Г.Р. Балакшин бэрэссэдээтэллээх Ил Түмэн физическэй культураҕа уонна спорка Сис кэмитиэтин киэҥ ыҥырыылаах төгүрүк остуолугар

“Мас-тардыһыыны Россия уонна аан дойду таһымыгар таһаарыы” боппуруоһа дьүүллэһилиннэ. Бүтүн Россиятааҕы мас-тардыһыытын федерациятын президиэнэ Михаил  Гуляев

IT 2 2

Аан дойдутааҕы мас-тардыһыытын Генеральнай сэкэрэтээрэ Иннокентий Григорьев

IT 3 3

уонна мас-тардыһыытын сайыннарыыга үбүлээһин туһунан Саха Өрөспүүбүлүкэтин спорка миниистирин солбуйааччы Гаврил Мохначевскай

IT 4 4

сүрүн иһитиннэриилэри оҥордулар. Норуот депутаттарыттан уонна ыҥырыылаах ыалдьыттартан үгүс ыйытыылар, этиилэр киирдилэр.

IT 5 5

Кэпсэтиилэр сүнньүлэринэн ылыллыбыт Рекомендацияҕа Саха Өрөспүүбүлүкэтэ спорт национальнай көрүҥнэрин сайыннарыыга утумнаах үлэни ыытара бэлиэтэннэ. Ол курдук, 2015 с. “Спорт национальнай көрүҥнэрин”, 2018  с “Саха Өрөспүүбүлүкэтэ социальнай-экономическай 2050 с. диэри стратегическай сайдыытыгар “ Сокуоннар ылыллыбыттара. 2019 с. Россия спорка Министиэристибэтин уонна Саха Өрөспүүбүлүкэтин мас-тардыһыытын сайыннарыыга туһуламмыт бирикээстэрэ тахсыбыттара. Бүгүн Россияҕа 63 мас-тардыһыытын федерациялара үлэлииллэр, дьарыктанааччылар кэккэлэр сыллата элбиир. Аан дойдуга 53 дойдулар мас-тардыһыытынан дьарыктаналлар. Саха сиригэр 10, Россияҕа 6, аан дойдуга 21 күрэхтэһиилэр, былааннаммыт араас дьаһаллар сыл устата ыытыллаллар. 2022 сыл бэс ыйын 21-27 күннэригэр Дьокуускай куоракка Саха АССР төрүттэммитэ 100 сылыгар аналлаах аан дойду чемпионатыгар 38 дойдулартан 130 спортсменнар кэлэн кыттыбыттара. Манчаары аатынан спорт национальнай көрүҥнэригэр Киин мас-тардыһыытын бэлиэлэрин, инбэнтээрдэри, спортсменнар спортивнай формаларын патеннаата. Научнай хааччыйыыга үлэ барар. Саха Өрөспүүбүлүкэтин Бырабыыталыстыбата 2021 с. алтынньы 7 күнүгэр дьаһала тахсыбыта. 2023 с. “Аан дойдутааҕы мас-тардыһыытын киинэ” тэриллибитэ. М.К. Аммосов аатынан ХИФУ физическэй культураҕа института (Гоголев Н.Е.) уонна Чурапчытааҕы спорт института (Готовцев И.И.) кадрдары бэлэмнииллэр. Мас-тардыһыытын Олимпийскай оонньууларга киллэрии 2036 с. былааннанар.

Баар итэҕэстэргэ, спорт национальнай көрүҥнэрин сүүмэрдэммит хамаандаларынматериальнай-техническэй хааччыйыы, ол иһигэр, спортивнай экипировканан, научнай-методическай, медицинскэй, үбүлээһин, тренердэр хаминастарын үрдэтии улахан болҕомтоҕо, өйөбүлгэ наадыйаллар.

IT 8

Төгүрүк остуол үлэтин сүнньүнэн, Ил Түмэн физическэй культураҕа уонна спорка Сис кэмитиэтин бэрэссэдээтэлэ Георгий Балакшин, Саха Өрөспүүбүлүкэтин физическэй культураҕа уонна спорка миниистирин солбуйааччы Гаврил Мохначевскай, мас-тардыһыыга Аан дойду федерациятын Ген. сэкэрэтээрэ Иннокентий Григорьев, Россия мас-тардыһыытыгар федерация президиэнэ Михаил Гуляев, Саха Өрөспүүбүлүкэтин федерациятын президиэнэ Анатолий Баишев, “Сахаада-спорт” Ассоциация президиэнэ Александр Ким-Кимэн санааларын кытта үллэһиннилэр.

IT 7 7

Итэҕэстэри туоратарга Саха Өрөспүүбүлүкэтин Бырабыыталыстыбатыгар (К.Е. Бычков), Саха Өрөспүүбүлүкэтин физическэй культураҕа уонна спорка Министиэристибэтигэр (Л.Н. Спиридонов) туһуламмыт Рекомендациялар ылылыннылар. Ил Түмэн Сис кэмитиэтин мунньаҕа туһааннаах буппуруос туолан иһиитин аны күһүн көрөргө диэн болдьоһулунна.

Баһылай Посельскай

Поделиться:

#Новости

Крупнейший вуз Якутии обеспечит услуги перевода на спортивных играх «Дети Азии»

Северо-Восточный федеральный университет в Якутии и Дирекция VIII Игр "Дети Азии"…