Бу быйылгы күрэхтэһиилэри Саха Өрөспүүбүлүкэтин үөрэҕин Министиэристибэтин “Саха сирин кэнчээри ыччатын өрөспүүбүлүкэтээҕи тирэх Киинэ (“Юные якутяне”), итиэннэ, Саха Өрөспүүбүлүкэтин физическэй культураҕа уонна спорка Министиэристибэтэ көҕүлээн, салайан ыыттылар. Оҕо спордугар саҥа сүүрээн киирдэ.Болҕомтону тардар кэрэхсэбиллээх дьаһал быһыытынан сыаналанна.
“Спортивные якутяне” Спартакиаданы тэрийэн ыытар туһунан былырыын алтынньы ыйга буолан ааспыт Өрөспүүбүлүкэ учууталларын сийиэстэригэр Саха Өрөспүүбүлүкэтин Аҕа Баһылыга Айсен Сергеевич Николаев этии киллэрэн, Ил Дархан анал дьаһала тахсыбыта. Балачча уһун тохтобул кэнниттэн сөргүтүллүбүт үөрэнээччилэр Спартакиадалара оҕо спордун сайыннарыы региональнай программатын олоххо киллэрии чэрчитинэн буолан ааста. Үүнэр көлүөнэ эт-сиин өттүнэн сайдыытыгар, чөл, сиэрдээх олоххо тардыһыытын күүһүрдэр сыаллаах-соруктаах.
Оҕо спордун сайдыытын ааспыт историятыттан санатар буоллахха, үөрэнээччилэр Спартакиадалара Сэбиэскэй кэмҥэ ыытыллар этилэр. 1994 с. «Старты надежд» үөрэнээччилэр Спартакиадалара, 2000 сылтан 2016 сылга диэри «Олимпийские надежды Якутии», 2017 с. үөрэнээччилэр комплекснай спартакиадалара ыытыллыбыттара.
Н.Н. Тарскай аатынан “Туймаада” стадиоҥҥа Спартакиада үөрүүлээхтик аһыллыытыгар Саха Өрөспүүбүлүкэтин Аҕа Баһылыга Айсен Сергеевич Николаев күрэхтэһии кыттыылаахтарыгар итиитик-истиҥник эҕэрдэлээтэ.
Өрөспүүбүлүкэ үөрэнээччилэрин быйылгы комплекснай Спартакиадаларын программатыгар барыта спорт 27 көрүҥнэрэ киллэриллибиттэрэ. Үс түһүмэҕинэн – оскуолаларынан, улуустарынан бу кыһыҥҥы-сааскы ыйдарга 18 көрүҥнэргэ күрэхтэһиилэр буолуталаабыттара: “3х3” баскетболга, дзюдоҕа, киберспорка, кибоксиҥҥа, хайыһарга, мас тардаһыытыгар, хапсаҕайга, минифутболга, ГТО нуормаларын туттарыыга, саха остуолун оонньууларыгар (хабылык, хаамыска), самбоҕа, хотугу многоборьеҕа, спортивнай ориентированиеҕа, айар куонкуруска, спорду билиигэ (теорияҕа) .
Онон, дьэ, бу күннэргэ кыайыылаахтары быһаарар кэмплекснай Спартакиаданы түмүктүүр финальнай түһүмэххэ 9 көрүҥнэргэ күрэхтэһиилэр бэс ыйын 6-11 күннэригэр ыытыллан түмүктэннилэр. Үөрэнээччилэр комплекснай Спартакиадаларын кыайыылаахтара билиннилэр.
Спартакиада күрэхтэһиилэрин, чэпчэки атлетиканы, оҕунан ытыыны Н.Н. Тарскай аатынан “Туймаада” стадиоҥҥа, буулдьанан ытыыны «Дохсун» СК, боксаны “Кыайыы 50 сыла” спорт Дыбарыаһыгар, көҥүл тустууну “Триумф” СК, остуол тенниһин «Модун» СК, 3х3 баскетболу 1-ДЮСШ-ҕа, саахыматы өрөспүүбүлүкэ дуобакка-саахымакка киинигэр, бадминтону М.К. Аммосов аатынан ХИФУ спортивнай саалаҕа киин куорат олохтоохторо, ыалдьыттар астына-дуоһуйа көрдүлэр. Күрэхтэспит оҕолор ортолоругар аан бастаан куоракка кэлбит оҕолор эмиэ элбэхтэр.
Үөрэнээччилэр Спартакиадаларын сүрүн сыала-соруга эһиил Дьокуускайга буолар Норуоттар икки ардыларынааҕы ”Азия оҕолорун” оонньууларыгар бэлэмнэнии, Саха сирин хамаандатын сүүмэрдээһин. Онон оҕолор иннилэригэр улахан эппиэтинэс турар. Кыайыылары ситиспит оҕолор спорт биирдиилээн көрүҥнэринэн сүүмэрдэммит хамаандаларга киирэргэ болҕомтоҕо ылылланнар, салгыы эрчиллэр-бэлэмнэнэр түмсүүлэргэ сылдьыахтара, өрөспүүбүлүкэ таһынааҕы күрэхтэһиилэргэ тургутуулары ааһыахтара.
Оскуолаларынан төһө оҕо үөрэнэринэн уонна олорор сирдэринэн нэһилиэнньэ ахсаанынан түөрт бөлөхтөрүнэн арахсан 13-15 саастаах 2008-2010 сс.т. оҕолор күрэхтэстилэр. 1-кы бөлөххө 4000 үөһэ үөрэнээччилэрдээх улуустар, оройуоннар: Алдан, Бүлүү, Ленскэй, Мэҥэ-Хаҥалас, Мииринэй, Нам, Ньурба, Нерюнгри, Сунтаар, Хаҥалас, Дьокуускай; 2-с бөлөххө 4000 аҕыйах үөрэнээччилэрдээх Амма, Үөһээ-Бүлүү, Горнай, Жатай, Өлүөхүмэ, Таатта, Уус-Алдан, Чурапчы; 3-с бөлөххө 900 үөһэ үөрэнээччилэрдээх хоту улуустар Булун, Дьааҥы, Кэбээйи, Өймөкөөн, Орто-Халыма, Томпо, Уус-Майа, Усуйаана; 4-с бөлөххө 900 аҕыйах үөрэнээчилэрдээх хоту улуустар Абый, Аллайыаха, Анаабыр, Үөһээ-Халыма, Муома, Эдьигээн, Аллараа-Халыма, Өлөөн, Эбээн-Бытантай кэлэн кытыннылар.
Спартакиадаҕа 115 комплект алтантан оҥоһуллубут кыһыл, үрүҥ көмүс уонна боруонса мэтээллэр оонньоннулар. “Спортивные якутяне” логотиптаах, Саха Өрөспүүбүлүкэтэ гербэлээх, былаахтаах мэтээллэр. Хас биирдии кыттаачыга “Бэдэр” символикалаах сувенирдар: шейкердаах рюкзак, блокнот, уруучука, значоктар, кыайыылаахтар Кубоктарынан, спортивнай инбэнтээр ылынар 300-200-100 тыһ.солк. сертификаттарынан наҕараадаланнылар. “Бэдэр” символика – түргэн, эр санаа, хорсун, тулуурдаах уонна дьүккүөрдээх буолууну көрдөрөр. Ол курдук, бэдэр түргэнник сүүрэр, кыайыыга дьулуһар. Саха норуота олоххо, сырдыкка, көҥүлгэ, эр санааланыыга тардыһарын, бэдэр илиитигэр үөрэнээччилэр Спартакиадаларын факелын тутан турара ырааһы, чэбдиги, сайдыыны, кыайыыны, эйэни, доҕордоһууну көрдөрөр.
“Саха” НКИХ телевидениетэ, араадьыйата Спартакиада хаамыытын күннэтэ көрдөрөрдө, кэпсээтэ, сырдатта. Өрөспүүбүлүкэ араас муннуктарыгар дьон-сэргэ оҕолорбут хайдах күрэхтэспиттэрин билэ-көрө олордулар.
Спартакиада сүрүн судьуйата Александр Брызгалов астыммытын биллэрдэ: “Спартакиада үчүгэйдик, биир тыынынан ааста. Туох да буккуур, мөккүөрдээх түгэн тахсыбата. Бөлөхтөрүнэн кыайыылаахтар быһаарылыннылар. Бэрээдэк тутуһулунна. Судьуйалар, хамаандалар бэрэстэбиитэллэрэ күн аайы мунньахтааннар, күрэхтэһиилэр түмүктэрин таһааран истилэр. Спартакиада түмүгүнэн хас биирдии көрүҥнэринэн, федерациялары кытта тэрийэр хамыыһыйалар хайдах үлэлэспиттэригэр улахан ырытыы оҥоһуллуоҕа. Бу Спартакиада 16 көрүҥнэрэ “Азия оҕолорун” оонньууларын көрүҥнэрэ. Онон, сүүмэрдэммит хамаандаҕа киириэхтэрин сөптөөх кандидаттары көрүөхпүт. Ону таһынан, Бүтүн россиятааҕы фестиваллар, күрэхтэһиилэр күүтэллэр. Холобур, ГТО нормативтарын толорууга хамаандата өрөспүүбүлүкэбит чэһин көмүскүү бараары бэлэмнэнэ сылдьар. Улуустар баһылыктара, үөрэх управлениеларын, спорт салайааччылара хамаандаларын тэрийэн ыыппыттара олус үчүгэй. Инникитин эмиэ көхтөөхтүк кытталларыгар баҕа санаалаахпын”.
Саҥа чөмпүйүөннэр, саҥа ааттар чаҕылыһан таҕыстылар! Күрэхтэһии диэн күрэхтэһии буоллаҕа. Сытыы мүччүргэннээх да түгэннэр, кыл-түгэнэ кыайыылар, хотторуулар баар буоллулар. Буулдьанан ытыыга Горнай бэргэн ытааччылара Кристина Владимирова уонна Афанасий Егоров бинтиэпкэнэн ытыыга 610,9 очколаах өрөспүүбүлүкэ рекорд олохтоотулар. Чэпчэки атлетикаҕа дьоҕурдаах оҕолор Дьокуускайтан Виктория Трифонова 200 м, 400 м, Мэҥэ-Хаҥаластан Станислав Брызгалов 200 м, кылыыга, ыстаҥаҕа, атах оонньуутун үс көрүҥэр, Амматтан Максим Николаев 400 м, 800 м, Чурапчыттан Айтал Куличкин 1500 м, 3000 м, Мииринэйтэн Ксения Калачевская уонна Намтан Лев Барашков уһуну ойууга, үстэ төхтөрүйэн ыстаныыга иккилии көрүҥнэргэ бастаатылар. Атах оонньуутугар Өлүөхүмэттэн алтыс кылааһы бүтэрбит Дарья Громова түөрт кыһыл көмүс мэтээли ылары ситистэ. Хоту улуустар оҕолоро эмиэ бэккэ бэлэмнэммиттэр. Дьааҥылар бадминтоҥҥа куораттар, киин улуустар барыларын иннилэригэр түспүттэрэ соһуччу буолла, “куобахха” Булунтан Ярослав Козлов бастаата. Чурапчы Хатылытыттан Изот Кривошапкин остуол тенниһигэр түөрт кыһыл көмүс мэтээллэри ылаттаата. Мэҥэ-Хаҥалас ахсыс кылааһын үөрэнээччитэ Станислав Брызгалов түөрт кыһыл көмүс, икки үрүҥ көмүс мэтээллэр хаһаайыттарынан буолла! Быһый уол тренерэ өрөспүүбүлүкэ уһуну ойууга рекордсмена Игорь Никифорович Скрябин.
Кыһыылаах түгэннэринэн, 4х100 м эстафетаҕа Дьокуускай хамаандатын кыргыттара бастакы уонна иккис этааптарга бэрсиигэ ырааҕынан бастаан иһэр Спартакиада чөмпүйүөҥкэтэ Виктория Трифонова маһын кыайан биэрбэккэ, иккис этаап кыыһа кинини кыайан сиппэккэ, дистанциятын улахан аҥаарыгар 70 м диэри салгыы соҕотоҕун сүүрэн туллуктана турда. Инньэ гынан, забегтарыгар төһө да бастаабыттарын иһин күрэхтэһииттэн уһулуннулар. Кыһыл көмүс мэтээлтэн көрө маттылар. Аны туран, эмиэ 4х100 м эстафетаҕа Мэҥэ-Хаҥалас уолаттара эрэллээхтик бастаан иһэннэр, биир быһый уоллара атын сүүрэр суолга туораан тахсан, төһө да бастаабыттарын иһин, эмиэ күрэхтэһииттэн уһулуннулар.
Атын да көрүҥнэр геройдара элбэхтэр. Аныгы көлүөнэ оҕолор спорка сыстаҕастар, маастарыстыбалара, техникалара чочуллубуттар. Киһи көрө үөрэрэ. Көлүөнэ көлүөнэни солбуйар. Саха сирин спорда эрэлээхтик илииттэн илиигэ бэриллэн иһэр. Спортсмен оҕолор күүстээх санаалаахтар, кыайыыга дьулуурдаахтар. Үчүгэй тренердэр элбэхтэр. Дьарыктанар усулуобуйа сыллата тупсан иһэрэ харахха быраҕыллар.
Спартакиада үөрүүлээхтик сабыллыытын түгэнигэр Саха Өрөспүүбүлүкэтин Бырабыыталыстыбатын бэрэссэдээтэлин солуйааччы Сергей Местников, спорт миниистирэ Леонид Спиридонов, үөрэх миниистирин солбуйааччы Альбина Аргунова, “Юные якутяне” Өрөспүүбүлүкэ киинин дириэктэрэ Ирина Черкашина эҕэрдэлээтилэр.
Маҥнайгы улахан бөлөх кыайыылаахтарынан Дьокуускайдар, Мэҥэ-Хаҥаластар, Сунтаардар; иккис бөлөххө Уус-Алданнар, Үөһээ-Бүлүүлэр, Аммалар; үһүс бөлөххө хоту улуустарга Кэбээйилэр, Уус-Майалар, Булуннар; төрдүс бөлөххө Эдьигээннэр, Өлөөннөр, Муомалар таҕыстылар уонна туһааннааҕынан, Кубоктарынан, дипломнарынан, спортивнай инбэнтээр ылыналларыгар 300-200-100 тыһ.солк.сертификаттарынан наҕараадаланнылар.
Остуол оонньууларыгар, саахымакка, кикбоксиҥҥа бастакы, бокска, теорияҕа, баскетболга, хайыһарга, минифутболга, айар куонкуруска иккис, 3х3 баскетболга, көҥүл тустууга, буулдьанан ытыыга, хапсаҕайга үһүс миэстэлэрдээх Уус-Алдан улууһун хамаандата иккис бөлөххө бастаата. Бороҕоннооҕу спортоскуола дириэктэрэ Дмитрий Николаевич Готовцев үөрүүтүн кытта үллэһиннэ: “Үөһээ-Бүлүү хамаандатын кытта очколарбыт тэҥнэспиттэрэ, ону хаачыстыбанан кыайдыбыт. Биһиэхэ кыайыы очколарын боксердарбыт аҕаллылар. Икки уолбут финаллаабыттарыттан Авенир Саввинов кыһыл көмүһү аҕалла. Уонна боксаҕа үрүҥ көмүс мэтээли аҕалбыт Сергеев Уйгулаан эмиэ спорт геройунан буолла. Уолаттарбыт туох-баардарынан кииристилэр. Туруоруллубут соругу толордулар. Ааспыт сылларга улууспут үс иһигэр киирэ илик этэ. Уонна саахымаччыттарбыт, баскетболистарбыт, буулдьанан ытааччыларбыт көмөлөстүлэр. Кыайбыппытын бэйэбит да итэҕэйбэккэ турабыт. Былырыын буолан ааспыт Оонньуулар сабыдыаллара улахан буолла, кыайыыттан кыайыы кэлэр, ситимнэһэн иһэр. Саҥа тутулла турар спортивнай комплекспыт атырдьах ыйыгар үлэҕэ киирэр. Онон, базата суох бэлэмнэнэммит сенсация оҥордубут. Резервэлээхпит, эһиил өссө үчүгэйдик кыттыахпыт”.
Тоҕус көрүҥҥэ бастакы, түөрт көрүҥҥэ иккис уонна үһүс миэстэлэрдээх Кэбээйи улууһун хамаандатын бэрэстэбиитэлэ, Кэбээйи спортоскуолатын дириэктэрэ Анатолий Мордовской: “Бу сааскыттан саҕалаан, бэйэбит бөлөхпүтүгэр бастакы миэстэлэри ылаттааммыт, финалга, дьэ, дьиҥнээх киирсиини көрүстүбүт. Кыайыы чэпчэкитэ суохтук кэллэ. Биһиги боксердарбытыгар уонна быһыйларбытыгар эрэммиппит эрээри, бадминтоннарбыт соһуттулар. Бу саҥа көрүҥҥэ икки мэтээли иккиэ буолан оонньооһуннарга аҕаланнар үөртүлэр. Интэриэһинэй оонньуу эбит, оҕолорбут сөбүлээтилэр. Шруппабытыгар үһүс буоллубут. Дьааҥылар бары бөлөхтөрү кыайаннар соһуттулар. Анаан-минээн дьарыктаналлар эбит. Уонна саахымаччыттарбыт бэккэ оонньоотулар. Кэтэспэтэх өттүбүтүттэн саахымаччыттарбыт үөртүлэр.
Эдьигээн улууһун бэрэстэбиитэлэ, спортоскуола дириэктэрэ Александр Алексеев: “25 оҕолордоох хамаанданы аҕаламмыт кытынныбыт. Хара-маҥнайгыттан көтүппэккэбит, ыытыллар көрүҥнэргэ барыларыгар кыттаммыт бастаатыбыт. Бөлөхпүтүгэр дуобакка, остуол тенниһигэр, саахымакка уонна хотугу многоборьеҕа ыллыбыт. Атын көрүҥнэрбитигэр бириистээх миэстэлэргэ тигистибит. Остуол тенниһигэр бэйэм дьарыктаатым, саахамакка эбии үөрэхтээһин учуутала Васильева Александра Прокопьевна, хотугу многоборьеҕа спорт ветерана, спорт маастара Шадрин Алексей Алексеевич дьарыктыыллар. Личнэйгэ икки мэтээллээхпит, уопсай түмүккэ Өлөөннөрү биир очконан кыайаммыт бастаатыбыт. Спартакиада буолбатаҕа ыраатта. Тохтобул кэнниттэн бастаабыппытынан олус үөрэбит. Түгэнинэн туһанан улууспут баһылыгар Василий Николаевич Сорокиҥҥа биһигини өйөөн, үбүлээн кытыннарбытыгар уонна үөрэх управлениетын начальнигар Шамаев Юрий Егоровичка махталбытын тиэрдэбит.
Боксаҕа, көҥүл тустууга, чэпчэки атлетикаҕа, остуол оонньууларыгар, буулдьанан ытыыга, саахымакка, баскетболга, греко-римскэй тустууга, дзюдоҕа, киберспорка, мини-футболга, самбоҕа, спортивнай ориентированиеҕа, хапсаҕайга, дуобакка бастакы миэстэлэри ылаттаабыт Дьокуускай куорат түмсүүлээх хамаандатын үөрэнээччилэрэ эрэллээхтик бастакы миэстэни ыллылар. Бу туһунан киин куорат физическэй культураҕа уонна спорка Управлениетын начальнига, көҥүл тустууга Россия спордун маастара Эдуард Васильевич Ефимов кыайыы хайдах ситиһиллибитин кэпсээтэ: “Бу Спартакиадаҕа биһи эрдэттэн бэлэмнэммиппит. Дьокуускай куорат 53 оскуолаларын биэс бөлөххө араараммыт, оскуолалар икки ардыларыгар спартакиада ыыппыппыт. Үчүгэй спортсмен оҕолорбутун сүүмэрдээһин курдук буолбута. Физкультура учууталлара, спортоскуолалар тренердэрэ оҕолорун бэлэмнээбиттэрэ. Мария Петровна Петрова начальниктаах үөрэх управлениета уонна спорт управлениета бииргэ үлэлээтибит. Оскуолалары оҕолорун ахсааннарынан түөрт бөлөххө араарбыппыт. Ону таһынан, коррекционнай оскуолалары бэйэлэрин икки ардыларыгар күрэхтэһиннэрдибит. Биир да оскуола туора турбата. Биир сомоҕо үлэлээбиппит түмүктээх буолла. Түһүмэхтэринэн күрэхтэһиилэри ыытаммыт куоракка улахан хамсааһын буолла. Учууталлар да, оҕолор да биһирээтилэр, астыннылар. Элбэх оҕону хаптыбыт. Оҕолору спорка уһуйууга сөптөөх хайысхалаах үлэни ыытаммыт көдьүүһэ көһүннэ. Салгыы да бииргэ үлэлэһэр санаалаахпыт”.
Сахабыт сирин спорда сайдар кэскилэ улахан!
Баһылай Посельскай