2436

Үйэҕэ салҕаммыт турнир

Нам улууһугар футбол оонньуута өссө 1950-с сылларга саҕаламмытын,биһиги аҕаларбыт уонна эһээлэрбит уос номохторуттан билэбит. Көлүөнэттэн көлүөнэҕэ бэриллэн,бу эриэккэс оонньуу саҥа үйэҕэ тиийэн кэллэҕэ.

Мэник-тэник саастартан тэбиэлиир мээчиктэрин кыбынан, ордук сайыҥҥы бириэмэҕэ,элбэх оҕону түмэн уонна кучуйан, барыларыттан чорбойон түмэр уонна тэрийэр өрүттээх оҕолор элбэхтэр этэ. Итинник хартыынаны ханнык баҕар оройуоҥҥа көрүөххэ сөп. Оннук оҕолортон биирдэстэринэн Гоша Сидоров тахсыбыта.

Кини майгыта уонна туттара-хаптара,ону ааһан сэбэрэтинэн даҕаны маарынныырын көрөн,табаарыстара “Пеле” диэн ааттаабыттара. Миигиттэн аҕыйах сыл балыс уолу биһиги истэр этибит. Кэнники улаатан, оройуон күрэхтэһиилэригэр баскетболга уонна футболга көрөн, билсиһэн барбыппыт. Мин саныырбынан, 1990-с сылларга Нам улууһугар мини-футболу бастакынан саҕалаан киэҥ эйгэҕэ таһаарбыта диэтэхпинэ арааһа сыыспатым буолуо.   Ол курдук, Егор Прокопьевич Дьокуускай куорат иһинэн ыытыллар күрэхтэһиитигэр бэйэтин хамаандатынан улуу убайдарбытыгар саха футбола баарын биллэрбитэ. Өссө биир хаһыакка : « … ханна да биллибэтэх  «ГИОС» диэн омуктуу ааттаах хамаанда Намтан кытынна” – диэн нуучча журналиһа суруйбуттаах. Ол ааппыт боростуой тылтан тахсыбытын оччолорго ким билиэ баарай. Хамаандаларын чиэстээхтик инники сылдьар лидер табаарыстарын, таптаан уонна убаастаан “Гоша и остальные” (ГИОС) диэн ааттаабыттара. Бу ааты эмиэ Нам футболун историятыгар киирбит,кэлин убайдыы-бырааттыы Поповтар муударай өйдөрүнэн ааттанан тахсыбыта буолар. Бу эйэлээх, биир дьиэ-кэргэн курдук хамаанда 1994-95 сылларга Егор Прокопьевич Сидоров – Пеле капитаннаах “ГИОС” хамаандата республика мини-футболун күрэхтэһиитин кыайан, сахалартан бастакынан Санкт-Петербурга ыытыллыбыт тыа сирин спортсменнарын ортолоругар кыттыбыт үтүө холобурдаахтар...           

2437                           

Онтон бу күннэргэ Хамаҕатта нэһилиэгэр Егор Сидоров – Пеле кэриэһигэр республика аһаҕас турнира ыытылынна. Барыта 12 хамаанда Уус-Алдантан,Хаҥаластан,Горнайтан, Дьокуускайтан уо.д.а. эдэр састааптаах хамаандалар күөн көрүстүлэр. Икки күннээх тыҥааһыннаах оонньуу кэнниттэн, финалга «Мүрү-2» уонна олохтоох «ГИОС» хамаандалара тэҥ оонньуу кэнниттэн (2:2) пинальтинан “ГИОС” инники таҕыста. Манна үһүс миэстэни былдьаһыыга «Дыгын» (Хаҥалас) Горнай хамаандатын сабырыйан таҕыста.

Анал бириистэринэн : «Бастыҥ кимэн киирээччи» бирииһинэн Сергей Кузьмин (Горнай), «Бастыҥ оонньооччунан”- Егор Тролуков (Мүрү-2), “Бастыҥ вратарынан” – Валентин Лебедев (ГИОС), “Бастыҥ көмүскээччинэн” – Кузьма Острельдин (Дыгын) уонна бу турнир “Бастыҥ киллэрээччинэн” эдэр кэскиллээх оонньооччу Дьулус Пестряков (ГИОС) ааттанна.

Бу кыайыылаахтары анал бириистэринэн Е.П.Сидоров-Пеле ийэтэ Сидорова Дарья Федоровна кыргыттарынаан туттарда.

Анатолий Софронов – Онтуон, Нам.                                                  

3438

Поделиться:

#Новости