Икки күн устата «Чыпчаал» стадиоҥҥа «Азия оҕолоро» норуоттар оонньууларын көрсө, өрөспүүбүлүкэ үөрэнээччилэрин «Спортивные Якутяне» спартакиада чэрчитинэн чэпчэки атлетика күрэхтэһиитэ олус тыҥааһынаахтык барда.
Барыта 33 хамаанда, 404 спортсмен күөн көрүстэ. Оҕолор кыайыы туһугар бары кыахтарын биэрдилэр. Кытаанах илин-кэлин түсүһүү буолла. Бииргэ үөрэнэр, дьарыктанар оҕолоругар биир дойдулаахтара ис сүрэхтэриттэн ыалдьан, ыһыытаан-хаһыытаан да биэрдилэр. Кыайыыларын-хотууларын тэҥҥэ үллэстэн түмсүүлээхтэрин көрдөрдүлэр.
Чэпчэки атлетика спордугар биир сүрүн болҕомтону тардар көрүҥ эстафета буолар.
Кыргыттарга үс бастыҥ иһигэр Дьокуускай, Мииринэй, Алдан хамаандалара киирдилэр.
Уолаттарга пьедестал үктэлигэр Мэҥэ Хаҥалас, Дьокуускай, Чурапчы таҕыстылар.
Уопсай түмүккэ, Дьокуускай 🥇хамаандата кыайыылаах үрдүк аатын ылла. Иккис миэстэ 🥈Мэҥэ Хаҥалас, үһүс 🥉Чурапчы буолла.
Эдэр спортсменнарбытыгар «Азия оҕолоро» норуоттар икки ардыларынааҕы оонньууга Саха сирин аатын чиэстээхтик көмүскүөхтэрэ диэн эрэнэбит.
Вячеслав Алексеев