99s

Бүгүн биһиэхэ Афанасий Иванович Заболоцкай ыалдьыттыыр

Уус Алдан улууһун тустууга федерация бэрэссэдээтэлинэн улуус баһылыга Алексей Васильевич Федотов, кини бастакы солбуйааччыта норуоттар икки ардыларынааҕы кылаастаах спорт маастара Афанасий Заболоцкай, солбуйааччыларынан РФ уонна СР үтүөлээх тренерэ Степан Сивцев, “Уус Алдан суола” тэрилтэ генеральнай дириэктэрэ, улуус мунньаҕын депутата Геннадий Сивцев, оттон федерация чилиэннэринэн СӨ айылҕа харыстабылын миниистирин солбуйааччы Яков Заровняев, улуус мунньаҕын депутаттара: хапсаҕай маастара  Леонид Сергеев, көҥүл тустуу маастара Семен Ноговицын, федерация толорооччу дириэктэринэн Иван Ноговицын талыллар үлэлии сылдьаллар.

Көрөргүт курдук, бары туста сылдьыбыт дуоһунастаах, үлэлээх-хамнастаах дьон улуус спорда сайдарыгар күүс-көмө буола сылдьаллар.

Бүгүн биһиэхэ Афанасий Иванович Заболоцкай ыалдьыттыыр.

99ss

 

 - Афанасий Иванович, улуус тустууга федерациятын үс сыллаах үлэтин хайдах сыаналыыгын?

-Уус Алдан тустууга үтүө үгэстээх улуус. Ону биһиги көлүөнэ тустуук уолаттар сөргүтэммит, түмсэммит күүс-көмө, өйөбүл буолуоххайыҥ диэн сыал-сорук туруоруммуппут. Хас биирдиибит кыра да көмө оҥордохпутуна, тугу эмэ ситиһиэхпит дии санаабыппыт. Дьэ, ол инниттэн федерация тэриннэхпит дии. Оннук үлэлээн, бүгүҥҥү күҥҥэ диэри Уус Алдан улууһун көҥүл тустууга чемпионатын үс төгүл ыытан кэллибит. Биир сыалбыт-сорукпут бастакынан ити этэ. Иккиһинэн, улууспут нэһилиэктэрин кэрийэ сылдьан хайаатар даҕаны маастар-кылаастары көрдөрөн, тустууну сөргүтүү, сэргэхситии этэ. Былааннарбыт син олоххо киирэн иһэллэриттэн үөрэбит.

Биир саамай баҕарбыт баҕабыт – кэнники аҕыс сылга Уус Алдан улууһун хамаандата Н.Н.Тарскай күрэхтэһиитигэр миэстэлэспэтэх эбит буоллаҕына, бэйэ бодотун тардыныахха, бириистээх миэстэҕэ киириэххэ диэн үлэбит, үһүс сылбытыгар туолла. Намҥа ыытыллыбыт чемпионакка хамаанданан иккис буоллубут. Бу ситиһиибит – кыайыыга тэҥнээх диэн бэйэбит сыаналыыбыт.

- Ол маастар-кылаастары хайдах быһыылаахтык тэрийэҕит?

-Нэһилиэктэринэн элбэхтэ сылдьан маастар-кылаастары тэрийии түмүгэр тыыппалаах оҕолор улуус киинигэр үөрэнэ-эрчиллэ киирэн эрэллэр. Маастар-кылаастары ыытарбытыгар биллиилээх бөҕөстөр Арыйаан Тютрин, Семен Семенов, Андрей Яковлев, тренердэр Иван Пантилов, Михаил Захаров, Афанасий Бурнашев уо.д.а. кытыннылар. Олимпийскай эрэл училищетыттан оҕолору илдьэ барааччыбыт. Быйыл тренер Николай Крылов бэйэтин иитиллээччилэрин илдьэ сылдьыста. Итиннэ бас-көс киһинэн, дьарыгы ыытааччынан биһиэхэ биллиилээх тренер Степан Петрович Сивцев буолар.

Ол сылдьаммыт, бастатан туран, нэһилиэктэр баһылыктарын, оскуола директордарын, учууталлары кытта көрсөн кэпсэтэ сатыыбыт. Оскуолаҕа хайаан даҕаны сылдьан төһө оҕо үөрэнэрин билсэн, уопсайынан, хайдах тустуу тыына баарын билэбит, үөрэтэбит. Тустууну билиһиннэрэбит, интэриэс тарда сатыыбыт. Сыалбыт-сорукпут диэн, биир эмэ талааннаах оҕону булан, кинини кытта салгыы хайдах үлэлиири быһаара сатыыбыт. Бэлэхтээх-туһахтаах сылдьааччыбыт, ол курдук, кинигэлэри, спортивнай инвентары, спортивнай форманы, мээчиктэри бэлэхтээччибит.

- Н.Н.Тарскай бирииһигэр Уус Алдан хамаандата иккис миэстэҕэ тахсыыта сүрдээх үөрүүлээх. Бу элбэх үлэттэн, түмсүүттэн тахсыбыт буолуохтаах. Маны элбэх киһи өссө үчүгэйдик билбэттэр. Соһуччу кэлэн хаалбыт ситиһии курдук көрөллөр. Ону эн хайдах быһааран биэриэҥ этэй?

-Үс сыллааҕыта састааппыт наһаа эдэр этэ. Семен Семенов эрэ баара, оттон Евгений Алексеев, Арыйан Тютрин өссө эдэр этилэр. Атын уолаттарбыт тустар таһымнара намыһах этэ. Урукку өттүгэр уолаттар хамаандаҕа эҥин киирбэккэ хаалбыт эбит буоллахтарына, холобур куоракка үөрэххэ киирэн баран, тустууттан симэлийэн, устунан сүтэн хаалааччылар. Биир эмэ уол дьарыктана хаалааччы, уоннааҕылар ким эрэ үөрэҕэр охтор, ким эрэ үлэлии сатыыр, ким эрэ олоҕун оҥостор...

Биһиги итини эмиэ сүрүннээн көрбүппүт. Уолаттарбыт куоракка киирэн, манна сүппэттэрин курдук гына. Уопуттаах тренер С.П.Сивцев эппиэттээх киһинэн анаммыта. Киниэхэ көмөлөһөөччүнэн Илья Васильевич Охлопков сылдьар. Кинилэр икки сылы быһа “Триумфка” уонна Тыа хаһаайыстыбатын государственнай академиятын спорка саалатыгар дьарыктаатылар. Үөрэхтэригэр кыһаллан, олорор сирдэрин быһааран, кыаллар буоллаҕына стипендия оҥотторон, хантан эмэ спонсор булан, кыратык хамнаска туруоран үлэлээтибит. Ол түмүгэр Айсен Копырин быйыл бэйэтин ыйааһыныгар бэһис миэстэ буолан, наадалаах очукуолары биэрдэ, Ваир Бурцев спорт маастарын нуорматын толордо, Дальнай Восток чемпионунан буолла, Арыйан Тютрин ситэн-хотон быйыл өрөспүүбүлүкэ чемпионатын аҥардастыы кыайда, Виталий Эспек улахан дьону тилэх баттаһа сылдьар,  Афанасий Вензель эмиэ Намҥа үчүгэй тустууну көрдөрдө.

Онон инникитин эрэл баар дии саныыбын. Евгений Алексеев кэнники сылларга И.Н.Сивцев быһаарыытынан Айаал Лазаревка паара буолан, күүстээх, ситимнээх дьарыгы бара сылдьар. Оттон Семен Семенов – хамаандабыт саамай эрэнэр, элбэх кыайыыны аҕалбыт киһитэ. Курбуһахтан ыарахан ыйааһыҥҥа Спартак Григорьев хамаандаҕа өрүү очукуо биэрэ сылдьар. Төһө даҕаны тыа сиригэр олордор, кыралаан дьарыктанан бэһис миэстэттэн аллараа түспэт. Үһүс да буолааччы. Сергей Бурнашев, Афанасий Бурнашев улуустарын чиэһин өрүү чиэстээхтик көмүскүүллэр. 

- Эһиги ыытар тэрээһиннэргитигэр кимнээх көмөлөһөллөрүй? Улуус чемпионатыгар миэстэлэспит бөҕөстөргө сүрүннээн харчынан бириистэр туттарылыннылар.

-Итиннэ куруутун спонсордар көмөлөһөллөр. Бастакы сыл, Суоттуга буолбут чемпионакка тустууктар, тэрийээччилэр бэйэбит харчы хомуйаммыт, үлэлии-хамныы сылдьар уолаттар харчы бырахсаммыт бириис фондатын олохтообуппут. Онтон анал бириистэри Дьокуускайга олорор биһиги миниистирдэрбит, депутаттарбыт олохтообуттара. Ону таһынан биирдиилээн спонсордар баҕар өттүлэринэн бириис туруорааччылар. Бастакы чемпионаты Суотту нэһилиэгин баһылыга Василий Иннокентьевич Иванов бэйэтинэн көрдөөн ылан, тэрээһиннээхтик ыыппыта. Иккис чемпионат Тумулга баһылык Василий Алексеев үрдүк таһымҥа тэрийбитэ. Онно Дьокуускай куоракка үлэлии сылдьар предпринимателлэри спонсордаппыппыт. Биирдии ыйааһыҥҥа 15-тии тыһ. солк. бириистэри туруорбуттара. Ону таһынан анал бириистэргэ кыттыспыттара. Оттон быйылгы чемпионат улуус киинигэр Бороҕоҥҥо буолла. Мүрү нэһилиэгин баһылыга Василий Аммосов ылынан, урут туста сылдьыбыт спортсменнар ааттарын үйэтитэн, анал бириистэр олохтоннулар. Биллэн турар, ити кэпсэтиитигэр биһиги бэйэбит сүүрэбит-көтөбүт буоллаҕа.

Аны туран, урукку өттүгэр хамаанда ситиһиилээхтик кытыннаҕына чиэстээһин ыытыллара. Бу сырыыга ол үгэһи кэспэккэ, улууспут баһылыга А.В.Федотов күрэхтэһии бүппүтүн кэнниттэн тута икки күнүнэн көрсөбүт, уолаттарбытын чиэстиибит диэбитэ. Онон хамаандаҕа очукуо биэрбит уолаттары Бороҕоҥҥо мунньан, бастакы миэстэни ылбыкка – 25, иккистээбиккэ – 20 уонна үһүстээбиккэ – 15 тыһ. солк. харчынан бириэмийэлэр туттарылыннылар. Ону таһынан тренердэргэ эмиэ харчынан бириэмийэлэр туттарылыннылар. Онно улуус сүрүн салалтатын тэҥэ нэһилиэктэр баһылыктара, тэрилтэлэр салайааччылара, ситиһиинэн үөрбүт-көппүт көннөрү тустууну таптааччылар даҕаны илии тутуурдаах кэлэн кытыннылар. Аҥардас чиэстээһин эрэ буолбакка, бу көрсүһүүгэ түмүк таһаарылынна, ырытыы оҥоһулунна. Ол курдук, күрэхтэһии балаһыанньатыгар эмиэ ырытыһыылар, санаалар этилиннилэр.

- Кырдьык, ити Н.Н.Тарскай күрэхтэһиитин балаһыанньатын сорох тренердэр сөбүлээбэттэрин истибитим. Оттон эн туох дии саныыгын?

-Урукку өттүгэр өрөспүүбүлүкэ чемпионатыгар элбэхтик кыттыбытым. Онно балаһыанньа быһыытынан ыйааһынтан биирдии бастыҥ көрдөрүү ааҕыллара. Уонна ханнык эмэ ыйааһыҥҥа дублер диэн баар буолара. Сорох балаһыанньаҕа чопчу очукуо ылар киһигин ыйаҕын, оттон сорох түгэҥҥэ киһини ыйбакка эрэ, биир бастыҥы талаллара. Онно ким элбэх кыттааччылаах көмөлөөн тахсара.

Мин санаабар, ыйааһынтан биир бастыҥ көрдөрүү буолуо этэ. Уонна холобур, биир эмэ ыйааһыҥҥа дублер көрүөххэ сөп. Ыйааһын аҕыйаҕынан биир, эбэтэр икки ыйааһыҥҥа. Оччоҕуна сиэрдээх буолуо этэ. Ити баҕар маассабаска охсуулаах буолуо. Холобур, биир ыйааһыҥҥа үс-түөрт киһинэн очукуо ылан баран, атын ыйааһыннарга хаалан даҕаны туран, хамаанданан түмүккэ инники миэстэҕэ тахсыы хайдах эрэ сиэрэ суох. Итинник буоллаҕына, аҕыйах даҕаны ыйааһынынан киирсиэххэ сөп курдук. Кэнники сылларга тустуу күрэхтэһиитин балаһыанньата итинник оҥоһуллан кэллэ.

- Дьэ, Афанасий Иванович, кэпсэппиччэ өссө биир тиэмэни таарыйан ылыахха, сотору эн бириискэр оҕолорго көҥүл тустууга өрөспүүбүлүкэтээҕи турнир буолаары турар. Бу күрэхтэһии бастаан тэриллиитин туһунан билиһиннэр эрэ.

-Бу күрэхтэһии аан маҥнай 2003 сыллаахха төрөөбүт дойдубар, Тандаҕа ыытыллыбыта. Ону оҕо спортивнай оскуолатын филиала көҕүлээбитэ. Оччолорго эдэр буолан бастаан утаа улаханнык сэҥээрбэтэҕим. Оттон толкуйдаан көрбүтүм, бу күрэхтэһиинэн дойдубар тустуу сайдыа этэ диэн санаа үөскээбитэ.

Онон ити турнир быйыл 14-c төгүлүн ыытыллаары турар. Бириистэргэ болҕомто уурааччыбын. Бэйэбит таһыммытын биллэхпит дии, бу нэһилиэк күүһүнэн төһө киһиэхэ оҥоруохха сөбүй эҥин диэн. Оттон онус үбүлүөйдээх күрэхтэһиибитин 2012 сыллаахха “Кыайыы 50 сыла” Спорт дыбарыаһын кэпсэтэммит ыыппыппыт. Дьэ, ити курдук күрэхтэһиибит таһыма сыыйа-баайа улаатан барбыта. Онтон оҕолорго эппиэттээх тренер Прокопий Семенович Иванов, “Азия оҕолоро” оонньууга кыттыан сөптөөх оҕолорго анаан ыытыахха диэн этии киллэрбитэ. Күрэхтэһиибит итинник буолбута эмиэ интэриэһинэй. Хаһыс даҕаны сылын өрөспүүбүлүкэ оҕолорго күрэхтэһиитин календарнай былааныгар киирэн ыытыллар. Ону оҕо спордун управлениета сүрүннээн ыытар, ону таһынан спонсордар, үлэлиир тэрилтэм, бииргэ үөрэммит оҕолорум, доҕотторум, бииргэ төрөөбүттэрим көмөлөһөллөр.

Быйылгы күрэхтэһии муус устар 1-3 күннэригэр Дьокуускай куоракка, “Дохсун” спортивнай комплекска буолар. Онно бастаабыт оҕолор сүүмэрдэнэн, “Азия оҕолоро” оонньууларга кыттыахтаахтар. Ити 2000-2002  сс. төрөөбүт оҕолор...

- Кырдьык, Уус Алдан тустууга федерацията үлэлиэҕиттэн, сэргэхсийии таҕыста. Кыра саастаах уолаттарга уус алданнар эриэ-дэхси көрдөрүүлээхтэр. Итиннэ федерация үлэтэ көһүннэ дии саныыбын. Эһиги үлэҕитин көрө сылдьан сөҕөбүн эрэ. Атын улуустарга тустуу федерациялара эһиги курдук айымньылаахтык, ситимнээхтик үлэлииллэр диэн этэр кыаҕым суох. Биир да улууска тустуу чемпионата ыытыллыбат. Федерациялар баалларын бааллар, ол эрээри, эһиги курдук айымньылаахтык, сылы эргиччи былааннаахтык үлэлииллэрэ тоҕо эрэ иһиллибэт да, көстүбэт даҕаны. Эн этэрин курдук, биир да кэпиэйкэтэ суох бэйэҕитинэн сүүрэн-көтөн, тэрийэн, ити маастар кылаастары тэрийии, сбордары оҥоруу, чиэстээһиннэри ыытыы, күрэхтэһиилэри сөргүтүү, кинигэлэри таһаарыы, олор сүрэхтэниилэрин ыытыы... хайҕаныан эрэ наада. Ити улахан көрдөрүү дии саныыбын. Онон улуус аайы уус алданнар курдук үлэлээтэхтэринэ, тустуу өссө сайдыа этэ.  

Кэпсэттэ Петр ПАВЛОВ.

 

Ыспыраапка: Афанасий Иванович Заболоцкай, 1974 сыллаахха Уус-Алдан оройуонугар төрөөбүтэ. Көҥүл тустууга норуоттар икки ардыларынааҕы кылаастаах спорт маастара, хапсаҕайга спорт маастара. Тренердэрэ – И.В.Охлопков, Е.Н.Старостин.

РФ уолаттарга күрэхтэһиитин призера, Н.Н.Тарскай бирииһигэр өрөспүүбүлүкэ икки төгүллээх чемпиона, Англияҕа, Польшаҕа, Грецияҕа ыытыллыбыт турнирдар кыайыылаахтара уонна призердара, “Нациялар кубоктара” диэн аан дойду хамаанданан күрэхтэһиитин кыайыылааҕа.

“Тутуу матырыйаалларын киинэ” тэрилтэ генеральнай директора. Уус-Алдан улууһун, Байаҕантай нэһилиэгин бочуоттаах гражданиннара. Уус Алдан улууһун мунньаҕын депутата. “СР физическэй культураҕа уонна спорка сайдыытыгар кылаатын иһин” бэлиэнэн наҕараадаламмыта.

Кэргэннээх, икки оҕолоох, биир сиэннээх.    

Поделиться:

#Новости