0028

Айаал Макаров республика, Россия күрэхтэһиилэригэр, ону таһынан аан дойду чемпионатыгар бастаталаан, аан бастакынан норуоттар икки ардыларынааҕы маастарын үрдүк аатын ылбытын да быһыытынан, Сахабыт сирин куруутун дьоһуннук ааттатар. Кулун тутар 28-29 күннэригэр Санкт-Петербурга "Олимпиец" спортивнай ытыы комплексыгар буолан ааспыт компакт-спортиҥҥа 252 кыттааччылаах, ол иһигэр биэс норуоттар икки ардыларынааҕы спорт маастардарын, 50 спорт маастардарын кэннигэр хааллартаан, 200-тэн 191 тэриэлкэни алдьатан, Россия Кубогар "А" категорияҕа (маастардарга) абсолютнай чемпионунан буолары ситистэ!

 

Ытыы спорда – омуктарга национальнай көрүҥ

        Саха Республикатын ытыы көрүҥнэригэр федерациятын президенэ, спортиҥҥа РФ спордун маастара Иван Константинович Макаров бу үөрүүлээх түгэни мүччү туппакка, чемпиону кытта көрүстэ, эҕэрдэлээтэ уонна күрэхтэһии хайдах-туох ааспытын туһунан сэһэргэстилэр. Икки биир идэлээхтэр, этэргэ дылы, профессионаллар таһымнарыгар кэпсэттилэр.

        Европа сайдыылаах бөдөҥ дойдулара Франция, Англия, Испания, Италия ытыынан күүскэ дьарыктаналлар. Булт кинилэр историяларыгар былыр-былыргыттан баара биллэр. Ытыы спордун көрүҥэ Англияҕа аан бастаан төрүттэммит буолан национальнай көрүҥнэринэн ааҕаллар. Дьиикэй холууптары ытыыттан саҕалааннар уонна колонизатордар да буолалларынан, сааларын хороччу тутан сүгэ сылдьаллара. Америкаҕа ытыыны эмиэ өрө туталлар. Мөлүйүөнүнэн американецтар ытыынан дьарыктаналлар. Спортиҥҥа аан дойду чемпионаттарыгар Европа, Америка спортсменнара бастыыллар. Икки сыллааҕыта биһи Айаал Макаровпыт компакт-спортиҥҥа аан дойду чемпионун үрдүк аатын Россияттан аан бастаан ылан, үгүстэри сөхтөрбүтэ, үөрдүбүтэ.

        Саха сириттэн ахсыа буолан тиийэн күрэхтэспиттэр. Республикаҕа бастаталыыр, Россияҕа миэстэлэһэр спорт маастара, Саха эстрадатын сулуһа Игорь Егоров 173 тэриэлкэни табыталаан, 27 эрэ сыыһан 17 миэстэлэммитэ ситиһии быһыытынан, разрядтаахтар "В" бөлөхтөрүгэр маастарга кандидат Евгений Шишигин 141 очколаах 70 миэстэ буолта куһаҕана суох көрдөрүү быһыытынан сыаналанна. Ветераннарга маастарга кандидат Василий Алексеев 153 табыылаах тохсус миэстэлэннэ, Сунтаар уолаттара Петр Егоров тохсус (145 очко)), Айсен Попов сэттис (94 очко) буоллулар.

        Алта бастакы миэстэ иһигэр киирбиттэри көрдөххө, сүнньүнэн, күрэхтэһээччилэр результаттара кыралар. Ол аата, тэриэлкэлэр көтүүлэрэ ыарахаттар.  Икки эрэ спортсмен маастар нуорматынан ыппыттара “полеттар” уустуктарын көрдөрөр. Улаханнык үлэлээтэххинэ ылыллар көтүүлэрдээх тэриэлкэлэр. Онтон, биһиги Айаал Макаровпыт идеальнай табыылары оҥортообут. Утарсааччыларын ырааҕынан хааллартаабыт. Смоленскай маастра, Россия хас да төгүллээх чемпиона, Саха сиригэр кэлэн маастар-кылаастары көрдөрбүт Александр Лубянай 185 табыылаах иккис миэстэлэммит. Питер норуоттар икки ардыларынааҕы спордун маастара Вадим Смирнов 182 очколаах бириистээх үһүс миэстэҕэ тиксибит. Дьиҥинэн, биһиэхэ, ытыы сезона дьэ саҕаланна. Күрэхтэһиилэр элбэхтэр. Үчүгэй көрдөрүүлэр баар буолалларыгар эрэл баар. 

Кыайыы-хотуу саҕыллар төрүөттэрэ

        Хайа да үтүө дьыалаларга, уһулуччулаах ситиһиилэргэ, киһи үтүө майгыта, дьоҥҥо үчүгэй сыһыана тиэрдэллэр. Айаал Макаров Россия Кубогын күрэхтэһиитэ буолуо икки күн иннинэ тиийэн дьарыктаммыт. Уруккаттан билсэр табаарыһа,  спортинынан ытыы бөдөҥ специалиһа, норуоттар икки ардыларынааҕы кылаастаах спорт маастара Кирилл Гончаров тиийээтин кытта көрсөн, тренер быһыытынан дьарыкка бииргэ сылдьыспыт. Биир төбөүчүгэй, икки төбөөссөүчүгэй дииллэринии, ытыы техникатын чочуйбуттар, баар итэҕэстэри булаттаан көннөртөөбүттэр.  Күрэхтэһии күннэригэр кэннигэр туран сүбэ-ама биэрэ сылдьыбыт. "Тренердээх үчүгэйин биллим. Били, аан дойду чемпионатыгар бастыырбар киирбит үрдүк спортивнай формабар (турукпар) киирэ сыстым",- диэн Айаал Григорьевич чахчы үөрүүтүн үллэстэр. Улахан "настрела" суох тиийэн ытан, куруутун ыта, эрчиллэ сылдьар соҕуруу дойду улахан маастардарын соһуппут.

        Турукка киирии бастатан туран, эҥкилэ суох чэгиэн-чэбдик буоларгыттан, дьиэҕэр-уоккар, үлэҕэр барыта этэҥҥэ буоларыттан тутулуктаах, туох да эйиигин долгутуо суохтаах. Иккиһинэн, ытыы техникатын үчүгэйдик баһылаабыт, ауто-психологическэй туругун эҥкилэ суох, күрэхтэһии кэмигэр барыта табыллан иһэриттэн, бастаан иһэргиттэн дуоһуйбакка, атыны-туораны санаабакка, болҕомтону хас биирдии көтөн тахсар мишеҥҥэ эрэ туһаайыллыахтаах. Төбөҥ ыраас уонна кураанах, хараҕын умайар, мишени чоҕулуччу көрөр. Улахан маастардар оннук ыталлар. Ити курдук саҥаттан-саҥаны арыйан, сыыйа ытыы кистэлэҥнэрин билэҕин.

        Уонна, син эмиэ спорт атын көрүҥнэригэр курдук, улахан күүстээх дьарык эрэйиллэр. Элбэх ытыылар. Объем. Айаал Григорьевич үлэтин сүнньүнэн, ыйга  биирдэ-иккитэ Санкт-Петербурга тиийэн дьарыктанар. Петр Николаевич Андреев тус-бэйэтин көҕүлээһининэн "Орто Дойду" базатыгар туппут кыһыннары үлэлиир ытыыга аналлаах тииригэр ыытыллар күрэхтэһиилэргэ төһө кыалларынан кыттыыны ылар. Бу кыһыҥҥы "Орто Дойду" Кубогар спорт маастардарыгар Игорь Егоровка уонна Степан Чепаловка баһыйтаран кыһыйбыта, бэйэтигэр абаккарбыта турукка киириитигэр улаханнык көмөлөспүт. Россия Кубогын күрэхтэһиитигэр бастаан иһэр тэтимин быһаары судьуйалар мэһэйдэһэ сатаабыттар. Сыалларын биири да сыыспакка  табыталыы  турар бэргэн ытааччыны ботуруонун гильзатын хомуйтарбыттар. Маннык кытаанах түгэҥҥэ, Айаал Макаров эргиччи үчүгэй бэлэмнээх спортсмен быһыытынан ыгылыйбатах, кыыһыран-тымтан ыһыллыбатах. Сүрдээх холкутук туттан-хаптан судьуйалар модьуйууларын ханнык да мөккүөрэ суох толорбут.

Кыаҕыҥ - үтүө майгыгар

        Аҕыс балассааккаларынан көһө сылдьан ытыылар икки ардыларыгар, кылгас  тохтобулларга  тоҕо сыыспытын толкуйдуур, анализтаан ырытан иһэр. Сүүрбэ биэстиитэ аҕыс төгүл ытыалаабытыттан биирдиитэ-иккилиитэ эрэ сыһаталаабыт. Бүтэһик ахсыс балассааккаҕа сыалларын барыларын табыталаабыт! 200 ытыы тухары   9  эрэ сыыһыылаах. Хайдахтаах курдук тулууруй, кыайыыга дьүккүөрүй!

        Айаал Макаров "Крехов" к-80 диэн англичаннар, американецтар сөбүлүүр үрдүк точностаах немецкэй спортивнай саалаах. Бу саа собуотун дириэктэрин кытта билсэр, истиҥ сыһыаннаах. Мэлдьи ытар "Азот" ботуруон собуотун салайааччытын кытта эмиэ билсэр. Иккиэн эҕэрдэлээбиттэр. "Крехов" атын саалартан ыстаалын хаачыстыбатынан быдан ордук. Атын саалар тыһынчанан ытыылар кэнниттэн уостара уйадыйар, онтон "Крехов" тимирэ мөлүйүөн да ытыыга туох да буолбат. Ытара стабильнай. Тэбиитэ, боя, чөмөхтүүрэ олус үчүгэй. Маһа, тимирэ, чыыбыһын механизма, замога, уоһун уһуна,  чога ураты оҥоһуулардаахтар. Булка да туһаныахха сөп эбит да, харыстаан илдьэ сылдьыбат.

        Ытыы спордун көрүҥнэригэр дуплетнайга, компакт-спортиҥҥа, улахан спортиҥҥа күрэхтэһиилэр саҕаланнылар. Үс Россия чемпионаттара, икки аан дойду чемпионаттара бааллар. Бу муус устар бүтүүтүгэр Италияҕа буолар Европа чемпионатыгар Айаал Макаров кыттыыны ыларга номнуо регистрацияламмыт.

        Аан дойду чемпионун быһыытынан уонна Россия Кубогар бастаабытын да быһыытынан болҕомто киинигэр сылдьар. Ытааччылар элиталарыгар бигэтик киирэн сылдьар. Хас хамсаныытын кэтээн көрөллөр, тугу этэрин кичэйэн истэллэр. Киһи быһыытынан хайдаҕа-туга элбэҕи быһаарар. Ити чааһынан  Айаал Григорьевич инники күөҥҥэ сылдьар. Кэпсэтинньэҥэ, элэккэйэ, күлэ-үөрэ сылдьара, үлэтигэр-хамнаһыгар кыайыылааҕа-хотуулааҕа, киэҥ билиитинэн-көрүүтүнэн, кыаҕынан-күүһүнэн да  сабырыйтарбата, олох араас өрүттэригэр сатабыла, дьоҕура, бары өттүнэн ытыктанар, билиниллэр.

        Айаал Григорьевич дириэктэрдиир "Мясной Двор" ытыыга кулууба муус устар  11 күнүгэр сезонун республика турнирынан саҕалыыр. Сааскы кус иннинэ. Баҕалаахтар кэлэн күрэхтэһиэххитин сөп.

        Айаал Макаров сахалар төрүт көрүҥмүтүгэр-дьарыкпытыгар - ытыыга, спортинг көрүҥэр уочараттаах ситиһиитинэн эҕэрдэлиибит! Сахатын норуотун киэҥ сиргэ чиэстээхтик тутар, дьоһуннук ааттатар бэргэн ытааччы бэйэтэ этэринэн "толору ситэн-хотон, ытыы техникатын өссө баһылаан кыайыылары-хотуулары аны да ситиһэр" бигэ санаатын толорон саҥаттан-саҥа үрдэллэри дабайарыгар баҕарабыт!

Баһылай ПОСЕЛЬСКАЙ

       

Поделиться: