“Киһи-аймах сайдыыта былыргылаах, аныгылаах уонна инникилээх эрэ буоллаҕына омук кэскиллээх. Самаан сайыны көрсө уйгуны-быйаҥы түстүүр үрүҥ-тунах ыһыахтарбытыгар көнө, үрдүк уҥуохтаах, бөҕө-таҕа, киппэ эттээх-сииннээх, эрчимнээх хамсаныылаах тыһыынчанан чулуу боотурдарбыт күрэс түһүлгэлэригэр күөн көрсөн дьоннорун-сэргэлэрин үөрдүөхтэрэ-көтүтүөхтэрэ, уруй-тускул тылларын эттэриэхтэрэ!”











