“Коркинныы олоруохха, Коркинныы айыахха” уон күннээх Быыстапка “Строительнай” рынокка туруоруллан үлэлээтэ. Быйыл Россияҕа дьиэ-кэргэн уонна Сахабыт сиригэр оҕо Сылларыгар анаммыт көрдөрүүлэр болҕомтону ыллылар

Кыһыл көмүс ыаллар

Балаҕан ыйын 15 күнүгэр, өрөбүлгэ, 1976 с. Монреаллааҕы Олимпийскай оонньуулар  көҥүл тустууга үрүҥ көмүс призера Александр Николаевич Иванов олоҕун аргыһынаан Варвара Афанасьевналыын уонна көҥүл тустууга Герман, Александр, дуобакка Станислав Контоевтар курдук үс аан дойду чөмпүйүөннэрэ оҕолордоох  Степан Степанович, Варвара Иосифовна спорду сэҥээрээччилэри кытта бэрт интэриэһинэй көрсүһүүлэрэ буолла. Кэргэнниилэр 54-түү сыл бииргэ олорбуттар. Сахабыт сирин Президенин Дьаһалынан 50 сыл бииргэ олорбут ыаллары чиэстээн-бочуоттаан тахса турар сэттэ “Кыһыл көмүс ыаллар” кинигэҕэ киллэриллибиттэр. Быыстапканы көҕүлээн сыллата тэрийэн ыытар Татьяна Афанасьевна Гоголева истиҥ-иһирэх ис хоһоонноох кэпсэтиини салайда.  

f87bf6e2 a2b5 4e1c bf39 2c8701a9a638                                             

Александр Николаевич Иванов холоонноох доҕоро Варвара Афанасьевна олоҕун былаһын тухары кэргэнин аттыгар дьиэһит быһыытынан үлэлээн, сүүмэрдэммит хамаандаҕа быраастаан кэлбит. Дьиэ-кэргэн “Оҕолору спорка такайыы” наҕараадалаах. 14 сыл Казахстан киин куоратыгар Алма-Атаҕа олорбут кэмнэрин олус күндүтүк саныыллар.

a14ac0a0 eb4d 4b25 b7b9 01ae1a8e506c

Контоевтар аҕалара, эһээлэрэ Степан Степанович Горнай улууһун Маҕараһын оскуолатыгар күнүһүн физруктуурун  быыһыгар, киэһэтин оҕолору тустуунан уонна дуобатынан дьарыктаан, спорка уһуйан, аан дойду алта чөмпүйүөннэрин таһаартаабыта улахан ситиһиинэн буолар. Ийэлэрэ, эбээлэрэ Варвара Иосифовна физика учуутала, оскуолаҕа дириэктэрэ, нэһилиэк баһылыга. Олохторо мүччүргэннээх, көрүдьүөс түгэннэринэн толору.

Улахан бөҕөс дьиэ-кэргэнэ

ИвКонт 2 2

Варя Чурапчы оскуола-интэринээтигэр үрдүкү кылаастарга Сашалыын бииргэ үөрэммиттэриттэн саҕалаата. Көрсөөт, харахтарынан хайҕаспыттара тапталга кубулуйбут. Александр оскуоланы бүтэрэн, Казахстан хамаандатыгар киллэриллэн, Сойуус куораттарынан ахсыылаахтык тустуталыыр сылларыгар, үс сыл суруйсубуттар. 1972 сыллаахха Варя  аҕата күһэйэн, дойдуларыгар  Сылаҥҥа сыбаайба тэрийбиттэр. Дэриэбинэ илин эҥэрин ыаллара түмсүбүттэр, бары саба түһэн, бастакы улахан сыбаайбаны оҥорбуттар. Аҕаларын табаарыһа, сэрии ветерана Макаров Алексей Трофимович биир куул хортуоппуйу уонна сибиинньэ аҥаарын аҕалбыт. Саша ийэлээх-аҕата Мииринэйтэн арыый эрдэ кэлбиттэригэр, “Сашам, арааһа кэлэр быһыылаах”,- диэн долгуйа сылдьар Варя бэйэтин уоскутуммут.  Сашата Тбилиситээҕи турниртан кыл-мүччү тиийэн кэлэн, үөрүүнү үрдэппит. Загсаланаары сыарҕалаах атынан сэбиэккэ тиийбиттэрэ, сейфэ күлүүһэ сүтэн, “кимиэхэ да этимээриҥ”,- дэһэн сыбаайбалаабыттар. Ол күлүүстэрэ нэдиэлэ буолан баран, дьэ, көстүбүт. Сэбиэт бэчээтэ сүтэн, милииссийэлэнэ сыспыттар. “Хата, оҕолорбут дьоллоох дьон буолууһулар!”,- диэн быһаарбыттар.

Алма-Атаҕа маҥнайгы сылларыгар оһоҕунан оттуллар дьиэҕэ олохсуйбуттар. Спорт эйгэлээх “интэринээччик” буоланнар, оннук-маннык далбарга, талымаска наадыйбакка, судургутук олорбуттар. Варя медициинэҕэ үөрэнэр, Саша дойду сүүмэрдэммит хамаандатын бөҕөһүн быһыытынан эрчиллэр-дьарыктанар. Эдэр дьон үлэ, дьарык түбүгэр түспүттэр. Өйөнөр, сүбэлэтэр чугас аймах-уруу суох, барытын бэйэлэрэ быһаараллар. Онтон, иккис сылларыгар, 20-21 саастаах эдэр ыалга икки хостоох квартира биэрбиттэр. Судаарыстыба толору хааччыйыытыгар иитиллибит буоланнар ыарахаттары көрсүбүттэр. Холобур, ас астыырга доҕотторугар ыалдьыттыыр кэмнэригэр Варя дьүөгэлэриттэн көрөн үөрэммит. Олоххо үөрүйэх сыыйа кэлэн испит. Ааҕар-суоттуур, “расчеттанар” буолбуттар.

Саша Монреальга Олимпиадаҕа барарын атаараары, билиэт суоҕун үрдүнэн, анньыһан, Варята дьүөгэтин пааспарынан, кыл-мүччү көтөн, Москваҕа тиийбит. Белорусскай вокзалга көрсүбүттэр. Тустуук Иван Ярыгин, штангист Василий Алексеев уо.д.а. аарыма олимпиецтар, ыйааһын дэлби түһэриммит Сашатыгар  аҕалбыт иҥэмтэлээх малина эҥин курдук утахтарын, оҕуруотун астарын, көрүөх бэтэрээ өттүгэр мэлиппиттэр. Сашатыгар тиэрдибэтэхтэр даҕаны. Олимпийскай дэриэбинэҕэ Роман хоһугар түспүттэр. Сарсыарда 5 чааска Сойуус хамаандатын Монреальга атаарбыттар. “Дьэ, мүччүргэннээх түгэннэр эрээри, дьоллоохтук быһаарыллан испиттэрэ”,- диэн Варвара Афанасьевна үөрэ-көтө кэпсиир.

Оҕолоро күннэрин спортзаалга атааран, спордунан дьарыктана улааппыттар. Улахан уол Афанасий тустууга спор маастара, кыыстара Альбина художественнай гимнастикаҕа маастарга кандидатынан буолары ситиспиттэрэ. Варвара Афанасьевна сүүмэрдэммит хамаандаҕа быраастаан, күрэхтэһиилэр этэҥҥэ ыытыллыыларын хааччыйара, туруктарын кэтээн көрөрө. Алма-Ата олоҕун-дьаһаҕын сөбүлээбиттэр, ылыммыттар. Ол гынан баран, дойду ахтылҕана үүйэ-хаайа тутара ханна барыай. 1984 с. уһун ыарыыттан Бөтүрүөбүс  барбытын кэннэ, доҕотторо Романнаах ыҥыраннар, дойдуларыгар тиийэргэ быһаарыммыттар. Дьокуускайга икки хостоох квартиралара эмиэ кэтэһэрэ. Сылаас күннээх-дьыллаах Казахстантан кыһын кэлбиттэр. Таҥастара чарааһа, талоннай систиэмэ баара, бастаан-утаа ыараххаттары көрсүбүттэр эрээри, кылгас кэм иһинэн барыта орун-оннугар түспүт. Ивановтар билигин үс оҕолоро үһүөн юристар, тоҕус сиэннээхтэр, биир хос сиэннээхтэр.

ИвКонт 3 3

Александр биэс оскуолаҕа, ол иһигэр,  дойдутугар Туой-Хайаҕа, “Новай” совхозка Мииринэйгэ, Таас Үрэххэ, Сунтаарга, Чурапчыга үөрэммит. Онон, син элбэх кыыһы көрбүтүттэн кэпсээнин саҕалаабытыгар сэргэхсийии буолла. Варяны көрөөт, хараҕа хатаммыт.  “Элбэх кыргыттартан саамай үчүгэйдэрэ диэн талан ылбытым, “любовь с первого взгляда” дииллэрэ баар эбит”,- диэн күллэртээтэ. Эдэ саастарыгар атын куоракка олороннор тургутууну ааспыттар. ССРС уонна аан дойду үгүс куораттарыгар тустуталыыра. Ханна да тиийдэр, Главпочтамҥа “до восстребования” ыйыттаҕына Варятыттан хайаатар да сурук кэлэн сытар буолара үһү. Бэйэтин тустаах тренеригэр табыллыбатах тустуугунан ааҕынар. Алма-Атаҕа ыҥырбыт тренерэ, саҥа дьарыктаан иһэн, “Соцдойдуларга көмө оҥоруу квотатынан” Кубаҕа барбыт. Тренерэ суох хаалан “опекайдыыр аҕата суох” кэриэтэ хаалбыт. Бэйэтин бэйэтэ бас билэр, “самостоятельнай дьарыкка” киирбит. Оҕоломмуттар. Хайдах олоруохтаахтарын толкуйдуур, былаан туруорунар. Сойуус сборнайын чилиэнин быһыытынан, квартира туруорсар. Москва, Киев, Ленинград, Красноярскай ыҥыраллар, бары усулуобуйаны тэрийэргэ эрэннэрэллэр. ССРС сүрүн тренерэ Бронислав Михайлович Рыбалко Минскэйгэ ыҥырбыт. ССРС спордун миниистирин солбуйааччы Анатолий Иванович Колесов илии баттааһыннаах суруктаах  Минскэйгэ тиийбиттэр.  Биир хостоох квартира биэрбиттэр. Ити кэмҥэ Иванову Казахстаннар сүтэрэннэр, Алма-Ата куорат киинигэр толору хааччыллыылаах икки хостоох квартира күлүүһүн биэрэргэ, эбэтэр армияҕа бараҕын диэн боппуруоһу туруорбуттар. Инньэ гынан, Алма-Аталарыгар төттөрү көһөн кэлбиттэр.

Күүстээх дьарык, эрчиллии саҕаламмыт. Күрэхтэһиилэргэ кэлии-барыы элбээбит. Кыра оҕолордоох Варята дьарыктанарыгар улахан өйөбүл буолбут. Тренерэ суох буолан эппиэттээх күрэхтэһиилэргэ туруорбаттар. Олимпиадаҕа барыыга эрэй бөҕөтүн көрсөр. Варятын “иккис тренерим этэ, кини өйөөн ситиһиилэр кэлбиттэрэ, моя “золотая олимпийская медаль!”,- диэн үөрэ-көтө кэпсиир Александр Николаевич.

1974 с. Коркин ыҥыран биир сайын дойдутугар тиийэ сылдьыбыт. Практикатын Сылаҥҥа барбыт. 25 км тэйиччи баар Чурапчыга билисэпиэтинэн күҥҥэ иккитэ барара-кэлэрэ. Ол сыл туох-баар улахан күрэхтэһиилэригэр, олор истэригэр, ССРС-ка чөмпүйүөннээбитэ, Ираҥҥа Норуоттар икки ардыларынааҕы турнирга бастаабыта. Мэлдьитин Бөтүрүөбүс аттыгар сылдьыбыта эбитэбуоллар ... Ити туһунан Александр Николаевич “Өссө биир сыл дьарыктаммытым буоллар, онтон атын миэхэ туох да наадата суох этэ”,- диирэ оруннаах.

Аан дойду чөмпүйүөннэрин дьиэ-кэргэнэ

ИвКонт 5 5

Горнай Солоҕонуттан төрүттээх-уустаах дьиэ-кэргэн ийэтэ, эбээтэ Варвара Иосифовна Контоева (Михайлова) оҕо эрдэҕиттэн уол оҕо курдук иитиллибит. Ийэтэ ыанньыксыт, аҕата от-мас үлэһитэ этилэр. Төрөппүттэрэ дьону убаастыырга үөрэппиттэр. Аҕалара, эһээлэрэ Степан Степанович Контоев төрүт-удьуор Маҕарас киһитэ.  Бэрдьигэстээх оскуолатыгар, онтон Хабаровскай институттарыгар, Варвара физматка, Степан физкультурнайга биир кэмҥэ үөрэммиттэр. 1973 с. төрөппүттэрэ, нэһилиэктэрин дьоно, оскуола учууталлара  харчынан көмөлөһөннөр студенческай сыбаайба оҥорон Хабаровскайга холбоспуттар. Үрдүкү партийнай оскуолаҕа үөрэнэр биир дойдулаахтара Николай Гаврильевич Ефремов, Петр Иннокентьевич Васильев тамадалаан, салайан, көрдөөх-нардаах сыбаайба буолбут. Улахан уоллара Герман Хабаровскайга төрөөбүт. Киэҥ харахтаах, олох ытаабат уол үһү. Бэккиһээннэр, баарын-суоҕун билээри сытар хоһугар киирэн көрөллөрө үһү. Родильнай балыыһатыгар соҕотох уол буолан “Единственный жених” дэппит. Оһоҕунан оттуллар эргэ мас дьиэҕэ биир кырдьаҕас эмээхсиҥҥэ оһох оттон, дьиэтин-уотун сууйан, ас астаан,  куортамнаһан олорбуттар. Германы студеннар оҕолооннор, госэкзаменнарын туттартаабыттар. 1973 с. Варвара Иосифовна Маҕараска математика учууталынан, онтон, методикаҕа күүстээҕэ биллэн завучтаабыт.  Уолаттара кыра эрдэхтэринэ ийэлэрэ төрүт солото суох, тэтэрээт бэрэбиэркэтэ, ас астааһына. Инньэ гынан, аҕалара уолаттарын  спортзаалга илдьэ барара. Онон, спортзаалга улааппыттар. Ийэлэрэ үс сыл дириэктэрдээн, оскуолаҕа  16 сыл үлэлээбитин кэннэ, хаһаайыстыбаннай үлэҕэ уонна общественнай үлэҕэ сыстаҕас, дьону кытта ылыннарыылаахтык кэпсэтэр  Варвара Иосифовна нэһилиэк баһылыгынан талыллан, нэһилиэгин 18 сыл ситиһиилээхтик салайбыт. Оҕолоро бары сүөһү көрүүтүгэр үөрүйэхтэр, ынахтарын ыыллар. Сатабыллаах, хайа да үлэттэн иҥнэн-толлон турбат, туһа-көмө дьоно буола улааппыттар. Ол сиэринэн, улахан спорка ситиһиилэрдэммиттэр.  Ийэлэрэ ыарытыйан, сүөһүлэрин эспиттэр. Хатаска көспүттэригэр, биир дойдулаахтара соһуйан эрэ хаалбыттар.

ИвКонт 4 4

Контоевтар аҕа баһылыктара, аҕалара, эһэлэрэ Степан Степанович бу балаҕан ыйын 16 күнүгэр, лоп-курдук, 80 сааһын томточчу да туоллар, эдэрдии көрүҥнээх. Эрчимин ыһыктыбакка сылдьар. Ис-үөс диэн ханан да сыстыбатах, барыта былчыҥ. Дьэ, бэрт дэлэй, сэргэх сэһэннээх-сэппэннээх, хайа да киһини чуҥкуппат. Таайа үс сыл ньиэмэстэргэ билиэҥҥэ сылдьыбыт. Степан үбүлүөйдээх 60 сааһын туолбутугар “60 саас диэн саас буолбатах, 60-ум эрэ диир буол” диэн үөрэтэ былаан эппитэ өйүгэр хатанан хаалбыт. Аҕата сэрии ветерана, 1-кы группалаах инбэлиит, бэйэтин кыанар, оҕолору туһуннарара, сүүрдэрэ үһү. Онон, “миэхэ аҕам дьоҕура бэрилиибит”,- диэн кэпсиир Степан Степанович. Кини такайыытынан спордунан дьарыктаммыт. Ийэтэ сааһын тухары Маҕарастан 20 көс тэйиччи Улуу Сыһыы диэн былыргы таҥара дьиэлээх сиргэ олорбут. Уруккута 200-кэ ыаллардаах улахан нэһилиэк эстибит. Тимир, мас уустара уутуйан үөскээбит дойдулара. Степан ийэтинэн эһэтэ куолакал тыаһатааччы, ыраахтааҕыттан мэтээллээҕэ үһү. Степан аныгы киһи быһыытынан кытаанах санаалаах буолаары быраҕыллыбыт, кураанахсыйбыт дэриэбинэ таҥаратын дьиэтигэр соҕотоҕун хоноро.

Бастаан, 11 кылааска диэри интэринээккэ олорон тустуунан, дуобатынан үлүһүйэн дьарыктаммыт. Улуу Сыһыыга диэри 20 көһү сатыы сылдьар. Оннооҕор, 5 кылааска үөрэнэр сылыгар соҕотоҕун тиийэн, ийэтин куттаабыт. “Айылҕа оҕотобун диэн кыбыстыбакка этэбин”,- диир. Фронтовик-буойун аҕата “ыарыһах буолума, тустуунан дьрыктан, армияҕа бардаххына атаҕастатыан суоҕа”,- диирин толорбут. Интэринээт оҕолоро сарсыарда туруохтарыгар диэри 1,5 чаас штанганы, гантели көтөҕүөлээн былчыҥнарын сайыннарбыт.  Эрдэ хотторор бэйэтэ, күүстэнэн-уохтанан, оройуонугар оҕолору, онтон, улахан дьону кыайталыыр буолбут. Карповтаах соҕуруу барбыт кэмнэригэр түбэһиннэрэн, өрөспүүбүлүкэҕэ бастаабыт.

Армияҕа 1-кы разрядтаах тустуук буолан тиийбит. Биирдэ, “суол биэрбэтиҥ” диэн баайсан, 80 кг бөдөҥ “дед” Степаны уолугуттан ылан өрө ыйаан таһааран эрдэҕинэ, “кочерга” приемунан бетон сиргэ быраҕан кууһуннарбытыгар киһитэ дөйөн хаалбыт. Нөҥүө күнүгэр, рядовой Контоевы физподготовка начальнигын солбуйааччытынан  анаммытын туһунан батальон командиирын бирикээһэ тахсыбыт. Уокуругар тустан бастаталаабыт. Дивизиятын чемпионатыгар муҥурдааҕын эпэрээссийэлэтэн  кыттыбатах. Армия Спортивнай Кулуубугар барыахтааҕа хаалбыт. Ол сыалын-соругун уола Герман ССРС Сэбилэниилээх Күүстэригэр чөмпүйүөннээн  аҕатын үөрдүбүт.

Варята хайыһардьыт, кыыс да кыыс, иирэ талах курдук имигэс эбитэ үһү. Математикаҕа көмөлөһүннэрээри түөрт-биэс уолаттар батыһа сылдьаллар эбит. Инньэ гынан, сөбүлүү көрбүт кыыһыгар чугаһаабатах. Армияҕа сууспалыы сылдьан сурук ыыппыт. Өктөөп бырааһынньыгар хардатын ылан улаханнык үөрбүт. Үс сылы быһа суруйсубуттар. Оннук, биирдэ да көрсүбэккэ сылдьан, таптаспыттар. Холбоһон ыал буолан олордохторуна, Балбаарата түүн туран котельнайдары бэрэбиэркэлии барар, арыгыһыттар айдаарыстахтарына эмиэ Балбааратын ыҥыраллар. Оннук кытаанахтык үлэлээбит.

Степан Степанович 20 сыл “Факел” сайыҥҥы үлэ-спорт лааҕырыгар оҕолору уонна уолаттарын иитэн-үөрэтэн, үс төгүл матассыыкыл фондатынан бириэмийэлэммит. Нэһилиэгэр аан дойду алта чөмпүйүөннэрэ тахсалларыгар төһүүнэн буолла. Оҕолорун айылҕалыын алтыһарга уһуйда. Билигин бары сорсуннаах булчуттар. Тустуунан дьарыктанааччыларга сүбэтэ-амата үгүс. Ыйааһын түһэриитин улахан тулуур эрэйиллэр сыралаах үлэнэн ааҕар. Хатаска тиийэн оҕо спортоскуолатыгар хайыһар тренеринэн таһаарыылаахтык үлэлиир. Үс төгүл сайабылыанньа суруйан, Алданнааҕы хайыһар киинин дириэктэрэ М.Н. Скупой ыытымаары,  нэһиилэ илии баттаата.

Улуу Сыһыыга соҕотоҕун олорор ийэтин аһынан сылгыһыттаабыта. Алаастарга күрүө туттаран, хаһаайыстыбаны өрө тардыспыта. Дьон көһөн барбыттарыттан сүрдээҕин хомойор. Таҥара дьиэтин дойду киэргэлинэн ааҕар. Кыра уола Александр реставрация ыыттаран чөлүгэр түһэртэрдэ. Билигин Улуу Сыһыыга куолакаллар ыраахха диэри дьону ыҥыра-угуйа лыҥкыныыллар

Баһылай Посельскай

ИвКонт 7 7

Поделиться:

#Новости

Крупнейший вуз Якутии обеспечит услуги перевода на спортивных играх «Дети Азии»

Северо-Восточный федеральный университет в Якутии и Дирекция VIII Игр "Дети Азии"…