Бөтүрүөп куйааһын күннэригэр кэрэ айылҕалаах Кыыс Амма сиригэр-уотугар Саха сиригэр физкультурнай хамсааһын төрүттэммитэ 100 сылыгар анаммыт Саха Өрөспүүбүлүкэтин Адаптивнай спорка “Дьулуур” XIV Спартакиадата үрдүк тэрээһиннээхтик ыытыллан түмүктэннэ.
Ил Дарҕан Паралимпийскай уонна Сурдолимпийскай оонньуулар, аан дойду чемпионаттарын медалистарын, Россия спордун үтүөлээх маастардара Анастасия Диодоровы, Степанида Артахинованы, Владимир Балынеһы, Прокопий Николаевы, Владимир Бородины, Василий Стрекаловскайы, Алена Дмитриеваны, уһулуччулаах спортсменнары кыайыыларга кынаттаабыт тренердэрин Борис Федоровы, Василий Стручкову, Василий Оленовы кытта анаан-минээн көрсөн, кэпсэтэн, инники соруктары билиһиннэрбитэ, оҕо спортоскуолатын үлэлэтэргэ уолдьаспытын туһунан ыйытыыларга хорудаабыта - Адаптивнай спорка болҕомто ууруллуутун мэктиэтинэн буолла.
Спартакиада үөрүүлээхтик аһыллыытыгар – түмсүү, күүс көстүүтэ
Спартакиада сылдьыбыт, көрбүт дьоҥҥо, кыттааччыга өтөрүнэн умнуллубат үтүө өйдөбүллэри, сөҕүүнү-махтайыыны сахта, күүһү-эрчими эптэ, олоххо тапталы, кыайыыга-хотууга тардыһыыны үөскэттэ. Суолтата улахана, ис хоһоонун дириҥэ оччо. Этиҥнээх, чаҕылҕаннаах, курулас да ардах мэһэйдиир, спорка анаммыт сүдү дьаһалы тохтотор кыахтара суох буолла.
Киэҥ-нэлэмэн Сахабыт сирин 24 улуустарын доруобуйаларыгар хааччахтаах 816 спортсменнара Спартакиада үөрүүлээх быһыыга-майгыга аһыллыытыгар былаахтарын, гербэлэрин өрө туппут арыалдьыттардаах, баһылыктар бэйэлэринэн тэҥҥэ хаамсан киирбиттэрин көрөөччүлэринэн, ыалдьыттарынан туолбут “Амма-Олимп” стадион тырыбыналара дохсун ытыс тыаһынан көрүстүлэр!
2019 с. Аммаҕа ыытыллыбыт Саха сирин норуоттарын спортивнай Оонньууларын талисманнара – намчы Амма өрүс-Кыыс Амма, буспут саһарҕай Бурдук, уот кыһыл Сардаана сибэкки, тэтэркэй Дьэдьэн, итиэннэ, Адаптивнай спорт көрүҥнэригэр Спартакиада талисмана – эр санааны, дьулууру, олох бары мэһэйдэрин туоруур сымара Таас Хайа хонууга сүүрэн киирэннэр түһүлгэни киэргэттилэр.
Ил Дарҕан Айсен Николаев истиҥ-иһирэх эҕэрдэтигэр өрөспүүбүлүкэбит үрдүнэн спордунан дьарыктанар доруобуйаларыгар хааччахтаах спортсменнар сылтан сыл элбээн иһэллэрэ күүстээх санааланыыны көрдөрөрүн, пара-сурдолимпиецтэр барыбытыгар холобур буолалларын, инникитин материальнай базаны бөҕөргөтөр, чуолаан, адаптивнай спорт уонна буулдьанан ытыы Кииннэрин тутуулар, инфраструктураны тупсарар соруктар туралларын, спартакиада хас биирдии кыттааччыта номнуо кыайыыны ситиспитинэн сыаналанарын туһунан этиитэ өйгө-санааҕа дириҥник сөҥөн иҥнэ.
Стадиоҥҥа туруоруллубут сүүнэ экран онлайн ситиминэн Россия спорка миниистирэ Олег Матыцин, Спартакиада бочуоттаах ыалдьыттара Россия Паралимпийскай кэмитиэтин вице-президенэ, Паралимпийскай оонньуулар уонна футболга аан дойду үс төгүллээх чөмпүйүөнэ Иван Потехин, адаптивнай спорка Россия сүүмэрдэммит хамаандатын бэлэмниир Управление уонна Киин салайааччылара Михаил Колмыков, Евгений Першин, Амма улууһун баһылыга Степан Кузьмин эҕэрдэлэрэ сүргэни көтөхтүлэр.
Харахтарынан көрбөттөр спортарын көрүҥэр пауэрлифтиҥҥэ Россия чөмпүйүөнэ Айаал Данилов, көрбөт спортсменнарга дуобакка аан дойду уонна Европа чөмпүйүөнэ Александр Ефимов, сүһүөхтэринэн доруобуйаларыгар хааччахтаах спортсменнар ортолоругар пауэрлифтиҥҥэ аан дойду уонна Европа чөмпүйүөнэ, дьаадыраны анньыыга уонна копьены быраҕыыга Россия чөмпүйүөнэ Айаал Сивцев, остуол тенниһигэр Россия чөмпүйүөнэ, Паралимпиецтэр норуоттар икки ардыларынааҕы сайыҥҥы оонньууларын кыайыылааҕа Михаил Неустроев, олорон эрэ волейболга Россия үс төгүллээх боруонса призера, сүөһүөхтэринэн доруобуйаларыгар хааччахтаах Бүтүн Россиятааҕы студеннар фестивалларын чөмпүйүөнэ Никита Лобанов Спартакиада былааҕын көтөхтүлэр.
Адаптивнай спорт көрүҥнэригэр Паралимпийскай оонньуулар үрүҥ көмүс уонна боруонса призердара тустууктар Прокопий Николаев, Василий Стрекаловскай, волейболиска Алена Дмитриева, пауэрлифтер Владимир Балынец, охчут Степанида Артахинова, харбыыһыт Анастасия Диодорова, паралимпиецтэри бэлэмнээбит үтүөлээх тренердэр Петр Давыдов, василий Стручков уоттаах факелы эр-биир тутан аҕалан дьаадыраһыт Виктория Петроваҕа туттардылар. Амма киэн туттуута Виктория Петрова Спартакиада уотун күлүбүрэччи уматан Спартакиада аһыллыбытынан биллэрилиннэ!
Чаҕылхай түгэннэр
Доруобуйаларыгар хааччахтаах спортсменнар күрэхтэһиилэрэ үс хайысханан, сүһүөхтэринэн, истибэттэргэ уонна көрбөттөргө араарыллан, чэпчэки атлетика “Олимп” стадионугар, олорон эрэ волейбол уонна дуобат Сахаачча аатынан спортоскуола спорт комплекска, остуол тенниһэ “Дружба” спортивнай саалаҕа, буулдьанан ытыы Чапчылҕан, голбол Бөтүҥ спортивнай комплекстарыгар ыытылыннылар.
“Спорт королеватынан” биллэр чэпчэки атлетика быһыйдара күн-дьыл хайдах туруктааҕыттан толлубакка, ардахтан, тыалтан-куустан мэһэйдэппэккэ күрэхтэстилэр. Айылҕа тургутуутун эрдээхтик аастылар. Көрүҥнэр аайы күннэтэ, кыайыылаахтар, чөмпүйүөннэр быһаарыллан истилэр. Бастыҥнар хамаандаларыгар, төрөөбүт-үөскээбит улуустарыгар кыайыы үөрүүтүн бэлэхтээтилэр. Россия хастыы да төгүллээх чөмпүйүөннэрэ ааттарын-суолларын түһэн биэрбэтилэр. Быһыйдары үтүөлээх тренер Василий Андреевич Оленов эрчийэр, дойду киин куораттарыгар илдьэ сылдьан күрэхтэһиннэрэр.
Маҥнайгы кыһыл көмүс мэтээли кэлээскэлээхтэр 100 м куоталаһыыларыгар Дьокуускайтан Лилия Егорова аҕалла, дьаадыраны анньыыга эмиэ бастаата. Иккилии көрүҥнэргэ бастаабыт спортсменнар ортолоругар Варвара Наумова (Горнай), Татьяна Бурым (Дьокуускай), Роман Ибрагимов (Кэбээйи), Саргылан Семенов (Уус-Алдан), Альберт Петров (Эдьигээн), Николай Свинобоев (Ньурба), Никифор Анисимов (Мэҥэ-Хаҥалас) Спартакиада дьоруойдарынан буоллулар. Дьаадыраны анньыыга кыһыл көмүс мэтээлинэн наҕараадаламмыт, олорон эрэ волейболга аан дойду чөмпүйүөҥкэтэ Алена Дмитриева Сунтаар хамаандата волейболга үһүс бириистээх миэстэҕэ тиксэригэр улахан төһүүнэн буолла, Спартакиада иккис мэтээлин ылары ситистэ.
400 м конна 800 м курдук ыарахан дистанцияларга сүүрүүлэргэ, истибэттэргэ, кыраһыабай, чэпчэки сүүрүүнү Ньурба быһыйа 20 саастаах Николай Свинобоев көрдөрдө. Харааныттан ылбыт тэтимин быспакка, сүүрүүтүн эптэр эбэн, ааспыт үйэ 60-70 сылларыгар күннээн-күөнэхтээн сүүртэлээбит Чурапчы-Мэҥэ уҥмат тыҥалаах быһыйа Афанасий Илларионовы санатар дьыпсаан көрүҥнээх, көнөтүк туттан сүүрэр 20 саастаах быһый, илиилэрин- атахтарын сылбырҕатык ылаттаан, утарсааччыларын ырааҕынан быраҕаттаата. Бу күннэргэ Россия чемпионатыгар барарга бэлэмнэнэр. Сурдолимпийскай оонньууларга кыттар баҕалаах. Спорка аҕалбыт тренеригэр Василий Оленовка анаата.
Кэлээскэлээхтэргэ Хаҥалас Мохсоҕоллооҕуттан дэгиттэр спортсмен Ринат Жангиров эрийсиилээх киирсиигэ биэтэккэ бастакынан кэллэ. Дзюдонан дьарыктанар эдэр ыччат киһи аҕыйах сыллааҕыта мас эрбиир электрическэй станокка кроссовкатын быатыттан хаптаран, быһыта эрийтэрэн, икки атахтара суох хаалбыт. Эмтэнэн, протез атахтаммыт. Эр санаалаах спортсмен-уол атахтарыгар туран, салгыы армлифтининэн дьарыктаммыт. Саха сирин, Россия чөмпүйүөннэринэн буолары ситиспит. Урбаанньыт быһыытынан оҕолорго спортивнай балассаакка оҥорон бэлэхтээбит. Ринат бу Спартакиадаҕа кыайыытын түөрт саастаах игирэ кыргыттарыгар, тапталлаах кэргэнигэр, күн-күбэй ийэтигэр, бииргэ төрөөбүт балтыгар анаата.
Чэпчэки атлетикаҕа хамаанданан түмүккэ сүһүөхтэринэн ыалдьааччыларга Ньурба, Дьокуускай, Бүлүү; истибэттэргэ Эдьигээн, Дьокуускай, Ньурба; көрбөттөргө Үөһээ-Бүлүү, Чурапчы, Дьокуускай, туһааннааҕынан бастакы, иккис, үһүс миэстэлэри ылаттаатылар.
Остуол тенниһигэр сүһүөхтээхтэргэ Ньурба, Мэҥэ-Хаҥалас, Дьокуускай; истибэттэргэ Дьокуускай, Ньурба, Сунтаар; Биирдиилээн оонньооччуларга эр дьоҥҥо Айгимар Нифонов (Бүлүү) бастакы, Андрей Цыпандин (Мэҥэ-Хаҥалас), Роман Николаев (Дьокуускай), дьахталларга: Екатерина Сивцева (Амма), Туйаара Иванова (Ньурба), Ульяна Максимова (Дьокуускай) үс бастыҥнарга киирдилэр.
Буулдьанан ытыыга хамаанданан түмүккэ сүһүөхтээхтэргэ Бүлүүттэн Надежда Алексеева, Василий Прокопьев, Чурапчыттан Анастасия Егорова, Николай Пермяков бастаатылар; Нерюнгриттэн Олеся Бояршинова, Роман Бычев састааптаах хамаандалар иккис уонна үһүс буоллулар. Бииридиилээн ытыыларга сүһүөхтээхтэргэ Олеся Слепцова (Орто-Халыма) бастаата, Сабия Иванова (Сунтаар) иккис, Надежда Алексеева (Бүлүү) үһүс, истибэттэргэ Алексей Стручков (Мэҥэ-Хаҥалас), Василий Прокопьев (Бүлүү), Роман Бычев (Нерюнгри) инники күөҥҥэ таҕыстылар.
Дуобакка сүһүөхтээхтэргэ Мэҥэ-Хаҥалас, Дьокуускай, Чурапчы, истибэттэргэ Таатта, Нам, Чурапчы; олорон эрэ волейболга эр дьоҥҥо Аммалар бастаатылар, Үөһээ-Бүлүү иккис, Мэҥэ-Хаҥалас үһүс миэстэлэннилэр; дьахталларга Мэҥэ-Хаҥалас, Дьокуускай, Чурапчы хамаандалара бастакы, иккис, үһүс бастыҥ көрдөрүүлэннилэр. Көрбөттөр голболга сытыы киирсиилэригэр эр дьоҥҥо Дьокуускай, Үөһээ-Бүлүү, Нам, дьахталларга Мэҥэ-Хаҥалас, Ньурба, Сунтаар хамаандалара кыһыл көмүс, үрүҥ көмүс, боруонса мэтээллэри ылаттаатылар.
Адаптивнай спорка болҕомто күүһүрүөҕэ
Быйылгы XIV Спартакиада биир уратытынан улуустар баһылыктара бэйэлэринэн кэлэ сылдьыылара буолла. Ордук тахсыылаахтык Ньурба улууһа бөлөҕөр бастаабытын таһынан, официальнайа суох ааҕыынан уопсайга маҥнайгы бөлөх кыайыылааҕа Дьокуускай хамаандатын кэнниттэн иккис үчүгэй көрдөрүүлэннэ. Ситиһиилэнэллэрин өтө сэрэйбит курдук, Ньурба баһылыга Алексей Михайлович Иннокентьев Спартакиада маҥнайгы күннэриттэн күрэхтэһиилэри көтүппэккэ сылдьыталаан көрдө-иһиттэ: “Биһиги спортсменнартан сөҕө сылдьабыт. Чахчы олоххо дьулуурдаах, тулуурдаах дьоннор манна күрэхтэһэ сылдьаллар. Манна кэлбиттэрин да иһин кинилэргэ кыайыы диэн ааҕыахха наада. Уонна мин санаабар, Ил Дархан таһымыттан саҕалаан, адаптивнай спорт көрүҥнэригэр улахан суолта бэрилиннэ. Манчаары, Саха сирин норуоттарын спортивнай оонньууларын курдук Адаптивнай спартакиаданы олимпийскай цикл курдук түөрт сыллаах оҥордулар. Улуус баһылыктара, спортсменнара, общественность билигин түмсэннэр, күүстээх хамсааһын тахсара буолуо. Уонна Россия Паралимпийскай спорка кэмитиэтин вице-президенэ кэлэн барбыта элбэҕи этэр. Онон, мин санаабар, доруобуйаларыгар хааччахтаах дьоннорбутугар государство өттүттэн, өрөспүүбүлүкэ, улуустар өттүлэриттэн болҕомто ууруллуута күүһүрүөҕэ. Спортсменнарбыт хамаанда туһугар, Ньурба улууһун туһугар күүскэ үлэлээтилэр, күрэхтэстилэр. Доруобуйаларыгар хааччахтаах спортсменнарбыт улуус дьонугар-сэргэтигэр улахан энергетика биэрдилэр. Тоҕо диэтэххэ, 2025 с. Тааттаҕа Манчаары оонньууларыгар кыттыахтаахпыт, уонна, дьэ, дьиэбитигэр-уоппутугар 2027 с. Саха сирин норуоттарын спортивнай оонньуулара ыытыллыахтаахтар. Бэлэмнэнии бара турар. Стадиоммут тутуута саҕаланна. 3000 киһи олорор чэпчэки атлетикаҕа манежтаах, элбэх функциялаах спортивнай комплекс тутуллуоҕа. Барыта сэттэ улахан объект тутуллуоҕа. Ону сэргэ, социальнай объектар олоххо киллэриллиэхтэрэ. Тутуулары ыытарга 7,7 млрд.солк. өрөспүүбүлүкэ хамыыһыйата илии баттаата. Тэтимнээх үлэлэри ыыта сылдьабыт. Улууспутугар улахан хамсааһын тахсыбыта биллэр, дьоммут-сэргэбит сомоҕолосто. Спортсменнарбыт бэйэлэрин ситиһиилэринэн холобур көрдөрдүлэр. Улууспутугар Адаптивнай спорт сайдарыгар быһаарыныыны ылынан турабыт. Ол курдук, адаптивнай спорт көрүҥнэригэр улахан спортивнай комплексы тутан үлэҕэ киллэриэхтээхпит. Тренердэри эбии үөрэххэ ыытарга сүбэлэстибит. Адаптивнай спорт федерациятын бэрэссэдээтэлинэн мин солбуйааччым буолар буолла. Онон бу таһыммытын түһэрбэккэ, дьоммутун-сэргэбитин, ыччаттарбытын адаптивнай спорка сыһыараммыт, олоххо, обществоҕа тэҥҥэ сылдьалларыгар, үлэлэһэллэригэр, күрэхтэһэллэригэр олук уурабыт дии саныыбын”.
“Паралимпийскай уруок”
Спартакиада күннэригэр өссө биир кэрэ-бэлиэ түгэнинэн, “Паралимпийскай уруогу” ыытыы буолла. Оҕо искусствотын оскуолатын актовай саалатын толору спортсмен оҕолор муһуннулар. Паралимпиадалар уонна Сурдолимпиадалар медалистара, Россия спордун үтүөлээх маастардара Владимир Балынец, Анастасия Диодорова, Степанида Артахинова, Алена Дмитриева бэйэлэрин спортарын көрүҥнэрин туһунан, хайдах күрэхтэспиттэрин, ситиһиигэ туох тиэрдэрин, видео-слайдалары көрдөрө-көрдөрө сиһилии быһааран кэпсээтилэр. “Паралимпийскай уруокка” спорт миниистирэ Леонид Спиридонов, Адаптивнай спорт федерациятын бэрэссэдээтэлэ Николай Дегтярев, өрөспүүбүлүкэ Адаптивнай спорка киин дириэктэрэ Ньургун Иванов, адаптивнай спорт үтүөлээх тренерэ Петр Давыдов кыттыыны ыллылар.
“Паралимпийскай уруогу” модератор быһыытынан, Россия Паралимпийскай кэмитиэтин вице-президенэ, церебральнай ыарыылаах спортсменнарга футболга аан дойду үс төгүллээх чөмпүйүөнэ, Паралимпийскай оонньуулар үрүҥ көмүс уонна боруонса призера, Россия чөмпүйүөнэ, Россия спордун үтүөлээх маастара Иван Евгеньевич Потехин үүннээн-тэһииннээн, салайан ыытта. Паралимпийскай оонньуулар историяларын билиһиннэрдэ.
“Паралимпийскай уруок” уруок-уруок курдук сүрдээх сэргэхтик, көхтөөхтүк барда. Аатырбыт паралимпиец уонна сурдолимпиец спортсменнарбыт ыйытыыларыгар табатык хоруйдаабыт оҕолорго өйдөбүнньүк бэлэхтэри туттартаан истилэр. Инньэ гынан, уруокка кыттыбыт оҕолор үгүстэрэ илии-тутуурдаах, өттүк-харалаах дьиэлээтилэр.
“Паралимпийскэй уруок” кэнниттэн маастар-кылаастар буоллулар. Степанида Артахинова оҕунан ытыыга таһырдьа ыыппыт маастар кылааһыгар, ардах түһэ турарын кэрэйбэккэ, элбэх оҕо кытынна. Оҕунан ытыыга холоннулар. Остуол тенниһигэр. Россия сүүмэрдэммит хамаандатын тренерэ Максим Слаботчуков “Дружба” спортивнай комплекска маастар-кылаас ыытта.
Бүлүүгэ көрсүөххэ диэри!
Спартакиада үрдүк тэрээһиннээхтик, этэҥҥэ түмүктэннэ. Үгүс сүрэххэ-быарга иҥэр дьаһаллар ыытылыннылар. Олохтоохтор кичэллээхтик бэлэмнэммиттэрэ харахха быраҕылынна.
Сүрүн тэрийээччи, Амма улууһун баһылыга, бэйэтин кэмигэр мас тардыһыытыгар өрөспүүбүлүкэ чөмпүйүөнэ, спорт куттаах Степан Кузьмин санаатын кытта үллэһиннэ: “Спартакиада “Дьулуур” диэн мээнэҕэ ааттамматах эбит. Ол курдук бары даҕаны улахан тургутууну аастыбыт. Айылҕабыт, сибээспит, суолбут даҕаны долгута сырытта. Ол гынан баран, биһиги бэйэбит тыйыс олоххо үөрэммит буоламмыт тулуйдубут. Бары үлэлэспит Аммабыт дьонугар-сэргэтигэр, күндү ыалдьыттарбытыгар, спортсменнарбытыгар, өрөспүүбүлүкэбит салалтатыгар, Ил Дарҕаммытыгар махталбыт муҥура суох. Спартакиадаҕа ананан тутуллубут 14 объектарбыт бары сыалларын-соруктарын ситэн, саҥардылланнар, өрөмүөннэнэннэр, оборудованиеларынан хааччылланнар, стадиоммут сүүрэр суола саҥа бүрүөһүннэнэн, силиктэрин ситэннэр, күрэхтэһиилэр харгыһа суох ыытылыбыттарыттан, бары кэлбит спортсменнар ситиһиилэммиттэриттэн үөрэбит!” .
Спартакиада түмүгүн таһаарыы, үөрүүлээхтик сабыллыытын үгэнигэр, Амма улууһун баһылыга Степан Николаевич Кузьмин Спартакиада былааҕын Бүлүү улууһун баһылыгар Сергей Иннокентьевич Винокуровка туттарда: “Спартакиада олус үрдүк тэрээһиннээхтик барда. 2026 с. биһиэхэ буолуохтаах Спартакиада бэлэмнэниини күн сарсыҥҥыттан саҕалыахпыт. Бастатан туран, материальнай базабытын хаҥатыахпыт, куораппытын киэргэтиэхпит, саҥа спорт объектарын тутуохпут. Спартакиадабытын Аммаҕа барбытын курдук үрдүк таһымҥа ыытыахпыт диэн эрэннэрэбит”.
Бүлүүгэ көрсүөххэ диэри!
Баһылай Посельскай,
Амма - Дьокуускай