Саха тустуутун сэргээччилэр, эдэр тустууктар, Амма дьоно-сэргэтэ саҥа кинигэни сэргии көрүстүлэр. Ааптар Айаал Лазарев оҕо сааһыттан саҕалаан, спортка хайдах кэлбитин туһунан барытын ымпыктаан-чымпыктаан кэпсиир.
Ааптар Миитэрэй Наумов: «Саҥа кинигэ тахсыытын ааҕааччы араастан ылынна. Айаал улахан спортан баран эрэр дуу диэн санаалар эмиэ иһилиннилэр. Оннук буолбатах. Спорт саамай өрөгөйүгэр сылдьар, улахан ыйааһыҥҥа сахалартан бастакы аан дойду түһүлгэтигэр тахсыбыт уолбут туһунан дьоммутугар-сэргэбитигэр, үүнэр ыччакка кэпсиирбит тоҕо сатамматый? Аан дойду ааттаахтарын кытта тэҥҥэ биһиги, сахалар, Аммабыт уола тиийэн биир кэккэҕэ турара астык буолбатах дуо?!» — диэн этиитин мустубут дьон ытыс тыаһынан көрүстүлэр.
Айаал саха эрэ барыта санаммат ыйааһыныгар кыайыы үктэллэрин дабайыыта уустук этэ. Ол туһунан тренерэ И.Н.Сивцев кэпсээтэ: «Кыайыы дириҥ силистээх-мутуктаах. Бастаан саҕалыырбытыгар үгүс киһи итэҕэйбэтэҕэ. Сахалар улахан ыйааһыҥҥа санаммыттарын сэнии да ылыммыттар бааллар этэ. Бу – улахан үлэҕэ, түмсүүгэ олоҕурбут кыайыылар диэн чопчулаан этиэххэ наада. Бу — саха норуота биир-өйгө санааҕа түмүстэҕинэ, ситиһиини тосхойор кыахтааҕын бэлиэтэ. Айаалы кытта үлэбитин саҕалыырбытыгар биһиги аттыбытыгар өйөбүл, күүс-көмө буолбут дьон элбэҕэ: Айаал төрөппүттэриттэн, чугас дьонуттан, тренердэттэн саҕалаан салалтаҕа, бырааһыгар тиийэ».
Айаал Лазарев улахан спорка көмө-тирэх буолар киһитэ – аҕата П.В. Лазарев. Кини: «Улахан спорт – үлэ, өй-санаа, эт-сиин үлэтэ. Сыал-сорук баар эрэ буоллаҕына айылҕаттан бэриллибит талаан сайдар кыахтаах. Күүстээх санаа, эт-сиин эрчиллиитэ спортсментан үгүс сыраны-сылбаны эрэйэр», — диэн этэр.
Азия континенын дуолан бухатыыра Айаал Лазарев спорка уһуйбут, холобур буолбут киһитинэн аҕатын ааттыыр: «Аҕам эт-сиин өттүнэн кыанарын,эрчиллэрин көрөн улааппытым. Киниттэн холобур ыларым, аҕам сатыыр буоллаҕына, мин тоҕо кыайыа суохтаахпыный диэн санаа оҕо эрдэхпиттэн олохсуйбута. Итинник спортка аҕам холобурун көрөммүн сыстыбытым. Биир түгэни олох умунубаппын. Тустууга бастакы дьарыгым кэнниттэн, “мин тустуук” буоллум диэн наһаа үөрбүтүм уонна тустуу саалатыттан Дзержинскэй уулуссаҕа турар дьиэбэр диэри сатыы кэлбитим. Оннук улаханнык үөрбүтүм. Элбэх киһи мин кыайыыларбар эрэнэр, хоттордохпуна хомойор эбит. Ити биллэн туран, эппиэтинэспин үрдэтэр. Кинигэ тахсыытыгар үлэлэспит дьоммор барыларыгар истиҥ махталбын тиэрдэбин», — диэн санаатын үллэһиннэ.
Кинигэҕэ Айаал Лазарев улахан спортка айанын аартыктарын арыйсыбыт дьон санаалара, тустуук кыайыыларын-хотторууларын ырытар араас сылларга бэчээттэммит ыстатыйалар түмүллэн киирбиттэр. Бииртэн-биир чаҕылхай хаартыскалар ааҕааччы болҕомтотун тардаллар. Саҥа кинигэ “Компания “Дани-Алмас” ХЭТ типографиятыгар 500 ахсаанынан бэчээттэнэн таҕыста.
Тэрээһини В.М. Новиков – Күннүк Уурастыырап аатынан Амма кииннэммит библиотеката иилээн-саҕалаан ыытта. Саҥа кинигэ тула кэпсэтиигэ Амма улууһун дьаһалтатын баһылыга Н.А. Архипов, автор Миитэрэй Наумов, кинигэ геройа, көҥүл тустуугар улахан ыйааһыҥҥа Азия чемпиона, Риотааҕы олимпиада кыттыылааҕа Айаал Лазарев, аҕата П.В. Лазарев, Айаал тренердэрэ И.С. Кочкин, И.Н. Сивцев, биллэр спортивнай суруналыыс И.П. Ущницкай уо.д.а. кыттыыны ыллылар.
Ааптар: Сардаана Матвеева, Uluus.media