Барыта 9 улуустан, Дьокуускай куораттан, Хатастан 211 оҕо кытынна. Дьокуускай куорат 17 №-дээх оскуолатын 1 “г” кылааһын үөрэнээччитэ Петя КЫЧКИН 2009-2010 сыллаах уолаттарга нуучча дуобатыгар 49 оҕоттон үһүс миэстэ, онтон сүүс харахтаах дуобакка 31 оҕоттон бастакы миэстэ буолла. Петя Дьокуускай куорат 5 №-дээх ДЮСШ-атыгар дьарыктанар, кинини дуобакка бэйэтин тапталлаах эбээтэ, Саха сирин уонна Россия үтүөлээх тренерэ Мария Никитична БЫРДЫННЫРОВА уонна төрөппүт аҕата Василий Николаевич КЫЧКИН уһуйаллар, үөрэтэллэр.
Владислав КОРОТОВ.