Спортсменнар дьарыктарыгар биополеларын күүһүрдүү эрэ буолбакка өссө подсознаниеларыгар улахан үлэни ыытыллыахтаах. Подсознаниеҕа үлэлээн имигэс буолуу, күүһү-уоҕу хачайданыы, былчыҥ чувствительноһын күүһүрдүү, албастары оҥорууну автоматизмҥа тириэрдии, психологическай туруктарын бөҕөргөтүү көдьүүһэ, сознание эрэ нөҥүө дьарыктаналларынааҕар уонунан, сүүһүнэн даҕаны төгүл көдьүүстээх буолар. Аныгы үйэҕэ подсознаниеҕа үлэтэ суох төһө да сэниэлээх, күүстээх-уохтаах буол аан дойду, олимпийскай оонньуулар чыпчаалларыгар тахсар ситиһиилэр кэлэллэрэ күчүмэҕэй.
Подсознание диэн киһи компьютера. Киһи организмыгар барар биохимическай процесстары, хас килиэткэ, ньиэрбэ үлэтин, киһи ис эйгэтин уонна тас чараас (энергоинформационнай) эйгэни кытта киһи ис эйгэтин ситимниир үлэни подсознание салайар. Онон подсознаниены киһи биопсихокомпьютера диэхпитин сөп. Кини реакцията, түргэнэ компьютер курдук аһары улахан: сүүһүнэн мөлүйүөн төгүл түргэнник сознаниетааҕар реакциялыыр.
Биллэрин курдук, сознание киһи чувстволарын органнарын үлэтин ырыта-ырыҥалыы сылдьар – киһи көрөрүн-билэрин, истэрин, сыты, амтаны ыларын, толкуйдуурун. Киһи уһуктаҕас турукка сырыттаҕына, сознание итини ырыта-ыраҥалыы сылдьар буолан подсознаниены кыайан салайбат, кинини кытта ситимнэспэт. Ол иһин, подсознаниены программалыырга чувстволарын органнарын үлэтин кыччатыллыахтаах. Оттон киһи хараҕын симтэҕинэ хараҕынан киирэр информацията суох буолан сознание уонна подсознание ситимэ күүһүрэ түһэр. Чувстволарын органнарынан киирэр информация аҥара хараххынан киирэр. Онон сознание уонна подсознание ситимэ 50% күүһүрэ түһэр. Аны атын чувстволарын органнарын үлэтин кыччаттаххына киһи ураты турукка (медитация туругар) киириэн сөп. Оччоҕо подсознаниены программалааһын көдьүүһэ өссө улаатар. Дьэ, итинник турукка киирэн дьарыктаннаххына дьарык көдьүүһэ уонунан төгүл күүһүрэр.
Максимова Клавдия Ильинична-Сайыына бэйэни бэйэ салайыныытын куурустарыгар дьону мунньан уон хонук устатыгар 40-50-нуу мүнүүтэ харахтарын симнэрэн, үчүгэй музыкаҕа уйдара сылдьан дьарыктыыра. Ол түмүгэр, бары араас ыарахан ыарыыларыттан босхолоноллоро, үөйбэтэх-ахтыбатах дьоҕурдара-талааннара арыллара уонна бары имигэс буолан хаалаллара. 60-70-нуу саастаах кырдьаҕастар, оннооҕор Бэрдьигэстээххэ 80 саастаах Анастасия Алексеева, шпагатка олорор, мостик түһэр буолбуттара. Итинник ньыманы спортсменнар туһаналлара буоллар төһөлөөх ситиһиилэниэ этилэрэй?! Оттон биһиги тустууктарбыт сатаабаппыт диэн миэхэ шпагат түһэн көрдөрбөттөр, кыбысталлар(?).
Спортсмен сүһүөҕүн имитэригэр, этин-хаанын сылытынарыгар (“разминка”), тренажерга күүһүн-уоҕун хачайданарыгар, имигэс буолууга имиллэригэр хараҕын симэн сөп түбэһэр музыкаҕа уйдара сылдьан дьарыктаныахтаах. Хараҕын симэ сылдьан: “Мин эриэн үөн курдук имиллэбин, имигэспин. Илиим-атаҕым, сиһим былчыҥнара сайдан, күүһүрэн-уоҕуран эрэллэр, утарылаһааччыбын хайдах баҕарар кум-хам тутабын...” – диэн өйүн-санаатын күүһүнэн хайдах сайдан эрэрин илэ көрө сатыы-сатыы, бэйэтин бэйэтэ итэҕэтинэ сылдьан дьарыктаннаҕына дьарыга ураты көдьүүстээх буолуоҕа.
Биирдэ тренажерка киирэн көрбүтүм дьарыктанааччылар анекдот кэпсии-кэпсии, күлсэ-салса, оонньуу-көрүлүү сылдьан дьарыктана сылдьаллар эбит. Маннык дьарык туох да туһата суох. Быйыл Ярыгин турнирыгар тустууктарбыт күүскэ дьарыктана сылдьаллар диэн ватсапка видеозапись таһаарбыттар. Онно тустууктарбыт илиилэринэн сапсына-сапсына көбүөр тула тэпсэҥнии сылдьаллар. Итинник “күүстээх” дьарык түмүгэр Нь.Скрябинтан, В.Лебедевтэн ураты бары статист оруолун эрэ толордулар.
Тустуу саалыгар улахан видеоэкран ыйанан туруохтаах. Онно улахан айылҕалаах тустууктар хайдах курдук албастары оҥороллорун тириэнэр бытаарда-бытаарда, илиилэрэ-атахтара, ханнык былчыҥнара хайдах үлэлээбиттэрин быһааран ырыта-ырыта көрдөрүөхтээх. Ол кэнниттэн тустууктар харахтарын симэн, маакка сытан эрэ өйдөрүн-санааларын (“воображение”) күүһүнэн ону көрөн, бэйэлэрэ итинник оҥорон эрэллэрин курдук илэ көрө-көрө илиилэрин-атахтарын хамсатан дьигиҥнии сытыахтаахтар. Оччоҕо кинилэр подсознаниелара ити албаһы оҥорорго программаланан киирэн барар. Итинник сөптөөхтүк элбэхтэ хатылаан баран, туран эрэ тустууга утарылаһа сылдьар партнерун кытта (кини көрө сылдьар), эмиэ хараҕын симэ сылдьан, онтон хараҕын көрө сылдьан ити албаһы элбэхтэ хатылыахтаах. Оччоҕо подсознаниета ити албаһы хайдах таба оҥорорго программаланар. Итинник дьарыгынан тустуук былчыҥын чувствительноһа сайдар, албаһы оҥорууга автоматизмҥа тиийэр.
Д.П. Коркин биэс уонча сыл анараа өттүгэр тустуугу хараҕын саба баайан баран, эбэтэр уоту умуруоран хараҥаҕа туһуннаран дьарыктыы сылдьыбыта диэн кини үөрэнээччилэрэ кэпсээччилэр. Оннооҕор ол кэмҥэ улуу тириэнэр подсознаниеҕа итинник үлэлиэххэ сөп диэн сэрэйэ санаабыта буолуо. Ол гынан баран, итинник дьарык ол кэмнээҕи кыараҕас саалларга эчэйиигэ тириэрдиэн сөп диэн тохтоттоҕо буолуо.
Айылҕалаах тустуук подсознаниета утарылаһааччыта туох хамсаныыны оҥороору гыммытын компьютер курдук суоттаан утары албастары, хамсаныылары оҥотторор. Холобур, ити үлүгэрдээх албастары утуу-субуу тохтоло суох хайдах толкуйдаан оҥороҕун диэн суруналыыс Б. Сайтиевтан ыйыппытыгар, киһитэ илиим-атаҕым бэйэлэрэ бараллар, Аллах көмөлөһөр диэн хоруйдуур. Биллэн турар, Аллах буолбакка подсознаниета итинник автоматизмнаах оҥотторор.
Подсознаниелара күүскэ сайдыбыт улуу тустууктарбыт, А. Маргиев эппитигэр дылы, “чувствуют свое тело, как Паганини скрипку, или Рахманинов – фортепиано. ... такое ощущение, что даже не думают головой во время схваток – словно их тело само, не получая сигнал мозга, совершает серии совершенных приемов”.
Биһиги биир талааннаах тустуукпут Т. Пестерев эдэрдэргэ Россияҕа чемпионнууругар тустубут видеозаписьтарын көрдөххө, кини оҥорор албастара, утарыта бырахсыылара итинник подсознание таһымыгар буолара ураты көстүү – киһи астына көрөр. Итинник айылҕалаах уолбут чаҕылхай талаана араас эчэйиилэртэн уонна спортивнай чиновниктар сөптөөхтүк дьаһамматахтарыттан ситэ арыллыбата. Кини 2013 сыллаахха Россия чемпионатыгар иккис буолан кэлбитигэр прессконференция ыытыллыбыта. Онно мин этии киллэрбитим: “В. Лебедев Олимпийскай оонньууларга 55 киилэҕэ батар кыаҕа суох. Онон 60 киилэҕэ тахсыа, оччоҕо икки лидербыт бэйэ бэйэлэрин кытта конкуренциялаһаллар. Онон Пестеревы легионер оҥоруоҕуҥ”. Онуоха ШВСМ директора А. Игнатьев оннук конкуренцияластахтарына эрэ сайдыахтара уонна Олимп чыпчаалыгар тахсыахтара, ол иһин Тимуру таһаарбаппыт диэбитэ. Ол гынан баран, хойутаан туран Пестеревы Таджикистаҥҥа көһөрүүгэ сылтан ордук уһун унньуктаах кэпсэтии кэнниттэн саҥа көҥүл ыллылар. Ити түмүгэр Т. Пестерев кэнники икки сылга тустубата да диэххэ сөп. Итинник тойотторбут дьаһаналларын түмүгэр талааннарбыт кэхтэллэр.
Подсознаниеҕа үлэлээһин киһи психологическай туругар хайдах курдук күүскэ дьайарын В. Андреев уонна Е. Пономарев илбиһирэн туран тустубуттарыгар көстөр.
Аныгы спорт сайдыытын ирдэбилигэр эппиэттээн тириэнэрдэрбит үөрэнэн-дьарыктанан, билиилэрин-көрүүлэрин таһымнарын үрдэппэккэ, аныгы инновационнай технологиялары спорка киллэрбэккэ эрэ, 20-чэ сылынан хаалан иһэр өйүнэн-санаанан улаханы ситиспэккин.
Кыайыы-хотуу формулатын духовнай энергия диэн компоненын үчүгэйдик өйдөөн-төйдөөн, өйү-санааны, бары күүһү итиннэ түмэн үлэлиэххэ, хамсыахха. Оччоҕо Олимп үрдүк чыпчаалыгар эрэллээхтик тахсыахпыт!
Н.И. Слепцов-Сылык