонна пандемия да кэмэ этэ дии. Онтон ол былырыын ылбыппыт да Бүлүүгэ түһүммүппүт.

О: – “Суолгут барыта асфальт”, – диэбиттэрэ. Ол гынан баран суол аҥаара эрэ асфальт этэ.

– Улахан айан иннигэр бэлэмнэнии үлэлэрин оҥороҕут дуу? Хаартаны үөрэтии, маршруту былааннааһын, хонор сиргитин быһаарыы...

О: – Кыһыны быһа бэлэмнэнэбит. Хаартаны да үөрэтэбит, туох наадатын испииһэктэнэбит. Айаҥҥа наадалаах тэриллэри эбии атыылаһабыт. Уонна айан суолугар баар нэһилиэктэр дьоннорун кытта сибээстэһэбит. Суолбутугар туох интэриэһинэй баарын үөрэтэбит.

– Мин 2010 сыл сайыныгар Дьокуускайтан Сунтаарга бэлисипиэтинэн айаннаабыттаахпын. Ол айаммар эһэ туһунан санаан да көрбөт этим. Төттөрүтүн, бу кэлин дьаархана саныыр буоллум. Куйаар ситимин көрдөхпүнэ – тыраассаҕа онно эһэ сылдьар, манна эһэ сылдьар. Массыыналаахтар ас быраҕан, хаартыскаҕа түһэрэн, видеоҕа устан ааспыт буолаллар. Биирдэ таксинан кэлэн иһэн бэйэбит көрбүппүт.

О: – Оччолорго бассаап суоҕа дии. Бассаап нөҥүө эһэлэр суолга сылдьалларын элбэхтик тарҕаталлар. Билигин биир эһэни көрөллөр, усталлар уонна киэҥник тарҕаталлар. Онон, ол суолга эһэ дьону сиэри кэтэһэн турарын курдук өйдөбүл үөскүүр. Оннук буолбатах буоллаҕа, ааһан иһэр эһэ ааһар.

Биһиги былырыын Бүлүүгэ айаннаан истэхпитинэ элбэх киһи төлөпүөнүнэн эрийэ-эрийэ наар эһэнэн куттууллара. Кырдьыгын эттэххэ, биһиги бастаан куттанар этибит. Онтон Илбэҥэҕэ тиийбиппитигэр, нэһилиэк баһылыга Егор Афанасьевич Николаев биһигини анаан көрсүбүтэ. Айан суолун кафетыгар кэлэн. Кини учуонай-охотовед идэлээх киһи. Егор Афанасьевич үйэтин тухары 58 эһэни тыннаахтыы тутан, моойторук кэтэрдэн, майгыларын-сигилилэрин үөрэппит киһи. Бөрөлөрү эмиэ. “Эһиги куттанымаҥ, – диэбитэ кини, – көстүөн баҕарбатаҕына олох көстүө суоҕа. Олох аттынааҕы ойуурга баарын да иһин. Тыаһыы-ууһуу сылдьыҥ. Кини эһигини олох ыраахтан истэр, суолгутугар киириэ суоҕа”. Ол иһин биһиги муусукабыт мэлдьи холбоно сылдьар.

Биһиги эҥин араас көмүскэнэр тэриллээхпит. Тыаһыыр уоппут эҥин диэн элбэх. Егор Афанасьевич: “Эһэни көрдүгүт да ити тэриллэргитин хостоон, хаһыытаабытынан-ыһыытаабытынан барымаҥ. Ааһан иһэр сиринэн ааһыаҕа”.

А: – Айанныахпыт иннинэ анал литератураны аахпытым. Эһэ-бөрө майгыларын-сигилилэрин туһунан. Ону Егор Афанасьевич өссө чиҥэтэн биэрбитэ. Ол иһин улаханнык куттаммакка, эрэх-турах санаалаах сылдьыбыппыт.

– Балааккаҕа хоно сырыттыгыт да?

О: – Биирдэ эрэ хоммуппут. Икки миэстэлээх кыра балааккалаахпыт. Туристарга аналлаах ковриктаахпыт.

– Мин, холобур, хочулуоктаах эҥин этим да биирдэ да кутаа оттумматаҕым.

О: – Билигин кутаа оттунар көҥүллэммэт даҕаны. Биһиги наар гаас “горелканы” туттубуппут. Кырдьык, кутаа оттунан хайаан өр олорбоккун. Мас да хомуйаргар бириэмэ барар. Түргэнник аһыы охсон баран айанныы, суол ыла турабыт. Эбиэппитигэр ас буһарыммат наадаттан, бэлэм аһы эрдэттэн ылан барабыт. Ол аспытын сылыттабыт эрэ.

N3wZgDzZB9g

– Суолга тугу аһыыгытый?

А: – Аһылыкпыт сүрдээх судургу. Туох баарынан аһыыбыт. Урут протеинаах батончиктары эҥин ыларбыт. Кэнники санаатахха “химиялаах” ас туох туһата кэлиэй. Бэлисипиэтинэн айанныыр дьон бурдук аһы төһө баҕарар сиэхтэрин сөп.

– Дьон эһигини интэриэһиргии көрөр, элбэхтик ону-маны ыйытар буолуохтаах.

О: – Айан суолун былаһын тухары наар үчүгэй эрэ дьону көрсүбүппүт. Биир эдэр уол массыынанан ситэн кэлбитэ, миэхэ алаадьы биэрбитэ уонна туох да саҥата-иҥэтэ суох массыынатын эргитээт, төннүбүтэ.

А: – Биир киһи Мииринэйгэ айаннаан иһэн ситэн ааспыта. Онтон төннөрүгэр биһиэхэ анаан-минээн бурдук аһылыктары ылбыт этэ. Үөрбүппүт аҕай.

О: – Баран иһэн алаадьытын барытын биэрэн ааспыта. Биһиги бэйэбит да Сунтаар Кириэстээҕиттэн аттанарбытыгар, аспытын ситэ хааччымматах этибит. Уонна суолбут былаһын тухары дьон ону-маны ыйыталлар, бииргэ хаартыскаҕа түһэллэр. Олох “звездалар” курдук сананан айаннаабыппыт (күлэр).

– Аны “тимир аттаргытын” билиһиннэриҥ.

О: – Миэнэ “Welt” диэн фирма киэнэ, былырыын ылбытым. Дьиэбэр үс бэлисипиэттээхпин . Өссө “GT” уонна “Merida” бааллар. “GT” бэлисипиэти кыра оҕобун төрөөн баран атыыласпытым. Оҕоломмутуҥ иһин биэрэр харчыларыгар. Оччолорого олус сыаналаах этэ ээ. Оттон “Welt” бэлисипиэти уҥуохпар сөп түбэһиннэрэн ылбытым.

А: – Мин икки бэлисипиэтим “Merida” фирма киэннэрэ. Көлүөһэлэрин кээмэйэ араас (26 уонна 27,5). 26 кээмэйдээҕин ордоробун, быдан түргэн.

– Уһун айаҥҥа суол хайдаҕыттан көрөн ускуорастары холбоон халыгыратыы буолааччы. Аны чай таастаах, кумахтаах суол биир тэҥ буолбатах. Ханан эрэ көпсөркөй, ханан эрэ кытаанах. Ону батыһа уҥа-хаҥас салайа иһэҕин.

О: – Бу мин ачыкылаахпын дии, хараҕым мөлтөх. Арыт үчүгэйдик көрбөт буолан хаалабын. Ол иһин Ангелина кэнниттэн, этэргэ дылы, тилэх уопсан иһэбин. Инньэ гымматахпына кумахха батары түһэн хаалабын эҥин.

– Киһи бэлисипиэти үтэ эрэ сылдьар учаастактара бааллар.

О: – Оннук, Үөһээ Бүлүү Хоротун кэнниттэн.

gE7NwI3rYg8

А: – Онно олох кэһэйбиппит. Олох айаннаппатаҕа. Онно эбии ип-итии, хойуу кыымаайы. Ол диэки кыымаайы олус элбэх эбит. Ньурба уонна Үөһээ Бүлүү кыраныыссатынан буолар Түүкээн үрэххэ кэлэн, дьэ “һуу” диэбиппит. Үрэххэ сайҕаммыппыт, сөтүөлээбиппит.

О: – Онтон Үөдэйгэ тиийбиппит. Бастакы ыалга киирэн уу көрдөөбүппүт. Ийэлэрэ: “Кэлиэҥ-кэлиҥ! Бассаап кыргыттара!” – диэн ыалларын ыҥыртаабыта. Хаартыскаҕа түһүү буолбута. Онтон бэйэ-бэйэлэрин ыҥырсан дэриэбинэ дьоно бары мустубута. Кыра дэриэбинэ буоллаҕа дии. Нэһилиэк баһылыга эмиэ кэлбитэ. Онтон элбэх буолан субуруһан Варвара Петрова искибиэригэр барбыппыт. Онно тиийэн кэпсэтии-ипсэтии. Оҕолор кэнсиэр көрдөрбүттэрэ. Барахсаттар бары наһаа үчүгэйдэр. Хонор сирбитин булан биэрбиттэрэ.

– Эһиги саха дьоно буоллаххыт дии. Суолга ардыгар киһи тылынан да ыпсаран кэпсээбэт түгэннэрэ тахсааччылар. “Өбүгэлэрбит сири-уоту мээнэҕэ аһаппаттар эбит”, – диэн санаа охсуллааччы.

А: – Бүлүүттэн Үөһээ Бүлүүгэ диэри 80-ча эрэ килэмиэтир буоллаҕа. Ол иһин “сирбитин аһара түһэбит дуо” диэбиппит. Онтон: “Үөһээ Бүлүүгэ хаһан да сылдьа иликпит, онон хонон ааһыахха”, – диэн санааҕа кэлбиппит. Хонон баран, сарсыныгар олох айаннаппата.

О: – Олох айаннаппатаҕа, “аттарбытын” үтэн барбыппыт. Ону: “Үөһээ Бүлүүбүт олох ыыппат дии”, – дэспиппит. Кэлин өйдөөтөхпүт дии, сиргэ-уокка ытыктабыла суох сыһыаннаспыппытын, сыыһа тылласпыппытын. Хоммоккобут ааһа бара тураары гыннахпыт дии.

– Эккит-сииҥҥит ыалдьыбат, көһүйбэт этэ дуо?

А: – Кыһыны быһа дьарыктаммыт, эрчиллибит дьон буоллахпыт. Марафон сүүрээри. Нэдиэлэҕэ алта дьарыкка барыта холбоон 100 килэмиэтири сүүрэр этибит. Ол иһин айаны ыарыҕаппатыбыт. Эппит ыалдьыбатаҕа, көһүйбэтэҕэ.

О: – Айаммыт икки күн иннинэ Санкт-Петербургтан көтөн кэлбиппит ээ. Онно марафоҥҥа кыттыбыппыт.

– Бэлисипиэккэ күнү быһа биир балаһыанньаҕа олорор сылаалаах.

О: – Уон килэмиэтир буола-буола тохтуубут уонна араастаан хамсанан ылабыт (разминка). Хайаан да уу иһэбит.

А: – Кириэстээхтэн Мииринэйгэ диэри 140 килэмиэтир. Ол иһин айаммытын тэтимнээхтик, хара ааныттан сир ылардыы айаннаабыппыт. Ыарахан суол этэ.

– Суолга туох да “эксцесс” түгэннэрэ тахсыбатахтара да?

А: – Киэһэ 6-7 чааска тиийиэхтээх сэлиэнньэбитигэр баар буолабыт. Киэһэ хойукка диэри, түүннэри эҥин айаннаабатахпыт. Онон, арыгы испит дьону эҥин олох көрсүбэтэхпит. Киэһэ 8-9 чааска утуйабыт. Сарсыарда сороҕор биэскэ, сороҕор алтаҕа турабыт уонна сэттэҕэ суолбутун тутабыт. Биир бириэмэҕэ аһыыбыт, онон, этэргэ дылы, барыта бэрээдэк.

– Айаннаан иһэн айылҕа, от-мас уларыйан иһэрин бэлиэтии көрдөххүт?

А: – Ньурбаҕа уонна Сунтаарга мастар лабаалара олох алларааҥҥа диэри. Манна үөһэттэн саҕаланар дии. Уонна барыта кытыаннаах хонууну интэриэһиргии көрбүппүт. Оттон биһиэхэ кытыан ойуур эрэ иһигэр үүнэр. Аны ыраахтан харыйаны уонна тиити киһи араарбат эбит. Уонна мастара үрдүктэрэ. Уп-уһун, халлааҥҥа харбаһар бэстэр бааллар. Ньурба уонна Сунтаар айылҕатын ити уратыларын бэлиэтии көрбүппүт. Уонна Сунтаар суола асфальт буолбатаҕын да иһин айанныырга үчүгэй. Аны туруору түһүүлэр-тахсыылар суохтарын кэриэтэ.

О: – Уонна айан суолун кытыыгар араас стела, пааматынньык, скульптура. Ити айаммыт былаһын тухары. Көрөргө олус үчүгэй.

K1mMbezzCsQ

– Бүлүү тыраассатын саамай ыарахан учаастага ханна эбитий?

О: – Алмазнайтан Мииринэйгэ дылы. Ити уонча эрэ килэмиэтир. Ол эрээри үс олус улахан сыыр баар. Асфальт диэн суох. Ол иһин туруору быыл турар. Сыыр үөһэ тахсаат, аллара көрдөххүнэ – түгэҕэ көстүбэт. Барыта быыл.

Алмазнайга кэлээт кэргэммин кытта төлөпүөнүнэн кэпсэппитим. “Ээ, итинтэн ыла барыта асфальт”, – диэбитэ. Ол иһин эрэх-турах санаалаах туруммуппут. Онтукайбыт олох атын хартыына. Уонна Алмазнайга кэлээт да холкутуйан хаалбыппыт. “Чэ, кэллибит”, – диэн.

– Төлөпүөн хабар-хаппат сирдэрдээх.

А: – Сороҕор киһи төлөпүөнтэн да сылайар. Сорох сэлиэнньэлэр ыккардыларыгар туох да сибээһэ суох буолабыт. Сибээс хабан киирэн барда да түбүк элбиир. Туох баар күннээҕи кыһалҕалар эҥин күөрэйэн тахсаллар.

– Итинник айаҥҥа ыйааһын түспэтин билэбин.

А: – Оннук, улаханнык түспэт. Элбэҕи аһыы, симинэ сылдьар буоллаҕыҥ дии.

– Итиччэ уһун айан кэнниттэн сүүрэр дьарыккытын тохтото түспэтигит да?

А: – Билигин да дьарыктана, сүүрэ сылдьабыт. Бу Орто дойдуга олорорбут тухары сүүрэрбитин быраҕыахпыт суоҕа дии саныыбыт. Сүүрэр олус үчүгэй. Атырдьах ыйыгар Майаҕа ыытыллыбыт марафон аҥаарыгар кыттыбыппыт. Билигин “Таежные дебри” диэн ааттаах күрэхтэһиигэ кыттаары сылдьабыт.

– Сайын ортото буолан үрэхтэргэ, өрүстэргэ сөтүөлүү-сөтүөлүү айаннаатаххыт дии?

А: – Оннук. Былаанныырбытыгар сайын ортотун талбыппыт. Үрэхтэргэ уонна Бүлүү өрүскэ хас да төгүл сөтүөлээбиппит. Улуустар кыраныыссалара буолар Чыбыыда, Түүкээн үрэхтэргэ сөтүөлээн ааспыппыт. Марха өрүскэ сөтүөлээбэтэхпит. Марха күргэтэ олус кырасыабай. Олох үөһэттэн аллара көрөҕүн. Биһиги диэки итинник баараҕай күргэ суох.

– Нэһилиэнньэни кытта көрсүһүүлэр буолбуттара дуу?

А: – Буолан. Бэрдьигэстээххэ, Ньурбаҕа, Сунтаарга, Мииринэйгэ. Бүлүүгэ былырыын олус үчүгэйдик көрсүбүттэрэ.

4iZWXr6YpMI

– Дьон бэлисипиэтинэн ыраах айаннааччылары сөҕө-махтайа көрөөччүлэр. Ол гынан баран аныгы хайа бэлиһипиэтэ элбэх ускуорастаах. Ону суол хайдаҕыттан көрөн холбоон халыгыратан иһэҕин. Тиэхиньикэ тахсар сыырын аллараа ускуораска холбоон баран, аа-дьуо тэбэн тахсыахха сөп.

О: – Биһиги Бүлүү тыраагын бары сыырдарын тэбэн тахсыбыппыт. Ол гынан баран бэлисипиэт аата бэлисипиэт буоллаҕа. Киһи тэбэр күүһүнэн сыҕарыйар тэрил. Суол таһынааҕы кафеҕа биир чүөчэ этэр: “Оо, бу кыргыттар туох баар малларын барытын тиэнэ сылдьаллар”. Ону анарааҥыта: “Ээ, бэйэлэрэ сүгүөхтэрэ да, бэлисипиэттэрэ соһо сырыттаҕа дии”, – диир. Итини истэн сонньуйан ылбыппыт. Бэлисипиэппит мотуордаах тиэхиньикэ буолбатах ээ. Анал бэлисипиэт үрүсээгэ баар (велорюкзак-штаны). 2016 сыллаахха ылбыппыт. Ол иннигэр малбытын бакыаттарга үрүт үөһэ уура-уура баайыы бөҕө буоларбыт. Ньаҕайданыы бөҕө буолара.

– Бэлисипиэт банаара, бэлисипиэт көмпүүтэрэ бааллар буоллаҕа?

О: – Бааллар. Көлүөһэлэрбитигэр кытта уоту тэйитэр устуукалар бааллар (светоотражатели). Борук-сорук буолла да банаарбытын холбоон кэбиһэбит, массыыналар ыраахтан көрдүннэр диэн.

– Арыый уоскуйа түспүккүт кэнниттэн эмиэ улахан айан былаана үөскүүрэ буолуо?

О: – Былаан номнуо баар. Этэргэ дылы, биир былаан бүтэ илигинэ – иккис былаан.

– Аны Магадаан диэки аттаныаххытын наада.

А: – Мин Магадаан диэки барыахпын баҕарарбын. Оля наһаа баҕарбат.

О: – Мин өрөспүүбүлүкэ тас өттүгэр айанныахпын баҕарабын.

А: – Эһиил Алтай өрөспүүбүлүкэтинэн ааһар Чуя тыраагынан (Чуйский тракт) айанныахпытын баҕарабыт. Ити баҕа санаабыт.

– Элбэх сырыылаах тыраасса наһаа сэрэхтээх. Билигин улахан таһаҕас массыыналара, фуралар эҥин субуһан олороллор.

А: – Бэлисипиэттээх, матасыыкыллаах дьон – суоппардар харахтарыгар тута быраҕыллар курдук таҥастаах буолуохтаахтар. Шлем эҥин хайаан да наада, ити көрүнньүк тэрил буолбатах ээ. Хас биирдии киһи бэйэтигэр кыһаныахтаах, көмүскэнэр тэриллэри илдьэ сылдьыахтаах.

cp0 ZKxi2 s

– Биирдэ эрэ балааккаҕа хоммут буоллаххытына сэлиэнньэ аайы элбэх дьүөгэлэрдээх, табаарыстардаах буоллаххыт дии?

А: – Оннук, сылдьарбыт тухары барыта билэр оҕолорбут. Устудьуоннаабыт кэмнэрбит доҕотторун – оҕолор диибит. Билэр оҕолорбут сэлиэнньэ аайы кэриэтэ бааллар.

О: – Эрдэттэн былааннамматах да көрсүһүүлэр элбэхтэр этэ. Холобур, Сиэйэ дьаһалтатын дьиэтигэр тиийэн баһылыгы кэтэһэн олорбуппут. Ол олордохпутуна билэр уолбут киирэн кэлбитэ. Үөрүү-көтүү бөҕө буолбуппут.

А: – Арамаанап Сааска. Сунтаар сэлиэнньэтигэр эмиэ икки билэр уолбут баар этэ. Табаарыстарбыт. Сиэйэттэн олох эрдэ туруммуппут. Кутана Сиэйэттэн 17 килэмиэтир курдук. Ол иһин Кутанаҕа олус эрдэ кэлэн, маҕаһыын аһылларын кэтэһэн олорбуппут. Онно биир киһи: “Ээ, бэлисипиэтинэн Сунтаарга хантан тиийиэххитий”, – диэбититтэн сонньуйа санаабыппыт. Хас да төгүл күҥҥэ 100-тэн тахса килэмиэтири айаннаан кэлбит дьоҥҥо итинник диэбитигэр. Кутанаттан Сунтаарга диэри баара эрэ 70-ча килэмиэтир буоллаҕа.

О: – Сунтаартан биир ыт биһигини батыһан барсыбыта. Уонна Тойбохойго хаалбыта. Биһигини батыһан иһэн кус оҕолорун тутан сиир быһыылааҕа.

– Саха сирин тус арҕаа өттүгэр тиийдигит, аны билигин илин өттүгэр чарапчыланаргыт дуу?

А: – Саха сирин илин өттүн улуустарыгар барытыгар сылдьыбыппыт: Аммаҕа, Мэҥэ Хаҥаласка, Уус Алдаҥҥа, Тааттаҕа, Намҥа, Мэҥэ Хаҥаласка, Чурапчыга... Аҥаардас Аммаҕа үстэ баран кэлбиппит.

Ол иһин Саха сирин арҕаа өттүн көрүөхпүтүн баҕарабыт диэн айаннаатаахпыт дии. Кэлэн да баран улаханнык сынньамматахпыт.

О: – Мин кэлээт да икки хоноот – Дьааҥы хайаларын үрэхтэринэн уста барббытым (сплав).

А: – Айан кэнниттэн дьон: “Хайа, бэттэх кэллиҥ дуо?” – диэн ыйыталлар. “Дьарыктана, сүүрэ сылдьабын”, – диэн эппиэттиирим.

– Ольга, Ангелина, интэриэһинэй кэпсээҥҥит иһин “Кыым” ааҕааччыларын аатыттан улахан махтал!

Кэпсэттэ Федор РАХЛЕЕВ.

Поделиться:

#Новости

Крупнейший вуз Якутии обеспечит услуги перевода на спортивных играх «Дети Азии»

Северо-Восточный федеральный университет в Якутии и Дирекция VIII Игр "Дети Азии"…