Стендэбэй ытыыга “Азия оҕолорун” оонньууларыгар кыттыахтаах Саха сирин сүүмэрдэммит хамаандатын

14-15 саастаах оҕолоро кулун тутар 27 – ыам ыйын 8 күннэригэр Краснодарскай кыраай Адыгея Республикатыгар эрчиллэр-бэлэмнэнэр түмсүүгэ сылдьан кэллилэр.  Хамаанда сүрүн тренерэ Аркадий Андреев уонна тренер Алексей Андреев  илдьэ сырыттылар.

st 8

“Дубрава” спорткомплексыгар аан дойду таһымнаах базатын ытыыга балассаакаларыгар дьарыктаннылар. 21-гэр диэри саастаах ыччаттары кытта Россия Кубогар, онтон, Липецкэйгэ Россия ыччаттарын чемпионатыгар, Казаньҥа ыччаттар ортолоругар Россия Кубогын иккис этаабыгар кыттан, стендэбэй ытыы  “Трап” уонна “Скит” көрүҥнэригэр күрэхтэстилэр. Алексей Петров диэн Казань ытыыга оскуолатын бүтэрэн, билигин Украинаҕа Байыаннай Дьайыыларга сылдьар иитиллээччилэрэ, кэлэн күрэхтэһэн, маастар нуорматын толорбута хайҕаныан эрэ сөп. Ыччаттар ортолоругар международнай кылаастаах маастардар бааллар. “Антах, улахан ытааччылар, тренердэр “Эһи, сахалар, кыра оҕо эрдэххититтэн ытаҕыт, булчут буолаҥҥыт ытыы хааҥҥытыгар баар дииллэрэ истэргэ үчүгэй. Онон, “улахан күрэхтэһии тыынын билэн, күрэхтэһии диэн тугун билэн, оҕолорбут уопут ыллылар, бэйэлэрин саастыылаахтарын кытта тэҥ-тэҥҥэ күрэхтэстилэр, ордук да ытааччылар бааллар”,- диэн тренердэр санааларын кытта үллэһиннилэр.  

st 9 9

Оҕолор ахтылҕаннаах дойдуларыгар кэлээт даҕаны, үөрэхтэригэр ылсан эрэллэр. Соҕуруу “дистанционно, онлайн” ситиминэн үөрэммиттэр. Дьокуускайга Маҕанныыр суолтан уҥа диэки уруккунан “Бэргэн”, билиҥҥинэн “Олимпиец” стандартка эппиэттиир ытыы базатыгар эрчиллэллэр. Бэс ыйын саҥатыгар хонтуруоллуур ытыылар түмүктэринэн, түөрт уол уонна түөрт кыыс, бастакы уонна иккис хамаандаҕа кимнээх киирэллэрэ биллиэҕэ. Ону таһынан, икки уол Дальнай Восток хамаандатыттан кыттыахтара.

st 10 10

Хамаанда лидердэрэ быйыл үһүс сылын стендэбэй ытыынан дьарыктанар, Россия финалистара, “Трапка” Россия Кубогын боруонса призера Данил Копылов уонна улахан дьоҥҥо Россия чемпионатын кыттыылааҕа Арылхан Петров. Кыргыттар саҥа саҕалаан эрэллэр.

Кыра саастаах оҕолору кытта эмиэ үлэ барар. Биллэрии таһаараннар, кэлбит оҕолору кытта үлэлииллэрин түмүгэр, “ытыы көрүҥэ миэнэ буолбатах эбит” диэннэр, үгүстэр аҕыйах күн сылдьан бараннар, кэлбэттэр. Баҕалаахтар эрэ хаалан, салгыы дьарыктаналлар. Саанан ыта үөрүйэх, аҕаларын, убайдарын кытта булка сылдьыспыт уолаттар. Көтөн тахсар тэриэлкэлэри “чыккымай курдук түргэттэр!”,- дэһэллэр стендэбэй ытааччы уолаттар. Былырыын күһүн Казаньҥа тиийэннэр күрэхтэһэннэр, сүүмэрдээһини ааспыттар.  12 бастыҥ ытааччылар хамаандаҕа киллэрбиттэр.

st 2 2

“Ахсынньыга ылаттаабыт саҥа сааларын  боруобалаатылар, туттарга үөрэннилэр, бэйэлэригэр сөп түбэһэр гына регулировкалаатылар, прикладтарын оҥоһуннулар. Дьарыкка тиийэр, сөп буолар ботуруоннарынан, спортивнай форманан, аһылыгынан, битэмииннэринэн толору хааччылынныбыт. Результат баар буоларыгар эрэнэбит!”, - диэн сүрүн тренер Аркадий Аркадьевич Андреев сэргэх кэпсээнин түмүктээтэ.

Баһылай Посельскай

Поделиться:

#Новости

В селе Мяндиги Амгинского улуса открыли новый спортивный зал

Для жителей Мяндигинского наслега прошел один из радостных дней — открытие нового…

Программа Кубка Ивана Ярыгина — 2025

22-27 января в Красноярске пройдет международный турнир по вольной борьбе — Кубок Ивана…